Василий
БОЧКАРЕВ
Саха
саарына Боґуут кулуба
Аааспыт
µйэ 50-с сылларыгар ДµпсµІІэ биґиэхэ университет студеннара, эдэр
суруйааччылар Р.Ба±атаайыскай, Н.Босиков ыалдьыттаабыттара. 70
сааґын ааспыт кырдьа±ас кµтµіппµт И.А.Босиков – Чабычах Лэгэнтэйтэн
былыргы оло±у, баайдары, бандьыыттары ыйыталаспыттара, суруйаары
кумаа±ыларын бэлэмнээбиттэрэ. Аны санаатахпына, арааґа, µґµйээни
хомуйар µірэхтэрин соруда±а быґыылаах. Онуоха о±онньордоро ійдііх,
сµрэхтээх, дьаґаллаах дьон байаллар, баай буолаллара диэн дой±охтоон
турбута. Инньэ гынан тугу да суруйбакка кураанах лиистэрин
сиэптэригэр уктубуттара. Ону о±отук сааспар баайдар µчµгэйдэрин
истэн дьиктиргии санаабытым. Ол онон умнуллубута.
Биґиги кілµінэни о±о
эрдэхпититтэн, оскуолаттан ыла баайдары батталлаах, дьадаІылары
кіліґµннээччи быґыытынан абааґы кіріргі, сэбиэскэй былаас дьаарай
істііхтірµн курдук сыаналыырга µірэппиттэрэ. Баайдар куґа±аннарын
кэпсиир кинигэлэри аа±ан, киинэлэри кірін улааппыппыт. ДьадаІы
бааґынайхолкуостаах уонна рабочай кылаас дьоно уонна о±олоро
сайдыылаах социализмы тутабыт, уйгубыйаІ дьоллоох коммунизмІа
олоруохпут диэн эпоха чиэґэ, суобаґа ааттаммыт коммунист партия
ыйыытынан олохпутун оІостон айа-тута сатаабыппыт, µірэммиппит,
µлэлээбиппит.
Онтукайбыт баара барыта
албын-сымыйа аатыран, модун советскай государствобыт а±ыйах кµн-ый
иґигэр эстибитэ номнуо уонча сыл буолла. Ырыа±а ылламмыт, хоґооІІо
хоґуйуллубут тулхадыйбат биир сомо±о норуоттарбыт до±ордоґуулара
этиґии-охсуґуу, сэрии до±уґуолланна. Улахан-аччыгый, баай-дьадаІы
буоламмыт сирбитин-уоппутун, баайбытын-дуолбутун µллэстиибит айдаана
кµннэтэ µксээн иґэр.
Дьэ маннык олохпут отуора
хамсаабыт быыс кэмІэ аччыгый ахсааннаах сахалар, биґиги, хайдах-туох
дьаґанан ыал буоларбыт хас биирдии бэйэбититтэн тутулуктаах
кµнэ-дьыла µµннэ.
Јлір-тиллэр, сайдар-кэхтэр дьыл±абыт
міккµірµгэр эІин араас ійдііх, µірэхтээх дьоннорбут эгэлгэ элбэ±и
этэн-тыынан эрэллэр. Итини олохпут хаамыыта ирдээн эрдэ±э. Мин эмиэ
санаабын этиэхпин, былыргы баай дьон µтµілэрин хайгыахпын ба±ардым.
Биґиги маІнайгы президеммит
М.Е.Николаев сэбиэскэй былаас саІа эстиитин са±ана художниктар
мунньахтарыгар: «Биґиги сµµрбэґис сыллаахтан репрессияламмыт
дьоннорбутун тилиннэрдэхпитинэ эрэ сахалар сайдыахпыт», – диэбитэ.
Ол аата баайдары, бандьыыттары буолла±а дуу диэн соґуйа истэ
санаабытым. Сотору со±уґунан М.Е.Николаев туруорсуутунан Россия
Президенэ Ельцин коммунист партия киин комитета 1928 сыллаахха
аччыгый норуоттарга, сахаларынан сирэйдээн, таґаарбыт батталлаах
уураа±ын кітµттэрбитэ.
Инньэ гынан ити кэмтэн ыла дьэ
саІардыы революция иннинээ±и баай, µірэхтээх, тіріібµт норуоттарыгар
сµдµ µтµілээх дьоннорбутун билэн эрэбит. Холобур, бу мин улуу биир
дойдулаахтарбын – революция иннинээ±и саха интеллигенциятын бас-кіс
киґитэ В.В.Никифоров – Кµлµмнµµр, прогрессивнай ійдііх, µірэхтээх
Афанасьевтар, Поповтар, саха литературатын тірµттэспит Алампа±а
кімітирэх болбут атыыґыт К.Д.Спиридонов тустарынан µчµгэйдик билбэт
да, аахайбат да этим.
Арай кинилэри баай µірэхтээхтэрэ,
сэбиэскэй былаас істііхтірі диэн µі±эн суруйалларын хам-тµм аа±арым.
Эгэ, атын улуус ааттаахтарын Ксенофонтовтар, Никифоровтар
Манньыаттаахтар, Ефимовтар, Барашковтар курдук дьоннор
µтµілэрин-іІілірµн билиэм баара дуо. Кинилэр µчµгэйдэрин биґиэхэ
сэргэх сэбиэскэй идеология биллэрбэтэ±э. Арай куґа±аннарын туґунан
µґµйээн-кэпсээн, сэґэн-номох элбэ±э... Билигин дьэ кинилэри
дьиІнээхтик сырдатан, суруйан эрэллэр.
Бу кµннэргэ «Боґуут кулуба» диэн
ааттаах 256 стр., элбэх ахтыылардаах, хаартыскалардаах дьоґун
кинигэни журналистика уонна государственнай сулууспа ветерана
Н.Н.Алексеев, Боґуут хос сиэнэ, хомуйан, суруйан уонна аймахтар
бэйэлэрэ харчы тіліін, «Бичиккэ» таґаардылар.
Боґуут Ньурба улууґун тірµтэ
буолбут Ньырбачаан кыыстан удьуордаах биэс о±олоох ыалга тіріібµт.
А±ата аччыгый уолун ійдііх диэн Боґууту Бµлµµ куоратыгар µірэттэрбит.
Эрдэ тулаайах хаалан, биэс сыл µірэнэн баран убайын Ба±ыыда
кімітµнэн дьол кірдіґі кімµстээх Бодойбо±о салааска соґуулаах барбыт.
Онно эдэр саха уолун Сибииргэ аатырбыт кімµс промышленнига Иван
Громов бэлиэтии кірін бэйэтин кэнсэлээрийэтигэр µлэлэппит, устунан
итэ±эллээх киґи оІостуммут. Ол курдук Громов компаниятыгар сµµрбэ
сыл µлэлээн Бµлµµ уокуругун дьонуттан эттэрин-арыыларын атыылаґан
Бодойбо кімµсчµттэрин хааччыйбыт.
Громов
кімітµнэн Москва атыыґыттарын Коковины, Басовы, МэІэ улууґуттан
Кушнаревы кытта билсэн, кинилэр табаардарын борокуотунан Бµлµµ
сµнньµгэр таґар. Бэйэтэ бас билэр хас да ма±аґыыннанан байан-тайан
барар. Бµлµµ уокуругар мировой судьуйанан бигэргэтиллэн, дойдутугар
Марха улууґугар кулубанан талыллан µлэлиир. Бу µлэлиир кэмигэр
бэйэтин µбµнэн Ньурба±а, Чаппанда±а икки таІара дьиэтин, Чаппанда±а,
Оттооххо икки оскуоланы, эмтэнэр дьиэни туттаран µлэ±э киллэрбит.
Ґрэхтэри-кµіллэри кіґірін ходуґа сирин, улахан айан суолун
оІотторбут, улууґугар маІнайгы сибээґи олохтообут. Бу сі±µмэр µтµі
дьыалатын кµн ыраахтаа±ы µрдµктµк сыаналаан 2 орденынан, 2 µрµІ
кімµс, 3 боруонса мэтээлинэн на±араадалаабыт. Маны таґынан ыраахтаа±ы
анал суруктаан улахан кыґыл кімµс чаґыны, куортугу, кістµµмµ Степан
Прокопьевич Алексеевка – Боґуукка бэлэхтээбит, бочуоттаах инородец
аатын иІэрбит.
Маны таґынан Боґуут уобаластаа±ы
попечительскай Совет чилиэнэ буолан дьадаІы о±олор µірэниилэригэр
элбэх µбµ-харчыны биэрбит, сыстыганнаах ыарыылары утары охсуґар
Иркутскайдаа±ы общество±а, бааґырбыт буойуннарга, аччыктаабыттарга
элбэх кімінµ оІорбут.
Дьэ ити курдук Боґуут кулуба
улахан прогрессивнай ійдііх-санаалаах меценат, попечитель, патриот
буолан тіріібµт норуотугар сµдµ µтµілээ±ин бу кинигэттэн аа±ан
билиэххэ сіп.
Боґуут икки уола эмиэ а±аларын
курдук норуот туґугар улахан µтµілээх эбиттэр. Улахан уол Ньукулай
а±атын солбуйан Марха улууґугар кулуба, быраата Мэхээлэ Бэстээх
нэґилиэгэр кинээс буолан олорон гражданскай сэрии са±ана
баай-дьадаІы диэн бэйэ-бэйэни кытта утарыта турсан сэймэктэґииттэн
дойдуларын дьонун быыґаабыттар, дьон-сэргэ махталын ылбыттар.
Сэбиэскэй кэмІэ эйэлээх оло±у
тутуспуттар. Хомойуох иґин, кинилэри хаайа, сууттуу сылдьыбыттар,
кулаах оІорбуттар. Ол эрээри Боґуут уолаттара онтон самныбакка, аал
уот оттон, о±о-уруу тэнитэн, айанµлэлээн сиэрдээх оло±у олорбуттар.
Боґуут кулуба Ньукулай уолуттан
сиэннэрэ Михаил, Николай иккиэн учуутал, РСФСР µірэ±ириитин
туйгуннара буолбуттар. Элбэх учуонайдары, биллэр салайааччылары,
µтµілээх µлэґиттэри иитэн-µірэтэн таґаарбыттар. Кинилэр учуутал іссі
µрдµк аатын сµгµіхтэрин баай, кулаах аатырбыт эґэлэрэ, а±алара
таІнары тардыбыт бадахтаах... Билигин ини-бии учууталлар М.Н. уонна
Н.Н.Алексеевтар династияларын педстажтара 200 сылтан тахсыбыта элбэ±и
кэрэґилиир.
Боґуут иккис уола Михаил о±олоро
Федот, Александр эмиэ учууталлар. Федот отутус сылларга
нэґилиэнньэни кі±µлээн Акана±а, Маалыкайга оскуола туттарбыт.
Хаарыаннаахай киґи эдэригэр ілбµт. Кинилэри кытта бииргэ тіріібµт
Н.М.Алексеев, наука±а ураты талааннаах уол, отутус сыллаахха МГУ-га
туйгуннук µірэнэ сылдьан кулаах уола аатыран уґуллубут. Ол эрээри
олоххо, сайдыыга тардыґыытын кµµґµнэн Дьокуускайдаа±ы пединституту
бµтэрбит. Јр сылларга этнограф, краевед, библиограф быґыытынан тыл,
литература, история институтугар уонна Пушкин аатынан
республиканскай библиотека±а айымньылаахтык µлэлээн элбэх
чинчийиилэри, библиография ыйынньыктарын оІорбут. Ол сыралаах µлэтин
быыґыгар саха улахан суруйааччыларын айымньыларын ис хоґоонун
нууччалыы тылбаастаабыт.
Николай
Михайлович наука±а оІорбут саамай улахан µтµітµнэн билигин киэІник
сура±ырар аатырбыт этнограф Г.В.Ксенофонтов научнай µлэлэрин
µйэтиппитэ буолар. Ксенофонтов архыыба µірэтиллибэккэ сµµрбэччэ сыл
сыппытын П.Е.Ефремовтыын анаан µірэтэн, наардаан-сааґылаан, сµрµн
µлэлэрин бэчээккэ бэлэмнээбиттэр. Н.М.Алексеев киґи аналын µрдµктµк
тутан норуотун туґугар µлэлээбит, олох олорбут, о±о-уруу бі±інµ
тірітін кірін-харайан ииппит, µірэппит, тэниппит саха аймах биир ча±ылхай
интеллигенэ эбит.
Боґуут хос сиэннэрэ бары
µтµі-мааны µлэґит, ыал дьон буолбуттар. Олортон сорохторун
холобурдаан суруйдахха: Н.Н.Алексеев Россия журналистарын уонна
государственнай сулууспа бочуоттаах ветерана, биллиилээх политолог
журналист, Кµннэй Игнатова советскай киинэ уонна Горькай аатынан
МХАТ биллиилээх артыыската, Эрик Алексеев аатырар Накыын алмааґын
арыйсыбыт сахалартан биир бастакы Ґлэ Кыґыл Знамята орденнаах
геолог, Эрнест Алексеев норуот уус-уран оІоґуктарын биллиилээх
маастара, республика культуратын µтµілээх µлэґитэ, педагог, Любовь
Алексеева хайа инженерэ, «Якутзолото» аатырар кэмигэр генеральнай
директоры солбуйааччынан µлэлээбит, Галина Алексеева Куба
республикатын дипломатын холоонноох до±оро, кэргэнэ Валерий Алексеев
космофизик, физико-математическай наука кандидата, Анатолий Алексеев
Дальневосточнай флот инженерэ, Нелли Алексеева педагогическай µлэ
ветерана, РФ µірэ±ириитин туйгуна, Эмма Алексеева республика
национальнай архыыбын научнай µлэґитэ.
Дьэ бу курдук Боґуут о±олоро,
сиэннэрэ, хос сиэннэрэ сµµрбэґис µйэ тыалын-кууґун, хаґыІын тулуйан,
сэбиэскэй кэм µірµµтµн-хомолтотун барытын тэІинэн µллэстэн, тіріібµт
норуоттара сайдарын туґугар айан-µлэлээн кэлбиттэр.
Аны саІа µйэ±э, саІа кэмІэ
Боґуут кэнчээри ыччаттара олох тэґиинин бигэтик тутан олох бары
эйгэтигэр республика±а биллэр-кістір µтµікэн µлэґит дьоннор буолан
эрэллэр.
Ол курдук улуу французтар 200
сыл устата тэрийэр «За содействие промышленности» ассоциацияларын
аан дойдуга аатырар конкурстарыгар Борис Григорьев Саха сириттэн аан
маІнай кыттан лауреат µрдµк аатын сµктэ, хос эґэтин Боґуут уола
Ньукулай курдук музыка±а айыл±аттан айдарыылаах Ольга Алексеева «ЛедиСаксофон»
аатынан Россия±а сура±ырар. Юрий Богомолов банкир, экономическай
наука кандидата, Ира Кононова уонна Кира Сивцева СГУ доценнара,
наука кандидаттара. Николай Алексеев алмаас промышленноґын биир
сµрµн µлэґитэ, Ольга Буштаева «Саханефтегаз» киин дьаґалтатыгар
начальник, Анастасия Васильева юриспруденция учуонайа буолаары
сылдьар.
Боһуут хос сиэннэрэ. Олороллор Нелли ГРИГОРЬЕВА,
Изабелла АЛЕКСЕЕВА. Тураллар: Арабелла БОГОМОЛОВА, Алла
ВАСИЛЬЕВА, Эмма Кононова, Николай АЛЕКСЕЕВ. 2005 г. |
Боґуут кэнчээри ыччаттара
ібµгэлэрин курдук тіріібµт норуоттарыгар µгµс элбэх µтµінµ-кэрэни
оІоруохтара, хас биирдиилэрэ албан ааттаах оло±у олоруохтара, саха
айма±ын сайыннара, µксэтэ-элбэтэ туруохтара диэн эрэнэбин.
Мин а±ам кырдьан олорон,
сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ: «Биґиги былыр да, сэбиэскэй да
кэмІэ µчµгэйдик олорбуппут.Киґи сµрэхтээх, µлэґит, дьаґаллаах,
дьоІІо µчµгэй сыґыаннаах уонна дууґалаах буолуохтаах», – диэн
саІарар буолбута. Ону бу Боґуут кулуба туґунан кинигэни аа±ан баран
а±ам сіпкі да саІараахтаабыт эбит дии санаатым.
Кырдьыга да±аны Боґуут ійдііх,
дьаґаллаах, сµрэхтээх µлэґит уонна улахан дууґалаах буолан
дьонун-сэргэтин ата±астаабакка-баттаабакка, дьон туґугар µтµінµ эрэ
оІорор ба±алаах буолан байбыт, кыа±ырбыт уонна тіріібµт норуота
сайдарыгар кіміліспµт эбит. Кини уолаттара, сиэннэрэ сайа±ас-сайдам,
улахан дууґалаах уонна сµрэхтээх µлэґит буоланнар, сэбиэскэй
былааска кылаас істііхтірі кулаах аатыран µтµрµллэн-тµрµллэн да
баран ілін-сµтэн, симэлийэн хаалбакка, тірµтуус ытык хааннарын
харыстаан, іссі µµнэн-сайдан, ууґаан-тэнийэн биэрбиттэр.
Кинилэр бардам-уол±амдьы
майгылаахтара, кыра ычалаахтара, дууґалаахтара, сµрэ±э суохтара
эбитэ буоллар, сэбиэскэй былаас суута-сокуона уонна дьоллоох оло±у
тутар идеологиянан сэбилэммит дойдутун дьоно кинилэри дьон аатыттан
аґарыах этилэр.
Биллиилээх бассабыык Степан
Аржаков Боґууту буржуазия ча±ылхай бэрэстэбиитэлинэн ааттаабыта.
Манан сиэттэрэн, санаабын этэбин. Сэбиэскэй кэмІэ биґиги
историктарбыт Саха сиригэр капиталистическай сыґыан суо±а, революция
буолан былыргы феодальнай тутултан быґа социализмы тутууга
кыайыылаахтык киирдибит, ол иґин кµµскэ сайдабыт диэн учуонай
дьоннорбут сымыйанан айбыт µірэхтэрин-санааларын тірдµттэн саІалыы
кірін чинчийиэххэ уонна аныгы учуонайдар сіптііх тµмµгµ оІоруохтарын
сіп этэ.
История сайдыытын биир кэрдиис
кэмин аанньа ахтыбакка µіхпµппµт тµмµгэр сэбиэскэйбит эґиннэ,
социализммыт мэлийдэ. Эгэ, ырай олохтоох коммунизм кµлµгэ кістµі
дуо. Эбиитин мээнэ кітµіккэлээммит билигин хайдах-туох олоххо тиийэн
кэлбиппит µчµгэйэ-куґа±ана кµннэтэ кістіргі дылы.
Биґиги, а±ыйах ахсааннаах
омуктар, олус наґаа ніІµі-маІаа кітµілээбэккэ, аґара баран аан дойду
µµтµн-хайа±аґын бµілµіх буолан киґиргээбэккэ, тірµтуус ібµгэлэрбит
олохторун утумнаан, ытыктаан, ыраахтаа±ы да, сэбиэскэй да кэм
былааґын µчµгэйин-куґа±анын сµµмэрдээн арааран, анааран, аныгы
олоххо таба дьµірэлээн олохпутун оІоґуннарбыт бэрт этэ.
Онон бу Боґуут кулуба туґунан
кинигэ тахсыбыта, кини о±олоругар-урууларыгар тиийэ олох киэІ
эйгэтин хабар ис хоґоонноо±унан, саха бары аа±ааччыларыгар
кэрэхсэниэ±э, олус туґалаах кинигэ дии санаатым.
Боґуут дойдутун дьоно туруорсан
Ньурба улууґугар Чаппанда оскуолатыгар С.П.Алексеев – Боґуут аатын
Президент В.А.Штыров ыйаа±ынан 2006 сылга иІэриллибитэ улахан хай±аллаах
дьыала. Россия±а биллибит саха бідіІ общественнай-политическай
деятелэ В.В.Никифоров – Кµлµмнµµрµ кытта биир сылга тіріібµт,
норуотун туґугар олорбут, µлэлээбит меценат, патриот, улуус кулубата
Боґуут – С.П.Алексеев тірµт-уус дьиІнээх саха саарына эбит.
Билигин биґиги сэбиэскэй кэмІэ
курдук дьадаІы тірµттэрбитин іІі туттубакка, тірµт-уус баай
тірµттэрбитин санаатахпытына эрэ инники сайдыыбыт суола киэІник
арыллыа±а.
Василий
Васильевич БОЧКАРЕВ,
СР искусствотын µтµілээх
деятелэ.