Кулаковскай
быґаарарынан, Айыыґыт куту уонна сµрµ тэІІэ а±алар эбит.
Уопсайынан, куту а±алааччынан
киґи µксэ кэриэтэ Айыыґыты ааттыыр уонна оннук бигэ ійдібµл
дьоІІо-сэргэ±э иІмит.
Биллэрин курдук, µс кут баара
биллэр : ийэ , салгын, буор. Бу куттары сорох ардыгар атыннык
ааттыыллар. Холобур :
Ду±а моонньо мултуйда,
Тµс маґа тµІнэґиннэ,
Ийэ маґа иІнэґиннэ,
А±а кута айманна,
Уол кута уйманна,
Ийэ кута иэдэйдэ -
диир эбит олоІхоґут Ынта Никиитэ.
Оттон «Дьырыбына Дьырылыатта» олоІхоґута П. Ядрихинскай ириІэ
мэйиилээх, икки атахтаах киґиэхэ «иґэгэй куту» сыґыарар.
Кут киґиэхэ эрэ бэриллэр
буолбатах. Кыылга-сµілгэ кытта тиксэр. Холобурун ыллахха, сылгы,
ынах сµіґµ икки куттаахтар : ийэ кут, буор кут. Онтулара былахы
курдуктар.
Саха итэ±элин чинчийбит
А.А.Попов суруйарынан, сылгы кута кыра, наґаа тµргэн былахыга
майгынныыр. Кини кутун Дьіґігій биэрэр. Ол аата сылгы кутун
Айыылартан тартараллара. Оттон ынах кута сµіґµ іІµн курдук араас
дьµґµннээх кыра хомурдуос буолар.
Јбµгэ сахалар ынах кутун «омийа»
диэн ааттыыллар эбит. Ынах кутун ойуун кірдµµрµгэр сир иччитигэр «ооми»
диэн алгыыр µгэстээх.Бу тµбэлтэ±э сµіґµ кутун сир иччититтэн
ылаллара этиллэр. Дьиэ кыылларыгар куту тардыы сиэрэ-туома тµІ
µйэлэргэ уйгу-быйаІ тірдµн курдук сыаналанар эбит. Онон дьоллоохтук,
уйгулаахтык олоруу иччилэри, айыылары кытта сибээстээ±э бэрт
дьэІкэтик ійдінір. Киґи куту тардан, тыынар тыыннаа±ы
ууґатар-тэнитэр эрэ тµгэнигэр дьол-уйгу тиксэрэ этиллэр. Бу сибээґи
Айыыларга, иччилэргэ чугас эрэ киґи оІороро.
Ойууннар быґааралларынан кут
арай балыкка уонна µіІІэ-кійµµргэ эрэ суох. То±о диэтэххэ,
µін-кійµµр µксµгэр кут бэйэтин кістір кістµµтэ курдук ійдінір. Оттон
балыгы ілµµ-сµтµµ, ыарыы тірдµн курдук тойоннооґун тµµлгэ-биккэ
сµрдээх улахан. Ити да иґин буолуо, балыкка куту сыґыарбаттар.
8.
Ийэ кут барыларыттан улахан.
Учуонай Гурвич хомуйбут матырыйаалыгар кинини киґи кэтэ±эр баар диэн
суруйаллар. Оттон Бµлµµ сахалара ийэ куту маІан кут быґыытынан
билинэллэр уонна киґи сµрэ±эр олорор курдук саныыллар. Киин
улуустары µірэппит Э.К.Пекарскай ийэ куту тµµ кут дииллэрин
бэлиэтиир.Ол курдук Таатта дьоно Јксікµлээх Јліксій, Куома Чашкин,
Э.К.Пекарскай этэллэринэн, ийэ кут киґиттэн барыан, µір буолуон сіп
эбит.
«О±ону куттаатахха ийэ кута
ыстанар. Оччо±уна о±о нµкэн, ыарыґах буолар» диир Јксікµлээх Јліксій.
Куома Чашкин буолла±ына, о±о ийэ кутун аал уот иччитигэр туттардахха
ілбітµн уонна быстах ыарыыга ылларбатын туґунан этэр.
Чинчийээччи Трощанскай хомуйан
хаалларбыт матырыйаалыгар ийэ куту абааґылар сиир кыахтаахтара
ыйыллар.
«Любопытен тот факт, что буор
кут и ийэ кут поедаются абаасыларами, тогда как салгын кут не
поедается, и первые два элемента имеют общего иччи, а последний его
вовсе не имеет».
Абааґылар ийэ куту сииллэригэр
хайдах тэринэллэрин Константин Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур»
олоІхо±о бу курдук хоґуйар.
Ону бу кімµс тµістээх
кµірэгэйбин,
Алтан тµістээх далбарайбын
«тµп» гынар тµµнµктээх тµрмэ±итигэр
«хап» гынар хараІа хаайыыгытыгар,
µс Ньµкэн Ґідэн тµгэ±эр киллэрэн,
сµр кутун сµµдµтэн,
іґіх кутун уйадытан,
ийэ кутун эрчитэн туран,
сараґыІІа киллэриІ,
дьµікэккэ холбооІ,
абааґыга уґуйа охсуІ эрэ...
Абааґы уола а±алаатар а±атыгар
АрдьаІ Дуолай Буор МаІалай о±онньорго, ийэлээтэр ийэтигэр Ада±алаах
Ала Буурай эмээхсиІІэ итинник дьаґайар.
Эмиэ бу олоІхо±о этиллэринэн,
Дьыл±а Тойон тµірт уґуктаах а±ыс кырыылаах чэркил таас остуолба±а
ийэ куту суруйда±ына мµлтµрµйбэт бµтµн оІоґуу, халтарыйбат хатан
ыйаах µіскµµр эбит. Онон киґи оІоґуута, ыйаа±а ийэ куту кытта ыкса
сибээстээх эбит.
Мантан кістірµнэн, бµтµн уонна
итэ±эс оІоґуулаах, хатан уонна кэлтэгэй ыйаахтаах буолууттан ийэ кут
айыыларга тіннірі, тіннµбэтэ тутулуктанар.
Бµтµн оІоґуулаах ийэ кут мээнэ
барбат. Н.Алексеев этэринэн ,буор уонна салгын куттары абааґы
буулаата±ына эрэ киґи иґиттэн ийэ кут тахсан барар эбит.
Профессор Кс.Д.Уткин «По
воззрениям древних якутов кут – душа человека ( один из ее элементов
– ийэ кут – мать-душа) возвращается в мир светлых божеств – айыы,
что она в своей изначальной сущности считается бессмертной диэн
этиитэ эмиэ бµтµн оІоґуулаах ийэ кукка сыґыаннаах.
Арай Н.Н.Яковлев-Курууппа ойуун
«Ийэ кут – киґи этэ-хаана. Тыыннааххар эккэр-хааІІар
сылдьар...Јлліххµнэ (ийэ кут) кімµллэн хаалар» диэґинэ µіґэ
ахтыллыбыттартан букатын атын. Идэтийбит ойуун киґи кэпсээнин
фольклорист Христофор Иннокентьевич Константинов 1940 сыллаахха
устубут. Бу туґунан Л.Афанасьев-Тэрис маннык быґаарар: » ... бу
кэпсээн оІоґуллубут кэмин ...ійдµіхпµтµн наада.Фольклористар – наука
дьоно – оччотоо±у хааччахтарга хаайтарбакка киэІник кірін
µлэлээбиттэрэ биллэр. Ол гынан баран, кинилэр, суруйбут киґи да±аны,
итэ±эли хаалбыт дьыала курдук кіріллірі эмиэ сэрэйиллэр. Наука±а
наада буолуо, былыргыны µірэтэргэ туґаныллыа диэн кинилэр саныыллара.
Оттон Курууппа ойуун ойууннаабыт буруйугар элбэх эрэйи кірбµт киґи,
толору аґыллан кэпсээбэтэ±э биллэр».
Онон Курууппа ойуун быґаарыытын
оччотоо±у атеистическай ирдэбилгэ дьµірэлэммит курдук ійдµіхтээхпит.
Аны туран, ийэ кут биэс эйгэттэн
(уу, уот, буор, салгын, таас) хайаларыгар ордук чугаґый, кини то±о
ийэ кут дэннэ ?..
Киґи-аймах µгµс норуота биэс
эйгэттэн ууну ийэ, эбэ диир µгэстээх. Саха дьоно уулаах сири эбэ
диирин саныа±ыІ. Аатырбыт психолог Карл Юнг «Материнское значение
воды принадлежит к наиболее ясным мифологическим толкованиям...В
ведах воды называются матриамаб («наиболее материнские«).Материнский
аспект воды совпадает с природой бессознательного, поскольку
бессознательное (особенно у мужчин) может рассматриваться как мать
или матрица сознания» диир эбит.
Тыынар тыыннаа±ы тірітір-ууґатар
эйгэ эбит – уу. Оччотугар биэс эйгэттэн ийэ кут буоларга табыгастаа±ынан
уу буолара саарбахтаммат курдук.
Ууну ийэ кут, ийэ диэн инники
кµіІІэ тутар буоллахха, Эпштейн маннык этиитэ киґини эбии
толкуйдатар.
»... учение, признающее
материнство и первенство природы, называется «материализмом» далеко
не случайно. «Матерь и материя» – эти слова имеют общую
этимологическую природу, что прослеживается в латинском языке и
отмечается Лукрецием в поэме » О природе вещей» ( латинское материе
происходит, скорее всего, от матер-мать, источник, происхождение).
Ийэ±э, ийэ кукка туох барыта
тірµµр, утумнуур тірдµн, быстыбат былатын курдук сыґыаннаґыы бэрт
ула±алаах ій-санаа буоларын учуонай В Топоров салгыы бу курдук
ійдітір : «Связь материи и матери, намечаемая Платоном, отвечает
глубинной реальности мифопоэтического сознания, неоднократно
отраженной и в языке, и в собственно мифологических образах». Онон
дьон ійµгэр-санаатыгар дириІник олохсуйбут уобарас диэґини кытта
сібµлэґэргэ тиийэбит.
Ити эрээри ийэ куту быґаччы
материя диир табыллыбат. Материя±а иІмит µµнэр кµµс диэх
кэриІнээхпит. Айыы тыына ууга иІнэ±инэ эрэ ийэ кут буоларын араарыах
тустаахпыт.
9.
Аны туран, кыыллартан ийэ кыыл
буолбуттар эрэ куттаах буолаллар. Чуолаан, хас биирдии улахан ойуун,
уда±ан ийэ кута ийэ кыыл буолар аналлаах. Бу туґунан Н.А.Алексеев бу
курдук диир : «Ойуун буолар киґи µс кутуттан салгын куту эрэ
тінµннэрэллэр. Ийэ кут – кыыл, буор кут – ілµµ уутун балыга буолан
хаалаллар». Маны фольклорист А.Попов кытта чиІэтэр: «Ойуун буолар
аналлаах о±о µс кутун иччилэр ылаллар. Онуоха о±о ілбіт.Кыратык
ыалдьар. Иччилэр салгын кутун иитэллэр. Ийэ куту ийэ кыыл оІорон
ілµµ-сµтµµ уутун кытыытыгар угаллар. Буор кут балык буолан ілµµ
уутун быґытыгар угуллар».
Ити аата дьиикэй кыыл барыта ийэ
куттаах буолбат эбит. Киґи ийэ кута кыылга кіґµµтэ, кыыл буола
кубулуйуута – реинкарнация барар. Оттон ілін баран хаттаан тірііґµн
– реинкарнация индуизм, буддизм, джайнизм биир сµрµн балаґыанньата
буолар.
Буддизм киэІник тар±аммыт
сиригэр киґи кута атын киґиэхэ кіґірµн итэ±эйии кµµстээх. Оннук итэ±эйии
сахаларга эмиэ баарын этнограф Р.И.Бравина µлэтэ дакаастыыр.
«Дул±алаах олохтоо±о Колтовская
А.Ф. кэпсээнинэн урут «кут о±о» диэн баар буолара µґµ. Маннык о±о
сэттэтигэр диэри олорбут оло±ун ійдµµр уонна тылыгар кыбытан кэпсиир
буолар эбит».
Реинкарнация балаґыанньатынан,
элбэхтик хаттаан тіріін толору дьай±арбыт (просветленный) эрэ ийэ
кут уруккутун ійдµµр кыахтанар. Онон бу µіґэ ахтыллар тµгэн дьай±арыыны
кэрэґилиир эбит...
Бµтµн оІоґуулаах киґи ийэ кута
харыйа±а иитиллибитин кэннэ ҐрµІ Айыы µрэн кэбиґэр. Оччо±уна ийэ кут
илин халлаан анныгар µрµІ кімµс хайа±а µµт чіІірі кілµйэ±э умсан
сітµілµµр.Ити кэнниттэн мойбордоох мохсо±ол кыыл буолан, сэттэ
бастаах, то±ус мастаах хахыйахха тахсан олорор. Бу кэнниттэн
иитиллибит харыйатыгар тіннін тиийэн, ойуун буолуохтаах аналын
саныыр. Санаан баран, орто дойдуга тірµіхтээх ийэтин-а±атын кірдµµр.
Сібµлµµр сиригэр, сібµлµµр дьахтарыгар µрµмэччи буолан тібітµн
оройугар иІэр. Ол иІэн, о±о буолан тірµµр. Ийэ кут киґиэхэ
реинкарнациятын Сапалаай ойуун ити курдук тойоннообут.
Сапалаай ойуун кэпсээнигэр ийэ
кут бэйэтин бэйэтэ µйэтитэр туґун толкуйдаан оІороро кістір. Кини
кимиэхэ ба±арар киирэр кыахтаах, онтун бэйэтэ талынар эбит. Онон
ойууннар ийэ кукка харамайы барытын уонна бары харамайга ийэ куту
баардылааґыннара индуизм Атманыгар («Мин«) майгынныыр.
Ийэ кут ойууІІа ийэ кыыл
буоларын таґынан ойуун абааґытыгар кубулуйара баар. Холобур, «Ньырбакаан
удьуордара» диэн кинигэ±э сэґэргэнэринэн, Кылгас ойуун абааґыта
кµірт ыт буолан кубулунан о±о кутун сиэри гынар эбит. Оччо±уна о±о
кута чыычаах о±ото буолан, кітін хаалар эбит.
Оттон норуодунай суруйааччы
Николай Якутскай «Тілкі» романыгар Алыґардаах хайдах уда±ан
буолбутун туґунан былыргы сэґэни туґаммыта. СэґэІІэ этиллэринэн,
уда±ан дьахтар кубулунан куо±ас буолар. Ол аата ийэ кута куо±ас
дьµґµннэнэр. Куо±аска кубулуйан ойуун кутун-сµрµн сырсар. Онуоха
ойуун кута-сµрэ алыґар буолан, ілµµ уутугар умсубут. Алыґары куо±ас
ситэн ылан ыйыстыбыт. Онтон ыла ити уда±ан Алыґардаах уда±ан диэн
ааттанар буолбут.
Ийэ кут реинкарнацияланан ийэ
кыыл буолара эбэтэр о±о кукка кубулуйуута итинник.
Реинкарнация туґунан ійдібµл
іссі «бэйэ±иттэн буолбата±ына, бэдэргиттэн ситиэ±им» диэн ійдібµлгэ
кытта баар диэхпитин сіп. Маны µгµстэр «о±о±уттан, ыччаккыттан
иэстэґиэ±им» диэн быґаарар µгэстээхтэр. Ол тутах со±ус. ДьиІэр ийэ
кукка, ийэ кыылга сыґыаннаах этии кэлин судургутуйбут курдук.
10.
Буор кут. Буор куту соро±ор уу
кут дииллэр. То±о диэтэххэ, кинини ийэ кут µіскэтэр. Оттон ийэ кут
буолла±ына, ууга иІмит Айыы тыына...
Јксікµлээх Јліксій быґаарарынан,
о±ону µіскэтэригэр Айыыґыт буортан буор куту ылан ийэ кукка
сыґыарар. Ол аата буорга иІмит Айыы тыына буор кут буолар эбит.
Оттон учуонай Гурвич µлэтигэр буор кут киґи бодото дэнэр. Киґи
бодотун кини буор кут диир. Ити эрээри ойууннар буор куту киґи тас
кістµµтµгэр сыґыарбаттар. Бодо иґинээ±и чараас эйгэ±э холууллар.
Дьон хара±ар ити кулакы буолан кістµін сібµн Курууппа ойуун ахтан
аґарбыта баар. Ону да былыр ойууттар кірдірір эбиттэр.
Эмиэ Курууппа ахтыытынан буор
кут абааґыга туттарбат, киґи куттанна±ына, соґуйда±ына буор кут
баран хаалар эбит. Кини барда±ына киґи тута ілір эбит.
Ґіґэ эппиппит курдук, киґи
бодото буор эйгэтиттэн турар. Буор эйгэтигэр иІмит Айыы тыына буор
кут буолар. Буор кут киґи этигэр-сиинигэр иІэн сылдьар бэрт чараас
тыын эйгэ. Ити чараас эйгэ киґи этин-сиинин µµннэрэр аналлаах.
Киґи буортан µіскээбитин туґунан
былыргы Месопотамия шумердара мифтээхтэр. Ол миф быґыытынан,
тыыннаах буолар туґугар таІаралар бэйэлэрэ µлэлээн айахтарын ииттэ
сылдьыбыттар. Кэлин µлэлээбэт сыалтан, дьону айарга быґаарыммыттар.
Энки таІара тууґа суох ыраас ууттан туой буору тірітіргі бэйэтин
ийэтин Намму таІараны соруйбут. Намму таІара аптаах ууттан (шумердыы
апсу дэнэр) туой буору арааран ылбыт уонна ол туой буортан итэ±эс
айдарыылаах бодоІ дьону оІорбут. Ити кэнниттэн Энки таІара хас
биирдии киґини тус-туспа дьыл±алаабыт.
Мантан кістірµн курдук, ууттан
буор µіскээбитин , буортан итэ±эс айдарыылаах киґи оІоґуллубутун
уонна ол киґиэхэ айыы тыынын киллэрэн, дьыл±а анаабыттарын туґунан
ійдібµл инньэ биґиги эрабыт инниттэн шумердарга баар эбит. Оттон
сахалар ийэ кут, буор кут ійдібµллэрэ баларга адьас ханыы.
11.
Салгын кут. Кинини µіннµІµ
дьµґµннээх диэн Курууппа ойуун дьµґµн-бодо быспыта баар. О±о
µіскµµрµгэр Айыыґыт салгынтан салгын куту ылан, ийэ кукка сыґыарар
диэн ійдібµлµ ібµгэлэрбит тутуґар эбиттэр. Салгын кут киґи кіхсµгэр
баар. Кини куотта±ына киґи імµрэх буолар. Билээччилэр учуонай
Гурвичка инньэ диэн быґаарбыттар.
«Киґи утуйда±ына салгын кут
кітін хаалар». Инньэ диэґини киґи утуйда±ына сµрэ±ин тэбиитэ
бытаарарын, тыынара кыччыырын кытта тэІниэххэ сіп. Медицина маны
бигэргэтэр. Оннук эрээри саха киґитэ саныырынан салгын кут кіннірµ
салгын буолбатах. ТыыІІа иІэн сылдьар киґи психическэй энергиятын
курдук сыґыаннаґаллар. То±о инньэ диибитий?
Салгын кут психическэй энергия
буоларын, бастатан туран, былыргылар киґи тµµлµн кытта
сибээстээґиннэрэ туоґулуур. Киґи утуйбутун кэннэ салгын кут киґиттэн
тахсан барар уонна атын дьон салгын кутун, сµрµ кытта кірсµґэн «кэпсэтэр-ипсэтэр»,
«кірір-истэр», араас быґылааннарга тµбэґэр диэн этии олус элбэх.
Былыргылар ону наґаа диэн баардылыыллар уонна соро±ор иччилээх
тµµллэри итинэн сирэйдиир тµгэннэрдээхтэр.
Иккиґинэн, салгын куту «абааґылар»
туттахтарына, тыыннаах киґи салгын кутун ілбµт киґи илдьэ барда±ына
ыалдьыахха сіп. Киґи ійі хамсыыр. КиІэ-наара холлор. Отуора хамсыыр.
Ґсµґµнэн, салгын кут баарыгар
ойуун кыырбат диэн ійдібµлµ ойууннар тутуґар эбиттэр. Салгын куту
кітµтэн кэбиґиэхпит диэн. Ити аата ойуун кыырарыгар салгын куту
таарыйбат эбэтэр салгын куту ханнык эрэ иччигэ туттарар буолуон сіп.
Онон психическай энергияны сатаан салайыы ньымата баар буола
сылдьыбыт диэн сэрэйиэх кэриІнээхпит.
Тір䵴µнэн, салгын кут баран
хаалла±ына ойуун тінµннэрэргэ кыґанар. Онуоха ойуун бастаан утаа
Хаан Хатынтан ыйытар. Хаан Хатын буолла±ына, ТаІха иччитэ
эмээхсинтэн кіІµллэтэр.ТаІха иччитэ эмээхсин кіІµллээтэ±инэ эрэ
салгын кут тіннір эбит. Ойуун тіттірµ ылан баран, аан дойду
иччитигэр Алай Сылай ХотуІІа арчылатар. Арчылатыы кэнниттэн аны уот
иччититтэн ыйытар. Ону уот иччитэ Айбыт Айыыґытыгар туттар диир...Бу
барыта салгын кут кіннірµ салгынтан уратылаа±ын, айыылартан,
иччилэртэн тутулуктаах кµµс буоларын кірдірір. Онон салгын кут
психическэй энергия быґыытынан, киґи иґигэр «саґан» сылдьар µрдµк
кµµс буолар эбит.
12.
Куту туґаныы сµрµн ис хоґооно
хас реинкарнация аайы хаачыстыба іттµнэн тупсан иґиини уонна уґук
бµтэґигэр дьай±арыыга, ньим барыыга тиийиини ситиґии былыргы илиІІи
религиознай психология±а сµрµн сыал-сорук буолбут. Кут маныаха
билиІІинэн психологическай энергияны бэйэ±э сатаан оІостуу уонна ону
бэйэни салайыныыга туттуу инструмена буолбут.
Кут µрдµк Айыылартан кэлэр кµµс.
Бу кµµскэ киґи эрэ барыта тиксибэт эбит. Киґи таґыма улааппытын,
социальнай статуґа µрдээбитин кірдірір бэлиэ буола сылдьыбыт. Ол
курдук тµµрдэргэ, монголларга кутлуг диэн духовнай солону улахан
баґылыктарга эрэ иІэрэллэрэ. Куту билии туґунан кинигэлэрэ «Кудатку
билиг» аатынан киэІник сура±ырбыта. Оттон арабтарга ити «Шахнамэ» –
«Книга царей» дэммитэ.
Саха былыргытыгар бары бас-кіс
дьон ойуун буолаллара кэпсэнэр. Кинилэр уґун кэм устата эттэтиини,
атыннык эттэххэ, кут иитиитин толору ааспыт дьон этилэр. Онон куту
иитии диэн тугуй диэІІэ тохтуубут.
Кут иитиллиитэ судургу буолбатах.
Аллараа дойду иччилэрэ ойуун буолуохтаах дьон кутун аан бастаан
Хотугу эмээхситтэргэ туттараллар. Дьон кутун Хотугу эмээхситтэр
тимир биґиккэ уган баран, µс сыл иитэллэр. Бу кэнниттэн, Орто дойду
иччилэрэ быґаарыыларынан, ойуун буолбут киґи кута ойуун маґыгар хоту
иитиллэр. Ол маґы харыйа эбэтэр тиит диэн этэллэр. Ити эрээри харыйа±а
(Кудук мас) ийэ кут, тииккэ (Ыйык мас) салгын кут, хатыІІа (Аал Луук
мас) буор кут иитиллэр диэн араарыах тустаахпыт. Бу ійдібµллэри саха
классик суруйааччыта А.И.Софронов айымньыларыгар булуохха сіп.
Кырдьыгы кінітµнэн этэр кыаллыбат буолбут кэмигэр кини ити
символлары литература±а туґаммыта. Ол курдук 1927 сыллаахха «Ксенофонтовщина»
трагедиятын бэлиэтээн, «Харыйа» поэманы суруйбута.
Ханнык эрэ дайдыга,
Хайа эрэ сиргэ
Хара тыа са±атыгар,
ХалтаІ халдьаайы таманыгар,
ХаґыІІа ылларбат,
Хаартан хагдарыйбат,
Со±отох харыйа
Чоройон турара.
Оттон 1928 сыллаахха бала±ан
ыйын 15-18 кµннэригэр Новосибирскай тµрмэтигэр сытан, «Сылбах тиит»
поэманы саха саарына В.В.Никифоров-Кµлµмнµµр сырдык кэриэґигэр анаан
айбыта. Саха ійµн-санаатын иитиигэ оло±ун анаабыт
В.Никифоров-Кµлµмнµµрµ поэт А.Софронов тииккэ холообута уонна тиит
уобараґынан бу курдук µйэтиппитэ.
Биир эмэ киґи
Бэлиэтии кірін,
Биллэ±эн илдьэн,
Айан аартыгын айа±ар,
Суол туоруур тумулугар
Остуолба оІорон
Тупсаран туруоран,
КиэґээІІи кэлээччилэргэ,
СарсыардааІы ааґааччыларга
Кэм, кэм кини
Кэрэхсэтиэ этэ...
Салгыы тиит уобараґын ырыа±а
киллэрбит дьонунан поэт Степан Дадаскинов уонна самодеятельнай
композитор Аркадий Алексеев буолаллар. Кинилэр «Хотугу тиит» диэн
айымньыларын саха µтµілээх ырыаґыта Раиса Захарова толоруутун киґи
эрэ кэрэхсээн истэр...
Харыйаны ийэ кут иитиллэр уйатын
курдук сыґыаннаґыы биир кістµµтµнэн ахсынньыга, кµн кыґыІІы туруутун
кэнниттэн бэлиэтэнэр Ороґооспо±о (Рождество) кірібµт. Харыйаны
туруоран баран, ити тула ыллаан, µірэн-кітін дьон-сэргэ бэйэтин ийэ
кутун бі±іргітір. Бу былыргы мистерия билигин светскэй
бырааґынньыкка – СаІа дьылга кубулуйан сылдьар.
То±ус олох лабаалаах харыйа±а
ойуун буолар киґи ийэ кутун кітір кынаттаах гына иитэллэр. Быґата
эттэххэ, ийэ кыыл буоларга бэлэмнииллэр.
Кірірбµт курдук, ийэ кут
иитиллэр сирэ – хоту дойду. Буддистар итини Шамбала дииллэр. Шамбала
ханна эрэ хотугу сиргэ баар мистическэй дойду буолар.Бу туґунан аан
бастакы ахтыы » Калачакра-тантра±а» суруллубута. Киґи дьыл±атын
оІорор сµдµ кµµстээх Улуу Маастардар итиннэ олороллор диэн
сурах-садьык итинтэн тэнийбитэ µґµ... Јксікµлээх Јліксій «Ойуун
тµµлэ» поэма±а куту бі±іргітіргі ыІырарыгар эмиэ хотугу туґаайыыны
ыйар.
Хоту муустаах муора хотун
Холугурас муус хоонньугар
хор±ойо сытаммыт
аны биирдэ дьµґµк кубулунан,
быста-быста сал±анан,
тимирэ-тимирэ кµірэйэн,
ілі-ілі тиллэн кірµі±µІ...
Куту бі±іргітір туґугар кини
µірэ±и баґылыа±ыІ диир. Туора дьон µірэ±инэн ийэ куту иитэргэ,
салгын куту алыптыырга, буор куту бу±атытарга ыІырар...
Итэ±эл былыргы ирдэбилинэн куту
дьиІэр иччилэр иитэллэр. Кукка тиксибит киґини иччилэр итинник
тургуталлар. Киґи тургутууну тулуйда±ына эрэ ойуун буолуохтаах. Онон
Јксікµлээх Јліксій поэма±а куту итэ±эс айдарыылаах кµµс курдук
кірдірбµтэ сібі суох. ҐрµІ Айыыттан кэлэр µµннэрэр кµµс киґиэхэ
улахан тургутуу буолар. Тургутууну барытын толору ааспыт эрэ киґи «саха-духовное
тело», иччи буолар кыахтанар.
Ийэ куту иччилэр хотугу
туґаайыыга иитэллэр. Ийэ кут угуллар маґа Кудук диэн ааттанар.Дьон
хара±ар кини харыйа буолан кістір.
Этнограф Г.В.Ксенофонтов
суруйарынан, » На ветвях этого дерева говорят, много гнезд наподобие
птичьих, где воспитываются души шаманов» эбит. Кудук мас хотугу
туґаайыыга баар.Бу мас туґунан академик А.И.Гоголев маннык быґаарар.
«Кудук относится к числу
архаических и в настоящее время почти не употребляемых слов
языка.Это – язык религии, олонхо, в целом, ритуальной лексики.В ней
сохранилось много реликтовых основ дотюркского происхождения. Так,
можно, например, попытаться вывести основу слова кудук из
индоевропейской лексики : в древнегреческом языке кудос – словно
относящееся к языку эпики ( гомеровскому стилю ) ; в
древнеславянском есть слово кудо. Общее для этих слов основное
значение – «сверхестественная сила». Кудос обозначает также нечто,
что дает божество, дар божественный. Эти данные, по всей видимости,
говорят о том, что в древности индоевропейское кудос могло бы
повлиять на формирование этого слова в древнетюркском языке с
первоначальным значением «изобилие» или «источник изобилия»,
«божественный дар».
Историк, этнограф
С.Николаев-Сомо±отто кудугу олоххо баар кістµµ курдук сыаналаабыта
уонна бу курдук ойуулаабыта. «Дерево «кудук» (от искажения которого
возникло «аар кудук», «аал-кутук» и «аал-луук«) – дерево весьма
странное. Оно встречается среди любых пород. Странность его
заключается в том, что, оно, как магнит, притягивает к себе любую
живность округи неизвестно чем. Вокруг него всегда бывает истоптано,
ветви засижены до блеска, а кора исцарапана древолазающими и
когтевыми отметинами косолапого. Подобное явление наблюдается и
среди кустов, ибо только на них оставляются указывающие пределы
«владения» погадки и мочевина. Внешних отличий у «кудук» не бывает.
Охотники очень почитают «кудук» и не подходят к нему, чтобы своим
запахом не отпугнуть его посетителей».
Кудукка µіґээІІи µрдµк кµµс –
кут киирэн иитиллэр. Ити кµµґµ бастаан утаа Хотугу эмээхситтэр
ииппиттэрин кэннэ, аны чахчы чулууларын Кудай Бахсы уокка уґаарар.
Кудай Бахсы куттары итинник уґаарбыт ойууннара бастакы суолталаах
буолаллар. Ойууннааґыны µірэппит Н.А.Алексеев инньэ диир. Профессор
Кс.Уткин «Культура народа саха» диэн бэйэтин µлэтигэр:» В числе
персонажей, имеющих небесное происхождение, относятся образы Кыдай
Бахсы и Сээркээн Сэсэн. Оба они являются сыновьями ҐрµІ Айыы Тойона.
Всех своих прямых потомков верховный управитель поселил на разных
ярусах верхнего мира. Для Кыдай Бахсы определил местом страну,
находящуюся на границе Среднего и Нижнего мира» – диэн ыйар.
Кудай Бахсыны сорох ардыгар
Кыдай Бахсы диэґин баар. «В имени этого предка кузнецов и шаманов
интересным представляется первое слово – «кыдай», которое иногда
звучит – «кудай бахсы». Корень этого слова, – «кут» или «куд» – у
якутов значит – душа»...
Оннук ійдібµл османнарга,
кара-киргизтэргэ, телеуттарга, былыргы уйгурдарга, Орхон тµµрдэригэр,
тоІустарга, монголларга, хотугу буддизмІа баарын Г.В.Ксенофонтов
чопчулаан турардаах.
Журналист, тыл µірэхтээ±э
Афанасий Гуринов «Кудай» диэн ыстатыйатыгар кут суолтатыгар чугаґыыр
Кудай холобурдарын а±алтыыр эрээри, быґа-бааччы эппэт. «Кырдьык да±аны,
былыргы тылы то±о билиэ суохтаахтарый? Ба±ар, иранныы тыллартан
киирии да диэн буоллун» диэн тµмµктµµр. Кудайы тыл µірэхтээхтэрэ
иран тірµттээх диэбиттэрин кытта сібµлэґэр.
Боотур улууґун Дьµлэй нэґилиэгин
киґитэ Р.К.Большаков «Баґымньы Баатыр уонна Эрбэхтэй Бэргэн»
олоІхотугар ойуулаабыт «орто кудай бороІ дойдутун» орто куттаах
бороІ дойду быґыытынан ійдµіххэ сіп. Айыы итэ±элигэр орто кутунан
буор куту билинэллэр. Оччотугар бу тµбэлтэ±э кудайы кут диирбит
оруннаах буолан тахсар. Оттон Ґіґээ Бµлµµ олоІхоґута Ынта Никиитэ «Кір
Буурай» олоІхо±о «Кудай – сир ортотун аата» диэґинэ эмиэ буор кукка
сыґыаннаах курдук.
Кірірбµт курдук, ийэ кут
иитиллиитэ хотугу туґаайыыга, Кудук маска-харыйа±а, Кудай Бахсы,
Хотугу эмээхситтэр кімілірµнэн барар эбит. Уопсайынан хотугу
туґаайыы, хотугу полюс былыргы кистэлэІ µірэхтэргэ тµґµµ халлааны,
Айыылар, таІаралар сиргэ тµґэр аартыктарын, кинилэр кµµстэрэ итинэн
киирэр курдук этиилэрэ бэрт элбэх. Хотугу туґаайыыны іссі сир
халлаанныын ыпсыґар миэстэтэ курдук санааґын баар. Ол иґин, былыр
итини кірдіін, дьон-сэргэ хоту диэки тиксэн-тµгэнэн хаалбыта µґµ.
13.
Киґиэхэ анаммыт куту иччилэр
иитэллэр. Иитиллибит куту киґи кыайан баґылаабата±ына эбэтэр
иччилэри, Айыылары хомотто±уна, кэлэттэ±инэ, киґиттэн кут баран
хаалар. Кута барбыт киґи биллэ мілтµµр. Удьуорун тірді, ійі-санаата,
сиэрэ-майгыта, этэ-хаана алларыйбытынан барар. Ити иґин куту тіттірµ
а±алар сорук турар эбит. Бу соругу ҐрµІ ойууІІа сµктэрэллэр. ҐрµІ
ойуун куту тінµннэрэр туспа сиэрдээх-туомнаах. Ол сиэр-туом биир
улахан кистэлэІ билии буолар. Маны билбэттэн, сорохтор «куту-сµрµ
эмтиибит» диэн тыллаґар, суруйар µгэстэннилэр. Итинник сананыы итэ±эл
ханнык да ійдібµлµгэр дьµірэтэ суох. То±о диэтэххэ, Айыылар
айбыттарын, иччилэр ииппиттэрин ким да эмтиир туґа суох.
Куттаах-сµрдээх киґи ҐрµІ Айыыттан, иччилэртэн бэйэтин µрдµктµк
туруорунара букатын табыллыбат..
III. СҐР