Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Нажмите, чтобы увеличить

Иван ВИНОКУРОВ,
Надежда ВИНОКУРОВА

ОлоІхо±о
нууччаттан киирии тыл

Норуот тылынан уус-уран айыытын биир тµІ былыргы саанырыгар – олоІхо±о, монгуол, эбэІки-эбээн тылларыттан киириини аахсыбакка эттэххэ, нууччаттан киирии тыл син балачча кістір. Бары айымньыны анаан аахпакка эрэ да саба±алыахха сіп: нууччалыы тірµттээх тыл кыбыллыбатах олоІхото, арааґа, суох. Бу интэриэґинэй.

То±о оннугуй? Кµµтэр курдук буоллар, олоІхо тыла-іґі барыта, этэргэ дылы, тірµт уус сахалыы буолуон сіптіі±і. Ол эрээри кэнники кэм олоІхоґуттара бу сааныры салгыы сайыннаран, тылын кытта байытан испиттэр. Онуоха нуучча тылын байытар матырыйаал быґыытынан эмиэ туґаналлар. Инньэ гынан онноо±ор саха саамай талыы олоІхото «Дьулуруйар Ньургун Боотурга» П.Ойуунускай итинтэн тумнубат.

Эмиэ ыйытыы µіскµµр: олоІхо тыла-іґі итинтикэтэ суох итэ±эстийиэ этэ дуо? Оччо-бачча мілтіібіті, дьадьайбата чахчы. Холобур, олоІхо нуучча кэлиэн иннинээ±и барыйаана баара буоллар, ити дьиІ сахалыы кірµІ тэІнииргэ интэриэґиргэтиэх этэ. Оччо±о чуолкай биллиэх этэ...

Аны атыннык ыйытыахха: нууччаттан киирии тыл олоІхо тылын-іґµн, ба±ар, сымсатара-сыыґырдара буолаарай? Баґыйар іттµнэн бар±алаатахха, биґиги санаабытыгар, µчµгэйэ µітэлээх, байытара баґыылаах. Итиниэхэ олоІхо айылгыта да кіміліґір. Уус-уран улуу айымньы эпическэй майгытынан сюжета сµр холкутук сайдарынан тыла-іґі ірµµ сиэллээх-кутуруктаах, эІин-дьикти илбиргэстээх, тэнийэн барар ураты истииллээх буолар. Онуоха биир киэІник туттуллар, хама±атык ханыылаґар халыып кэккэлэтии (синтаксическай параллелизм) буолар. Ону силиктээн, ситэрэн биэрэргэ киирии тыл эмиэ кіміліґір.

Этиллибити бигэргэтэн холобурдуо±уІ. Онуоха аатырбыт олоІхоґут Т.В.Захаров – Чээбий «Ала-Булкун» (толору аата: «АлаІха±а тіріібµт айаас ала аттаах Ала-Булкун бухатыыр», Дьокуускай, 1994) диэнин ылыа±ыІ. То±о диэтэххэ, бу 9 тыґыынчаттан тахса устуруокалаах, орто кээмэйдээх олоІхо±о, биґиги аа±ыыбытынан, 135 киирии тыл баар. Ити – киґи мыыммат араІата-білі±і. Атын а±ыйах айымньыны («Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур», «Элэс Боотур», «Кір Буурай бухатыыр«) тэІнии туттахха, итиччэ элбэх итинник тыл кыайан кістµбэт. Онон бу киирии араІа олоІхо±о оруола манна ордук дьэІкэтик, толорутук кістµіх тустаах.

ОлоІхоґут урукку саха оло±ор суох эбэтэр арыый атын со±ус барымтаны-ійдібµлµ бэлиэтиир тыллары туттара сокуоннай суол: ньуоска (тэІ. хамыйах), хомуґуол, мотуок, солко, мээчик, бээдэрэ, буойун, оруомна уонна былас, истиэнэ (тэІ. холло±ос), нэґиилэ (тэІ. арыычча), суум-содуом (шум-содом, тэІ. айдаан-араллаан), боруок (тэІ. модьо±о), артыаллаґан уо.д.а. Билигин кэпсэтиигэ да, литэрэтииринэй тылга да киэІник туттар наада, бырастыы, дорообо, іссі (еще), нэґиилэ (насилу), арааґынай (разный), кµµлэйдээ диэн тылларбыт айымньыга бааллар. Аныгы аа±ааччы муодаргыы саныыр: былыргы ібµгэбит итилэр бэлиэтиир ійдібµллэрин хайдах этэрэ эбитэй?

Нуучча итэ±элин, кээмэйин, аа±ыытын кірдірір тыллар киирэллэр: кириґиэнэй биэрэ (крещеная вера), туут Ньукуола таІарата, сэрэбиэй (жребий), симиэрт аанньал, лиэґэй (леший), торуой ырай, муунталаах буруй (фунт), боппууда, сэттэ саґаан сир, тыґыынча, мілµйµін (мілµйµін). Аны айыы бухатыырын дьиэтэ-уота нууччалыы курдук:

Сэттэ уон сэттэ силиргэхтээх

Тэргэн тиит тирээбиллээх,

Ґіґэттэн µргµіґµн µргµйµі диэн

Ґс хос кілµдµірдээх, µрµІ кімµс µрµттээх;

... Аллараа бі±іттін дарбааґын дарбыйыа диэн

Арсаанай бурдугу сиксийдэххэ мыыла

Биир да сиргэ таммалаабат

Алтан эрэґиэІкэ муосталаах,

Сµµс тµірт уон тµірт тµннµктээх

Тµмэн куорат дьиэлээ±э эбитэ µґµ.

Эбиитин бу дьиэ силигэ ситэн «кµллµрµµттээх кµілэ ма±ан кµµлэлээх», «алтан дьаакыр хал±аннаах». Аныгы «сиэр сиппитэ» манныктан да кістір:

То±ус уон буойун ороспуой

Тура тэбинэн туран кыайан тоґутан киирбэтэх

ТоІ липпэ олуурдаах.

Ок-сиэ, онноо±ор айыы айма±ын ааттаа±а, кµтµр кµµстээ±э Ала Булкун, орто дойдуга ороспуой µідµйэн, халыІ хал±анын олунар эбит. Эгэ, биґиги билигин тимир аанынан хаххаланарбыт кэмнээх буолуо дуо?!

Кини туттар сэбэ-сэбиргэлэ, сэрэйэр курдук, былыргылыы: µІµµ, батас, саабылаан батыйа, дэриэспэ таас мээчик, тэрээк сµгэ, быґах, муос одур оно±ос, сардаана кустук. Маннык ситэри сэптээх киґи атын олоІхо±о ахтыллыбат саІа, дьикти тэриллээх:

... Кыыкынай балык хаана кырааскалаах,

Даарым балык самыытын тириитэ бµрµілээх,

Јксікµ кыыл µіґэ уІуохтаах,

Јлµµ модьуй балык бытыга 굴µргэннээх,

Кіньµіс µрэх кіІµлµнэн то±ойдуу охтон тµспµтµн курдук

Ньирилиир ньир хаан даІ гынан эстэр саалаа±а µґµ.

Баларга, ба±ар, «баайсан» саныахха син: бу айымньы нуучча кэлбитин кэннинээ±и кэми, саха урааІхай оло±ун хоґуйар. Ал±ас. ОлоІхо, бары бэркэ билэрбитинэн, айыы айма±ын оло±ун-дьаґа±ын, бухатыырдар охсуґууларын ойуулуур, ірдіі±µнµ µірдэ µітэр дьиІ сахалыы ис номохтоох, киэІ-дириІ хоґоонноох. Урут олоІхоґут да, истээччилэр да итинник ійдµµллэрэ.

Ґтµі µірэх-тµірµйэ тірдµгэр тиийэ тілкілііхтµк тµіспµт-тµірбµт бу саанырын µгµс айымньыта (ба±ар, барыта?) µтµмэн µйэ±э, ір кэмІэ ірµµ тупсарыллар, хас эмэ араастанар-барыйааннанар. Ити тылынан уус-уран айыы улахан уратыта. Оттон олоІхо сурулунна да, ааптара анаан ааттанар; сурукка киирбит кірµІэ илэ бэйэтэ диэн аа±ыллар.

Чээбий эмиэ «Ала Булкунун» кимтэн эрэ истибит буолуон сіп. Ону талаанын кµµґµнэн сайыннарар, чочуйар. Илэ бэйэтин истибэтэх да тµбэлтэтигэр кини ырыаґыттар атын олоІхолоруттан µірэнэн, этэр тыл илбиґин-имэІин иІэриннэ±э, уус-ураннык ойуулуурга уґуйулунна±а.

ОлоІхону нойосуус билэр кыаллыбат: ырыа-хоґоон, поэма да буолбатах. Кыґал±а кыґарыйарынан (сурук суо±унан) уонна былыр аралдьытар а±ыйа±ынан ійдµµр дьо±урдарын муІутуурдук сайыннарбыт олоІхоґуттар истибит да айымньыларын тылыттан тылыгар хатылаабаттара. Оннук этэргэ соруктамматтара, дьулуспаттара да±аны. Айаллара: истибиттэрин салгыы сайыннаран, ордук тылын іттµгэр туох эмэ эбиини-сабыыны киллэрэн сонуннук, ситэри-хотору этэллэрэ. Итинэн олоІхоґут дьо±ура-талаана эмиэ кээмэйдэнэрэ.

ОлоІхоґуттар силиктээн-ситэрэн этии биир суолун киирии тылга булаллар. Холобурун эттэххэ, «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» сµµс киґи алта уоннуута аа±ан нойосуус кэриэтэ билэн баран, билигин олоІхолуура буоллар, бары эІин-эгэлгэ элбэх нууччалыы тылы кыбытыа этилэрэ. Тута хоґуйуу саргылаах сабыдыала (соро±ор содула) оннук. Ону утумнаахтык тутуґан, Чээбий олоІхотун былаґын тухары киирии тылы кэмнээн-кэрдиилээн киллэрэн, бастатан туран, тылын-іґµн байытар.

ОлоІхоґут сорох тылы сахалыы синонимнаа±ын µрдµнэн киллэрэр: сиэрэй /бороІ, солко/ тор±о, лиэґэй /абааґы, тµрмэ /хаайыы, сиилинэй /кµµстээх, бі±і, бокуой /соло, о.д.а. Синонимнар кэккэлэтэн этиигэ, тµірµйэ тµмµктµµрµнэн, сис, тирэх тыл буолаллар (кір: Е.И.Убрятова. Синонимы и структура якутского параллелизма // Синонимия в языке и речи. Новосибирск, 1970. С.201-211).

Оттон кэккэлэтэн этиини, олоІхо синтаксиґын биир ча±ылхай уратытын, ханнык ба±арар олоІхоґут куруук бол±ойор. Саамай сіп: кини тылын баайа, ууґа кэккэлэтиини тіґі кэІэтэн, тупса±ай гына оІорорунан сыаналанар. Чээбий итини кыайа тутар. Онуоха киирии тыл эмиэ оруоллаах. Холобур:

Тиксии биэрэгэ,

ТигилэІ дьаарбаІа,

Суруктаах оонньуур остуолбата,

Кыргыґар кыыс хайата,

Чуомнай турар муостата,

Охсуґар-этиґэр сирэ,

Оонньуур-кµлэр сирэ онно эбитэ µґµ.

 

Окко тµспµт оІоґуум,

Сиргэ тµспµт сэрэбиэйим,

Туґааннаах тойонум,

Аналлаах айыыґытым,

Итэ±эллээх эрим...

 

Дьэ барар киґилии майгыланнылар,

Турар киґилии суобастаннылар,

Тэйэр киґилии чинчилэннилэр.

Баларга киирии тыллар, кістірµн курдук, кэккэлэтии кэккэтин кэІэтэн, элбэтэн биэрэллэр. Соро±ор саІа кэккэлэтиини µіскэтэргэ кытталлар. Бу – булумньу:

Сиир симиэрт уолун сиилинэйэ кэлэн,

Илэ бі±і сиэтэ±э,

Аґыыр абааґы уолун атамаана кэлэн

Чахчы бааччы аґаата±а.

Кірі сытан, туруору тутан толкуйдуур,

Сытыары санаан сыаналыыр,

Уґаты тойонноон толкуйдуур.

 

ҐнµрµµІІµ кµІІэ, хоммут хонукка,

Ааспыт ыйга, анарааІІы бириэмэ±э.

ОлоІхоґут кіннірµ кэккэлэтэн этэри мыынар. Ийэ тылын ис сокуонун, айыллыбыт айылгытын тутуґан дьµірэлээн хоґуйарга дьулуґар. Ити дор±оон дьµірэлэґиитигэр оло±урар. Хоґоон сµґµі±µн са±аланыытын дьµірэлэґиитэ-аллитерация аґа±ас, бµтэй дор±оонунан наарданара (ассонанс, консонанс) истэргэ кэрэ, ійдµµргэ чэпчэки. Ол иґин Чээбий нууччалыы тылы сахалыы саІа сиэригэр сіп тµбэґиннэрэн дьµірэлиир. Холобур:

Сибэтэй буор ортолоох,

Сиэрэй солко аартыктаах,

Сиэги дьа±ыл эркиннээх.

Онно илдьэммит-

Уокка кэбиґэр, ула±а±а хаалар,

Остуол сокууската.

... Киґи-сµіґµ кичэллэн эрдэ±инэ,

Кириґиэнэй биэрэ иньигэр...

ОлоІхо олохтоммут-олохсуйбут олугун иґигэр субур±аІ устуруока устатыгар аґа±ас (арыт, бµтэй дор±оону эмиэ) дьµірэлииргэ олоІхоґут киирбит тылы хойуутук туттар: «кумаардаа±ы кулун кутуругун курдук», «ара±ас аркыыбатын аахтаран», «буруйдаа±ы буунталыыр, кирдээ±и киирэлиир», «тимир сэмэлээІки дьиэ»...

Онон олоІхоґут нууччаттан ылбыт тылын, иккиґинэн, санаатын силигин ситэрэн сиэдэрэйдээн уонна толору хоґуйарга туґанар.

Итини таґынан манныгы бµтэґиккэ бэлиэтиэххэ сіп. Киирии тылынан сирдэттэххэ, айыы бухатыырын айыллыбыт айгыр-силик дойдута эмиэ биир дьикти уратылаах:

Кытай омук тыла тыллаах,

Кыргыыс омук саІата саІалаах,

Кырыытынай муора кырыыта кыстыктаах,

А±ыс кыыс кыталык кыыл,

Кыґыл чиэрбэни булан,

Кыйматыгар укпатах кылагыр ма±ан кытыллаа±а µґµ.

Онноо±ор µіґэттэн µітµµлээх, µрдµк халлаантан тµспµт Ньургун Боотур дойдута итинник дьиибэтик ойууламмат этэ дии.

Арыт-арыт олоІхоґут оччо-бачча туттуллубат, айымньы тиэкиґигэр дьµірэлэспэт киирии тылы кыбыталыыр: чиэрэс, долуой, коруомкай (громкий) µчµгэй куоластаах, іксікµ кыыл чочубуойдаах, норуоґуна (нарочно), добуолун, абааґы айма±ын дуруктарын (друг) тойоно. Ити а±ыйах тыл уус-уран хоґуйуу умсугутар сµµрээнигэр симэлийэ устан олус олуонатык иґиллибэт буолуон сіп.

Улахан олоІхоґут оннук да санаан итинник киирии тылы кыралаан кыбытта±а. Т.Захаров – Чээбий нуучча лаппа сабыдыаллаабыт Амма улууґун киґитин быґыытынан кэпсэтиитигэр киирии тылы балачча туттара чахчы. Ону µірэммиччэ тута хоґуйарыгар хото туттара ійдінір. Онон хайа да іттµттэн кірдіххі, сахатыйбыт киирии тыл олоІхо±о кыбыллара сиэрдээх суол. Ол обургу, интэриэґинэй холобурун Чээбий «Ала Булкунугар» булабыт.

Hosted by uCoz