Ахсынньы саІатынаа±ы кыґыІІы
халлаан, уруккулуу аан туманынан аргыйбатах халымыр тымныылаах
кµнµгэр, Дьігµір Бологуурап, дьиэтиттэн чугас турар биология
Институтугар буолуохтаах айыл±а харыстабылын мунньа±ар тиэтэйэн иґэр.
Кµнµс 11 чаастан са±аланыахтаах форумІа, оруобуна пенсиятын ылар
кµнэ тµбэґэн, балайда хойутаан тиийбитэ, саала иґэ лыык курдук
киґинэн туолбут.
Мунньах µгэннээн бара турар.
Дьон сирэйэ-хара±а турбут, кэпсэтии-ипсэтии далааґына кэІээбит.
Нууччалыын-сахалыын тура-тура Саха сиринэн ааґыахтаах нефтепровод
турбатын, республика со±уруу ірµстэригэр ГЭС каскадтарын тутуу
содулларын туґунан итийэн-кутуйан туран тыл этэллэр, этии
киллэрэллэр. Истэргэ сэргэх, санаа±а астык. БилиІІи барыга-бары,
ордук мунньахтарга, туохха да кыґаллыбат ээл-дээл сыґыан сабардаан
турар кэмигэр, бачча элбэх, уопсастыба араас бэрэстэбиитэллэрэ,
омуктара, учуонайдара мустубут чахчы дьыалабыай мунньахха Бологуурап
іссі сылдьа илик. Бµгµн нуучча сирэйдээх элбэх кістірі, іссі µчµгэйэ,
бары тіріібµт айыл±аларын харыстыыр биир санаа±а тµмсэн, туох да
эгилэ-бугула суох былаас уонна бизнес иІсэ-обот мэнэгэйдээх
куомуннаґыыларын саралаан этэллэрэ-тыыналлара кинини ордук µіртэ.
Онноо±ор олох-дьаґах, политика боппуруостарыгар урут олохтоох
омуктарга ха±ыс сыґыаннарынан биллибит нуучча общинатын дьахталлара
кытта кэлбиттэр.Чахчы норуот дьиІнээх, чиэґинэй бэрэстэбиитэллэрэ,
тіріібµт-µіскээбит дойдуларын, айыл±аларын омугуттан тутулуга суох
таптыыр, кинини кімµскµµр, туруулаґар µтµі ійдііх-санаалаах дьон а±ыйа±а
суохтар эбит. Форум кыттыылаахтарын географията эмиэ киэІ.
Дьокуускайдартан ураты Јлµіхµмэттэн, Алдан
Хатыыстыырыттан, Нерюнгри
Иенгратыттан, Сунтаартан, Ґіґээ Бµлµµттэн, Чурапчыттан,
Уус-Маайаттан, Тааттаттан, Намтан бааллар.
Елизавета Петровна Андреева –
геолого-минералогическай наука кандидата, Алмаас уонна кµндµ
металлар геологияларын институтун научнай µлэґитэ, Саха сирин
общественнай экологическай тэрилтэлэрин коалициятын бэрэссэдээтэлэ.
Кини, Илин Сибиир – Тиихэй акыйаан (ИСТА) нефтепровод бырайыагын
иккис тµґµмэ±э (Алдан-Тында) тулалыыр эйгэ±э дьайыытын сыаналааґын (ОВОС)
тула барбыт Государственнай экологическай экспертиза мунньа±ар
кыттыыны ылбыт.
Саас ортолоох холку номо±он
кірµІнээх, уурбут-туппут курдук чэпчэкитик туттубут-хаптыбыт,
араІастыІы сырдык харахтарынан чинчилиирдии арылыччы кірбµт нуучча
дьахтара туран, нефтепровод тула барар міккµір бµгµІІµ туругун
туґунан, чуолкай, намыын куолаґынан ыксаабакка кэпсээн барда.
– Былаас айыл±а харыстабылын
сокуоннарын симэлитэр сыаллаах, харса суох кимэн киирэн иґэр. Ойуур,
Сир кодекстара ылылыннылар. Оттон µґµс аа±ыыны ааспыт Куораттары
тутуу кодекс быґыытынан, общественнай экспертиза диэн ійдібµл
букатын да±аны туоратыллар буолла.
Ол эрээри ОВОС (оценка
воздействия на окружающую среду) балаґыан-ньатын быґыытынан,
бырайыагы дьµµллэґиигэ общественниктар хайдах кыттыахтаахпыт туґунан
чопчу сурулла сылдьар. Онон бырааппытын быґаччы сокуоІІа оло±уран
туруулаґабыт. «Экологическай экспертиза туґунан» сокуон этэринэн,
айыл±аны харыстааґын иґин эппиэтинэґи, былаас уонна общественность
тэІІэ сµгµіхтээхпит. Ол аата общественнай истиилэргэ туох этиллибитэ
сокуон буолуохтаах.
Биґиги общественнай истии
тµмµгµнэн «Сібµлэспэт тµгэннэрбит» (предмет разногласий) манныктар:
- ОВОС матырыйаалларыгар
турба иккис (альтернативнай) барыйаана суох. Сир аннынан барар
турба Саха сиригэр тардыллара табыллыбат: ір сыллаах ирбэт тоІ
кэґиллэр, ириитэ уонна µллээґинэ (пучение) кµµґµрэр. Нефтепровод
– газ турбата буолбатах, нефть турбанан барарыгар сіптііх
температура±а диэри сылытыллыан наада. «Транснефть» бырайыагын
быґыытынан, +6 кыраадыска диэри сылытыллыахтаах дэнэр эрээри,
дьиІинэн +28-тан +48 кыраадыска диэри сылыталлар.
- Турба барыахтаах
сиригэр-уотугар сир хамсааґыннара буолалларынан, карстовай
кіІдійдір ирбэт тоІу кытта алтыґыылара катастрофическай
быґыыны-майгыны µіскэтиэхтэрин сіп.
- Јлµінэ, Алдан, Амма,
Јлµіхµмэ ірµстэр уонна кинилэр салаалара нефть кириттэн-ха±ыттан
киртийэр кутталланнылар. Анныларынан турба ааґар буолла±ына
ірµстэр тµгэхтэригэр, хочолоругар уларыйыылар тахсыылара,
гидрологическай режимнэрэ кэґиллэрэ, тааІнааґын кµµґµрэрэ
саарбахтаммат.
- Саха сирин со±уруу іттµн
µµнээйитэ, кыыла-сµілэ, ихтиофауната, орнитофауната ситэтэ
суохтук кірдірµллэллэр. Сибидиэнньэлэр былыргы кинигэлэртэн,
интернеттэн ылыллыбыттара іті кістір. Ресурснай чинчийии
ыытыллыбатах. Кыґыл кинигэ±э киирбит кірµІнэр испииґэктэрэ
ситэтэ суох.
- Авариялар статистикалара
намтатыллыбыт. 1 м 22 см диаметрдаах нефтепровод устун 100
атмосфера баттааґынынан чааска 9 тоннаттан ордук нефть
сµµрµгµрµіхтээх. Суоттааґыннар турба техническэй параметрдарыгар
эппиэттээбэттэр. Нефть сырыытын аґар-сабар задвижкалар
бэйэ-бэйэлэриттэн 25 км ыраахтар. Авария тахсар тµбэлтэтигэр,
аналлаах сулууспалар бэркэлээтэ±инэ 2-3 чааґынан тиийэллэрин
олох кірдірір. Ол кэмІэ тіґі нефть сиргэ тохтуой Холобур, «Таалакаан-Витим»
турба±а авария тахсыбытыгар официальнай дааннайынан 11,135 тонна
нефть Пеледуй µрэххэ тохтубут. Онуоха турба диаметра баара-суо±а
30 см, оттон баттааґына 40 атмосфера этэ.
- Неби хачайдыыр уустук
установкалар Саха сирин климатическай усулуобуйаларыгар сіп
тµбэґэллэрэ улахан саарбахтааґыны µіскэтэр.
- Нефтепровод тардыллар
сиригэр-уотугар олорор а±ыйах ахсааннаах тірµт омуктар
олохторугар-дьаґахтарыгар тіґі охсуулаах буолуо суоттамматах.
Бу итэ±эстэри эппиппэр комиссия
чилиэттэрэ соґуйдулар. Биґиги общественнай истиилэр тµмµктэринэн
оІорбут докумуоннарбыт комиссия±а букатын да киирбэтэхтэр. Ханнык
эрэ икки атын общественнай тэрилтэ сібµлэґэр тµмµгµ биэрбит, оттон
биґиги оІорбут тµмµктээґиннэрбит суохтар. Соґуйуом иґин, сібµлэґэр
тµмµгµ Москватаа±ы общественнай тэрилтэ оІорбут, оттон биґиэнин
туґунан биир да тыл суох. Онон москвичтар Саха сирин экологиятын
туругун биґигиннээ±эр ордук билэр буолан та±ыстылар.
Елизавета Петровна, бэйэтин
иґитиннэриититтэн бэйэтэ соґуйбут, кэлэйбит кірµІнэнэн, ыйытардыы
саала иґин кэриччи кірµтэлээн турбахтыы туґээт миэстэтигэр, Форуму
салайааччы Дьулус Саарыны кытта кэккэлэґэ олорунан кэбистэ.
Мустубут дьон истибиттэрин итэ±эйбэтэхтии,
кылгас тµгэІІэ иґийэн ыллылар. Онтон тигээйи уйатын то±о тарпыттыы,
айдаан-кµµгээн эмискэ оргуйа тµстэ.
– Хайдах оннугуй, боротокуолга
холбуу угуллубута дии. Ким ону уларытта?..
– Ол ханнык икки общественнай
тэрилтэний?..
– Аа, барыта Халкевич оІоґуута
буолла±а, хайдах билбэккит?
– Дьэ, буолар да эбит, норуоту
туохха да холообот диэн.
Айдаан-кµµгээн арыый намырыырын
кэтэспэхтии тµґээт, Дьулус Саарын туран, дьону уоскуйалларыгар
кірдісті уонна тылы биир ханнык эрэ тэрилтэ µлэґитигэр биэрдэ.
– Дьэ, до±оттор, алдьархай бі±і
анныбытыттан аргыйар, µлµгэр бі±і µрдµбµтµттэн µргµйэр кэмигэр кэлэн
олорор эбиппит, биґиги. Сирбит-уоппут µчµгэйэ, Јлµінэ эбэбит нефть
обоччотугар, со±урууІІу тыытыллыбатах айыл±абыт уу анныгар
тимириэхтээхтэр. Быґатын эттэххэ, µрµІнээх-хара икки бырайыак
утарыта харсар охсуґуулаах толоонугар киирэн турабыт, биґиги.
Бу иккис бырайыак, биґигини,
норуоту утары туґаайыллыбыт Россия тарбахха баттанар а±ыйах
ахсааннаах олигархтарын иІсэ-обот кэбистэрбит идеялара буолар.
Истэ-билэ сылдьабыт, бу саІа µµммµт µйэ Кытай µйэтэ буоларын туґунан.
Политологтар этэллэринэн, µйэ аІарын диэки кытай экспансията Уралга
диэри киэІ Сибиири бµтµннµµ сабардыахтаах µґµ. Оччотугар оттон
ійдінµµтэ боростуой ээ, Кытай киирэн Саха сирин тыытыллыбатах баайын
босхо бас билиэн кэриэтэ тутуу былдьаґан небин, гааґын хачайдаан,
ураанын хостоон, энергиятын ылан, саатар бэйэтигэр харчыга атыылыы
охсуохха буолла±а, диэн толкуйга ол олигархтары а±албыта чуолкай.
Онон биґиги кинилэргэ солуок баран олоробут. Дьыала итиниэхэ сытар.
Дьэ, ол иґин ыксал-тиэтэл бі±інін
турбаны тэлгэтэ охсон, Саха сирин небин супту оботторон кытайдарга
атыылыыр сыалтан оІоґуллубут бырайыак, бу. Онтон атыныгар кинилэр
кымаардаан да кірбіттір. Ол ханнык эрэ сахалар, эбэІкилэр бµгµн баар,
сарсын суох буолаллара кинилэри олох да интэриэґиргэппэт. Вот где
собака зарыта, итини ійдµіххэ наада. Онон олохтоох былааґы бµк
баттаан да туран сібµлэґиннэрдилэр да бµттэ±э дии. Ол биґи
айдаарбыппыт диэхтээн, кинилэргэ кумаар да дыыгынаабытыгар тэІэ суо±ун
курдук ійдµµллэр, кинилэр талбыт докумуоннарын таптаабыттарынан
уларытар-тэлэритэр буоллахтара. Онон туох да кубулдьутуута суох
эттэххэ, былаас уонна улахан бизнес бииргэ куомуннаґыылара. ХалыІ
харчы хамсааґыныгар хараІарыы, дойдуну-айыл±аны, норуот интэриэґин
сиргэ-буорга тэпсии.
– Ол харчыга былаас туох
сыґыаннаа±ый? – инники олорооччулартан ким эрэ реплика бырахта.
– Туох сыґыаннаа±ый диэн, оттон
сирин, айыл±атын туран биэрбит іІітµгэр, син балайда тілібµргэ
тиксэн эрдэ±э дии. Ол оннугар, Сахайаан, эн биґи кэлтэгэй да
кэппиэйкэ±э тиксибэккэ олорон, ыччаппытыгар, сиэттэрбитигэр
алдьаммыт айыл±алаах, ыарыы-сµтµµ сутуйбут сирин-уотун хааллараары
олоробут, – араатардааччы, µрдµк уІуохтаах хатыІыр киґи, ірі тура
сылдьар хойуу батта±ын кэннин диэки икки ытыґынан хардарыта сы±аччы
анньа-анньа, µілээннээ±ин суптурута кірбіхтіін, киниэхэ эрэ анаан
кэпсиирдии, уутугар-хаарыгар киирэн омуннаахтык салгыы саІара-иІэрэ
турда, – эн, Сахайаан, саарбахтыы олорор кэмІэр аатырар Амма±ын бу
турба эмиэ аннынан ааґыахтаах, кыґын халыІ муус аннынан ханан хайа
барбытын була охсон хаґан оІоруохтарыгар диэри хас да нэдиэлэ, ый
ааґыа. Онуоха диэри тіґілііх нефть тохтон тугу оІоруон бэйэІ сэрэйэ±ин.
Уугун сутуйбутун ааґан, кэрэ бэйэлээх киэІ нэлэмэн хочолоруІ, оттуур
ходуґаларыІ сытыган нефть обоччотугар кубулуйуохтара. Уонна хайдах
тыыннаах ордо±ун, ханнык нэґилиэстибэни хааллара±ын кэнэ±эс кэнчээри
ыччаккар?..
– То±о сµрэй, до±оор, олус да
наґаа куттуугун, – Амматтан тірµттээх билсиилээ±э Сахайаан,
араатарга хом санаатын биллэрдэ.
– Куттааґына диэн туох да суох,
даллайбытынан олорон биэрдэхпитинэ, оннук дьыл±аланар кутталлаахпыт
диэн сэрэтэр быґыым ити. Эйиэхэ сирэйдээн, бу олорооччуларга
барыларыгар этэбин. Суґал тревоганы биллэриэххэ наада, норуокка.
Тойотторбут биґигини хайдах кэбилээн инники дьыл±абытын, кэнчээрибит
кэскилин тэпсэн эрэллэрин. Олохтоох хаґыаттар, араадьыйа, тэлэбиисэр
бары былааска атыыланан олороллор. Биир да кырдьыгынан, чиэґинэйдик
суруйар хорсун суруналыыс суох, кэпсиэхтэрэ суо±а итини. Онон
улуустарга тахсан бэйэбит кэпсиэхпитин наада. Бука барыгытын
ыІырабын, кµн сарсыІІыттан тыаларга, дойдубутугар тахсан дьону
уґугуннарыа±ыІ, бырачыаста тэрийиэ±иІ, бу алдьархайы тохтотуо±уІ! –
араатардааччы, илиитин ірі уунан дугдуруйбахтаан ылла, – дьэ, манан
бµттµм, – диэбитинэн эрчимнээхтик µктэнитэлээн, миэстэтигэр тиийэн
лах гына олорунан кэбистэ.
Араатар этиитин араастаан
ылыннылар. Ґгµстэр кини омуннаах, кµµркэтиилээх тылын-іґµн соччо итэ±эйбэт
курдук, кір-элэк аІардаах ымаІнаґан, соро±ор сіхпµт-сµілµргээбит
быґыынан сэмээр саІа аллайыылаах тыл бырахсан, кµлэн-салан иґиттилэр.
А±ыйах ітті, тыл этээччи, кырдьык, тіріібµт дойдутун, айыл±атын,
дьонун-сэргэтин инники дьыл±атын, ыччат кэскилин туґугар ис сµрэ±иттэн
ыалдьарын, долгуйарын дьиІнээхтик ылынан, кини хас биирдии
тылыгар-іґµгэр суолта биэрэн, ійдµµллэрин-ійµµллэрин биллэрэн
ытыстарын таґыннылар.
– Алы-ыс да наардыыр, букатын
ілµµ-сµтµµ, эстии эрэ іттµ-µн ыаґахтаан тµґэ-эн, – саала кэннин
диэки Сэрэх Сэмэн аІааттар саІата иґилиннэ.
– Сіп-сіп, дьон билиэн наада,
даллаґан олорон биэрдэхпитинэ, кырдьык, талбыттарынан дьаабылыахтара,
– аттыгар олорор Сургууйап, Сэмэн Бітµрµібµ саба саІарда.
– Тойотторбуту-ун, былааспыты-ын
алы-ыс кэнэйдээтэ дии. Сэрэхтээх со±усту-ук саІарыа эби-ит, – Сэрэх
Сэмэн сол да бэриммэтин, сэрэхэдийэрин биллэрдэ.
– Сэрэнэ сылдьан сэттэ±ин ылыаІ.
Бµлµµнµ кэбилээбиттэрин, Туой Хайаны тимирдибиттэрин сіпсіґі±µн дуо?
– Билигин «Эйгэ» экологическай
киинтэн Саха сирин со±уруу іттµгэр тутуллуохтаах
гидроэлэктростанциялар тустарынан информация оІороругар Афанасий
Николаевич Игнатьевка тыл барар, – Саарын, дьон мік굴эр саІатын
баґыйан дор±оонноохтук биллэрдэ.
– ГЭС-тэри тутааґын іссі 80-с
сыллардаахха былааннаммыта. Ону иккистээн сіргµтµµ са±аланна.
Кыыл-сµіл, кітір-сµµрэр, биллэрин курдук, ірµс эІэр хойуутук то±уоруґааччы.
Оттон республика со±уруу ірµстэрэ ол іттµнэн муІутуур баайдар. Учур
ірµс букатын да±аны киґи дьайыытыттан олох эмсэ±элии илик диэххэ сіп.
Јлµіхµмэ±э буолла±ына, федеральнай суолталаах заповедник баар. Бу
барыта уу анныгар барыахтаах. Аны туран Тимптон ірµскэ аан дойдуга
ханна да µµммэт, аан дойдутаа±ы кыґыл кинигэ±э киирбит гибрид
µµнээйи баар. ГЭС-тэр тутулуннахтарына мантан барытыттан ытыс
соттобут.
Игнатьев этиитигэр салгыы
иґитиннэрии быґыытынан, Ирбэт тоІу µірэтэр институттан наука доктора
Сиваков Михаил Иванович тыл кірдµµр.
– 2000 сылтан ыла сир баайынан
эргинэр бизнес µµнэ-тэґиинэ суох барда. Регионнар экология іттµнэн
билиилэрэ-кірµµлэрэ намыґа±ынан туґанан, харса суох кимэн киирэн
иґэллэр. Капиталга ирдэбил намыґа±а барыыстаах, ити ірµттэри
сатабыллаахтык туґанан, биґиги республикабытын саамай табыгастаах
регион быґыытынан кірін таллылар. Сирбит баайын, ресурсабытын то±о
экспорга ыыта сатыыбытый? Биґиги республикабытыгар сµµрбэ тымныы
полюґа баар. Сыаналара сотору хас эмэ бµк ыараары турар
баайбытын-дуолбутун то±о билигин атыылаан кэбиґиэхтээхпитий? Биґиги
институппут чинчийбитинэн, сотору глобальнай тымныйыы са±аланыахтаах.
Ону Новосибирскай учуонайдара, таарыччы да буоллар, эмиэ
бигэргэппиттэрэ. Онон баар сырьебут бэйэбитигэр наада буолар
кµнэ-дьыла тиийэн кэлиэ буолла±а.
Экономиканы бараммат
ресурсаларынан сайыннара сатыахха наада. Холобур, Тимптон суукка±а
900 тыґыынча кубометр артезианскай бассейн уутун сµµрдэр. Оттон
ыарыы, дьаІ-дьаґах 90%-на иґэр ууттан тутулуктаа±а биллэр. Бу ууну
ыраастаан, Кытайга атыылаатынар ээ, биир кубометр ууну биирдии
солкуобайга да атыылаатахха, кµн аайы 900 тыґыынча солкуобай киирэ
туруо этэ буолла±а. Саха сирин со±уруу ітті экологическай іттµнэн
баар-суох ыраас сир. АІаардас +50 кыраадыска диэри итии уулаах
дьµµктэлэр, туризм сайдыытыгар тіґілііх µбµ киллэриэ этилэрий?
Алдан улууґугар баар Эльконнаа±ы
сир баайдаах учаастактан уран хостооґунун урукку историятын
экологическай хамсааґыны тірµттэспит дьонтон биирдэстэрэ Бµітµр
Уйбаанабыс Тиитэп кэпсээтэ. 1964 – 1965 сылларга, кини іссі
геологическай практика±а сырытта±ына, уран рудатын хостоон иґэннэр,
биґиэнэ биґиэнин курдук, биир мілµйµін тонна руданы аґа±ас халлаан
анныгар хаалларан кэбиспиттэрэ, кµн бµгµнµгэр диэри ардах-хаар
уутунан сууралла сытара билиннэ. Билигин ол руданы салгыы хостуур
туґунан дьаґал киин былааґынан бэрилиннэ.
Андреева этиитинэн, аны µйэ
аІаарынан Саха сирэ ілбµт айыл±алаах, ыарыґах нэґилиэнньэлээх нефть
обоччотугар кубулуйар кутталлаах. Бу истэргэ, биллэн турар, олус
курус, киґи эрэ хараастар суола. Ол гынан баран, биґиги бары
билэрбитинэн, общественнай ійµ-санааны кытта µстэ тіхтµрµйэн туран
кірсµµ-кэпсэтии баарын µрдµнэн, «Транснефть» компания
бэрэстэбиитэллэрэ уонна олохтоох былаас ИСТА тула оІоґуллубут
критическэй этиилэри уонна бырачыастары тірµт да±аны ылымматах,
билиммэтэх.
Былаас общественность этиитин
ылыммат, бэйэтэ таптаабытынан быґаарарын туґунан ійдібµл биґиэхэ
µіскээтэ. Бастакы истиигэ іссі, бииргэ сµбэлэґэн µлэлииргэ ханнык
эрэ эрэл баара. Иккис истии иннинэ биґиги специалистары кытта
пресс-конференция ыытан, µгµс критическэй этиилэри оІорбуппут. Бары
этиилэрбитин биґиги барытын общественнай приемнарга киллэрэн
хаалларбыппыт. Уґµс истиигэ сібµлэспэт ірµттэрбит боротокуолун аа±ан
биэрбиппит.
Бырайыагы кытта билсэн баран
µгµс тэрилтэлэр уонна куорат олохтоохторо, кинини тірдµттэн уларытан,
альтернативнай варианнары кіріргі кэпсэппиттэрэ. Ол курдук,
тектоническай, сейсмическай іттµлэринэн кутталлаах учаастактарга
геологическай изысканиелары ыытарга, тоІ араІалар свойстваларын
µірэтэргэ, Ирбэт тоІу µірэтэр институт учуонайдарын этиилэрин ыларга
эппиттэрэ. Ол барыта кураанахха хаалла. Общественнай истиилэри ыытыы
процедуратын быґыытынан, тыл-тылга киирсибэт міккµірдээх ірµттэр,
боротокуолга хайаан да киириэхтээх этилэр. Онтукпут суо±а, «Экологическай
экспертиза туґунан сокуону» кэґии буолар. Оттон онно сіп тµбэґиспэт
µгµс міккµірдээх ірµттэр бааллара.
«Транснефть» проектаннара
бэйэлэрин матырыйаалларын реклама курдук кірдірі сатыыллар. Барыта
туох да эІкилэ суох µчµгэй, киґи сі±µін-махтайыан эрэ, утары этиэн
да куттаныах курдук суруллубут. Ис-иґигэр киирдэххэ, дьиэгэ элбэх.
Статистика кірдірірµнэн, бідіІ
нефтепроводтарга Россия±а сылга 1000 абаарыйа тахсар. «Транснефть»
этэринэн, бу компания турбаларыгар 1000 километрга сылга 0,04
тµбэлтэ±э эрэ абаарыйа тахсыан сіп. Оттон Аан дойдутаа±ы социальнай
экологическай союз эксперэ А.Ю. Григорьев 2006 с. кулун тутар 30
кµнµнээ±и суоттааґынынан, 1000 километрга абаарыйа сылга 0,22-0,24
тµбэлтэтэ тахсар. Бу, «Транснефть» вице-президенэ этэринээ±эр 5-6
тігµл элбэх.
Нефть ууга то±унна±ына, 40% тута
ууга суураллар. Нефть бэйэтэ дьааттаа±ын таґынан, радиоактивнай
веществолардаах.
ИСТА аатырар Транс-Аляскинскай
нефтепроводтан µс тігµл уґун эрээри, µс тігµл чэпчэкитик тутуллар.
Быґата чэпчэкитик тутан, элбэх барыыґы ылар сыалы эккирэтэллэр. Ол
барыта биґиги айыл±абыт алдьаныытын суотугар оІоґуллар. Јскітµн
табааргын рекламалыыр буоллаххына, ол табаарыІ дьиІнээх сирэйин
кірдірµіхтээххин буолла±а дии. Холобур, биґиги бюджеппытыгар тіґі
харчы киириэй? Биґиэхэ 5-6 миллиард доллар буолуо, диэн µрдµттэн
тылларын минньитэн этэллэринэн сіп буолуохтаах µґµбµт дуо?. Оттон
компания регистрацията Москва±а баар, онон нолуога онно тілінір.
Оччотугар хантан ылан этэр харчыларын биэрэллэр, ол туґунан проекка
биир да тыл этиллибэтэх. Маны ким итэ±эйиэй? Баґаалыста
бырайыактарыгар кірдірдµнэр республика бюджетыгар, муниципальнай
тэриллиилэргэ, биирдиилээн дьоІІо тіґі харчы тиксиэхтээ±ин. Бюджет
эффективноґа диэн ол буолуо этэ буолла±а дии.
Дьігµір Бологуурап, киэґэ
дьиэтигэр утуйаары сытан, кэлин кэмІэ нефтепровод тула кэІээн иґэр
кэпсэтиини хаґыаттартан аахпытын уонна бµгµ кµннээххэ µгµс киґи
эппитин-тыыммытын, санаатын эппитин барытын холбуу тутан эргитэ
санаан, уута кэлэн биэрбэккэ ір эрэйдэннэ. БµгµІІµ мунньахха араас
тыл-іс элбэх этилиннэ. Ол быыґыгар саала иґигэр быстах репликалар,
мік굴эн да ылыылар тахсыталыы сырыттылар.
Јскітµн Јлµінэ аннынан турба
саахалланнын, буолаары-буолан кыґын?.. Муус аннынан хайдах
ірімµіннµµллэр?.. Уонунан аа±ыллар біґµілэктэр, Покровскай,
Дьокуускай куораттарбыт иґэр уунан хааччыллыылара хайдах
быґаарыллыай? Ханнык альтернативнай вариант кірµллэр, µбµн-харчытын
хантан ылаллар? Бу туґунан биир улуус бэрэстэбиитэлэ ыйыппытын, ким
да чуолкай быґаарыыны биэрбэтэ±э, ол туґунан бырайыакка туох да
этиллибэтэх µґµ.
– Ээ-э, оннук улаха-ан алдьаныы
тахсыбат инии, – дьон кэтэ±эр эмиэ Сэрэх Сэмэн аІааттыбытыгар,
Сургууйап ірі кібдьµірµйэ тµспµтэ.
– Бµкµґµн Јлµінэ анныгар газ
турбата тэстибитин хас хонугунан булбуттарай? Ону да±аны уста
сылдьар самоходка µлэґиттэрэ, уу анныттан хабах тахсарынан билэн
тыллаабыттарын эрэ кэннэ биирдэ соґуйбуттара дии.
– Отто-он син оІордохторо-о дии.
– Хас нэдиэлэ оІордулар этэй?
Иркутскайтан водолазтары а±алан, быыкаа алдьаныыга 30 мілµйµінµ
тіліін туран оІотторбуттара. Оттон кыґын эбитэ буоллун?..
– Ол муус анныгар тахсар хаба±ы
ким кірµій, кыґыны быґа сытан, тірµт да кітµрµ сытыйаа эбитэ ини, –
ким эрэ ойо±остон э±элээх саІата иґиллибитэ.
Аны туран, турба барар
хайысхатын икки іттµнэн хабыллар киэІ сир-уот иґигэр олохтоох
нэґилиэктэр, кыра ахсааннаах омуктар тµілбэлээн олорор µтµікэннээх
ходуґа-мэччирэІ, булт-алт, таба аґылыктаах дойдулара былдьаналлара
кµµтµллэр. Маны тугунан толуйаллар?.. Ґрдµттэн, турба тутуллан бµттэ±инэ
кинини кірін-истэн µлэлэтэргэ 1500 µлэ миэстэтэ тахсыа, оттон
тутууну ыытыы кэмигэр 12000 киґи µлэлиэ диэн «µірдэллэр». Биллэн
турар, маннык µлэ±э эппиэттиир µрдµк квалификациялаах кадрдары
олохтоох нэґилиэнньэттэн булбаккын, µірэттэриэххэр диэри уґун
бириэмэ наада, оттон турбаІ балтараа-икки сылынан µлэ±э киириэхтээх.
Оччотугар бу µлэ миэстэлэрэ атыттарга тиксэллэрэ кістін турар дьыала.
Мунньах кэмигэр киІир-хаІыр
саІарсыы араас чахчыларын ким да, хайдах да±аны мэлдьэґэр кыа±а суо±а.
Уус-Маайа эбэІкилэрин общинатын салайааччыта, АлдаІІа диэри тутуллар
турба иккис тµґµмэ±ин учаастагар, просека кэрдээччилэри кірбµтµн
кэпсээбитэ.
– Дьэ, техникэ, киґи бі±і. КиэІ
ба±айы сири µнтµ солоон иґэллэр, сирэйдэрэ-харахтара турбута,
ірµкµйбµтэ сµрдээх. Ханна булт, кітір-сµµрэр баарын сураґан-ирдэґэн
туран эккирэтиґэр, имири эґэр эрэ ба±алаах дьон. Саа-саадах, араас
аныгы тэрил, туґах, капкаан бі±і, кірі салынным, – диэбитэ,
истээччилэри µгµстэрин дьиксиннэрбитэ.
– Экология, экология диигит да,
ким кыґалларый онно? КірµІ ыччаккытын, норуоккутун туохха ордук
наадыйалларын, – нуучча общинатыттан сылдьар, саас ортолоох
ірµкµйбµт сытыы дьахтар, чуор-ча±аан куолаґынан мустубут дьону
сэмэлиирдии саІарда, – Бырааґынньык киэґэ тµµн µіґµгэр диэри куорат
ма±аґыыннарын барытын кэрийэн, биир да бытыылка водканы булан
атыыласпатым. Барытын ыччаттарбыт ылан иґэн кэбиспиттэр. Бу баар
кинилэр сµрµн кыґал±алара. Кинилэргэ арыгы, пиибэ, дискотека, шоу
представлениелар, араас кэрэ кыргыттар куонкурустара, онтон атын
туох да наадата суох. Уонна туох экологията кинилэри долгутуой?
Учууталлар, иитэр µлэґиттэр мунньахтарыгар бу боппуруоґу таарыйбыкка,
ханна куотабыт дэґэллэр. Кір, тіріібµт дойдуларын кімµскµµр,
харыстаґар санаа диэн дьоІІо суох. Кыра детсад сааґыттан ыла о±ону
дьиэ иґинээ±и-таґынаа±ы, тиэргэн тулатынаа±ы µµннэриллибит маґы-оту,
тутуулары харыстыы µірэтиэххэ наада. Оччо±о эрэ ыччаты тіріібµт
дойдуну, айыл±аны таптыыр, кімµскµµр чуубустуба±а иитиэххэ сеп. Ол
суох биґиэхэ, ол аньыыбытыгар манныкка тµбэстэхпит.
Нуучча общинатын дьахталлара
урукку іттµгэр хаґан да Саха уопсастыбатын киинэ тэрийэр
мунньахтарыгар, акцияларыгар сылдьыбыт тµбэлтэлэрэ суо±а. Урукку
іттµгэр іссі национальнай боппуруоска сахалары омугумсуйууга
кµтµрµµр тыл-іс, сурук-бичик тар±аныыта кинилэртэн тахсара соччо
сэдэ±э суох тµбэлтэ буолара. Онон икки іттµттэн бэйэ-бэйэ±э соччо
итэ±эйсиитэ суох, тоІуй сыґыан ірµµ баара. Арай бу экология
боппуруоґун икки мунньа±ар иккиэннэригэр кэлэн кыттыылара,
санааларын эппиттэрэ истээччилэри балайда сэргэ±элэттэ. Бу аата биир
интэриэскэ ійдіґµµ, чугасаґыы тахсыбытын бэлиэтэ. Туґугар эмиэ
уопсастыба оло±ор ситиґии, кµµскэ кµµс эбиллиитэ буолла±а. Бу
дьахтар этиититтэн киґи биир µчµгэй санаа±а кэлэр. Саха сиригэр
олохсуйбут, о±олоро, ыччаттара тіріібµт дойдуларын кэлии омуктар,
нууччалар да±аны кµндµтµк саныыллар, таптыыллар эбит, кинини
кімµскµµргэ, туруулаґарга ба±алаахтар эбит,– диэн.
Аатырар Транс-Аляскатаа±ы
нефтепровод тутуллуутун историятын µірэппит чинчийээччилэр µгµстµк
суруйбуттарынан, атын штаттартан элбэх µлэґит кэлиитэ, Аляска тірµт
олохтоохторугар µгµс содуллаах буолбут. Буруйу оІоруу, арыгылааґын,
проституция, сµµйсµµлээх оонньуу, ыарыы эмискэ улааппыттар. Тутуу
барбыт сиригэр олохтоох норуоттар тірµт култууралара ірµттµбэттии
эмсэ±элээбиттэр. Кэлии дьон хамнастара олохтоохтордоо±ор уонунан
тігµл µрдµк буолан, инфляция±а, сыана испиискэтиттэн олорор дьиэ±э
тиийэ µрдэ суох барарыгар тириэппит.
СахалиІІа эмиэ, итиниэхэ
маарынныыр быґыы-майгы бµрµµкээбит. Буруйу оІоруу таґыма µрдээґинэ,
доруобуйа харыстабылын систиэмэтин кризиґэ, венерическэй ыарыылар
элбээґиннэрэ улааппыт. Сахалин-2 нефтепровод туттуллуутун кэмигэр
киртийииттэн, Корсаков куорат иґэр ууну мунньунар пууннара 2005 сыл
ахсынньытыгар сабылла сылдьыбыттар.
Аляска олохтоохторугар
олох-дьаґах айгырааґынын уонна айыл±а алдьаныытын иґин тілібµр
оІорорго, «Аляска Бастайааннай Фондатын» тэрийэн, турба киллэрэр
барыґын сµрµн іттµн онно мунньар буолбуттар. Бµгµ кµннээххэ ол Фонда
µбэ 30 миллиард долларга тэІнэґэр эбит. Ол µптэн сыллата аайы Аляска
олохтоохторугар дивидент харчы тілінір. ТэІнээн кірµµгэ: «Сахалин
Энерджи» компания, «Сахалин Сайдыытын Фондатыгар» биир кірµІнээх
кімі быґыытынан 100 мілµйµін доллары киллэрбит, «Олохтоох Норуоттары
Јйµµр Фонда» кассатыгар 300 тыґыынча доллары биэрбит. Оттон «Транснефть»
биґигини ійµµргэ µп Фондатын тэрийэрин-тэрийбэтин, саахал тахсар
тµбэлтэтигэр тіґі харчыны тілµіхтээ±ин дуу, тіліібітµн дуу туґунан,
туох да сурах-садьык суох.
Тіґі да саІа, µрдµк таґымнаах
бастыІ технологиялары туґаммыт иґин, араас саахалланыыттан толору
быыґанар кыах суох эбит. Онноо±ор аатырар «Транс-Аляскинскай»
нефтепроводка статистика быґыытынан сыллата аайы 30-40 нефть
тохтуутун тµбэлтэтэ тахсар. «Сахалин-2» бырайыак іссі да олоххо
киирэ илик эрээри, хайыы-µйэ±э нефть тохтуутун хас да тµбэлтэтэ
тахсыбыт. Тутуллар сыаната 20 млрд доллар уонна, µлэлии илигиттэн
айыл±а±а оІорбут хоромньута бэлиэр 50 млрд долларга тиийэ о±уста.
ИСТА Сахалиннаа±ы нефтепроводтан 5,5 тігµл уґун эрээри тутуллар
сыаната 11,5 млрд долларга тэІнэґэр. Туохха оло±уран маннык улахан
экономия оІоґуллар тірµітµн таайар уустуга суох.
ИСТА бырайыагы олус суґал,
тиэтэл бі±інін олоххо киллэрэ сатааґыннара ійдімміт ірµттэри
µіскэтэр. Бырайыак быґыытынан, турба устун сылга 30 мілµйµін тонна
нефть хачайданыахтаах. Оттон биґиги Таалакааннаа±ы нефтьпит саппааґа
120 мілµйµін тонна буолла±ына, 4 сылга эрэ тиийэр кыахтаах. Онон
нефть саппаастаах саІа сирдэри арыйыы соруга µіскээн тахсар.
Оччотугар эмиэ ыксал-тиэтэл бі±інін разведкалыыр µлэлэр
ыытыллыахтаахтар. Эмиэ сир-уот, айыл±а харыґыга суох алдьаныахтаах.
Байкалы кімµскээґиІІэ Россия
µгµс регионнарын общественностара ірі турбуттарыгар Путин кинилэр
тылларын ылыммыта. Оччотугар биґиги Јлµінэбит планета экологиятын
иннигэр суолтата кыра буоларыгар тиийэр дуу,– диэн ыйытыыга, Е.П.
Андреева маннык хоруйдаабыта:
– Оннук буолбатах. Биґигини
Сибиир уонна Дальнай Восток экологтара бары ійµµллэр. Соторутаа±ыта
мин Байкал туґунан хронологическай дневниги аа±ан баран, кинилэр
то±о кыайбыттарын чопчу ійдіібµтµм. Дьон Байкалга суоґуур кутталы
бэйэлэрин тус кыґал±аларынаа±ар чугастык ылыммыттар. Кэннилэрин
кэтэннэллэр да, куораттар мэрдэрэ, Бурятия президенэ, суруйааччылар,
учуонайдар бары утарыласпыттар. Онноо±ор онно «Плачь по Байкалу»
диэн истиэнэ баар буолбут. Оттон биґиги?.. Сыаналаах сэдэх порода
балыктаах биґиги красавицабыт Лена биир бідіІ аварияны тулуйуо
диигит дуо? Эбэтэр биґиги µйэбит устата авария тахсыа суо±а дии
саныыгыт дуу?
Андреева этиитигэр саала иґиттэн
араас репликалар быра±ыллыбыттара.
– Путин Байкалы быыґаары биґиги
Ленабытын сиэртибэ уурбута чахчы эбит буолбат дуо? Ол чааґыгар
міккµір суох.
– Байкалы регионнар былаастара
бары кімµскээбиттэр дии, президенниин, мээрийэлэрдиин. Оттон биґиэхэ
– саатар суруйааччыларбыт кыттыбаттар.
– У нас гнилая интеллигенция...
– Власть у нас продажная, судьба
Лены на их совести.
– Ээ-э абаарыйа тахсыа суо±а
дииллэ-эр. Ґп-харчы киириэ-э, сайдыахпы-ыт буолла±а-а.
– Туох акаары кэнэн киґиний.
Сахалиннаа±ы турба бµтэ илигиттэн бэлиэр, тутуллар сыанатынаа±ар
икки аІаар тігµл элбэх хоромньуну таґаарбытын доло±ойгор туппатах
соруІ дуу?
– Этим коммунякам ничего не
жалко, им бы только ближе к телу президента быть.
Саала иґэ кµµгµнээн міккµіргэ
кубулуйан бараары гыммытын, Дьулус Саарын туран дьону чуумпурарга
кірдіґін илиитин ірµтэ ууммахтаабыта.
– ТохтооІ, чуумпура тµґµІ. Тіґі
да айдаарбыппыт иґин, турба син биир тардыллара буолуо. Оччотугар
онтон тіґінµ туґанабыт диэн экономическай іттµн туруорсуохтаахпыт.
– Альтернативнай варианы
туруорсуохха наада. Холобур, тимир суолунан таґыахха сіп. Сотору
тимир суол Якутскайга кэллэ±инэ, тіттірµ илдьэрэ суох дииллэр дии.
Оччо±уна неби иттин ээ, – Андреева, судургу эрээри, кэскиллээх
этиини киллэрбитин дьон сібµлµµ истибиттэрэ.
– Сіп, ити иккис варианы
ылынабыт. Мин билигин этэн испиппин салгыыбын, – Саарын, эмиэ дьону
чуумпуралларыгар кірдіспµтэ, – биґиги тутуу экономическай іттµн
чуолкайдаґыахтаахпыт. Сылга оччо-бачча миллиард бэриллиэ дииллэрэ
харах баайыыта, бырайыактарыгар чопчу сыыппараны суруйдунар. Јссі
маннык баар, абаарыйа та±ыста±ына хоромньу иґин ыстараап сокуон
быґыытынан µллэґиллиитигэр: 20%-на федеральнай бюджекка, 40%-на
республика бюджетыгар, 40%-на муниципальнай тэриллии туґатыгар
барыахтаах. Бу сокуону таба туґаныахха наада.
Мунньах ситиґиилээхтик барбыта
саныахха астык. Кыттааччыта µгµс, араас улуустартан элбэх делегация
кэлбит. Андреева эппитин курдук, дьон кырдьык тіріібµт дойдуларыгар
суоґаабыт кутталы, бэйэлэрин тус кыґал±аларынаа±ар чугастык
ылыммыттара кістір. Арай, былааспыт норуотун ійµіхтээ±эр олигархтар
интэриэстэрин кімµскээбитэ, барыбытыгар улахан охсуу. Оттон Байкалы
кімµскээґиІІэ норуот, былаас биир сомо±о буолан кыайбыттара.
Биґигини сол да былыр-былыргыттан, ордук Сэбиэскэй кэмІэ, былааґы
норуокка утары туруоран, хаґан да олохтоох дьонтон ыйыппакка,
таптаабыттарынан тутан-хабан, сирбитин-уоппутун тэпсэн, радиациянан
сµґµрдэн, ууга тимирдэн, баайбытын-дуолбутун хоро таґан, кµн бµгµн
сарсыІІыбытын, кэнчээрибит кэскилин кытта сарбыйан талбыттарынан
айбардыы олороллор. Хаґан уґуктабыт, ійдінібµт, бэйэбитин кімµскэнэ
µірэнэбит?!!! Дьігµір Бологуурап, іргі диэри утуйбакка ійі-санаата
кіінньін, саба халыйбыт хараІаны супту одуулуу сытта.