Римма ЖИРКОВА
Тыл бэлиитикэтин
Сэбиэтин үлэтин
түЇүмэхтэрэ
1. Саха Республикатын Президенэ
Вячеслав Анатольевич Штыров тыл политикатын туЇунан 604 №-дээх
Ыйааҕа 2002 сыл сэтинньи 19 күнүгэр тахсыбыта.
Саха Республикатын
государственнай уонна официальнай тыллара сайдалларыгар, хардарыта
байытыЇалларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр, киЇи тыллары
туттуутугар социальнай, экономическай уонна юридическай мэктиэлэрин,
ол сокуонунан көмүскэнэрин хааччыйар сыаллаах СР Президенигэр Тыл
политикатын сэбиэтин тэрийэргэ Ыйаах ылыллыбыта. Бу Ыйаахха Саха
Республикатын Президенигэр Тыл политикатыгар сэбиэт туЇунан
балаЇыанньа, сэбиэт састааба бигэргэммитэ.
Үлэ сүнньүн Президент салалтатын
уонна Правительство таЇымынан быЇаарар Сэбиэт тэриллиитэ
государственнай статустаммыт төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кэҥээн,
функциялара бөҕөргөөн, үөрэх-билии таЇымыгар ситэри-хотору
туЇаныллан, улам-улам туруга тупсан иЇэригэр кыаҕы үөскэтэр
соруктаах.
Тыл бэлиитикэтин Сэбиэтэ,
туох-ханнык иннинэ, дойдуга бүттүүн государственнай статустаах
нуучча тылын сайдыбыт, кыаҕырбыт таЇымыгар саха тылын чугаЇатарга,
тыл туттуллар хайысхаларын (быЇаччы эттэххэ, тыл прикладной
боппуруостарын) биир көнө сүрүннүүргэ дьулуЇар. Билиҥҥи тыллар
уопсай сайдыыларын таЇымыгар тирэҕирэн, сахалыы таба саҥарыы
(орфоэпия), орто, үрдүк үөрэххэ үөрэтии, бэчээт, маассабай
иЇитиннэрэр средстволар, издательстволар, былаас органнарыгар
сурук-бичик, дьыала-куолу сахалыы оҥоЇуллуута, научнай чинчийиилэр
о.д.а. курдук тылга сыЇыаннаах боппуруостарга болҕомтону ууран, Саха
Республикатын «Тыллар тустарынан Сокуонунан» салайтаран төрөөбүт
тылбыт көнөрүн, сайдарын туЇугар ирдэбиллээх үлэни тэрийэр аналлаах.
Саха Республикатын Президенин
Ыйааҕын 3-с пуунунан 2004-2006 сс. Саха Республикатыгар тыллар
государственнай программалара ырытыллан оҥоЇуллуутун хааччыйарга
сорудахтаммыта. Бу сорудаҕы толорон 2004 сылтан саҕалаан үлэ
ыытыллан, республикаҕа тыллар сайдыыларын 3 сыллаах (2005-2007 сс.)
программата оҥоЇуллан, 2005 сыл кулун тутар 4 күнүгэр СР
Правительствотын Уурааҕынан бигэргэнэн, СР Государственнай мунньаҕар
Ил Түмэҥҥэ көрүллэн 2005 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр туЇааннаах Уураах
тахсыбыта. Бу кэнниттэн 2006 сыллаах СР Государственнай бюджетын
Сокуонугар республикатааҕы программалар истэригэр анал пуунунан
киирбитэ. Ол курдук, 2006 сылга республика тылларын сайдыытыгар 10
мөлүйүөн үп көрүллүбүтэ. Саха Республикатыгар тыл сайдыытын
Государственнай тус сыаллаах программатын сүрүннээччинэн СР Үөрэҕин
министерствота анаммыта. Бу программаны оҥорорго Гуманитарнай
чинчийии институтун научнай үлэЇиттэрэ, СГУ филологическай уонна
саха тылын, культуратын факультетын преподавателлэрэ, Төрүт омуктар
тылларын чинчийэр институт научнай үлэЇиттэрэ, Аҕыйах ахсааннаах
хотугу омуктар институттарын научнай үлэЇиттэрэ холбоЇуктаах бөлөх
СР Үөрэҕин министрэ Ф.В.Габышева, үөрэх министрин солбуйааччы
Е.П.Никифорова салалталарынан таЇаарыылаахтык үлэлээтэ.
Саха Республикатын Президенин
Ыйааҕын 5-с пуунунан СР НА Гуманитарнай чинчийии институтугар 4
үлэЇиттээх тыл тутуутун отделын аЇарга сорудахтаммыта. 2005
сыллаахха тыл политикатын отдела аЇыллан, билигин 9 научнай
үлэЇиттээх. Отдел үлэЇиттэрэ тыл билиҥҥи туругун чинчийэн
аналитическай ыспыраапканы суруйбуттара үлэни былаанныырга
көмөлөспүтэ.
Онон, табан тэрийдэххэ, үлэ
хайысхата элбэх. Кылаабынайа, республика таЇымыгар саха тылын
государственнай статуЇа диэн тугун билэн, ол хас биирдиибититтэн
тутулуктаах өрүттэрин өйдөөн, бүттүүн туруннахха эрэ государственнай
статуЇа бигэ туруктаныытын ситиЇэр кыахтанабыт.
2. Государственнай статус
бастакы көстүүтэ тыл литературнай көрүҥүн бигэргээЇинигэр олоҕурар.
Оттон государственнай статустаах
саха тыла бэйэтин туттуллар эйгэтин көмүскэнэр хаххата – бу тылынан
саҥарааччы дьоно. Тыл туттуллар үгэЇин бүгүҥҥү күннээҕи
олоҕу-дьаЇаҕы, уопсай бэлиитикэни, экономическай хааччыллыыны кытта
аттаран, тэҥнии тутан көрдөххө, тобуллаҕас, туттуллумтуо тыл ис
сокуоннара дьэҥкэтик көстөллөр. Ону ырытан өйдүүр учуонайдардаах,
үөрэххэ сыЇыарар учууталлардаах буолары таЇынан, төрөөбүт тыл норуот
дьылҕата буоларын ыччатыгар такайар төрөппүттэрдээх буоллахха эрэ
кэскиллээхтик тэринэн олоробут диир кыахтаахпыт.
Саха тылын көҥүл сайдыытын
идэлээх дьонунан хааччыйыы бүгүҥҥү күннээх соругун мин маннык
быЇаарары ордук табыгастаах дии саныыбын:
Бастатан туран, икки тылы
(саха-нуучча) дэгиттэр баЇылаабыт дьону бэлэмнээЇини болҕойуох
тустаахпыт: маннык дьон сотору кэминэн баар буола охсубаттар. Онон
икки-үс тыллаах тылбаасчыттары уталыппакка бэлэмниэхтээхпит. Кинилэр
көмөлөрүнэн былаас түөрт салаатын үрдүкү, орто таЇымнаах
тэрилтэлэрин хааччыйыахтаахпыт.
ИккиЇинэн, саха тыла – биЇиги
республикабыт бары омуктарын бүттүүннэрин түмэр саха омугун тыла.
Онон саха тылын билэргэ дьулуЇар омук дьонун оҕотун үөрэтии биЇиги
иэспит, эбээЇинэспит буолар. Ол соругу толорор идэлээх дьону
бэлэмнээЇин, үөрэнэр кинигэлэрин оҥоруу саха тылын идэлээхтэрин
иэстэрэ.
Туох баар билии-көрүү, өй-санаа,
сиэр-майгы барыта тылга көстөр. КиЇи өйө-санаата, сиэрэ-майгыта
тылынан сыаналанар. Ол курдук тыл киЇи кутун-сүрүн, уйулҕатын,
сүргэтин туругун көрдөрөр.
Ити ыйыллыбыт соруктар
республикаҕа тыллар кэнэҕэЇин барҕара сайдалларыгар бастакы түЇүмэх
үлэ торумунан буолаллар.
3. Государственнай тыл
сокуон-быраап өттүнэн хааччыллан турар. Ол туЇунан бастаан
суверенитет туЇунан декларацияҕа (1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр)
этиллибитэ, онтон 1992 с. муус устарга Конституцияҕа сокуонунан
мэктиэлэммитэ уонна 1992 с. Алтынньы 10 күнүгэр «СР Тыллар
тустарынан» сокуон 4-с ыстатыйатынан бигэргэтиллибитэ,
Государственнай тыл үлэлиир сүрүн эйгэтэ ыйыллыбыта.
Россия Государственнай Думата
1991 с. алтынньыга ылыллыбыт «РСФСР-га тыллар тустарынан» сокуону
хаттаан көрөн, элбэх көннөрүүнү киллэрбитэ.
«О государственном языке
Российской Федерации» диэн Федеральнай сокуону Государственнай Дума
2005 с. ыам ыйын 20 к. ылыммыта., Федерация Сэбиэтэ 2005 с. ыам ыйын
25 к. бигэргэппитэ. Бу уларытыы сүрүн тосхоло – нуучча тылын
государственнай тыл быЇыытынан анал туругун (статуЇун) бөҕөргөтүү
буолар.
4. Тыл сокуона – бу республикаҕа
тыл политикатын, тылы барҕардыы саамай сүрүн, тутаах төЇүүтэ,
государственнай тыл үлэлиир кэскилин түстүүр государство, быраап
өттүттэн мэктиэлиир дьаЇал. Тыл сокуона атын сокуоннартан улахан
уратылаах. Бу сокуоҥҥа ураты сыЇыан, ньыма, а.э. ураты тактика уонна
стратегия баар буолара эрэйиллэр – ол барыта методология боппуруоЇа.
Билигин биЇиэхэ сокуон олоххо
киирбэт, саха тыла судаарыстыба тылын быЇыытынан олоххо ончу суох,
ити барыта кумааҕыга эрэ хаалла диэн үгүс киЇи айманар. Ити син
олохтоох курдук эрээри, онуоха барытыгар сөптөөх усулуобуйа кэмигэр
хааччыллыбат, эбэтэр кыах тиийбэтиттэн, тоҕоостоох усулуобуйа
тосхойдоҕуна даҕаны, биЇиги онон туЇаммакка аЇаран кэбиЇэбит.
Холобур, 1989 сыл нуучча тыллаахтар саха тылын үөрэтэргэ бачыым
көтөхпүттэрэ, хас эмэ уонунан куруЇуоктар аЇыллыбыттара. Ону биЇиги
туох да бэлэмэ суох буоламмыт, (куруЇуогу үлэлэтэр дьон суохтара,
сөптөөх үөрэх кинигэлэрэ, методика суоҕа о.д.а) бу олус наадалаах
бачыымы, тоҕоостоох усулуобуйаны өйдөөбөккө, тэниппэккэ умуруоран
кэбиспиппит.
5. Саха тыла государственнай тыл
буоларын учуоттаан салгыы маннык боппуруостарга үлэни былаанныыбыт:
1) Тыл туттуллар эйгэтин
кэҥэтиигэ үлэ тэнийиэхтээх. Сокуоҥҥа ыйылларын курдук, үөрэх-иитии,
араас литература, бэчээт, радио, телевидение, государственнай былаас
салалтатын, араас тэрилтэ, дьыала-куолу, суут-сокуон, транспорт,
сибээс, хааччыйыы эйгэтин тылын быЇыытынан сыыйа киллэрии туЇунан
этиллэр.
2) Саха тылын хабар араҥатын
кэҥэтиигэ болҕомто ууруллуохтаах. Манна үлэни далааЇыннаахтык, бары
өттүнэн толкуйдаан, эйэ дэмнээхтик тэрийэн, араас көрүҥнээх, араас
таЇымнаах икки (элбэх) тылланыы сыыйа кэҥээн, кэлин бу үөрүйэх
күннээҕи олох сиэрэ буоларын ситиЇии.
3) Саха тылын государственнай
статуЇун араҥаччылыыр, харыстыыр сыалтан СР Тыл Сокуона Федеральнай
тыл сокуонугар эппиэттэЇэр өрүттэрин көрөн, көннөрүү үлэтэ
ыытыллыахтаах уонна СР Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьаЇала
тахсыахтаах.
4) Государственнай,
муниципальнай былаас салалтатыгар, араас тэрилтэлэргэ дьыала-куолу
тылын боппуруоЇа көрүллүөхтээх.
5) Тылбаас боппуруоЇа.
6) Дьиэ-кэргэн эйгэтигэр тыл
сүмэтин иҥэрии.
7) ХаЇыат-сурунаал, журналистар
тыллара-өстөрө.
8) Суут-сокуон тыла.
Государственнай тыл таЇымынан,
хаачыстыбатынан, ис хоЇоонунан национальнай литературнай тыл буолар.
Ол аата сайдыылаах истииллээх, тиэрминнэрэ, таба суруйуу, таба
саҥарыы, атын да нуормалара чочуллубут, бэрээдэктэммит, үрдүк
культуралаах, баай, хомоҕой, этигэн, ыраас бэргэн тыл. Бу норуот
тылын сайдыытын чыпчаала, биЇиги билиибит-сайдыыбыт, ол иЇигэр төрүт
культура, үтүө үгэстэрбит, ааспыт көлүөнэ майгыта-сигилитэ
сиэрэ-туома сөҥөн сылдьар барҕа баайбыт.
Тыл бэлиитикэтин
Сэбиэтин соруктара
Саха сиригэр былыр-былыргыттан
хас да араас омук ыаллаЇан олорор. Биллэн турар, кинилэр тыллара,
култууралара бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыаллаЇаллар. Ол үчүгэй да,
куЇаҕан да өрүттээх буолуон сөп. Онуоха эбии тас дойдулары кытта
сыЇыаннаЇыы кэҥээн, кэлии-барыы түргэтээн, компьютер, техника сайдан,
төрөөбүт тылбыт атын сайдыылаах омук тылларыгар баЇыйтарар улахан
кутталга киирэр. Ол иЇин өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох норуоттар тыллара
бэйэ-бэйэлэрин дьадатыппакка, күөмчүлэспэккэ, тэҥник, толору
туттуллар инникилэрин хааччыйар күүстээх тыл бэлиитикэтэ баар
буолуохтаах.
Тыл бэлиитикэтэ олохтоох
норуоттар тылларын сөргүтэр, харыстыыр уонна сайыннарар сыалын
ситиЇэригэр маҥнай маннык боппуруостары быЇаарыахтаах: тыл
социальнай базатын, тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, эдэр көлүөнэни
төрөөбүт тылы таптыырга, үөрэтэргэ аналлаах усулуобуйаны тэрийии
уонна функциональнай өттүнэн чөл, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ төрүт
олохтоохторун тылларын булгуччу киллэрэн туран, нэЇилиэнньэ бэйэтин
төрүт тылыгар охсуута суох икки, элбэх тыллаах буолуутун ситиЇии.
Хомойуох иЇин, СР-н төрүт олохтоохторун ортолоругар төрөөбүт
тылларын билбэт киЇи ахсаана сыл ахсын элбээн иЇэр. Чуолаан эдэр
көлүөнэ улаатар, иитиллэр, үөрэнэр эйгэтигэр төрөөбүт тыл улам
туттуллубат буолуута хомотор. Итинник тыл туттуллар эйгэтэ кыараан
иЇэр.
Тыл бэлиитикэтин Сэбиэтин
тэрийии төрөөбүт тыл эйгэтигэр үөскээбит балаЇыанньаттан сиэттэрэн
өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларыгар улахан
болҕомтону ууруу бэлиэтэ буолар. Онон үрдүкү былаас биэрбит кыаҕын
туЇанан, урукку тыл бэлиитикэтигэр баар ситиЇиилэри умнубакка,
алҕастары ахсарбакка, наука эйгэтигэр мунньуллубут баай уопуту
туЇанан, билиҥҥи тыл балаЇыанньатыгар олоҕуран, тыл бырааба олоххо
сөптөөхтүк киирэрин, толору тутуЇулларын ситиЇиэҕиҥ. Оччоҕо олохтоох
уонна кэлии норуоттарбыт икки ардыларыгар өйдөЇүү, убаастаЇыы,
үлэлэЇии өрүү баар буолуоҕа.
Тыл бэлиитикэтин Сэбиэтэ ааспыт
кэмҥэ ыыппыт үлэтиттэн сүрүнэ маннык :
1. Сэбиэт тэрийэн ыыппыт 7
мунньаҕар тыл туттуллуутугар сабыдыаллыыр улахан суолталаах
боппуруостар быЇаарыллыбыттара.
2. Үлэлиир хамыыЇыйа 12 мунньаҕы
тэрийэн ыыппыта.
3. Өрөспүүбүлүкэ
судаарыстыбаннаЇа сайдарыгар улахан тус өҥөлөрүн, научнай уонна
педагогическай үлэлэригэр үрдүк ситиЇиилэрин иЇин тыл учуонайдара,
методистара бырабыыталыстыба наҕараадаларыгар тиксибиттэрэ.
4. СР вице-президенэ А.Е.
Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, П.А. Ойуунускай удьуордарын кытта
көрсүЇүүлэрэ ыытыллыбыта, кинилэргэ аналлаах дьаЇалларга кыттыыны
ылбыппыт.
5. Иркутскай куоракка
тюркологияҕа матырыйаал хомуйар сыаллаах СГУ учуонайдарын бөлөҕө
экспедицияҕа баран кэлбитэ. Ол түмүгүнэн Сэбиэт уонна СГУ холбоЇон «Эллэй
Боотур суруктара» диэн видео-киинэ презентациятын ыыппыттара. Бу
киинэни Тыл сэбиэтин сакааЇынан оҥорбуттара.
6. Сыл ахсын олунньу 13 күнүгэр
Опера уонна балет театрыгар Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күннэрэ
ыытыллаллар.
7. Сыл ахсын ыам ыйын 24 күнүгэр
Славянскай сурук-бичик уонна культура күнүгэр аналлаах араас
дьаЇаллар ыытыллаллар.
8. Сэбиэт СР вице-президенэ
биллиилээх учуонайдары, Өрөспүүбүлүкэ үөрэхтээх дьонун кытары
көрсүЇүүтүн тэрийэн ыыппыта.
9. Тыл олоҕун, тыл боппуруостара
нэЇилиэнньэ киэҥ араҥатыгар сырдатыллыбыттара (Мэҥэ-Хаҥалас уонна
Сунтаар улуустарыгар командировкаларга сылдьыы), араадьыйанан 5
биэрии ыытыллыбыта.
10. СР вице-президенэ кыттыылаах
араадьыйа нөҥүө быЇа эфиргэ тахсыы тэриллибитэ (10.03.04).
11. Сэбиэт уонна Президент
Администрациятын уонна СР Правительствотын Информатизация уонна
техническай харысхал Управлениета холбоЇон Майкрософт хампаанньа
программалыыр бородууксуйаларыгар саха тылын киллэриигэ үлэни
саҕалаабыттара.
12. Сэбиэт уонна Үөрэх
министерствота Таатта улууЇун Чөркөөх нэЇилиэгэр оскуола
үөрэнээччилэрин ортолоругар Ойуунускай аатынан ааҕыылары ыыппыттара
(14-15. 06.03.).
13. Сэбиэт Циркумполярнай Хотугу
дойду үөрэҕириитин партнердарын Аан дойдутааҕы форумнарын үлэтигэр
күүс-көмө буолбута, 2004 с. кулун тутар 13 күнүгэр Майатааҕы 1-2
кэрдиистээх орто оскуолаҕа буолбут тыл-өс култууратыгар аналлаах
научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта.
14. Сэбиэт чилиэннэрэ итини
таЇынан маннык кэмпириэнсийэлэргэ, төгүрүк остуолларга кыттыбыттара:
«Ойуунускай туЇунан сымыйа уонна кырдьык» (15.11.03), Үч-курыканнар
суруктара көстүбүтэ 1450 сылыгар аналлаах «Саха омук тыла уонна
этногенеЇэ», «ҮөрэхтээЇин эйгэтигэр оҕону төрөөбүт тылынан иитии,
сайыннарыы: ситиЇиилэр, көрүүлэр, соруктар» (19.02.04), «СР-гар ыал
буолуу уонна арахсыы проблемалара», «Саха сирэ» хаЇыат редакциятыгар
оҕолору сахалыы тылынан үөрэтии, сахалыы үөрэнэр пособиелары
бэчээттээн таЇаарыы боппуруостарын тула кэпсэтии (10.02.04), И.В.
Пухов төрөөбүтэ 100 сааЇыгар аналлаах «Түүр-монгуол норуоттарын
эпоЇа» Бүтүн Россиятааҕы научнай кэмпириэнсийэҕэ (2004), «Нуучча
тылын уонна литературатын туттуллуутун уонна үөрэтиллиитин тирээн
турар боппуруостара» Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай
кэмпириэнсийэҕэ (2004 с.), «Тыл култуура тутаах өрүтүн быЇыытынан:
генезиЇэ, үгэстэрэ уонна баар ыарахаттар» научнай-практическай
кэмпириэнсийэҕэ (26. 11. 04).
15. Сэбиэт М.С. Иванов-Багдарыын
Сүлбэ «Саха сирин топонимиката» кинигэтэ, Д.К.
Сивцев-Суорун-Омоллоон айымньыларын толору хомуурунньуга, В.Т.
Сивцев «Касанье солнца» кинигэтэ о.д.а. бэчээттэнэн тахсыыларыгар
көмөлөстө.
16. «Илин» сурунаалга тыл
проблемаларыгар аналлаах рубрика тэрийдэ.
17. СР-гар Тылы сайыннарыыга
Судаарыстыбаннай бырагыраама оҥоЇулунна. 2004 сыл саамай суолталаах
түмүгүнэн
сэтинньи 18 күнүгэр Тыл бэлиитикэтин
Сэбиэтин мунньаҕар 2005-2007 сс. СР-гар Тылы сайыннарыыга
Судаарыстыбаннай бырагыраама бырайыагын бигэргэниитэ буолар.
18. СР Үөрэҕин министерствота,
СР культураҕа уонна духуобунаска сайдыы министерствота кыттыылаах
2005 сыллаахха Сунтаар улууЇун Күүкэй нэЇилиэгэр «Олоҥхо дойдутун
оҕотобун» диэн бастыҥ олоҥхоЇут оҕолорго сайынын лааҕыр аспыппыт.
19. 2004-2005 сыллар
түмүктэринэн Тыл Сэбиэтин анал Бюллетенэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
20. Үөрэх министерствота саха
тылын, литературатын учебниктарыгар, методическай пособиеларыгар үп
көрбүтэ.
21. 2005 сылтан саҕалаан тыл
бастыҥ үлэЇиттэригэр саха тылын үөрэтиигэ, чинчийиигэ, сырдатыыга
ситиЇиилэрин иЇин Семен Андреевич Новгородов аатынан 50 тыЇыынча
солкуобайдаах бириэмийэни аныыр кыахтанныбыт. Бу бириэмийэни СР
Үрдүкү үөрэхтээЇиҥҥэ, наукаҕа министерствота үбүлүөҕэ. Оттон СР
норуоттар икки ардыларынааҕы уонна федеративнай сыЇыаннаЇыылга
Департамена Тэкки Одулок, Глафира Макарьевна Василевич, Василий
Дмитриевич Лебедев ааттарынан 30-туу тыЇыынча суумалаах
бириэмийэлэри олохтообута.
Сэбиэт үлэтин түмүгэ
Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыл бэлиитикэтигэр болҕомтотун уурарын уонна
кытаанахтык хонтуруоллуурун көрдөрөр. БиЇиги өрөспүүбүлүкэбитигэр
тыл бэлиитикэтин сайдыыта тыл үөрэхтээхтэриттэн эрэ буолбакка,
уопсастыбаннай үлэЇиттэр уонна бэлиитиктэр, судаарыстыбаннай
үлэЇиттэр, суруйааччылар, суруналыыстар тылга сыЇыаннарыттан, хас
биирдии олохтоох киЇи санаатыттан улахан тутулуктаах. Ону умнуо
суохтаахпыт.
Олунньу 13 күнэ – сахалартан
бастакы тыл үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.
2005 сыллаах бырааЇынньык ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ, СУРУК-БИЧИК ДЕКАДАТА
республикаҕа олунньу 1 – 28 күннэригэр араас көрүҥнээх үлэнэн, ураты
түгэннэринэн бэлиэтэнэн ааспыта.
2004 сылтан Төрөөбүт тыл уонна
сурук-бичик күнүн биЇиги республикабытыгар Правительство таЇымыгар
бэлиэтиир буоллубут. 2005 сылга олунньу ый былаЇын тухары араас
таЇымнаах дьаЇаллар ыытылыннылар. Сыл аайы ыытыллар Тыл күнүн ис
хоЇоонун, тас көрүҥүн (форматын) уларытан, үөрэнээччилэри уонна
учууталлары, эдэр ыччаты түмэн, оскуолаларга, улуустарга, республика
киин куоратыгар үрдүк таЇымнаахтык бэлиэтиир үгэс олохсуйан эрэр.
2005 с. Саха Республикатын
Үөрэҕин министерствота уонна Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр
института көҕүлээн, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн бары үөрэх
тэрилтэлэригэр, оскуолаларга үрдүк таЇымнаахтык бэлиэтиир, улууска,
оскуолаҕа оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии тыҥаан турар
кыЇалҕаларын ырытыЇар мунньахтары, кэпсэтиилэри тэрийэр сыалтан,
республикатааҕы хамыыЇыйа 9 хайысхаҕа араас бырайыактары бэлэмнээтэ:
«Төрөөбүт тыл – олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтигэр», «Төрөөбүт тылбыт –
сир-дойду аатыгар», «Төрөөбүт тыл – биЇиги ааппытыгар», «Төрөөбүт
тылбыт – литературнай айымньыга», «Ийэ тыл сайдыытыгар – театр,
киинэ тыла», «Төрөөбүт тылбыт уонна саҥа культурата», «Төрөөбүт
тылбыт – кинигэ эйгэтигэр», «Төрөөбүт тылбыт – аан дойду киэҥ
киэлитигэр», «Төрөөбүт тылбыт – бэчээт, телевидение, радио эйгэтигэр».
Бу республиканскай бырайыактарга
кыттыы хас биирдии тэрийэр хамыыЇыйаттан, учууталтан, үөрэнээччиттэн
айымньылаах үлэни, төрөөбүт тылга ураты сыЇыаны эрэйэр. Хас биирдии
бырайыак оскуолаҕа, улууска ыытыллан, республика үрдүнэн сетевой
чат-кэпсэтиинэн түмүктэнэр.
Декада чэрчитинэн республика
үрдүнэн ыытылыннылар:
Оскуола үөрэнээччилэрин уонна
устудьуоннар ортолоругар бастыҥ айар уонна чинчийэр үлэлэргэ күрэх.
Тыл учуонайдарын,
методист-педагогтары, биллиилээх суруйааччылары, суруналыыстары
кытта көрсүЇүү, кинилэр санааларын, тылларын-өстөрүн истии.
Төрөөбүт тылга, сурукка анаммыт
айар-литературнай биэчэрдэр, «Уран тыл» араатардар күрэхтэрэ.
Араадьыйаҕа, телевидениеҕэ,
бэчээккэ төрөөбүт тыл, сурук-бичик туЇунан биэриилэр, суруйуулар.
Киин куораппытыгар – Дьокуускайга,
улуустарга
2005 с. олунньу 11-12 күннэригэр
Саха Республикатын Президенигэр тыл политикатын Сэбиэтэ, Үөрэх
министиэристибэтэ, Наука уонна профессиональнай үөрэхтээЇин
министиэристибэтэ, «Ийэ тыл», «Айылгы», «Саха уопсастыбаннай киин»,
төрөппүттэр Дьокуускайдааҕы тэрилтэлэрэ «Саха тыла үөрэх утумугар:
туруга уонна кэскилэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи III-с кэмпириэнсийэни Оҕо
дыбарыаЇыгар тэрийэн ыыппыттара.
Олунньу 12 күнүгэр Саха
Республикатын Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна федеративнай
сыЇыаннаЇыыларга Департамент, Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар
проблемаларын чинчийэр институт «Аҕыйах ахсааннаах норуоттар
тылларын билиҥҥи туруга» диэн ааттаах төгүрүк остуолу тэрийбиттэрэ.
Олунньу 13 күнүгэр, киэЇэ 4
чаастан Саха Республикатын Президенигэр тыл политикатын Сэбиэтэ,
Үөрэх министиэристибэтэ, Культура министиэристибэтэ, Норуоттар икки
ардыларынааҕы уонна федеративнай сыЇыаннаЇыыларга Департамена, «Ийэ
тыл» общественнай тэриллии, Д.К. Сивцев-Суорун-Омоллоон аатынан
Государственнай Опера уонна Балет театра Сахабыт тылын,
суругун-бичигин күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир дьоро киэЇэни
тэрийбиттэрэ. БырааЇынньык кэмигэр бастыҥнарга Семен Андреевич
Новгородов, Тэкки Одулок, Глафира Макарьевна Василевич, Василий
Дмитриевич Лебедев аатынан бириэмийэлэри, Саха Республикатын
Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) махтал суруктарын, Үөрэх
министерствотын наҕараадаларын туттарыы бастакы саҕалааЇын
быЇыытынан үөрүүлээх быЇыыга-майгыга ааспыта.
Олунньу 17-18 күннэригэр «Хотугу
Сулус» гостиница мунньахтыыр саалатыгар Үөрэх үлэЇиттэрин идэлэрин
үрдэтэр институт, М.А. Алексеев аатынан ҮөЇээ Бүлүүтээҕи
республиканскай гимназия тэрийиитинэн аан дойдутааҕы «Тюркология как
норма к цивилизованному компромиссу между культурами» диэн ааттаах
үөрэнээччилэргэ уонна учууталларга аналлаах научнай конференция
ыытыллыбыта. Хабаровскай кыраайтан Үт сахалара, Монголия Улан-Батор
оскуолатыттан, Алтай Республикатын Кош-Агач уонна Улаган
оройуоннарыттан делегациялар, Москваттан Тыл Институтун отделын
салайааччыта, филологическай наука доктора Анна Владимировна Дыбо
кыттыбыттара. Бу конференция сүрүн уратытынан – тута (синхроннай)
тылбаас тэриллибитэ буолар. Олунньу 19 күнүгэр «Арчы» дьиэтигэр
улахан дьоҥҥо «Уран тыл» араатардар күрэхтэригэр Дьокуускайтан,
Намтан, Чурапчыттан, Ньурбаттан, Өлөөнтөн, Уус-Алдантан кэлэн саха
тылын учууталлара, студеннар көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Олунньу 24 күнүгэр Саха
Республикатын Президенигэр тыл политикатын Сэбиэтэ, Гуманитарнай
чинчийии института, М.К. Аммосов аатынан Саха Государственнай
университета, Саха Республикатын Национальнай библиотеката, Саха
Республикатын тылбаасчыттарын СоюЇа нууччалыы-сахалыы тылбаас
төрүттэммитэ 300 сылыгар аналлаах «Саха сиригэр тылбаас түөрүйэтэ
уонна практиката: баар ыарахаттар уонна инникигэ соруктар» диэн
ааттаах научнай-практическай конференцияны тэрийбиттэрэ.
2006 с. олунньу 13 күнүгэр
үгэскэ кубулуйбут Төрөөбүт тыл күнүгэр аналлаах бырааЇынньык буолан
ааспыта. Опера уонна балет театрыгар «Уруйдан, улуу Олоҥхобут» (Аартык
арыллыыта) төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн дьоро киэЇэтэ тэриллибитэ.
Бу дьоро киэЇэни республика бары олохтоохторо телевизорынан быЇа
биэриигэ көрбүттэрэ. Манна үгэс курдук С.А. Новгородов, Тэкки Одулок,
Г.М. Василевич, В.Д. Лебедев ааттарынан бириэмийэлэр
туттарыллыбыттара.
«Ийэ тыл» обшественнай тэрилтэ
көҕүлээЇининэн Культура уонна духовнай сайдыы министерствотын кытта
Кулаковскай аатынан норуот айымньытын киинигэр А.И. Софронов –
Алампа төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах биэчэр буолбута.
Олунньу 13 к. «Олоҥхо үйэлээх
үгэспит» диэн үөрэнээччилэргэ Интернетконференция тэриллибитэ.
Олунньу 16 к. «Кыым» хаЇыат
«Саха тыла ырыынак кэмин кытта тэҥҥэ күрэхтэЇэр кыахтаах дуо?» диэн
сахалыы саҥалаах пресса тирээн турар боппуруостарыгар «төгүрүк
остуол» тула кэпсэтии ыытыллыбыта.
Олунньу 22 күнүгэр П.А.
Ойуунускай аатынан Саха государственнай академическай драматическай
театрыгар саха героическай эпоЇын – Олоҥхо ЮНЕСКО быЇаарыытынан киЇи
аймах культураҕа нэЇилиэстибэтин шедевринэн ааттаммытынан
сүрэхтээЇин киэЇэтэ ыытыллыбыта.
Олоҥхону сырдатааччылар
республикатааҕы форумнара олунньу 27 күнүгэр буолан ааспыта. Манна
үөрэх,иитии эйгэтин үлэЇиттэрэ, учуонайдар, культура үлэЇиттэрэ 17
улуустан, куораттартан мустубуттара.
Олунньу 27 к. Тыл бэлиитикэтигэр
Сэбиэтэ уонна ГЧИ тэрийиилэринэн «Проблемы родного языка в условиях
глобализации и интеграции современного общества» диэн
республикатааҕы кэмпириэнсийэҕэ республика олохтоох омуктарын
тылларын араҥаччылааЇын, сайыннарыы, тыл бэлиитикэтин олоххо
киллэрии соруктарын уо.д.а. туЇунан киэҥ кэпсэтии буолбута.
Киин куоракка уонна улуустарга
тыл үөрэхтээхтэрэ көрсүЇүүлэри тэрийбиттэрэ, бэсиэдэлэри, лекциялары
аахпыттара. «Уран тыл» араатардар күрэхтэрэ тэриллибитэ.
Сунтаарга олоҥхону толорооччу
оҕолор сайыҥҥы лааҕырдара үлэлээбитэ.
Тыл бэлиитикэтин Сэбиэтэ Суорун
Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылын, А.И.Софронов – Алампа төрөөбүтэ 120
сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээЇиннэргэ уо.д.а. кыттыыны ылбыта.
2007 сыл олунньу саҥатыгар үгэс
буолбут Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадата саҕаланна. Ый устата
республика куораттарыгар уонна улуустарыгар бырааЇынньыктыы
быЇыыга-майгыга общественность кыттыылаах мунньахтар, оскуола
үөрэнээччилэрин айар, чинчийэр үлэҕэ күрэхтэрэ, новгородовскай
ааҕыылар, олимпиадалар ыытылыннылар. Тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар,
суруйааччылар, суруналыыстар, иитээччи-методистар нэЇилиэнньэни
кытта көрсүЇүүлэрэ, норуот айымньытын, кинигэ быыстапкалара,
биэчэрдэр тэрилиннилэр. Радионан уонна телевидениенэн төрөөбүт тылга
уонна сурукка-бичиккэ аналлаах биэриилэр таҕыстылар.
Олунньу 12 к. Хоту сир аҕыйах
ахсааннаах омуктарын проблемаларыгар Институт, СГУ хотугу
филологияҕа кафедрата, норуоттар дьыалаларыгар уонна федеративнай
сыЇыаннаЇыыларга Департамент тэрийбит «төгүрүк остуолларыгар» Хоту
сир норуоттарын тылларын уонна литератураларын оскуолаҕа уонна үрдүк
үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэтии методикатын боппуруостара көрүлүннүлэр.
Олунньу 13 күнүгэр П.А.
Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар декаданы аЇар
үөрүүлээх мунньахха сыл аайы буоларын курдук, С.А. Новгородов, Тэкки
Одулок, В.Д. Лебедев уонна Г.М. Василевич ааттарынан бириэмийэлэр
туттарылыннылар. Опера уонна балет государственнай театрыгар
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт дьоро киэЇэ буолан
ааста.
Олунньу 16 к. Сунтаар улууЇугар
Н.С. Григорьев төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээЇин чэрчитинэн зонатааҕы
научнай-практическай конференция ыытылынна, ону тэҥэ бу күннэргэ
Бүлүү бөлөх улуустарын оскуолаҕа саха тылын, литературатын үөрэтэр
учууталларын ортотугар «төгүрүк остуол» тэрилиннэ.
Тыл бэлиитикэтигэр Сэбиэт,
наукаҕа уонна профессиональнай үөрэхтээЇиҥҥэ министерство, ГЧИ
тэрийиилэринэн олунньу 27 к. Гуманитарнай чинчийиилэргэ институт
дьиэтигэр аныгы кэмҥэ икки тылланыы проблемаларын «төгүрүк остуол»
тула дьүүллэЇии буолла.
Саха алпаабытын төрүттээччи,
биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ, сырдатааччыта С.А. Новгородов төрөөбүтэ
115 сылыгар анаан Үөрэх министерствота, Национальнай оскуолалар
научнай-чинчийэр институттара тыл культуратыгар уонна киирии
тылларга республикатааҕы интернет-конференцияны тэрийдилэр. Манна
5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталлар, библиотека үлэЇиттэрэ,
студеннар, методистар, учуонайдар кыттыыны ылан, аныгы саха тылыгар
киирии тыллар оруолларын, туттуллууларын, тыл культуратыгар
сабыдыалларын уо.д.а. туЇунан кэпсэтиини таЇаардылар. Ону тэҥэ
төрөөбүт тыл кэскилигэр, Семен Новгородов алпаабытын суолтатыгар
сыЇыаран бэйэлэрин санааларын үллэЇиннилэр.
Бу күн «Арчы» духовность
Киинигэр араатардар күрэхтэрэ тыл маастардарын муста.
Быйылгы сылга биир
кэрэхсэбиллээх түгэнинэн Евангелиены сахалыы тылбаастааЇын 5 сыллаах
үлэтэ түмүктэммитэ буолар. Бу үлэни оҥорууга тыл үөрэхтээхтэрэ үгүс
сыраларын уурдулар. Редактор – Николай Ефремов.
Түмүкпэр, төрөөбүт тылы,
литератураны, норуоппут культуратын, историятын үөрэтэр бары
учууталларга, оҕо тэрилтэлэрин иитээччилэригэр, айар интеллигенцияҕа,
общественнай тэрилтэлэр салайааччыларыгар – улахан суолталаах,
дьоЇуннаах үлэлэригэр инникитин даҕаны ситиЇиилэри, айымньылаах
үлэни баҕарабын.
Саха тыла бэйэтин кэрэтин,
этигэнин сүтэрбэккэ норуотун олоҕун илгэлиир, уйгулуур буоларыгар
бүттүүн кыЇаныаҕыҥ. Түмүстэххэ, дьулустахха өрүттэр суолу тобулуу
баар.
Римма Романовна ЖИРКОВА,
СР президенигэр
тыл бэлиитикэтигэр Советын эппиэттиир сэкириитээрэ. |