Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Нажмите, чтобы увеличить

Саха норуотун историятыгар бµтµн омугу µіскэппит, удьуору ууґаппыт Омо±ой баай, Эллэй Боотур тустарынан улуус аайы тар±анан уос номо±ор хаалбыт былыргы сэґэннэр улахан миэстэни ылаллар. Ону сэргэ дьон-норуот ааспыт µйэлэргэ олоро сылдьыбыт, тыґыынчанан хоро±ор муостаа±ы хонуу аайы хотолдьуппут, сыспай сиэллээ±и сыґыы аайы сырыыр±аппыт муІаат баайдар тустарынан кэлэр кэнчээри ыччакка кэрэґилээн кэпсээбитэ µтµмэн µгµс сыллары ніІµілээн, бµгµІІµ кµннэргэ диэри тиийэн кэллэ±э.

Улуу Туймаада а±а тойон баґылыга, хаІыл хаІаластартан хаан тардыылаах Тыгын Дархан; Таатта талыы алаастарынан олорбут баай Оруоґуттар; Чурапчы туоллар толуу толооннорун тойоно Омуоруйа баай; Аллан эбэ хотун ааттаах алаастарын сына±а баайдара Афанасьевтар; суоґунан-суодалынан суон сурахтаммыт Чоочо баай тустарынан норуот сэґэннэрин саха дьоно сорох іттµн сі±ін уонна биґирээн, соро±ун бэркиґээн уонна сµіргµлээн, аІар іттµн кэлэйэн, абаран-сатаран да±аны ылынара. Оттон саха норуотун историятыгар бэлиэ суолу хаалларбыт I гильдиялаах аатырбыт миллионер-атыыґыт Манньыаттаах уола Г.В. Никифоров, Јймікіін биллиилээх меценат-атыыґыта Н.О. Кривошапкин, ыраахтаа±ыттан 7 мэтээллээх Боґуут кулуба, о±олорун барытын Дьокуускайынан, Москванан, Санкт-Петербурунан µірэттэрбит, уґулуччулаах учуонай Г.В. Ксенофонтов а±ата Силиппиэнтэп кулуба о.д.а. олорбут олохторо, оІорбут µгµс µтµілэрэ, хай±аллаах дьыалалара хайа ба±арар саха киґитин бол±омтотун тардар, баайыттан-дьадаІытыттан тутулуга суох норуокка сулууспалааґын тыыныгар иитэр сырдык аналлаахтар.

Баай Ладьиимар диэн ким этэй?

Биґиги кілµінэ норуоппут ааспыт оло±ун µгµс іттµн билбэппит. Ийэлэрбит-а±аларбыт Сэбиэт былааґын сылларыгар тіріібµт, иитиллибит буолан, ійдµµн-санаалыын сэбиэскэй этилэр. Олох бары иирбэ-таарба уустук кістµµтµн судургутук, µіґэттэн соІнуулларынан ылыналлара. Былаас былдьаґыытын икки іттµгэр турбут охсуґааччылары баайдар уонна дьадаІылар, баайдар – ол аата норуот істііхтірі, дьадаІылар – норуоту дьоллоох олоххо сирдээччилэр диэн кэнэн ійдібµллээх этибит. Дьоннорбут отур-ботур кэпсэтэллэриттэн троцкистар, репрессия туґунан µґµ-таамах эрэ курдук билэрбит. Студенныы сылдьан, "ксенофонтовщина", конфедералистар, буруйа суох эрээри хааннаах репрессия сиэртибэтэ буолбут дьоннор тустарынан аан бастаан СГУ-га Саха сирин историятын µірэппит Е.Е. Алексеевтан истибитим. Егор Егорович да оччолорго (1974) билигин бэчээккэ сурулларын курдук, аґа±астык кэпсээбэтэ±э чуолкай. Онон история "µрµІ бээтинэлэрин" быыґын арыйан, интэриэґи µіскэппитигэр киниэхэ махталым муІура суох.

Саха сирин хотугулуу-ар±аа іттµгэр, Муустаах муора хонно±ор сытар Анаабыр улууґун туґунан Јктііп революциятын иннигэр да, кэлин да Турухаан уонна Саха сирин былаастара оройуону былдьаґар уонча сылга чугаґыыр уґун унньуктаах міккµірдэрин содулугар сахалар аанньа билбэттэрэ. 1930 с. эрэ бэттэх бу оройуон туґунан, Саха сиригэр административнай единица быґыытынан туспа оройуон буолбутунан, дьон-сэргэ истэр-кірір. ХХI µйэни кээрэтэн эрэр кэммитигэр Анаабыр улууґа алмаас баайдаах буолан аата-суола биллэр, бэйэтигэр интэриэґи тардар атын аналланна.

Анаабыр улууґугар ҐрµІ Хайа диэн долганнар тµілбэлээн олорор Саха сирин µрдµнэн со±отох нэґилиэктэрэ баар. Бу нэґилиэккэ долган норуотун историятыгар бэлиэ суолу хаалларбыт, бэйэтин туґугар сэІээриллиэн сіптііх ураты оло±у олорон ааспыт, дьон да сэґэнинэн, архыып докумуоннара да кэрэґилииллэринэн, 10-ча тыґыынча таба баайдаах, ыллыктаах ійдііх-санаалаах Туприн Владимир Трифонович – Баай Ладьиимар диэн киґи баар этэ. Анаабырга Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар сиэртибэ буолбут, 1930 с. репрессия миэлиІсэтэ мэґийбит ыар дьыл±алаах киґи туґунан саха норуота эмиэ билиэхтээх.

Владимир Трифонович Туприн (сорох докумуоннарга Туфрин, Чуприн дэнэр) халыґыйа устар халыІ таба µірдээх Анаабыр баайдарыттан сµдµлэрэ, оччотоо±у Турухаан былаастарын салайар органын – ородобуой Сэбиэт председателэ, Анаабырга саІа тэриллэ сатыыр Сэбиэскэй былааска кіміліспµт киґи этэ.

1924 с. кулун тутарга оІоґуллубут "Анаабыр оройуонун Сэдэми уонна Бараах Затундринскай а±а уустарын сахаларын туґунан статистика сведениелэрэ" (СР НА дьыалата) диэн докумуоІІа суруллубутунан, ити сыл 48 саастаах эбит. Онон 1876 с. тіріібµт, Сэдэми диэн халыІ а±а ууґуттан тірµттээх киґи. Кэргэнэ Варвара Кондратьевна докумуоІІа 45 сааґынан киирэ сылдьар. Аны Саха сиринээ±и Ис дьыала министерствотын Информационнай киинэ биэрбит ыспыраапкатыгар Ладьиимар тіріібµт сыла, сирэ ыйыллыбатах. 1932 с. "Туземнай сэбиэттэр хаґаайыстыбаларын, дууґаларын испииґэгэр" (СР НА дьыалата) кэргэнэ Варвара Кондратьевна 61 саастаах диэн сылдьар, 8 сыл ааспытын кэннэ сыалай а±ыс сылы эбиммит буолан тахсар. Уопсайынан, Анаабыр урукку дьонун саастара архыып докумуоннарыгар араастык киирэ сылдьар. ХIХ µйэ иккис аІарыгар тіріібµт Анаабыр дьонун Турухаан кыраайын Носкотугар баар таІара дьиэтин а±абыыттара хас да сылга биирдэ эмэтэ охсуллан аастахтарына сµрэхтииллэрэ. Онон хайа сылга тіріібµттэрин µксµн ійдіібіттірі, быґа холуйан билэллэрэ. Кэлин П.В. Слепцов да, Б.О. Долгих да сурукка киллэрэллэригэр дьон бэйэтэ этэр сааґын эбэтэр кірµІнэриттэн кірін, тµбэґиэх сааґы суруйаллара. В.Т. Туприн чуолкай 1876 с. тірµіх буолара онон саарбах.

1924 с. табатын ахсаана 8000, пааґа 200 диэн суруллубут. БулуІ уокуругун Хатанга-Анаабыр оройуонугар боломуочунайа Н.Н.Кононов бэлиэтээбитинэн, 1928 с. "7000 табалаа±ыттан 4000 эрэ суруйтарбыт" (СР НА, ф.640, оп.1, дь.1, л.15). Кини Баай Ладьиимар табатын ахсаанын ити кірдірµµтµн саарбахтыыр. Ону маннык быґаарар: "Правительственной комиссией в 1913 г. было выявлено 12600 оленей, а в 1926 г. 3009 голов при населении 10000 человек с лишним... В.Т. Туприн зарегистрировал только 4000 оленей. А имеющих 2-3 тысячи оленей встречается часто". Таба ахсаанын онон соруйан аччатан суруйтарыы баарын сэргэ табалара чуолкай тіґітµн билбэттэрэ, аа±ары наадалаа±ынан билиммэттэрэ, аньыыр±ыыллара да±аны.

Биллэрин курдук, Саха сирин киин улуустарыгар элбэх хаан тохтуулаах, норуот хаґаайыстыбатыгар улахан охсуулаах гражданскай сэрии чиэски, ыраах баар Анаабырга тиийбэтэ±э, 1930 с. Сиикэй Талахха кµрµійэх бандьыыттары кыргыыны аахсыбатахха. Онон таба ахсаана (1926 с.) аччыырыгар сабыдыаллыыр кыа±а суо±а. АІардас Сэдэми уонна Бараах а±аларын ууґугар киирсэр дьон табата 1924 с. 17960 эбит (СР НА, ф. 640, оп.1, дь. 16, лл. 2-9). 1926 с. 3009 эрэ таба учуоттаммыта дьиІнээх чахчыга оло±урбат. Итинтэн кістірµнэн, Баай Ладьиимар табатын ахсаанын саІа былаас дьонуттан соруйан кистээбит буолуон сіп. Итини Саха сирин Киин Ситэриилээх Комитетын Хатанга-Анаабыр оройуонугар боломуочунайа П.В. Слепцов 1928 с. бигэргэппит: "... наш учёт по Хатанга-Анабарскому району не мог вполне точно охватить всё наличие оленьего хозяйства района, ибо здесь играла большую роль скрытность населения и невозможность учёта самими хозяевами на глазомер количества своего стада". (СР НА, ф.70, оп.1, дь. 388, л.104)

Анаабыр ааспыт µйэ±э олорон ааспыт дьоно кэпсииринэн уонна Россия ФСБ-тын Саха сиринээ±и Управлениетын архыыбыгар харалла сытар дьыала±а В.Т. ТуприІІа былаас бэрэстэбиитэллэрин суруктара Баай Ладьиимар биир уустаах дьонугар да, атын да кыґал±алаах дьоІІо кімілііх киґи эбитин туоґулууллар. Бэйэтигэр дьадаІы, кыаммат-хотуммат µгµс айма±ын, уруу да буолбатах элбэх киґини илдьэ сылдьыбыт. Туспа тордохтоон, аґатан-таІыннаран. Батталлаах, сµрдээх-кэптээх киґи этэ диэбэттэр.

ФСБ архыыбыгар Агафья Николаевна Потапова Владимир Трифоновичка ыыппыт суруга баар: "... Теперь скажу, мой покойник перед смертью заказывал тебе и другим, мы остались в долгу казну, т.е. пушнину от себя платить нечем. Только вся надежда на вас. Вы можете выручить меня, он говорил... Владимир, может вы пожелаете дать мне сколько-нибудь оленей?.. (РФ ФСБ СР Управлениетын архыыба).

Бу кэргэнэ Иона ілбµтµн кэннэ иэскэ хаалбыт огдообо чахчы кіміліґірµн билэн, итэ±эйэн ыыппыт суруга буолуохтаах. В.Т. Туприн аатыгар элбэх кірдіґµµ суруктар бааллар, олор бары "биґиги иэспитин, баґаалыста, тіліі" диэн ис хоґоонноохтор. Дьон ордук Анаабырга арыллыбыт Сибгосторг, 1927 с. Доруоха±а аґыллыбыт Якутторг, "Холбос" станционнай факторияларыгар иэскэ киирэллэр эбит. Ол дьон иэстэрин тілµµр туґунан Владимир Трифонович эбэґээтэлистибэ биэрбитэ дьыала±а сылдьар: "... Я, Туприн Владимир Трифонович, даю настоящее обязательство Булунскому районному магазину или же подотчётному агенту в том, что я, Туприн, обязуюсь погасить задолженность гр. Готовцева Петра Яковлевича Булунского улуса Западного наслега в сумме одна тысяча девяносто рублей (1090). Срок окончательной уплаты считать 1 мая 1929 г. Пушниной, оленями и деньгами...", – диэбит. Ол курдук Сибгосторг агеныгар бэриллиэхтээх иэстэрин уопсайа 311 солк. тіліібµтµн туґунан биир араспыыска±а эмиэ этиллэр.

Сэбиэскэй былааґы утарбытын, баандаларга кіміліспµтµн туґунан ханнык да докумуон суох. Ол оннугар былаас бэрэстэбиитэллэрин махтал суруктара бааллар. 1925 с. олунньу 20 к. Эдьигээн улууґун отделын (?) сэбиэдиссэйэ Барашков уонна делопроизводитель Семенов Эдьигээн улууґун Со±уруу нэґилиэгин олохтоохторугар буор босхо 50 табаны биэрбитигэр махтаммыт суруктара, Якутторг БулуІнаа±ы хонтуоратын сэбиэдиссэйэ Гермогенов 1927 с. сэтинньи 5 к.: "... Свидетельствуя Вам своё глубокое почтение питаем по примеру прошлых лет надежду на дальнейшую торговую связь с нашими агентами. Поддерживая наших агентов продажей оленей и песцов, Вы тем самым укрепите торговлю Якутской Социалистической Советской Республики", – диэн ис хоґоонноох суруга бааллар. Онон Сэбиэскэй былааґы сабатаастаабыт, харгыстаспыт киґи буолбакка, тіттірµтµн, Саха сирин былаастара Анаабырга атыы-эргиэн ыытыыларыгар улаханнык кіміліспµт. Биллэрин курдук, оройуону ТурухааІІа тарда сатааґын, Саха сирин бэрэстэбиитэллэригэр бас бэриммэт туґугар аґа±астык нэґилиэнньэни ыІырар, тµµлээ±и Якутторга, "Холбоско" туттарбаттарыгар модьуйар міккµіргэ Владимир Трифонович Саха сирин бэрэстэбиитэллэрин диэки буолбута, стратегическай суолталаммыт тµµлээх ТурухааІІа буолбакка, Саха сиригэр атыыланыытыгар быґаарар оруолу ылбыта ити докумуоннартан ійдінір. Тµµлээ±ин биирдэ-иккитэ атыылаабыта эрэ буоллар, былаас бэрэстэбиитэллэрин утарбыта буоллар, уонча тыґыынча табалаах Владимир ТуприІІа – Баай Ладьиимарга былаас іттµттэн ханнык да махтал сурук бэриллиэ суохтаа±а. ЈйдііІ – ити са±ана республика киин улуустарыгар, Дьокуускайга баай дьон сыдьааннарын, урукку интеллигеннэри тутуу-хабыы, репрессия иккис тµґµмэ±э са±аланан эрэрэ.

Баай Ладьиимары Анаабырга дьон-сэргэ улаханнык убаастыыр, бас-кіс туттар, толлор да µґµ. Онон БОИК (БулуІ уокуругунаа±ы ситэриилээх комитет) бэрэстэбиитэллэрэ да, Турухаан былаастара да кинини оройуону былдьаґар міккµірдэригэр тумулук туттубуттара. Ол туґунан архыып µгµс докумуона кэрэґилиир. БОИК Хатанга-Анаабыр оройуонугар боломуочунайа М.А. Климовскай уокурук комитетыгар ыыппыт дакылаатыгар В.Т. Туприны "самый влиятельный человек и у которого многие туземцы Анабара находятся в экономической зависимости" диэбит (СР НА, ф. 1173). 1924 сылтан ыла са±алаан Анаабыр БулуІ уокуругар киирсэр оройуон буолбута, нэґилиэктэргэ сэбиэттэри тэрийии µлэтэ барбыта. Ол эрэн Турухаан РИК-а Хатанга- Анаабыр оройуона Саха сиригэр бас бэринэрин улаханнык утарсара. 1926 с. Турухаан РИК-ын инструктора Савельев, уокурук Хотугу комитетын секретара Яковлев былдьаґыктаах оройуон нэґилиэктэрин кэрийэ сылдьан, оройуон Саха сиригэр киириитин утарар нэґилиэнньэ мунньахтарын ыыппыттара. 1926 с. кулун тутар 14 к. Саха-Затундринскай а±а ууґун дьонун мунньа±ар 17 киґи кыттыбыт. Ол мунньах уураа±а маннык буолбут: "Ввиду разбросанности наших сородичей на большие расстояния по тундре, болезни некоторых сородичей и полного единодушия с нами остальных оставшихся дома, единогласно постановляем: признать данное собрание вполне законным и правомочным разрешить поставленный на повестке дня вопрос о разделе нашего рода. ... И возбудить ходатайство перед ЦК об оставлении старых границ по Анабару... Собрание единогласно заявило, что считает выборы (БОИК бэрэстэбиитэллэрэ нэґилиэги тэрийэр мунньахтара. – Автор) незаконными, потому что были проведены без разрешения и желания населения". (СР НА 70-с фондата)

Билигин Красноярскай кыраай Хатанга оройуонугар киирсэр нэґилиэктэр: Попигай (урут Дулгаан), Блуднай, Хатанга (Носко), Жданиха, Нижняя, Дольдин, Саха-Затундринскай нэґилиэк соро±о (билигин Сындасско), о.д.а. – бары Саха сиригэр киирбэт туґунан олохтоох нэґилиэнньэ мунньахтарын ыыппыттара. СКСК-тын Хатанга-Анаабыр оройуонугар боломуочунайа Петр Вонифатьевич Слепцов салайааччылаах оройуон социальнай-экономическай туругун µірэтэр экспедиция биир сыллаах дьаныардаах чинчийэр µлэтин тµмµгэр эрэ Саха нэґилиэгин Анаабыр ітті, Саха сирин дьаґалыгар бас бэринэн, нэґилиэк сэбиэттэрин тэрийэр µлэ±э кыттан барбыта. Оттон Турухаан РИК-а оройуону былдьаґар киирсиилэригэр В.Т. Туприны сµрµн куоґур оІостор сыаллаа±а... ХараІа, киин сиргэ оччотоо±у политическай быґыы-майгы хайда±ын билбэт, сэбиэскэй былаас урукку былаастан туох уратылаа±ын да кыайан ійдіібіт Анаабыр кэнэн дьоно толлор, баґылык оІостубут сµдµ баайдара Ладьиимар дьонугар-сэргэтигэр тылын-іґµн ылыннарарыгар, нэґилиэнньэ ТурухааІІа ба±а іттµнэн холбоґуутун хааччыйыа±ар эрэнэллэрэ. Онон да иккис тµґµмэх оІорбут "инородецтар" мунньахтарыгар кинини Саха ородобуой Советын председателинэн таллараллар, Турухаан Уисполкомун анал тµіскэ кэтэр бэлиэтин туттараллар. (СР НА, ф.640)

БОИК боломуочунайа Н.Н. Кононов 1929 с. тохсунньу 12 к. Саха (Кµіл-Анаабыр) нэґилиэгэр Сэбиэти талар быыбар ыытар. Онно 12 киґиттэн састааптаах нэґилиэк Сэбиэтэ талыллар. В.Т. Туприны чилиэннэр кандидатураларыгар киллэрбиттэр да, куоластааґын тµмµгµнэн В.Т. Туприн а±ыйах куолаґы ылан, Сэбиэккэ талыллыбат. Оннук да буолуохтаа±а, элбэх таба µірдээх муІаат баайы, кулаагы кылаас быґыытынан эґии политиката тимир ытарчатыгар ылан эрэрэ.

В.Т. Туприн ородобуой Сэбиэт председателин быґыытынан олохтоох дьон атыы-эргиэн кооперативтарыгар киирэллэригэр кµµскэ µлэлэспит. Архыыпка 1928 с. бала±ан ыйын 4 к. туругунан Хатанга Интегральнай кооперативыгар 20 киґи киирбит испииґэгэ баар. Толору паайы тіліін киирбитэ 5 киґи: В.Т. Туприн – 38 солк. 30 харчы, Чуприн Л.С. – 14 солк. 69 харчы, Кылтасов А.Е. – 14 солк. 76 харчы, Чуприн П.Е. – 13 солк. 74 харчы, Попов И.Т. – 13 солк., уоннаа±ылар ким 12 солкуобайы, ким 8, ким 7 солкуобайы тіліібµттэр. 1927 с. бэттэх Саха сирин атыытын (Якутгосторг) уонна "Холбос" кооператив факториялара аґыллыбыттар. Владимир Туприн бу кооперативтарга ыаллыы сытар нэґилиэктэр (Блуднай, Попигай) олохтоохторо эмиэ киирэллэрин ситиспит. Кооператив таґа±аґа хараллар ыскылааттара суо±унан, кэлэр аґы-µілµ бэйэтэ уурар эбит. П.Н. Григорьев диэн агеІІа биэрбит араспыыскатыгар бурдугу, саахары, чэйи, араас иґити ("1 ящик чашек фарфоровых, 3 шт. котла..."), туттар тэрили ("1 печь железную...") "принял на хранение" диэбит. (ФСБ Саха сиринээ±и Управлениетын архыыба, 192 № дьыала)

Анаабыр Саха сиригэр эбэтэр ТурухааІІа холбоґор міккµірµгэр Ладьиимар хайаларын диэки буолбута докумуоннартан биллибэт. Дьон кэпсииринэн, міккµірдээх мунньахтарга тумус туттар киґилэрэ буолан, эбэґээт сылдьар эбит да, быґа-хото киирсибэт µґµ. Онон Анаабыр Саха сиригэр киирсэр оройуон буолуутун утарсыбыта дииргэ ханнык да тірµіт суох.

Саха сиригэр гражданскай сэрии бµтэґик кірдµгэнэ Анаабыр Сиикэй Тала±ар 1930 с. суох оІоґуллубута, кµрµійэх бандьыыттар µлтµрµтµллµбµттэрэ. 70-ча киґилээх µрµІ этэрээтин урусхаллааґыІІа гражданскай сэрии аатырбыт геройа Г.О. Петров – Халлааскы кыттыыны ылбыта. Кини "гарнизон тэринэн Сааскылаахха сµµрбэччэ хоммут" (Г.О.Петров – Халлааскы, Я., 1985 с.). Ол хаалан Анаабырга БОИК бэрэстэбиитэллэрин кытта олохтоох сэбиэттэри тэрийиигэ µлэлээбит. Ити сэрии активнай кыттыылаа±а, колхознай-совхознай тутул ветерана И.В. Андросов суруйарынан, "олохтоох баайдары бандьыыттары кыргыы кэнниттэн кіскі ыыппыттар" ("Ленинизм знамята", 1957 с., сэтинньи 7 к.). Анаабыр дьонуттан бандьыыттар агитацияларыгар кииринэн, кинилэргэ холбоспут дьон туґунан биллибэт. Холбоспут да буоллахтарына, Дьэґэй, Сааскылаах эргин кіґі сылдьыбыт биир эмэ киґи кыттыбыта буолуо.

В.Т. Туприн кµрµійэх бандьыыттары кытта сибээстэспэтэ±э, кірсµспэтэ±э чуолкай. Бастакытынан, кини дуоспуруннаах, уґуну-киэІи толкуйдуур киґи этэ. Ата±ар туран эрэр Сэбиэскэй былааґы ханнык эрэ 70-ча бандьыыт суулларыа±ар эрэммэтэ±э чахчы. Уонна ілірір-іґірір, киґи тыынын быґар диэни далай аньыытыгар турардыы саныыр айыл±а чіл о±ото буоллахтара урут анаабырдар. Ити санааны Петров – Халлааскы бэйэтин ахтыытыгар сигэнэн, маннык быґаарыахха сіп. Халлааскы ахтыытыгар кэпсииринэн, бандьыыттары сойуолаґан, БулуІ туґаайыытыттан 1930 с. тохсунньу 3 к. хоІнубуттар. БулуІтан 160 км ыраах сытар Хара Уулаахха тохсунньу 12 к. кэлбиттэр. Онтон Кµґµµрµ тохсунньу 23 к. сэриилээн ылаллар. Салгыы бандьыыттары эккирэтэн, 50 километрдаах сиргэ туора баран, тоґуур оІорбуттар да, бандьыыттар онон кэлбэтэхтэр. Инньэ гынан БулуІІа тіннін кэлэллэр уонна Тµмэти туґаайыытынан айанныыллар. Тµмэтиттэн бытаан айанынан 450 км ыраах Дьуойа±а кэлэллэр. Олунньу 2 к. Хал±ааскы µрэххэ бандьыыттары сиппиттэр, кыра ытыалаґыы буолар. ҐрµІнэр тілі кітін Анаабыр диэки куоталлар. Олунньу 20 к. Сиикэй Талах диэн Уудьа µрэ±ин уІа биэрэгэр баар сиргэ кэлэн, бандьыыттар штабтанан олороллоругар саба тµґэллэр уонна ити кµн кµрµійэх бандьыыттар этэрээттэрин кыргаллар. А±ыйах киґи ордон, Сиикэй Талахтан хоту диэки эргиэн факторията баар Доруоха диэн сиргэ тиийэллэр. Доруохаттан Попигай диэки (Турухаан сирэ) куотарга холоноллор. Ол эрэн И.В. Андросов – Хорсун Хохотоо, оччолорго 16-17 саастаах эдэркээн уол, куттаан туран сирдьит оІостубут киґилэрэ, буур±а±а муннаран баран, кµрээн хаалар. Ґлµйэн сыккырыыр дууґалара эрэ хаалбыт бандьыыттар тобохторун сорохторун онно іліртµµллэр, сорохторун билиэн ылаллар.

Петров – Халлааскы этэрээтэ айаннаабыт маршрутунан суоллаатахха, бандьыыттар Анаабыр ірµс аллараа тардыытыгар тиийбэтэхтэр. Доруоха оройуон билиІІи кииниттэн, Сааскылаахтан, 30-ча км. Оттон Доруохаттан Ладьиимар баай кіґі сылдьыбыт Харабылкаана (кыґыІІы іттµгэр) 15-16 кіс. Онон хайдах да гынан Доруоха±а дуу, Сиикэй Талахха (Дьэґэй нэґилиэгэ) дуу 1930 с. тохсунньу-олунньу ыйдарыгар тиийбэтэх буолуохтаах. Арай ас-µіл атыылаґа фактория±а баран, тµбэґэ тµспµт буолуон сіп. Ити санаа±а Саха сирин Ис дьыала±а министерствотын Информационнай киинэ биэрбит ыспыраапката куоґур буолуон сіп. Онно суруллубутун хайдах баарынан киллэрэбин: "Туприн Владимир Трифонович, (год рождения и место рождения не указаны), место жительства Анабар "Дороха", имеет смешанное хозяйство, крупнейший феодал округа, имеет до 8000 (в некоторых списках – 5930) голов оленей, 600 пастей, постоянно эксплуатирует 8-10 кумаланов, всего средств производства на 185350 рублей, пушнины на 2975 руб. Другими архивными сведениями в отношении Туприна В.Т. не располагаем". 1927 с. биэрэпис да, нэґилиэк олохтоохторун да испииґэгэр В.Т. Туприн Доруоха±а олорбутун туґунан суруллубатах.

Бултаан аґыыр баай киґи быґыытынан (хотугу дьон баайыттан-дьадаІытыттан тутулуга суох бары булчуттар), 1929 с. бэриллибит удостоверение туоґулуурунан, 653239 №-дээх бинтиэпкэлээх эбит. Аны 1930 с. кулун тутар ый 4 к. БОИК Хатанга-Анаабыр оройуонугар боломуочунайа В.Т. Кузьмин ТуприІІа биэрбит квитанциятыгар киниттэн ботуруона суох 26129 №-дээх бэрдээн сааны ылбытын туґунан этиллэр (ФСБ Саха сиринээ±и Управлениетын архыыба).

Бандьыыттары кыргыы кэнниттэн БСК(б)П КК 1927 с. ахсынньы 30 к. Уураа±ынан Саха сиригэр Сэбиэскэй былааґы утаран ірі турууну хам баттааґын ГПУ органнарыгар сµктэриллибитэ. Ити Уураахха оло±уран, 1930 с. бандьыыттар ірі турууларын суох оІорор сорук ОГПУ Хотугу-своднай этэрээтигэр бэриллибитэ. Онно эбии БулуІ гарнизонун начальнига Доля кімі±і кэлбитэ. Инньэ гынан элбэх табалаах баайдарга киирсэр дьоннору: В.Т. Туприны – Баай Ладьиимары, Н.З. Туприны – ТоІускааны, В.Н. Туприны – Баґылайкааны, П.Е. Туприны – Кэлэ±эйи, Г.М. Туприны – Боторону, В.П. Спиридоновы – Олдоону, кини уола эрэ буоларын иґин И.В. Спиридоновы, В.Р. Туприны – Бааска о±онньору, аата докумуоІІа киирбэтэх, "старик Олчан" диэнинэн суруллубут о±онньору, Е.М. Кылтасовы, А.Е. Туприны, А.М. Спиридоновы – Сітінµ, Е.Р. Туприны, Григорий уонна Иван Васильевич Кудряковтары (бырааттыылар), И.В. Туприны, Г.Е. Акакиевы, В.Х. Андросовы – БэрдээІкини о.д.а. муус устар ыйтан от ыйыгар диэри кэмІэ кэрийэ сылдьан (кіґі сылдьар дьону) тутуталыыллар, табаларын былдьыыллар.

1930 с. БулуІІа тэриллибит таба иитэр совхозка былдьаан ылбыт табаларыттан 15700 табаны µµрэн илдьибиттэр ("Анабарский улус", "Бичик", 2005 с.). Оччо элбэх табаны µµрэн илтэрээри Саха нэґилиэгин (билиІІи ҐрµІ Хайа) баайдарын муус устарга туппуттар уонна бэйэлэринэн µµрдэрбиттэр. Тутуллубут дьон ыал буолбут о±олоро, сорохтор дьиэ кэргэнинэн биир хомуурга барбыттар. Ол туґунан тыыл ветераннара Н.З. Туприн – ТоІускаан (1800 табалаах) кыыґа Прасковья Николаевна Туприна, 77 саастаах кырдьа±ас; В.Р. Туприн – Бааска о±онньор сиэнэ 78 саастаах Трифон Алексеевич Туприн билэллэр. Прасковья Николаевнаны ийэтэ µµрµµгэ баран иґэн, Дьэґэй нэґилиэгэр ыам ыйыгар тіріібµт. Онон кыґыл о±олоох дьахтары хаалларбыттар. Бааска о±онньор уола Алексей Васильевич оччолорго 40-чалаах, икки о±олоох эбит, а±атын кытта илдьибиттэр.

БулуІІа утаарыллыбыт дьон бары "феодал" диэн дьаралыктаммыттар. В.Т. Туприн кэлиІІи дьыл±ата хайдах буолбутай диэн сиэрдээх ыйытыкка µіґээ киллэриллибит ФСБ докумуона эрэ баарынан уонна кинини кытта бииргэ µµрµллэн баран, буруйа суохтара дакаастанан тіннін кэлбит дьон кэпсээн хаалларбытынан, киниэхэ силиэстийэлиир дьыала тэриллибэтэх, илдьэн иґэн Сааскылаах диэки ытан ілірбµттэр. Ол туґунан Ладьиимарга табалаабыт Федор Саввич Туприн кыыґа Е.Туприна а±атыттан истибитин маннык кэпсиир: "Ладьиимар табатын µксµн былдьаан ылбыттар, бэйэтин уонна иитэр уолун Сымараахтаны тутан ылан, БулуІІа илдьэн испиттэр. Арааґа, Доруоха±а быґыылаах, Ладьиимары ытан ілірбµттэр. Уол а±ата ілір хаґыытыттан, хаан-билик буолан ірі міхсі сытарыттан уолуйан, табалар бааллан турар быаларын турута тыытан, сыар±а±а олороот Попигай диэки ыстаннарбыт. Табаны да улахан хааннаан ілірірµ аньыыргыыр уол а±атын сиґиктээбиттэриттэн тібітµгэр о±устарда±а буолуо, Попигайга тиийбэккэ биир ыалга тохтоон чэй испит уонна тахсан бэйэтигэр тиийиммит. Ону чэйдээн тахсыбыт ыала харайбыттар уонна ийэтигэр илдьит ыыппыттар".

"Крупный феодал округа" дэнэр киґини тыыннаахтыы БулуІІа тиэрдибиттэрэ буоллар, булгуччу силиэстийэлиэх, дьыала тэрийиэх этилэр. Атын дьон анкеталара, доппуруостарын боротокуола сорохторун киэнэ ФСБ архыыбыгар баар. Холобур, Павел Евдокимович Туприн, Николай Захарович Туприн уголовнай дьыалалара 192 №-дээх дьыала паапкатыгар харалла сытар. Эрэйдээхтэр, бэл, хаґан, то±о тутуллубуттарын ырыІалаан этэр кыахтара суох эбит. "Бэйэбин кытта тэІІэ тутар, аґатар-таІыннарар дьоннордоох этим, кинилэри ата±астааччым суох", – диэбиттэр. Ґксµлэрин РСФСР УК 58-2, 59-3 ыстатыйаларынан сууттаабыттар, ол аата "бандитизмІа" кыттыбыттар диэн.

В.Т. Туприн кэргэнэ Варвара Кондратьевналыын тіріппµт о±олоро суо±а. ДокумуоІІа кістірµнэн 3, сорох дьыала±а 4 иитийэх о±олоохтор эбит. Улаханнара Анисья, Сымараахта Николай уонна Спиридонов Василий Матвеевич (долган аатырбыт художнига Юрий Спиридонов а±ата) диэннэр. Владимир Трифоновиґы сор суоллаан баран, кэргэнин кулаак оІорбуттар, баайын-дуолун уоппустаабыттар. Ґіґээ бэриллибит ыспыраапка±а баайа-дуола холбоон (тµµлээ±э эмиэ) 188.325 солк. турбут. 1931-1932 сс. таба буурун судаарыстыба±а турар сыаната быґа холуйан 40 солк., тыґы таба 35 солк., тугут 15 солк. эбит буолла±ына, хамсыыр-хамсаабат баайа олус элбэ±э суох эбит, "всего средств производства" диэнинэн сылыктаатахха.

Бу кэпсээбиккэ туох тµмµгµ оІоруохха сібµй? Анаабыр туундаратын сµдµ баайа, истэр тухары кими да ата±астаабатах, тіттірµтµн µгµс дьону бэйэтигэр илдьэ сылдьан кірбµт-харайбыт, БулуІ, Бµлµµ, Јліін, Турухаан эІэр суон сура±а иґиллибит, аата-суола тар±аммыт Баай Ладьиимар – Владимир Трифонович Туприн аІаардас элбэх таба баайдаа±ын эрэ иґин сор суолламмыт, ыар дьыл±аламмыт, Сэбиэскэй былаас Анаабырга оло±урарыгар сиэртибэ буолбут биир дойдулаахпыт эбит.

Hosted by uCoz