Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Нажмите, чтобы увеличить


Елена Васильевна СЛЕПЦОВА -КУОРСУННААХ,
Россия суруйааччыларын союґун чилиэнэ, Саха Республикатын µтµілээх артыыската.

1964 сыллаахха бэс ыйын 14 кµнµгэр Таатта улууґугар Чіркііх нэґилиэгэр тіріібµтµм. Остуол анныгар ат буола сылдьыахпыттан ырыа-тойук, остуоруйа, олоІхо баай бай±алын киэІ-дэлэй эйгэтигэр умсаахтаан улааппытым диэтэххэ, киґиргэнии буолуо суо±а. Маннык кэрэ эйгэ±э сиэтэн дэллэритэн киллэрбит дьоммунан: тойуксут а±ам уонна икки хара±а суох аарыма кырдьа±ас, остуоруйаґыт эґэм Боппойоон-Уус буолаллар. Тохсунньу ый томороон тымныытыгар тигинэччи оттуллубут оґох суоґугар бигэнэн, эґэм эрэйдээх миигин куобах суор±аІІа суулаан баран, тµґэ±эр кіті±ін олорон остуоруйа, олоІхо арааґын кулгаахпар илбийэ кэпсиирэ. Бу кэмІэ уот иннигэр алаадьылаан аІаарытар, баахылалаан бачыгыратар сітіл буолбут эбэм, Јлііні эмээхсин сэІээрдэ±э буолан «ээх» диирэ. Миэхэ µстээх-тµіртээх эрэ сэрбэкэ±э эґэм хамсатыттан біті-біті бургучуйар мохуорка буруотун быыґыттан, кэпсиир бухатыырдара, ыраахтаа±ылара дьээбэлээхтик имнэнэ-имнэнэ сµтэн уостан хаалаллара. Онтон, эбэм алаадьытын дыргыл сытыттан ордук, кµн сиригэр минньигэс баара буолуо дуо, диэх курдук саныырым. Кµн бµгµІІэ диэри ол о±о сааґым ырайа ыраата-ыраата чугаґыыр, кісті-кісті сµтэр саамай кэрэ ахтыл±аным буолар.

Ити курдук атах сыгынньах о±о сааґым Таатта эбэм тµптэ сыттаах сайылыктарыгар, алаастарыгар, сыґыыларыгар остуоруйа, олоІхо олбохтоох ааспыта. Онтон уус-уран суруйууга уґуйааччыбынан, тыа оскуолатын учуутала, литературнай куруґуок салайааччыта Д.С.Жегусов буолуохтаах.

Кэлин суруйууну сµрµн дьарык оІостон барыыбар быґыыта тирэх буолбут дьоннорунан эдьиийим С.П.Ойуунускайа уонна биґиги дьиэ кэргэн чугас до±оро Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон буолуохтарын сіп. То±о диэтэххэ, айбыт хоґооннорбун тута кинилэр дьµµллэригэр илдьэн биэрэрим, уонна кинилэр сібµлээтэхтэринэ эрэ бэчээккэ таґааттарарым. Манна да±атан эттэххэ биґиги аймахха уус-уран литературанан дьарыктаныы тµбэґиэхчэ дьарык буолбатах. А±абынан тіріппµт эґэм Василий Алексеевич Слепцов, саха сэбиэскэй литературатын тірµттээччи Слепцов Платон Алексеевич-Ойуунускай бииргэ тіріібµт инитэ этэ. Онтон ийэбинэн эбэм Анна Михайловна Оруоґуна – Э.К.Пекарскай до±орун, кіміліґііччµтµн Михаил Николаевич Оруоґун кыыґа этэ. Оруоґуттар удьуордаан туран саха±а уус-уран айыы сайдарыгар кыра да буоллар кылааттаах дьон быґыылаах. Кістікµµн Оруоґун «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоІхону бастакынан сурукка киллэрбит олоІхоґут киґинэн биллэр. Онтон эґэм бииргэ тіріібµт убайын Уйбаанчык Оруоґун уолаттара Арамааннаах, Бµітµр Оруоґуттар, аба±атын Дьігµір Оруоґун сиэнэ кыыс Вера Давыдова уонна эбэм убайа, сµµрбэ биэс эрэ сааґыгар репрессияламмыт Василий Михайлович Оруоґун саІа тахсан эрэр драматург, бэйэлэрин кэмнэригэр уран тылы о±ус гынан мииммит дьон курдук кірібµн.

1983 сыллаахха культура училищетын бµтэрэн баран Саха государственнай филармониятыгар артыыс быґыытынан µлэлии киирбитим.

1985 сыллаахтан саха циркатыгар конферансье, дрессировщик, оригинальнай жанр артыыстарынан µлэлээбитим.

1996 с-тан цирка µлэтин кыайбат буолан эстрадам театрыгар тіттірµ кіґін кэлэн, аны режиссер быґыытынан µлэлээбитим.

Ити сыл Саха государственнай университетыгар саха салаатыгар кэтэхтэн µірэнэ киирбитим. Ґірэнэр кэммэр 1998 сыллаахха «Далбар Хотун» сурунаалга бастакы икки хоґооннорбун редактор А.Е.Шапошникова бэчээттэппитэ. Билигин миигиттэн куруук, «хаґан са±алаан суруйбуккунуй?» диэн ыйыталлар. Онно маннык хардарыахха сіп. Кыра эрдэхпиттэн о±олор «поэт» диэн хаадьылыыллара. Онон олох быыкаа эрдэхпиттэн бооччойор быґыылаахпын. Ол эрээри онно улахан бол±омто уурбат буоларым. Онтон кэлин артыыстаан сылайда±ым буолуо, онон ити дьарыкпар тіннµбµтµм.

Уус-уран литература±а ал±аан киллэрбит дьоммунан µіґээ этиллибиттэртэн ураты, µтµікэннээх поэт, эдэр суруйааччылар киминэн да±аны солбуллубат сµбэґиттэрэ, учууталлара да диэххэ сіп Н.Е.Винокуров-Урсун буолар дии саныыбын. Уонна эдэр, сэмэй саІа куорсун анньынан эрэр дьону куруук ійµµр А.Е.Шапошникова, Б.И.Павлов буолаллар.

Бастаан симиттэ-симиттэ УрсуІІа тиийбиппэр хоґооннорбун аа±ан баран, µірэн ірі кіті тµспµтэ; «Дьэ, Лена, Таатта кырса билигин да±аны кµіх эбит, улахан иґит іссі да±аны салааґыннаах быґыылаах, мин онно эрэнэбин, кытаат µлэлээ» диэбитэ, алыс кэрэтэ буолла±а дии. Кини редакциялааґынынан µс кинигэ та±ыста: «Оо,олох», «Тµµн эбэ», «Кµлµк тµґµµтэ».

Бу кµн айар аартыкпын арыйан биэрбит а±а суруйааччыларбар: УрсуІІа, В.ТарабукиІІа, П.Аввакумовка В.Сивцевка, С.Тарасовка, Н.Харлампьева±а, И.МигалкиІІа, тылбаасчыт М.Алексеева±а улахан махталбын тиэрдэбин. Киґи оло±ун суолугар µтµі дьону кірсірі ахсааннаах буолар, ол иґин кинилэргэ махталыІ у±арыа суохтаах.

2005 сыллаахха «Хоноґо хомуурунньуга» диэн кэпсээннэр-сэґэннэр хомуурунньуктарын «Бичик» кинигэ кыґата бэчээттээбитэ. Онтон быйыл Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоІхотун кэпсээн халыыбыгар киллэрбит кинигэм кµн сирин кірді. Манна талааннаах худуоґунньук Иннокентий Пестряков тиґэх уруґуйдарын серията киирбитэ. Кинигэ бу олоІхону инники айан хааларбыт аймах дьонум, уонна И.Пестряков ааттарыгар анаан сµгµрµйµµ, кэриэстэбил бэлиэтэ буолар.


Елена СЛЕПЦОВА-КУОРСУННААХ

Сулустаах халлаан

ЫйдаІатаа±ы тиит

Кµлµгµн курдук

Бэкир хара тµµн

Бэрийэ µімэн кэлэн

Атырдьах ана±аґын

ТаІнары туппут курдук

ТаІыы хара тарбахтарынан

ХоІордой дуопсун тумулум

Таас тара±ай кэтэ±эр

ТаІнары тайыыланан тµспµт

Алтан манньыат курдук

Ала±аркаан кµммµн

Кыґыл саґыл уор±атыттан

Тордуйалаах туос курдук

Тобулу харбаан ылан

Алталаах атыыр о±ус

Сіґµргэстээн сытарын курдук

Буор модьо±о хайам

Буула±а кіхсµн кэннигэр

Кистии анньан кээстэ±э...

 

Онуоха туран

Орто-туруу дойду

Тµµн ийэ дьахтар

Тумарыгар мунан

Ытыс таґыйар ыас хараІа±а

Ыга баттатан утуйда.

 

Сотору буолаат-

ҐрµІ кімµс µірэ±эстээх

Ґс µрµІ дьіґілдьµттэр

Кµлµктэрэ кістµбэккэ

Кµлµмнµµ кітін кэлэн

Ый тірµібµт Ытык хайатын

ДьэІкир сµлµµдэ оройугар

Оллоонноон утуйа олорбут

Отут бууттаах олгуй са±а,

Сабыйа Баай хотун

Ыдалыын ына±ын

ДьэІкир таас муоґун

Булгу охсон ылбыт курдук

Кэлтэгэй о±о ыйы

«КэмиІ кэллэ!!!» диэн

Кэбиэлээн туруоран

КиІкиниир киэІ халлаан

Кэтит иэнин устун

Кэрийтэрэ ыыттылар.

 

Кµлµмэх сырыылаах

Кµн Эрбийэ обургу

Кµрµлµµ кітін тиийэн

Кµрµі Дьіґігій тойонун

Ыраахтан ыйдаІаран кістір

Сылгытын µірµн хаґаатын

Сыыйыллыы кімµс олугун

Сулбурута тыытан ылан

КиэІ тиэргэни

Тэлэкэлээн кэбистэ.

Онуоха буолла±ына -

Кыыс о±о барахсан

Кыламаннаах хааґа

Кырталдьыйан кістір

Кыыбылаан кімµс

Кынчаалын курдук

Кылбалдьыспыт барахсаттар,

Кыталык кыылым курдук

Кынталдьыґан тахсаннар

КылыыІкайдыы тµґээт

Ыппыт ох курдук

Ыйылыы кітіннір

ЫйдаІалаах халлааным

Ытык оройугар

Ытыллан та±ыстылар.

Дьэґэнтэйим о±олоро

Дьэргэлдьиґэн тахсан

Дьаргыл таас туйахтарынан

Табыйса оонньообуттара

Чолбон сулус буолан

Субуруйа кітті,

Кµлµмµрдэс кµіннэринэн

Кµрдьµіттэґэ оонньообуттара

Ґргэл µірэ буолан

Ґрµлµйэ кітті,

ОІочо уот кутуруктара

Сыыйылла кітті±µн аайы

Аргыс сулус араІата

Арыаллаґан истэ,

Кімµрµі кімµс сиэллэрэ

Силлиэрэ кітті±µн аайы

Ара±ас сулус µірэ

Арылыйан истэ...

А±ыйах кэминэн,

Хара солко халлааным,

Этиэхтэн эриэккэс кэрэ

Толомон ма±ан ньуурдаах

ТоІмут кэлтэгэй ыйданан,

Кылбачыйар кылааннаах

Бачыр сулус былааттанан

Кµлµмµрдµµ киэргэнэн

Суґумнуу-дьиримнии тµстэ±э.

4.02.06

Тµµр омук этибит...

Хаґан эрэ былыыр-былыр

ХаІнан хаалбыт хаарыан хааннаах,

Ахсым ат уор±ата сыттыктаах,

Кумах куйаар киэІ дуоллаах,

Мо±ол омук мохсо±оллорун

Суон модьо±олорун тоґуппут,

Кытай омук кырбыйдарын

Кыґыл эттэрин кырбастаабыт,

Кыргыс омук ха±аннарын

Кыргыґыы кылыытыгар кыдыйбыт,

Татаар хааннаах уоттаах тылын

Кырыыґыгар кыайтарбатах,

ЧыІыс-Хаантан ыйаахтаах,

Дьыл±а Хаантан айдарыылаах,

Јргістііх µІµµнµ ірі туппут,

Кыргыстаах кылыґы хааннаабыт,

Улуу дойдулар ула±аларын

УллуІа±ынан тэпсибит,

Сµдµ норуоттар сµнньµлэрин

Сµлµстээх батаґынан µµттээбит,

Кµµстээх омуктар кімµс уйаларын

Кµлэ-кµлэ кµллэрин таптайбыт,

Баай куораттар солотуу собуордарын

Саатаан туран сатарыппыт,

Дьіґігійµн чімчµµк туйа±ын

Дµрбµіннээх дµІµр тобул±ана

Добун халлааны хайыта тыыран

Суостаах сура±ын соргулаабыт,

Туойдахха бараммат чулуу-мааны

ОлоІхо – номох олбохтоох,

Кырыы тааска кыґыллыбыт

Кылааннаах кэрэ тыллаах-істііх,

Дирбиэннээх-дарбааннаах олохтоох

Тµµр омук тірµттээх

БороІ урааІхай удьуордаах

Самныбат саргылаах сахалар буолабыт!

2004 сыл. Сайын.

 

ЈТЈХ ИЧЧИТЭ

Хайа, чыычаахтарыам, сіп буолбатыгыт дуу? Тµµн да ырааппыт.

– Суох, эґээ, іссі кэпсээ.

– Чэ, оччо±о истиІ,– эґэм оґо±ор мас быра±ан биэрдэ уонна куолутунан кураанах хамсатын соппойо-соппойо уотун иннигэр кэпсиирдии оІостон олордо.

– Бу тµбэлтэ хаґан буолбутун билбэппин эрээри, бэрт ірдіі±µтэ µґµ. Саха дьоно булдунан дьарыктаммыт буолан буолуо, µксµн булчуттар араас быґылааІІа тµбэґэллэрэ. Тіґіті кырдьыгын-сымыйатын чуолкайын эппэппин эрээри, бэрт дьикти быґылаан, ону бэйэ±ит дьµµллээІ.

Биир да±аны кыламнас сулус кістµбэт µлµгэр силлиэтэ-буурата сир да, халлаан да ханан баалларын биллэрбэккэ биир кэм ірі оргуйа турара. Бу айылаахха туох тыынар тыыннаах хахха сиргэ кирийбэт буолуой? Ол эрээри ійдіін кірдіххі, буур±а ортотугар икки аттаах киґи кµлµктэрэ сµтэ-сµтэ барыгылдьыґаллар.

– До±оор, Сµідээр, дьэ, эн биґи тоІон ілір сордоохтор буоллубут дии. Эчи, биир да тыынар тыыннаах уйата кістµбэтэ то±о бэрдэй.

– Ычча даа, хаґан тохтуох халлаан эбитэй?

– Оо, биир эмэ бала±ан µілэґэ кістµбэт муІа буолла±єа...

– Тыый, до±оор, суолбутуттан туораан хаалбыппыт дии.

– Туораабыппыт быдаарыйбыт, оо, бу туох айыыбыт-харабыт иннигэр ийэ сирбит иччитэ эрэйдээн эрэрэ буолла?

– Мэхээчээ, кір, кір! Оол туох барыйан кістір, бала±ан дуу?

– Ханна до±оор? Эс, хара±ыІ иирбит ээ.

 

– Ээ, чахчы оннук эбит.. – ити курдук хаґыытаґан кэпсэтэ-кэпсэтэ, икки булчут аттарын хаамтаран истилэр. Ыран, сылайан иґэр дьон хара±ар туох барыта бала±ан µілэґин эрэ санатара ыраахтан буолуо дуо?

Арай ол иґэн Сµідэр кіірті, оол курдук балай да тэйиччи биир сµµнэ улахан бала±ан багдайан турар эбит. Ол эрээри кини хара±ым иирбитэ буолуо диэн саІата суох истэ. Сотору Мэхээчэ аймана тµстэ:

– Сµідээр, дьоллоох эбиппит, кыстыкка тµбэстибит, кір даєаны, уот кылайар...

– Чахчы, чахчы эбит. Чэ, кытаат, хаамыыгын эбэн биэр.

Кудуччу хаамтаран бала±ан иннигэр кэллилэр. Бэрт эргэ, иэгэйбит сэргэлэргэ аттарын баайталаатылар. Арай аттар тугу эрэ сібµлээбэтэхтии таныыларын тардыр±атан ірі чинэрэІнэстилэр. Онно эрэ кыґаммакка, тоІмут дьон итиигэ тиэтэйдилэр. Бэрт сылбыр±атык хааман бала±ан ааныгар кэллилэр. Дьиктиргиэх иґин тэлгэґэ хаара хаґан да кµрдьµллµбэтэх. Киґи олорор сибикитэ биллибэтин иґин булчуттар дьиктиргии санаатылар эрээри, тоІуу, аччыктааґын баґыйан, тырыттыбыт хал±аны нэґиилэ хаачыгыраччы аґан биирдэ иґирдьэ баар буоллулар.

Барбах умайан симиІниир кімµлµік иннигэр арбайбыт ма±ан баттахтаах, тырыттыбыт таІас туомнаах, киґи кірµі±µттэн ынырык ыдьырыйбыт дьµґµннээх, мууґунан турулуччу кірбµт, эргэ эмэх мас курдук эмээхсин илиитин уокка сала сарбайан турар эбит.

Эмээхсин хаґааІІыттан эрэ кµµппµт ыалдьыттара кэлбиттэрин курдук µірэн, тииґэ суох айа±а амаІныы тµстэ. Илэ-сала тµґэн сыгынньахтыы о±уста. Бала±єаІІа киниттэн атын киґи баара биллибэт. Сыыдам µлµгэрдик хаІас диэкиттэн хантан да ылбыта биллибэккэ эт хоторон а±алан, туос µрдµгэр іріґілµµ кутан кэбистэ. Биґиги дьоммут дьиктиргии санаатылар эрээри, аччыктааґын барыны баґыйара кэмнээх буолуо дуо, ас µрдµгэр тµґэн ибир-сибир аґаан бардылар.

Мэхээчэ аґыырын былаґын тухары эмээхсинтэн хара±ын араарбата. Кини иґиттэ±инэ, бала±ан туой муостатыгар эмээхсин ата±ын тыаґа биир кэм тоґугураан олорор. Биир тµгэІІэ Мэхээчэ быґыччатын мµччµ тутан, остуол анныгар тµґэрдэ. Онтукатын ылаары тіІкійді. Онно кірі тµспµтэ до±оор, кини µйэлээх сааґыгар харахтаабатах дьиктитэ арылла тµстэ. Били эмээхсиммит ата±а сабырыччы µµммµт уґун тµµлээх сылгы туйа±єа буолан та±ыста. Мэхээчэ этэ саласта, уІуох уІуо±а бµтµннµµ босхо баран, биир кэм ип-илибирэс буолла. Хаана бµтµннµµ тоІон хаалбыт курдук кубарыйа ілін, кыайан саІарбат да, аґаабат да буола куттанан олордо. Сµідэрин диэки кірбµтэ, киґитэ тугу да сэрэйбэккэ аґаан тиниктэґэр.

Аґаан бµттµлэр. Мэхээчэ бобуллубут куолаґын нэґиилэ ыган таґааран эттэ:

– Эдьиэй, би-биґиги сылгыларбытын оннуларын буллара тахсыах этибит. Сойдохторо буолуо... Итиэннэ утуйар сірµібµтµн киллэриэхпит...

– То±ойдоруом, онно туохха кыґалынныгыт, барыта кэмигэр оІоґуллуо буолла±а ґэ-ґэ-ґэ...-диэн эмээхсин ынырыктык кµллэ.

Булчуттар ійдіін кірбµттэрэ, били кµірэ-лаІкы тµґэн сыппыт наара оронноро дьаарыстаммыттар. Ґрдµлэригэр нэк буолбут таІастар ууруллубуттар. Маны кірін, Сµідэр дьэ сэрэйэн, барыах-кэлиэх сирин булбакка тэпсэІнии тµстэ.

Биир тµгэІІэ эмээхсин хаІас диэки дьаадьаІнаата. Онуоха дьон таІастарын харбаат, таґырдьа ыстаннылар. Тµргэн µлµгэрдик аттарын µрдµгэр тµґэн, буур±а типпит тоІуутун то±о кэстэрэн, туох баалларынан иннилэрин диэки тибилиннэрдилэр. Кэннилэриттэн хал±ан аана ``хаачыр`` гынна да, эмээхсин ойон тахсан кэннилэриттэн эккирэттэ. Ат курдук тоІууну то±о кэґэн, ситиэхчэ сиппэккэ тилэх уопсан, ма±єан батта±а сылгы сиэлинии бураллан, харахтара абаккатыттан іссі мууґуран ат кутуругун сиирэ-халты харбыы истэ.

Јр дуу, ітір дуу сµµрбµттэрэ биллибэт, биирдэ ійдінін кірбµттэрэ – эмээхсин да суо±а, буур±а да астан, халлаан суґуктуйа сырдаан эрэрэ. Тиґэх сулус сµтµµтэ дьоммут суолларын булан, арыый кэІээн туох буолбутун ыраІалыы саныы истилэр.

Ити тµбэлтэ кэнниттэн уонча хонон баран, ол алааска дьон дьиктиргээбиттэрэ кэлэн кірін барбыттара да, бала±ан да, эмээхсин да бааллара биллибэтэх. Онон кинилэри кіннірµ харахтара иирбитэ буолуо диэн буолбута. Бу тµбэлтэ туоґулара– Мэхээчэлээх Сµідэр бэйэлэрэ да±аны кэнникинэн ити быґылааны тµµл-бит эрэ курдук саныыр буолбуттара. Сордоохтор, туох айыыны оІорон ітіх иччитин аймаабыттара буолла, ону билигин ким билиэй?– эґэм кэпсээнин тµмµктээбитин биллэрэн, тайа±ын ылан утуйар сирин диэки хаамта.

 

ХАЙДЫБЫТ БУЛГУННЬАХ

-Э ґээ, «Хайдыбыт булгунньах» туґунан іссі кэпсээ эрэ...-диэн баран эдьиийим хобордоо±ор бастакы алаадьытын кутан сырдьыгынатта.

– Ээ, тура тура «Хайдыбыт булгунньах» туґунан кэпсэттэрэн хааллаххытый, «Тохтобул алааґын» µґµйээнин кэпсээ – убайым уот иннигэр сытыы быґыччатынан арагаайка кыґа олорон ачаа±ын тµннµк диэки туґаайан кыІаан кірі-кірі бітµгµрээтэ.

-«Хайдыбыт булгунньах» туґунан хас да µґµйээн баар, хайата кырдьык эбитэ буолла... Чэ олортон биирин кэпсиим да±аны. О±ом алаадьытын сыта дыргыйан µчµгэйэ бэрт, онтон «Тохтобул алааґын», Кээрэкээн ойуун кэлиитин туґунан эмиэ кэпсээннэр араастара элбэх, ону кэлин кэпсиэм, – эґэм удьурхай хамсатын толору мохуорка симтэ уонна кэтэспит санаабар ір ба±айы наллаан олорон уматта. Онтон э±ирийэн баран икки муннутун µµтµнэн хойуу буруону будулутан таґаарбытын кірі сытан «эґэм дракон курдук муннутунан буруо таґаарар уонна хата ытырдан да кірбіт, ити ханна µірэммит буолла±ай, ыйыппыт киґи«-дии санаан баран кэпсээни истэ охсор ба±аттан санаабын быктарбакка хааллым.

– Былыр ити алаас «Хайдыбыт булгунньах» диэн буолбакка кіннірµ «Булгунньахтаах» диэн эбитэ µґµ. Дьэ, онно Баал-Уус диэн сытала суох баай тимир, кімµс ууґа киґи олорбут. Кини µстэ ойохтоно сылдьыбыт да±аны кыайан о±оломмотох. Кэнчээритэ суох хаалар буоллум дии санаан синигэр тµґэн сырытта±ына кэннэки ойо±о кыыс о±ону бэлэхтээбит. Баал-Уус µірµµтµттэн ойо±ор хас эмэ бууттаах кімµґµнэн симэх оІорон кэтэппит уонна эмиэ оннук толору симэммит µµт ма±ан акка о±отун кітіхтірбµтµнэн олордон, дьон кірін сіхтµн диэн алааґын биир гына тігµрµччµ хаамтаран а±алан тµґµлгэ±э киллэрбит. Хайыай, былыр о±ото суох диэн аньыыга тэІнэґэрэ, онон аньыытыттан ыраастаммытын ити курдук биллэрдэ±э. Ол эрээри сахалар баайынан киэптиири тіґі±і да±аны ахсарбат буолаллара. Эмиэ ыаллыы олорор Ымыйахаан Уола диэн баай киґи утары тахсан: «Туохха эрэ дылы биир кыыстаммытынан іІµннэ±эй, саатар уол эбитэ буоллар», – диэн баран утары иґэр сылгыны быґа хааман тµґµлгэттэн тахсан барбыт. Онуоха Баал-Уус кыыґыран: «Дьахтартан сиргэммиттээх буола буола, эн даа уолаттарыІ дьахтара суох хайдах сириэдийэллэрин кірµллµі, хайалара да±аны ойох ылбатын, биир сымыыты баттаабатын», – диэн кырыы-таныйа хаалбыт.

Кэм-кэрдии ааґан испит. Ыаллыылар істіґін сылдьыспат буолбуттар. Баал-Уус кыґыйан эппит кырыыґа тиийэн Ымыйахаан эрдэ тіріібµт уолаттара биирдэстэрэ да±аны ойох ылбакка сылдьыбыттар. Онтон Баал-Уус кыыґа сахаларга ітірµнэн тірµібэтэх кэрэ сэбэрэлээх, µтµі таґаалаах µчµгэйкээн кыыс дьахтар буола улааппыт. Ыраахтан-чугастан ойох ылаары саха бэттэрэ бары сыбыытаабыттар да±аны кыыс кими да±аны чугаґаппатах. Ол сылдьан ыалын Ымыйахаан Уолун ылгын уолун кірін сµрэ±инэн сібµлээн санаатын киниэхэ эрэ уурар буолбут. Онтон уол буолла±ына таІнары кыраммыт барахсан кыыс диэки кірµін да ба±арбат эбит. Кыыс мантан санаар±аан иинэн-хатан барбытыгар ыксаан а±ата:

-Тоойуом, бу туох буоллуІ? Олоххо анамматах киґини санаа±ыттан бырах. Эттэргин эрэ мин эйиигин ханнык ба±арар µтµі саха±а эргэ биэриэм этэ. Дьэ ити биґиги урут, эґиги тірµµргµтµгэр тіттірµ кыраспыт аньыыбыт туолан бу буолан эрдэхпит, – диэхтиир эбит да±аны, кыыґа атын дьон диэки кірµін да ба±арбат.

Кэмниэ кэнэ±эс хайыыр да кыа±ыттан тахсан Баал-Уус кыыґын кµµґµнэн чугастаа±ы улуус киґитигэр эргэ биэрбит. Онуоха кыыс сµктэн бараары олорон тиґэх тігµлµн тапталлаа±ын кіріірµ ыаллыы алааска тэбиммит. Ол тиийэн мас мастыы турар уолу кууґан ылан сыллаабыт-уураабыт. Онуоха уол уутуттан уґуктубут курдук буолан кыыска хардарааччы буолбут. Кыыс оччону билэн баран эргэ тахсарыттан аккаастаммыт. Онуоха аннараа дьон саакка киириэхпит дуо диэн кыыґы кµµстэринэн илдьэ барбыттар. Кыыс ат сыар±атыгар кэлгиллэн иґэн сµрдээх иччилээхтик тапталлаа±ын ыІыран ырыа ыллаабыт. Ону истэн баран илдьэ испит эрэ буолуохсут: «Миэхэ тиксибэт буоллаххына кимиэхэ да тиксимэ», – диэн баран µІµµнэн ітірµ тµґэн ілірін кэбиспит уонна кыыскыт бэйэтигэр тиинэн куґа±аннык іллі диэн дьонугар а±алан бырахпыт. Ордугун іссі саат куттаран Баал-Уус баайын аІарын тиэйэн барбыт.

Баал-Уус туох баар баайын барытын кутан туран кімµс атыылаґан о±отун µрдµттэн анныгар диэри симээбит, уонна кыґатын уотун аны кµідµйбэтин диэн кімін кэбиспит. Кыыґын саІа тіріібµтµгэр кітіхтірбµтµн курдук µµт ма±ан толору кімµс симэхтээх акка тыыннаах курдук олордубут уонна алааґын эргитэн а±алан алаас ортотугар турар томтор саамай оройугар таґааран «Саатар ыраахтан тапталлааххын кірі сыт», – диэн анал атын, энньэ кулутун кытта кімнірбµт.

Онтон Ымыйахаан Уолун кыра уола кыыґы алыс таптаан кµн аайы томтор µрдµгэр тахсан ытаан-соІоон тахсар буолбут. Дьон аґынан µµрбэт-тµрµйбэт эбиттэр. Онтон улам уол тапталлаа±а кімµллµбµт сириттэн олох барбат буолбут. Дьон тахсан кірдіхтірµнэ кыыс кімµллµбµт сиригэр умса тµґэн ытыы сытар буолар эбит. Биирдэ булгунньах уол сыппыт сиринэн хайа барбыт. Киґи хара±ар ылларбат дириІ хаспах аІайан тахсыбыт. Уол ону кірін олус µірбµт, до±орум миигин бэйэтигэр ыІырда дии санаабыт уонна онно ыстанан кэбиспит. Кэлин томтор хас эмэ сиринэн хайдан ити кыра кыра томтордор µіскээбиттэр. Бука тапталлаахтар бэйэ бэйэлэрин булсан ити томтор о±олорун µіскэппиттэрэ буолуо диэн кэпсииллэрэ, – эґэм кэпсээнин тµмµктээн саІата суох умуллан хаалбыт хамсатын соппойбохтуу олордо.

– Эґээ, онтон ааспыкка кыыс кімµс симэ±эр ымсыыран уоруйахтар томтору µнтµ хаспыттарыттан мууґа ирэн хайа барбыт диэбитиІ дии...-убайым алаадьы сиэн мотуйа-мотуйа омуннаахтык добдугуратан ыйытар.

– Оннук кэпсээн эмиэ баара, – эґэм сонньуйар.

– Оччо элбэх кімµґµ кірдіібіккілір, ким эмэ булбута буолуо дуу эґээ? – эдьиийим хара±а ча±ылыІныыр.

– Ким да онтон кімµс булбутун истэ иликпин. Ба±ар кырдьык ити томтордортон биирдэстэригэр эмэ кистэнэн сыталлара буолуо. Ол эрээри киґи илдьэ барбыт этитиилээх кімµґэ атын киґиэхэ µтµінµ оІорбот. Эґиги сиргэ да сытар атын киґи кімµґµн ылбат буолуІ. Ананан эрэ оІоґуллубут кімµґµ кэтэр куолу. Кімµс бастакы эрэ иччитигэр иІимтиэ буолар. Мин ону кинини кытта элбэхтэ эрийсибит буоламмын билбит суолум, –
диэн эґэм барахсан сµбэлии олордо.

 

СЈЛҐҐКҐН

-Д ьэ, чыычаахтарыам, атаххыт таІастарын µчµгэйдик хомуйан баран утуйуІ, бу тµµн сілµµкµттэр тахсар тµµннэрэ, – эґэм кэтэх тардыстан сытан биґиги утуйаары сµпсµгµрэрбитин истэн тиэхэлиир.

– Эґээ, сілµµкµн диэн киґи дуу абааґы дуу? Уонна ол мин онньунан барбыт этэрбэспэр то±о ымсыырар? – мин суккун этэрбэспин сілµµкµІІэ биэримээри ыга кууґан туран ыйытабын.

– Сілµµкµттэр диэн уу иччитин о±олоро. Кириґиэнньэ тµµн таІара туох баар кµіллэри, ірµстэри барытын сибэтиэй уунан ыґар. Кір, сілµµкµттэр ону олох абааґы кіріллір эбит, ол иґин ойбонтон тахсаннар ыаллар дьиэлэрин кэрийэ бараллар. Кинилэр сыгынньах буоланнар бу µлµгэр тымныыга тоІон таІас кірдµµллэр, дьэ онно ити эґиги ыспыт таІастаргытыгар тµбэстэллэр эрэ, ылаллара быраап, – эґэм кµлэн 굴µгµрэтэр.

– Былырыын Бµіккэ хаатыІкатын аІара сµппµтэ дии, ол кинилэр уларсыбыттар этэ дии, эґээ? – эмиэ туоґулаґабын.

– Ээ, оокком сыыґа, этэрбэґин туомакатын былдьатымаары токкоолоґо тураахтаата±а µґµ, кэл манна, мин хоонньубар угуох, дьэ миигиттэн ба±ас был-дьаабаттара чахчы...– мин µірэ-кіті сµµрэн тиийэн эґэм сылаас, куобах тириитэ суор±анын анныгар дьылыс гынабын.

– Эґээ, эн сілµµкµттэр тустарынан тіґі элбэх кэпсээни билэ±ин?

– Албыннаґыма до±оор, судургу кэпсээ диэтэ±иІ, – дии-эґэм ыга кууґан баттахпыттан сырылаччы сыллаан ылар, – кэпсээни ба±ас кэпсээн буолла±а дии. Чыычаах о±ото, кімµс о±ото кэлин улааттаххына мин кэпсээннэрбин сиэннэргэр кэпсээр, умнубат инигин? – эґэм миигин таптаан ымманыйар. Онтон ірі тыынан баран:

– Дьэ маннык, былыр сахалар бу кэмнэргэ тµµнµн таІха иґиллиир, билгэ билгэлиир буолаллара. Ол курдук Сµµлµк Сµідэр диэн сµрдээх хаартыґыт, эргиэмсик, сµµлµк киґи кириґиэнньэ тµµн таІха иґиллии диэн эрдэттэн оІостон кµіл кытыытыгар турар эргэ чардааттаах киґи уІуохтарыгар кэлэн мэнэрик эмээхсин уІуо±ун миинэн баран µіт тµрэ±инэн µстэ кымньыылаан кууґуннарбыт уонна мууґурбут киґи курдук туттан кµіл диэки хайыґан олорунан кэбиспит. Кµіс быстыІа чыпчылыйбакка да±аны олорбут. Арай сотору со±ус ойбон тоІмут мууґа курдур±аабыт уонна онтон ырдьаччы тоІмут сыгынньах, а±ыстаах о±о са±а тµірт сілµµкµттэр ойуоккалаґан тахсыбыттар. Бастакы тахсыбыт сілµµкµн:

– Оо, бу ба±айы хайы-сах хоІоруута туртайан олорор эбит буолбаат... – диэбит. Онуоха биирдэстэрэ:

– Бэйи, дэлэ±э µіннээх киґи буолбатах, тургутан кірµі±µІ: диэбит да±аны тоІмут сылгы саа±ынан кыІыы-кыІыы быра±аттаан кууґуннарбыт. Иккистэрэ:

– ¤э, иэ±эІнииргэ дылы гынна ээ, мууґунан тамныах, – диэн баран аны о±о тібітµн са±а мууґунан тамнаабыт. Сµідэр арыычча тулуйан олорбут. Онтон саамай кырдьа±астара ойбон аттыгар сытар сµллµгэс маґы харбаабыт да±аны биирдэ Сµідэр аттыгар бэрикис гына тµспµт уонна оройго саайан кууґуннарбыт. Сµідэр ыарыытыттан хаґыытыах курдук санаан баран харчыга ымсыы санаата баґыйан «мыых» да диэбэтэх. Онуоха сілµµкµттэр чахчы ілбµт дии санаан аттыгар чугаґаабыттар. Сµідэр хара±ын кырыытынан кірді±µнэ сілµµкµттэр быґыылара эрэ киґиэхэ майгынныыллар эбит, уоннаа±ылара адьас атын буолбут. Бастатан туран, эттэрэ муус курдук кіІдій кісті сылдьар эбит. Аны чааскы са±а мууґунан турулуччу кірбµт иччитэ суох харахтаахтар уонна мунну-айах диэн суох дьоно эбиттэр. Быа курдук уґун синньигэс илиилээхтэр, атахтаахтар, сиргэ субулла сылдьар кутуруктаахтар, уу ньама±а баттахтаахтар.

– Ба±айы, дьэ µтэґэтэ туолбут. Тыыннаа±ар а±ыс улууґу ата±астаабыт, то±ус улууґу тохпут улуу тµікµн этэ. ҐсээІиІ, киґи киґи курдук быґыылаах эрээри иґэ абааґылаах кµтµр этэ. Кини µтµітµнэн аймахтарын холумтана тµІнэстэрин билбэккэ барда±а. Улахан уола кинини батан атыыр албын буолан аар-саарга аатырыа. Ол гынан уґуо суо±а, хаайыы киґитэ буолан сай±аммат саакка, сууйуллубат суукка киириэ±э. Иккис уола арыгыґыт атамаана буолан суолга охтуо. Кыыґа муІнаах эрдэригэр табыллыбака бэйэтигэр тиинэн ілір дьыл±алаах. Сиэннэрэ да сир ітµі суохтар, дьон тыла тиийбит о±олоро туох аанньа буолуохтарай. Кэнэ±эскитэ суох киґи быстах µірµµтэ буоллун, харчынан ииригирэрэ эрэ бэрт, харыар диэри кутан биэриІ... – диирин кытта аттыгар турбут сілµµкµттэрэ ойбоІІо умсан иккилии куулу толору симиллибит кімµс манньыаттары соґон таґааран аттыгар уурбуттар.

– Дьэ, ити кэннэ бу улуу дьаалыны киэр гыныІ! – диирин кытта Сµідэр миинэн олорбут чардаата мэнэрийэ тµспµт. Айаас ат курдук ірі міхсµбµт. Сµідэр чардаат ар±аґыттан сууллумаары кытаахтаґа сатаабыт даа чардаат адарай ар±аґа дьілµтэ кэйиэлээн тµІнэри мі±ін тµґэрбит. Киґи тіґі да суулуннар санаата харчыттан арахпатах, ойон туран икки куулу харбаат бала±аныгар ыстаммыт. Биирдэ бала±ан ортотугар баар буола тµспµт уонна куулларын тілµтэ тыытан таІнары сахсыйбыт. Онуоха кімµс манньыаттар лыІкыныы-лыІкыныы сири биир гына ыґылла тµспµттэр. Дьиэлээхтэр соґуйан:

– Хайа Сµідээр, бу уу ньама±ын, ба±атын-чохутун то±о хаалаан та±ыстыІ? – дэспиттэр. Сµідэр итэ±эйбэккэ:

– КірµІ ээ, хайдахтаах курдук байдым, мин диэн саха сатабыллаа±а буолла±ым дии, сілµµкµттэри кытта сµµлµктээтим, – дии-дии уу ньама±ын µіґээ-аллараа ырыллаІната олорбут.

-Сµідээр, бу туох буоллуІ, уоскуй, киґи киэбиттэн тахсаары гыммыккын дуу тугуй?-ойо±о эрэйдээх кутталыттан титирии, титирии буойа сатаабыт.

-Суох, бу дьон харахтара симиллэн тµґэн, бу µлµгэр кімµґµ кірбіккµт то±о бэрдэй, ханнаа±ы ньама±ы этэ±ит...-дии, дии кыыґыран барбыт. Дьон куттанан таґырдьа ыстаммыттар.

Сµµлµк Сµідэр ити курдук харааччы иирэн хаалбыт. Кэлин ким да киниэхэ чугаґаабат буолбут. О±онньор со±отох да хааллар хал±анын хатанан баран ол ньама±ын, ба±ытын-чохутун аа±а олорорун дьон тµннµгµнэн кіріллір эбит. Дьэ, онон халлаантан саккыраабыт харчы-µп тіґі±і да±аны µтµінµ а±албат эбит о±олоор. Киґи бэйэтин кіліґµнµнэн булбут µбэ эрэ кµндµ буолар. Ону, бэл, сілµµкµттэр билэллэр эбит, – эґэм іссі да элбэ±и кэпсиир быґыылаа±а да мин хара±ым силимнэґэн эґэм сылааґыгар таттаран утуйан бардым.

Hosted by uCoz