Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Нажмите, чтобы увеличить

XX µйэ саІатыгар саха омук ійі-санаата сайдан, билиитэ-кірµµтэ кэІээн, бэйэтин омук быґыытынан билиниитэ кµµґµрбµтэ. Бу кэмІэ норуоттарын кэскилин туґугар ыалдьар, кинини сайыннарар сыаллаах-соруктаах саха интеллигенциятын бастакы кілµінэ дьоно µіскээн, олох инники кµінµгэр тахсыбыттара. Тыґыынча то±ус сµµс сэттэ-а±ыс сс. нууччалыы тылынан тахсыбыт «Якутская жизнь», «Якутский край» демократическай тосхоллоох хаґыаттар «Саха дойдута», кэлин «Саха оло±о» диэн ааттаах биир сирэй эбэтэр сирэй аІара кээмэйдээх сахалыы тылынан тахсар сыґыарыылаахтара. Бу сыґыарыыны учуутал Е.М.Егасов кірін-истэн таґаарара. Манна араас иґитиннэриилэр, тылбаас ыстатыйалар, саха оло±ун-дьаґа±ын кірдірір матырыйааллар, уус-уран уонна фольклор айымньылара бэчээттэммиттэрэ.

 Саха бастакы кілµінэ, µрдµк патриоттуу санаалаах интеллигенцията, норуот историятыгар кыґыл кімµс буукубанан суруллар ааттарын хаалларбыт ытык дьоммут бука бары кэриэтэ бу сурунаалга тµмсµµлээхтик µлэлэспиттэрэ. Аан бастакы сахалыы тылынан толору кірµІµнэн тахсыбыт сурунаал бэйэтин кэмигэр кіІµл санаа трибунатынан буолбута. «Саха саІата» саха культурата, бэчээтэ, литературата, суруга-бичигэ сайдарыгар сµІкэн оруоллаах.

Валентина СЕМЕНОВА

Көҥүл санаа трибуната

«Саха саҥата» сурунаал 95 сылыгар

1912 с. «Саха» диэн ааттаах суругу-хаґыаты оІо-рорго анаан холбоспут дьон біліхтірі уус-уран-культурнай-сырдатар «Саха саІата» сурунаалы таґаарарга губернатортан кіІµл ылары ситиспиттэрэ. Онон ити дьыл бала±ан ыйын бастакы кµнµгэр аан бастакы сахалыы тылынан сурунаал бэчээттэнэн тахсыбыта.

Сурунаал атын нµімэрдэрэ тµірт-биэс уончалыы сирэйдээх эбит буоллахтарына, бастакы нµімэр саамай а±ыйах, уон µс эрэ, сирэйинэн бэчээттэммитэ. Ону таґаарааччылар бэйэлэрэ маннык быґаарбыттар: «Бу сурукпут µлэтэ кыайтарымына, тахсара да тиэтэл буолан ситэри суруллумуна та±ыста». Бастакы нµімэри суґаллык, то±ус кµн иґинэн оІорон таґаарбыттар. Сыллаа±ы суруттарыыны биллэрбиттэр. Сурунаал А.К.Новокрещенов чааґынай типографиятыгар бэчээттэммит.

Хас биирдии нµімэр таґыгар «Сахалыы сурук, саІа µтµі быґыыга ба±алаах, ким да диэкки буолбакка, бу дойдуну билэргэ, кини оло±ун тупсарарга кыґанар» диэн сурунаал сµрµн сыала суруллубут. Сурунаал соруктарын тэрийээччилэр маннык ыйбыттар: «Бастатан туран, туохтаа±ар да ордук кыґанар кыґаныыбыт µірэх тар±анан дьон суругу билэллэригэр... Иккиґинэн, бэйэбит туттунан олорор олохпут, дьаґалбыт кінірµгэр, кырдьыктаах дьµµл дьµµллэнэн баттабыл-ата±астабыл аччыырыгар. Ґсµґµнэн, биґиги кµµспµт тиийэринэн сµбэбитин-санаабытын холбоон олохпут тупсан дьон кыґал±ата, эрэйэ суох олороллоругар. Тір䵴µнэн, дьон майгыта-сигилитэ кінірµгэр, куґа±ан быґыы-майгы хааларыгар. Бэсиґинэн, былыргы бэйэбит тірµт ібµгэлэрбит хайдах-туох быґыылаахтарын-майгылаахтарын билэн иґитиннэрэр ба±алаахпыт. Онтон тиґэ±эр, кэннигэр дьон аралдьыйар, кµлэр-оонньуур да суолларын хаалларыахпыт суо±а».

Губернатор бэчээт кылаабынай Управлениетыгар ыыппыт докумуонугар сурунаал редакторын туґунан маннык биллэрбит: «...под ответственным редактором в полном объеме инородца первого Легойского наслега Борогонского улуса Якутского округа Дмитрия Михайловича Никифорова, проживающего в г. Якутске: в доме В.А.Никифоровой». Ол эрээри сурунаалы сµрµннээччинэн В.В.Никифоров буолбута биллэр. Кини бу сурунаалга бэйэтин аатынан, соро±ор псевдонимынан (Сээркээн Сэґэн, Тылбаасчыт) элбэх ыстатыйаны, тылбааґы, сахалар съезтэрин туґунан обургу матырыйаалы бэчээттэппитэ. Редактор Д.М.Никифоров аадырыґыттан кірдіххі, Василий Васильевич кэргэнэ Варвара Алексеевна дьиэтигэр олорор эбит.

Уопсайа,1912 с. бала±ан ыйыттан са±алаан тµірт нµімэр, ніІµі сылыгар тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга µс нµімэр тахсыбыт. Онон барыта сэттэ нµімэр бэчээттэммит. Сурунаал бары экземплярдара Национальнай библиотека±а сэдэх кинигэлэр салааларыгар соро±о оригиналынан, соро±о куоппуйаланан харалла сыталлар. Быйыл Саха филологиятын, культуратын факультетын кэтэхтэн µірэнэн бµтэрбит, Орто Халыма улууґун Эбээх орто оскуолатын учуутала Анна Алексеевна Винокурова бу тема±а дипломнай µлэтин «туйгун» сыана±а кімµскээбитэ. Ґлэтигэр сыґыарыы быґыытынан сурунаал бары нµімэрдэрин Бетлингк алфавитыттан билиІІи графика±а кіґірін устан биэрбитэ. Онон, биґиги бу сурунаал ис хоґоонун кытары толору билсэр кыахтанныбыт.

Онно кірдіххі, сурунаалга, уопсайа, отучча киґи суруйбут матырыйаала бэчээттэнэн тахсыбыт. Ґгµстэр псевдонимынан суруйбуттар, холобур, Г.В.Ксенофонтов – УрааІхай, К.А.Сокольников – Суруксут, С.А.Новгородов – С.Н., Саха, К.О.Гаврилов – Тыа о±ото, А.И.Софронов – Алаас ыччата, Ноуропос, П.Слепцов – Бµргэс Бµітур, А.Я.Игнатьев – КыІырдыа ойуун ыччата, А.С.Порядин – Кымыстааччы, М.Н.Тимофеев-Терешкин – Обоукоб.

Таґаарааччылар саха оло±ун араас іттµн хаба сатаабыттарын сурунаал тематикатын киэІэ, арааґа кірдірір. Бастатан туран, сµрµн бол±омто уус-уран литература айымньыларыгар ууруллубут. Поэтическай айымньылартан классиктар А.Е.Кулаковскай-Јксікµлээх Јліксій «Уот тыыннаах улахан оІочо», А.И.Софронов «Тіріібµт дойду» хоґоонноро аан бастаан манна бэчээттэммиттэрэ. Оччолорго киэІник биллэр нууччалыы суруйар автор П.Н.Черных-Якутскай бу сурунаалга µс хоґоону анаан-минээн сахалыы суруйан биэрбитэ. Кини бу иннинэ да, кэннинэ да сахалыы хоґооннору суруйбута суох. Маны таґынан норуот ырыаґыттара К.Оросин, Оонньуулаах Уйбаан, Ырыалаах Ыстапаан, атын да автордар суруйбут ырыалара бэчээттэммиттэрэ. Сурунаал Саха прозата бастакы хардыыларын оІоруутугар ордук улахан іІілііх. Тіріібµт тылбытынан бастакы кэпсээннэр: К.О.Гаврилов талааннаахтык суруллубут, саха оло±ун-дьаґа±ын сиґилии билиґиннэрэр этнографическай хабааннаах бастакы айымньылара, саІардыы са±алаан эрэр Алампа Софронов икки бастакы о±отук кэпсээнэ, атын да автордар (Харыс уола Былас Былатыан, Куоратчыт, Сыылла сылдьан сыар±а быатын кэрбээччи о.д.а.) саха оло±уттан кэпсээнинэн айымньылара бэчээттэммиттэрэ. В.В.Никифоров «Ермак» диэн обургу кэпсээнин Сээркээн Сэґэн псевдонимынан икки нµімэргэ таґааттарбыта. Сурунаал сµрµн бол±омтотун тылбааска уурбута. В.В.Никифоров Л.Н.Толстой «Власть тьмы» драматическай айымньытын «ХараІа былаас кµµґэ» диэн аатынан µс нµімэргэ бэчээттэппитэ. Анемподист Софронов Крылов икки µгэтин, В.Шишков «ТаІара±а µІээхтээбиттэр» кэпсээнин тылбаастаабыта тахсыбыттара. Онон, саха литературатын араас жанрдара уонна бастакы суруйааччыларбыт µіскµµллэригэр сурунаал µрдµк суолталаммыта.

Ґірэх, оскуола туґунан суруйуулар тиґигин быспакка хас нµімэр кэриэтэ бэчээттэммиттэр. Бу тема±а, сµрµннээн, Н.Борих, Саха, Бµргэс Бµітµр, КыІырдыа ойуун ыччата диэн автордар суруйбуттар. С.Новгородов «Дьокуускайга µірэх улаатыыта» ыстатыйатыгар куорат бары µірэ±ин тэрилтэлэригэр сылларынан хас киґи µірэммитин, онтон хаґа нууччатын-сахатын, сословиеларын таблицанан кірдірбµт. Автордар суруйууларыгар саха±а µірэх тыын суолталаах боппуруос буоларын тоґо±олоон бэлиэтииллэр.

Биир кэрэхсэбиллээх суолунан – сурунаалга медицина боппуруостарын таарыйар ыстатыйалар бэчээттэммиттэрэ буолар. Автордар Местников («Буоспа ыарыы», «Арыгы буортута«), Аата суох («Бурдук уута буойун бухатыыр«) уустук ійдібµллэри сµрдээх µчµгэйдик быґааран, илдьиритэн суруйаллар. Т.Е.Сосин «Куґа±ан ыарыы (нуучча умуна±а)» диэн венерическэй ыарыы туґунан ійдінµмтµітµк, µрдµк таґымнаахтык суруйбутун тоґо±олоон бэлиэтиэххэ сіптііх.

Общественнай олоххо балайда элбэх матырыйаал анаммыт. «Омук оло±уттан» рубриканы В.В.Никифоров оІорбут, кини аан дойду балаґыанньатын, араас омуктар, дойдулар олохторун билиґиннэрэр хас да ыстатыйаны суруйбут. Маны таґынан хас да нµімэргэ Сахалар съезтэрин (1912) хаамыытын, хайдах ыытыллыбытын туґунан сиґилии отчуоттаабыт.

«Саха оло±ун дьаґайар сокуон туґунан» («Положение об инородцах«) докумуону оІорбуттар (А.Д.Широких, В.Н.Ксенофонтов, М.Н.Ларионов, В.В.Никифоров, П.А.Афанасьев о.д.а.) ааттарыттан адвокат И.С.Готовцев икки нµімэр тухары бу балаґыанньаны сахалыы тылбаастаан бэчээттэппит. Итинтэн да атын тыа хаґаайыстыбатыгар сыґыаннаах, аралдьытар хабааннаах да±аны (іс хоґоонноро, таабырыннар, ій оонньуулара) матырыйааллар, араас сонуннар, биллэриилэр элбэхтик бэчээттэммиттэр.

Сурунаалы саха дьоно сэІээрбиттэрин редакция±а киирбит суруктартан, чааґынай дьон µбµнэн кімі оІороллоруттан кірµіхпµтµн сіптііх. Сурунаал µксµн босхо тар±анара, оттон ыйдаа±ы ороскуота 200 солк. этэ. Ол эрээри оччотоо±у кэмІэ ыраахтаа±ы былааґа туора урдустар тыллара, культуралара сайдарыгар интэриэґэ суох буолан, ійіібіті±і, хата, тіттірµтµн самыннара, тууйа сатаабыта. Онон, 1913 с. µп-харчы суо±унан сурунаал тахсыбат буолбута.

Ол эрээри бу µйэ саІатыгар тахса сылдьыбыт «Саха саІата» бастакы сахалыы сурунаал дириІ историческай суолтатын билиммэт буолуохпутун табыллыбат. Саха бастакы кілµінэ, µрдµк патриоттуу санаалаах интеллигенцията, норуот историятыгар кыґыл кімµс буукубанан суруллар ааттарын хаалларбыт ытык дьоммут бука бары кэриэтэ бу сурунаалга тµмсµµлээхтик µлэлэспиттэрэ. Аан бастакы сахалыы тылынан толору кірµІµнэн тахсыбыт сурунаал бэйэтин кэмигэр кіІµл санаа трибунатынан буолбута. «Саха саІата» саха культурата, бэчээтэ, литературата, суруга-бичигэ сайдарыгар сµІкэн оруоллаах.


Саха сирин олоҕун чааЬа

БилиІІи бириэмэ±э саха саамай улахан куттала буолар бу былыр-былыргыттан олорбут сирбитин былдьаан ылан, со±уруу дойду бааґынайдарын олохтуохтара диэн. Ол чааґынан мин суруйа тµґээри гынным.

Со±уруу дойдуга бааґынайдар сирдэрэ кыччаабыта, а±ыйаабыта ір буолла. Саамай сир элбэ±э, µчµгэйэ баайдарыгар баар, оттон дьадаІы дьон сирдэрэ суох буолан бэркэ эрэйдэнэллэр, бэрт нэґиилэ олороллор. Онуоха бу Сибииргэ туох да элбэх, кэмэтэ суох саамай эриэккэс сирдэр бааллар диэн сурах ыытаннар, бэрт улахан айдааны, ілµµнµ таґаарбыттара. Со±отох уон ордуга биир сыл аІаарыгар Россияттан Сибиир 3.344.500 дууґа киґинэн улааппыта. Бу мантан улахан аІаара со±отох икки сыл аІаарыгар кэлбиттэрэ: 1907 сылга 577 тыґыынча киґи. 1908 с. 71600 киґи. 1909 с. маІнайгы ый аІаарыгар 618856 киґи. Сылтан сыл аайы элбээн испиттэрэ. Ити кэннэ Сибииртэн Россия±а тіннµбµттэрэ бэрт элбэх киґи: 1909 сыл аІаарыгар 67 тыґыынчаттан тахса киґи тіннµбµтэ. 1908 сыл маІнайгы орто ыйыгар 52 тыґыынчаттан тахса киґи.

Бу дьон то±о тінніллірі буолуой?

Бу дьонтон µгµстэрэ µчµгэй сири билбэттэр. Дьэ ити суох дьон маІнай эрэйдэнэн, ороскуоттанан бараннар, тугу да булбакка урукку олохторугар тінніллір. Онно сорох-сорохторо быстан хаалан тиийэллэр: туох баар малларын, µптэрин барытын барааннар, ол µрдµгэр тіґі сору-муІу кіріллірі буолуой, бу эрэ суолга да±аны ол олохсуйуох, олоруох буолбут сирдэригэр, Сибииргэ да±аны.

То±о бу кинилэр олохсуйумуна тінніллір? Ол дьону ыІыраллар туохтарын да±аны билиниминэ эрэ, сирдэрин да±аны мээрэйдээбэттэр, ыйан-кэрдэн µірэтэн да биэрэр дьону оІорботтор. Бастаан биирдии дууґа аайы уон биэстии дэґээтинэ сири биэриэх буолан бараннар, кэлбиттэрин кэннэ иккилии дэґээтинэни эрэ биэрэллэр, ону да±аны ылар дьоллоохтор. Сирдэрэ да кырата бэрт. Ити кэннэ куґа±ан да буолан баран, саІа кэлбит дьон олохсуйаары міхсі сатаан кэбиґэллэр да, туох да кыаттарбат. Урукку олохтоох дьону кытта сирдэрин былдьаґаллар, арааґынай µлэ±э µлэ сыанатын тµґэрсэллэр онон бэйэлэрин туґаларын, хамнастарын аччаталлар. Ону да±аны ол саІа кэлбит дьон хоргуйан ілµмээри босхону эрэ µрдµнэн µлэлииллэр, онно да±аны µгµстэрэ нэґиилэ олороллор. 1908 с. Хабаровскай оройуоІІа 5 тыґыынча дьиэ киґи баа𠵴µ; онтон 2460 дьиэ олорор да дьиэлэрэ суо±а µґµ, 4200 дьиэ дьоІІо сµіґµ диэн биир да суо±а µґµ, 5640 дьиэ туох да сэбэ суохтара µґµ. Атын сирдэргэ итинник буолуохтаах (Маарынскай уокурукка). Сорохтору куораттан, дэриэбинэттэн иккилии кістііх сиргэ олохтообуттар. Саас µрэх уута кэлэригэр туох да сатаан сылдьыбат буолан хаалан, арааґынай наадалара, кыґал±алара хааттаран икки-µс ый тухары, олохторо куґа±ана, дьадаІыта диэн туох да сµрдээх. Биир ыт уйатын курдук дьиэ±э хас эмэ дьукаах буолан олороллор, ону да±аны сибиинньэлиин, ынахтыын, торбостуун, кууруссалыын бииргэ. Сирдэрэ буолла±ына, урукку Россия±а баар сирдэринээ±эр кыра, аанньа аґаабат, олохторо да дьµдэх буолан, ити кэннэ µлэлэрэ да сµрдээх буолан, ілін-быстан эрэр дьон эбиттэр. Ким кыайааччы, харчылаах, кµрээбит-тіннµбµт, оттон µгµстэрэ бэрт улахан сорго-муІІа анаммыт дьон. Ол тіннір да дьон улахан эрэйинэн дьиэлэрин, дойдуларын булаллар.

Бу Россия бааґынайдарыгар, олохтоох дьону миэстэлэриттэн халбарытан-µтµрµйэн бараннар, сир биэрэллэр кинилэргэ, олохтоох дьон сирдэриттэн быґа тарыйан биэрэллэр. Сол курдук гыммыттара быраатскай омуктары, ити кэннэ киргиистэри.

Саамай сібі, баттал суо±а буолуо этэ, маІнай олохтоох дьон сирдэрин оІорон бараннар, сіп буолуох буолла±ына кіс дьону олохтууллара. Дууґа баґынан нуорма быґан, холобура, биирдии дууґа±а 20-30 дэґээтинэ сири аныах тустаахтар. Дьэ бу кэнниттэн сир ордор буолла±ына, Россия бааґынайдарын а±алыах тустаахтар; дьэ оччо±о кинилэргэ сир биэриэх кэриІнээх этилэр. Инньэ гынымына элбэх эрэйи оІороллор, олохтоох дьон миэстэлэрэ, олохторо сатаммат. Биґиэхэ бу Дьокуускай уобаласка, бастаан бэйэбит олохпутугар эрэ нуучча бааґынайдарын а±аллахтарына улахан µлµгэр алдьархай буолуо, син биир атын сирдэргэ буолбутун курдук. Оттон маІнай бэйэбит олохпутун оІорон бараннар а±аллахтарына, туох да куґа±ан суох буолуо этэ, іссі мин санаабар µчµгэй буолуо этэ.

Кыҥырдыа ойуун ыччата
«Саха саҥата» сурунаал 1913 с. 2 №-тэн.


Валентина Григорьевна СЕМЕНОВА, филологическай наука кандидата, СГУ доцена.

Hosted by uCoz