Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Анатолий НЕЛУНОВ

Тылдьыт историятыттан

1972 сыл Саха тылын улахан быЇаарыылаах тылдьытын дьылҕатыгар бэлиэ кэрдиис кэм буолар. Оччотооҕуга Тыл, литература, история Институтугар тыл салаата баара да, сүнньүнэн икки хайысхаҕа – кырамаатыкаҕа уонна түөлбэ тылларга үлэлиирэ. Проф. Л.Н. Харитонов, онтон кэлин Е.И. Коркина салалталарынан ити хайысхаларга элбэх үлэ ыытыллыбыта, үрдүк ситиЇиилэр да бааллара. Ол эрээри тыл тус суолтатын чинчийии, литературнай тылбыт хайдах сайдан иЇэрин, ханнык туруктааҕын, тылбыт баайа төЇө буолбутун о.д.а. сүнньүнэн лексикология уонна лексикография эргимтэлэригэр сыЇыаннаах проблемалары үөрэтии тыл үөрэхтээхтэрин тирээн турар соруктара буолбута. Ону өйдөөн, оччотооҕуга эдэр учуонай филологическай наука кандидата П.А. Слепцов ити боппуруостары анаан үөрэтэр, чинчийэр саҥа секторы аЇарга туруорсубута. Институт дириэктэрэ Е.И. Коркина ону өйдөөн, филиал Президиумун бэрэссэдээтэлэ академик Н.В. Черскэйгэ туруорсан, дакаастаан «Лексикология уонна лексикография сектора» диэни астарбыттара. Сектор салайааччытынан П.А. Слепцов анаммыта. Институкка хайы-үйэ үлэлии сылдьар научнай сотрудниктар Е.И. Оконешников, А.С. Луковцев, лабораннар К.Н. Корякина, М.Т. Жиркова саҥа тэриллэр секторга кэлбиттэрэ. Эбии вакансия кэлбит быЇыылааҕа, онон Петр Алексеевич каадырдары көрдөөн барбыта. Онно сөп түбэЇиннэрэн миигин, Г.В. Попову, С.П. Андросованы, арыычча кэлин Н.С. Попованы секторга лаборанынан үлэҕэ ылбыта.

Тылдьыты, буолаары буолан улахан тылдьыты, оҥорорго тирэх буолар база баар буолуохтаах. Онон хайаан да бастатан туран академическай картотеканы тэрийии наада буолта. Бу элбэх сыраны, хара үлэни эрэйбитэ. Өксөкүлээхтэн саҕалаан билиҥҥи эдэр суруйааччылар айымньыларыгар тиийэ, уус-уран сурунааллар, хаЇыаттар, анал литературалар тылларын-өстөрүн илиинэн устан мунньуох диэтэххэ, дьэ, кырдьык, саллыылаах суол этэ. Аны туран быЇаарыылаах тылдьыты оҥорууга үөрүйэхтээх омуктар лексикографтара суруйалларынан улахан тылдьыты оҥорорго кырата биир мөлүйүөн цитата-холобурдаах картотека баар буолуохтаах. 4-5 лаборант бачча цитата-холобуру устарыгар хас эмэ уонунан сыллар барыыЇылар диэн эбии күүЇү көрдөөЇүн саҕаламмыта. Хата, оччолорго улахан институттар сыл бүтүүтүгэр кыра да буоллар туЇаммакка хаалбыт харчылаах буолаллара, ону биЇиэхэ биэрэллэрэ. Ол харчынан саха тылыгар сыЇыаннаах пенсионер эмээхситтэри, оҕонньоттору, учууталлары, студеннары үбүлээн холобурдары уЇултарарбыт. Элбэх киЇи аата элбэх киЇи. Сыыйа картотекабыт эбиллэн, санаабыт көтөҕүллэн барбыта.

Биллэн турар, итини сэргэ научнай үлэнэн эмиэ дьарыктанарбыт. Научнай сотрудниктарбыт бэйэлэрэ туспа тиэмэлэрдээх этилэр. БиЇиги Г.В. Попов, мин, Н.С. Попова кандидатскай диссертацияларбытыгар үлэлэЇэрбит. Ону таЇынан атын омуктар быЇаарыылаах тылдьыты оҥорор уопуттарын үөрэтэрбит, лексикологияҕа уонна лексикографияҕа сыЇыаннаах научнай үлэлэри ааҕарбыт, бэйэбит испитигэр ити боппуруостарга научнай семинардары ыытарбыт. 1970-с сыллар бүтүүлэрин диэки икки барыйааннаах (улахан, сиЇилии быЇаарыллыбыт, сүүстэн тахса страницалаах уонна дьоҕус, кылгатан суруллубут, туттарга табыгастаах) инструкциялар оҥо-Їуллубуттара. «Боруобалыыр ыстатыйалар» диэннэри оҥорон барбыппыт. Ол сүр-дээх туЇалаах этэ. Бары даҕаны маннык
дьыалаҕа уопута суох этибит. Арай Петр Алексеевич сахалыы-нууччалыы тылбаас тылдьытыгар үлэлээбит уопута баара. Оҥорбут ыстатыйаларбытын сотору-сотору ырытыЇарбыт, дьүүллэЇэрбит. Ордук дьүЇүннүүр тыллары быЇаарыы сүрдээх уустук этэ. МөккүЇэн, арыт бэйэбит араастаан хамсанан, артыыстаан көрдөрө сатыырбыт туспа күлсүү буолара. Уопсайынан, урукку өттүгэр саха тылыгар быЇаарыылаах тылдьыты оҥоруу үгэЇэ суоҕа үлэбитигэр элбэх ыарахаттары үөскэтэрэ. Онон, син балачча түөрүйэ, быраактыка өттүнэн бэлэмнэнэн, картотекабытыгар мөлүйүөн курдук цитата холобур хомуллубутун кэннэ, 1980 сыллар саҕаланыыларыттан дьиҥнээхтик тылдьыты оҥоруу саҕаламмыта. Тыл суолтатын толору, дьэҥкэтик, ааҕааччыга дөбөҥнүк уонна арылхайдык тиийэр гына биэрии үгүс сыраны-сылбаны, тылы дириҥник билиини, тыл дэгэтин, толбонун, «сытын-сымарын» эккинэн-хааҥҥынан иҥэрэн өйдөөЇүнү эрэйэр. Тылы билэр да буоллаххына, ону сатаан суолтатын арыйан көрдөрүү бэйэтэ туспа дьоҕур, талаан да буолар диэххэ сөп. Манна даҕатан эттэххэ, тылдьыты оҥорооччулар олус аҕыйах буоламмыт, тылы билэр, тылга дьоҕурдаах
дьону тылдьыт оҥоЇуутугар тардар санаалаах этибит. Кырдьык, элбэх киЇи сөбү-лэспитэ, ол иЇигэр саха тылын учууталлара, суруналыыстар, суруйааччылар, научнай үлэЇиттэр. Ол гынан баран, кэнники баЇыйар үгүстэрэ кыайыа суохпут диэн аккаастаан, тарбахха ааҕыллар киЇи хаалбыта. Дьиҥнээхтик туруулаЇан, киЇи кыр-дьык ылынар словарнай ыстатыйалары суруналыыс М.В. Колодезников, уруккута научнай үлэЇит, сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы тылдьыттары оҥорсубут, кэлин тыаҕа тахсан учууталлаабыт Н.В. Скрыбыкин оҥорон биэрбиттэрэ. Онон тылдьыт оҥоЇуллуута уЇуур-кэҥиир чинчилэммитэ. Ити кэмҥэ университеттан лексикографияҕа түөрүйэ да, быраактыка да өттүнэн чахчы бэлэмнээх, филологическай наука кандидата, доцент П.С. Афанасьев кэлэн улахан күүс-көмө буолбута. Ол да буоллар, словарнай ыстатыйалары суруйааччылар олус аҕыйах этибит. Петр Алексеевич Слепцов сөптөөх суолу тобулбута: бакаа бу аҕыйах күүЇүнэн үлэлээн иЇэр кэммитигэр тылга сыЇыаннаах эдэр ыччаттары ылан, аспирантураҕа үөрэтэн, лексикографияҕа сыЇыаран бу улахан тылдьыт унньуктаах уЇун үлэтигэр кэлин сүрүн күүс буолар гына толкуйданыаҕыҥ диэн. Онон университеты бүтэрэн баран онно-манна үлэлии сылдьар эдэр дьону ыҥыран аспирантураҕа ылаттаан барбыппыт. Ити курдук утуу-субуу В.И. Лиханов, Н.Н. Васильева, В.Д. Монастырев, Ф.Н. Дьячковскай, Л.М. Готовцева, И.В. Аммосова, Е.В. Семенова билигин баар-суох туруу үлэЇиттэрбит буолбут оҕолорбут кэлитэлээн барбыттара. Ити кэмнэртэн билиҥҥэ диэри биЇи эрэллээх лабораннарбыт Е.И. Алексеева, Л.Н. Аммосова ситиЇиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Кэнники кэмнэргэ биЇи кэккэбитин кэскиллээх эдэр үлэЇиттэр Н.М. Васильева, М.Д. Куличкина хаҥаттылар. Быстах кэмнэргэ да буоллар балачча таЇаарыылаахтык Е.Н. Луковцева, Нь.М. Иванов, А.И. Эверстов, Г.В. Антонов, К.С. Эверстов, Е.Н. Васильев, И.И. Осипов үлэлии сылдьыбыттара. Хомойуох иЇин, эбиллии эрэ баар буолбатах этэ. Тылы чахчы билэр, тылдьыт туЇа диэн баран муннукка ытаабыт, быЇаарыылаах тылдьыты оҥорууга анаан төрөөбүт курдук дьоннорбут П.С. Афанасьев, А.С. Луковцев, Г.В. Попов, В.И. Лиханов хайы-үйэ биЇиги кэккэбитигэр суохтар.

Дьэ, ити курдук саҕаламмыта саха тылын элбэх туомнаах улахан «БыЇаарыылаах тылдьытын» оҥоруу.

Тылдьыт туЇунан
аҕыйах тыл

Билигин үс бастакы туомнара Новосибирскай куоракка «Наука» издательствоҕа бэчээттэнэн таҕыстылар. Бу дьыл бүтүү-түгэр өссө икки туом бииргэ тахсыахтаахтар. Тылдьыт барыта 15 туомнаах үлэ быЇыытынан былааннанар буоллаҕына, кэлэр сыл саҥатыгар саха ааҕааччылара тылдьыт уопсай кээмэйин үс гыммыт биирин илиилэригэр тутар, туЇанар, сыаналыыр кыахтаннылар.

Тылдьыт тиибинэн быЇаарыылаах тылдьыттар көрүҥнэригэр киирсэр. Ол эрээри биир сонун уратылаах. Үгэс курдук, атын омуктарга быЇаарыылаах тылдьыт биир тылынан (төрөөбүт тылынан) оҥоЇуллар, оттон бу тылдьыт икки тылынан (сахалыы уонна нууччалыы) быЇаарыылаах тахсар. Бу киэҥ ааҕааччы туЇаннын диэн санааттан. Саха тылын сэҥээрэр атын омук дьоно уонна сахалыы билбэт эбэтэр мөлтөхтүк билэр эдэр ыччаппыт араҥата туЇаналларыгар көмөлөөх буоллун диэн.

Бу улахан тылдьыкка саха тыла төЇө хомуллубутунан (академическай картотекаҕа) барыта киллэриллэ сатаата (быдьар тыллартан, кыараҕас туттуллуулаах түөлбэ тыллартан, анал салааҕа туттуллар көннөрү дьон билбэт тиэрминнэриттэн уратылар). БыЇа холуйан 75000 тыл киирэн быЇаарыллыа диэн былаанныыбыт. Ити аата, быЇаарыллыбыт тылын ахсаанынан Э.К. Пекарскай тылдьытыттан үс төгүл улахан буолуохтаах.

Тыл холобура суох тылы чинчийбэккин. Саха тылын ханнык баҕарар салаатыгар үлэлиир дьоҥҥо, ону ааЇан атын уруулуу тыллары тэҥнээн үөрэтэр студеннарга да, учуонайдарга да эрэллээх тирэх буолара саарбахтаммат.

Литературнай тыллаахпын диир омук хайаан да тылын баайын, нуорматын көрдөрөр быЇаарыылаах тылдьыттаах буолуохтаах. Бу тылдьыт толору таҕыстаҕына саха омук сиппит-хоппут литературнай тыллаах эбит диэн бигэ туоЇу буолуо.

Тылдьыт кэлин тахсыбыт «Сахалыы таба суруйуу тылдьытын» ирдэбиллэригэр сөп түбэЇиннэрэн оҥоЇуллар. Уопсайынан, тылын баайынан, быЇаарыытынан, холобурдарынан, стилистическэй, грамматическай бэлиэлэринэн научнай, нормативнай тылдьыттар ахсааннарыгар киирсэр.

Билигин тылдьыты төЇө кыалларынан түргэнник оҥорон бүтэрэр сыаллаах эйэлээх, биир санаалаах кэлэктиип күүЇүн харыстаабакка дьулуурдаахтык үлэлиир.


Анатолий Гаврильевич НЕЛУНОВ, филологическай наука кандидата, ГЧИ сүрүннүүр научнай үлэЇитэ.

Hosted by uCoz