Быйыл
СР бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев «Норуотум ыра
санаатыгар» диэн кинигэтэ «Бичик» кинигэ кыЇатыгар күн сирин көрдө.
Кинигэҕэ Михаил Николаев өр сыллар усталарыгар иитиэхтээн сылдьыбыт
санааларын ааҕааччы суутугар таЇаарар. Кини киирии тылыгар маннык
суруйар: «… норуот бэйэтин историятыттан толору уон икки сылын
устата дьылҕатын миэхэ итэҕэйбитэ… кини чиэЇин… Орто бараан дойдуга
баарым тухары… харыстыырга бэлэммин». Михаил Ефимович билигин
олохпут сыаннастара, тутула барыта түҥнэри эргийбит кэмнэригэр
биЇиги, сахалар, омук быЇыытынан хааларбытыгар, ханнык суолу
тутуЇарбытыгар бэйэтин көрүүлэрин этэр. Бу нүөмэргэ биЇиги ол
кинигэттэн быЇа тардыыны ааҕааччыга билиЇиннэрэбит.
Мин республика бастакы президенэ
буолар үрдүк чиэскэ тиксибитим. Хас биирдии түгэнэ норуоппар,
тапталлаах дойдубар бэриллибит уон сылбын эргитэ санаан көрөммүн
ааҕааччы болҕомтотугар таЇаарар кинигэбэр республика кэнники уон
сылга сүрүн ситиЇиилэрин ырытарга уонна кини ХХI үйэ маҥнайгы
чиэппэригэр сайдыытын стратегическай хайысхаларын торумнуурга
холоннум.
Политика диэн үгүстүк кирдээх
дьыала диэччилэр. Ону үксүгэр биитэр билбэттэриттэн, биитэр
политикаҕа кистэлэҥ иирсээннэр көмөлөрүнэн киирэргэ сорунааччылар,
ону тэҥэ айдааннаах историялары сөбүлээччилэр этэллэр. Күннээҕи
сүпсүлгэҥҥэ үөрүйэҕэ суох киЇи, кырдьыга, дьылҕаны быЇаарар
дьайыылар уонна быЇаарыылар сүрүн хайысхалара ханан ааЇарын, оттон
историяны хамсатар араас күүстэр интэриэстэрин охсуЇар күүрээннэрэ
ханна буоларын быЇаарарыгар ыарахан буолааччы.
Улахан тэйиччиттэн көстөөччү.
Көлүөнэлэр солбуЇаллар, онуоха урукку көлүөнэлэр тыллара уонна
дьайыылара историческай событиеларынан сиидэлэнэллэр. Личность
кээмэйэ төЇөнөн бөдөҥ да, соччонон кини историяҕа оруолун туох
баарынан сыаналааЇын уустугурар, тоҕо диэтэххэ, кини үлэтин
сабыдыалыттан үөскээбит долгуннар нуҕарыйан сыппыт күүстэри общество
түгэҕиттэн көбүтэн таЇаараллар, сүрүн сыаннастар уларыйаллар уонна
бэйэлэрин интэриэстэрин көмүскэлигэр дьон маассатын тардаллар.
БиЇиэхэ Россия норуотун историятын тосту уларыйыылаах чэпчэкитэ суох
кэмигэр олорор, ол да буоллар үгүс өттүнэн үтүө өрүттээх дьылҕа
тосхойбута. Пролетариат диктатуратынан, нэЇилиэнньэ быстар дьадаҥы
араҥатын охсуЇуутунан уонна коммунистическай государство идеалларын
туЇугар сэбиэскэй дьоннор героическай көлүөнэлэрин үлэлэринэн
оҥоЇуллубут барыта утумнаан туран урусхалламмыта. БиЇиги харахпыт
ортотугар государствоны үөскэтэн олорбут суос-соҕотох күүс чөмчөкөтө
– Сэбиэскэй Союз Коммунистическай партията – революционердар
идеалларын таҥнаран, бэйэтин бэйэтэ ыспыта, салгыы Сэбиэскэй Союз
сууллубута, онтон сэбиэскэй былаас эстибитэ уонна уочарат Российскай
Федерацияҕа тиийбитэ. Ити кырыыстаах бэлиэ кэрдиис норуот утарсар
тыына баар буолан туорамматаҕа. Норуот үйэлэр тухары мунньуммут
духовнай сыаннастарын үрэйиигэ уонна кинини бэйэтин эт-хаан өттүнэн
булгурутууга бары ньымаларынан дьулуЇааччылар дьайыылара билиҥҥитэ
норуот уҕараабат тулуурунан харгыстанан турар.
Норуот духовнай сыаннастара –
норуот историятыгар сүрүн уонна тиЇэх кириэппэс. Бэйэтин ис көҥүлүн
сүтэрбит норуот дойдутун халааччылартан тас көҥүлүн, төрөөбүт
дьиэтин-уотун, тылын уонна культуратын, оҕо саас дьолун уонна эйэ
дэмнээх кырдьар сааЇы хаЇан да көмүскүүр кыаҕа суох буолар.
Аҥаардас байар-тайар туЇугар
олоруу, оттон киЇи олоҕо баайга-дуолга холоотоххо туох да солуута
суоҕа бары иЇитиннэрэр-биллэрэр каналлар нөҥүө күүскэ олоххо киллэрэ
сатыыр саҥа сыаннастара итилэр буолаллар. Бэйэм президеннээн олорор
сылларым усталарыгар элбэх күүспүн уонна болҕомтобун Саха сирин
дьоно өй-санаа өттүнэн чэбдик буолалларын көмүскүүргэ уонна
барҕардарга уурбутум. Норуот өйө-санаата – Сибэтиэй Русь тыЇыынча
сыллаах историятыгар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит саамай
ытык баайа. БиЇиги көлүөнэбит үрдүк иэЇэ – бэйэ норуотун чөлүнэн
хаалларыы уонна көмүскээЇин.
БиЇиги норуоттарбыт историялара
– ис дьиҥин ыллахха бэйэлэрин олоххо идеалларын илдьэ хаалар иЇин
охсуЇуу. Чуолаан ол иЇин кэлиҥҥи сүүс сыл норуот бэйэтин чиэЇин
харыстаныытын, бэйэтэ уратылаах буолуутун иЇин охсуЇуутун быЇыытынан
ааста. Айылҕаҕа, обществоҕа уонна бэйэ икки ардыгар бииргэ олоруу
сиэр-майгы өттүнэн төрүттэрэ судургулар уонна дьэҥкэлэр, ол эрээри
история уустук кэмнэригэр олор киЇи дьүүллээбэт буола бутуллаллар.
Оннук кэмҥэ хараны үрүҥ диир, кырыктааҕы үтүө санаалаах диир, бэйэ
туЇун көрүнүүнү уопсай дьыала туЇугар кыЇаллыы курдук көрдөрөр
чэпчэки.