Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Иван ПИРОЖКОВ

АтыыЇыт Ардьакыап
(СэЇэн удьуордара)


И.А. Ардьакыап II дьиэ кэргэнэ

Урукку II-с Суотту сүдү баайа Иван Алексеевич Аржаков – Торуой Ардьакыап, эбэтэр АтыыЇыт Ардьакыап диэн номоххо киирбит СэЇэн Ардьакыап хос сиэнэ. Кини 1864 сыллаахха төрөөбүтэ. Уйбаан диэн ааттаах үс бииргэ төрөөбүттэр бааллара. АтыыЇыты сэргэ 1860 сыл сэтинньи 24 күнүгэр төрөөбүт саамай улаханнара Пиэрибэй Ардьакыап, 1866 сыллаах төрүөх Тэриэтэй Ардьакыап бааллара. Пиэрибэй Ардьакыап 1922 сыллаахха хаайыллан баран, Дьокуускай түрмэтигэр өлбүтэ. Ортоку Тэхтир (КыЇыл Кырдал) таҥаратын дьиэтин таЇыгар көмүллүбүтэ. Үс бырааттыылар үөрэҕэ суох эрээрилэр бэйэлэрин кэмнэригэр улуустарыгар эрэ буолбакка, уобаласка киэҥник биллибит, аныгылыы сиэринэн туттан-хаптан олорор, элбэх оҕолоох-уруулаах, халыҥ аймахтаах, ыраас хааннаах, толуу көрүҥнээх дьоннор этилэр. Кинилэртэн иккис быраат ойуччу сытыы-хотуу киЇи эбит. Ол да иЇин киэҥник эргинэн сахаҕа улаханнык байбыт. Бырааттыылар бары даҕаны төрөөбүт нэЇилиэктэригэр, улуустарыгар кинээстээбит, кулубалаабыт буоланнар, уобалас үрдүкү салалтатыгар кытта биллэллэрэ. Бу үйэ саҥатыгар II Ардьакыап кыыЇа Елена Ивановна Дүпсүн тойонун Василий Васильевич Никифоров уолугар Валериаҥҥа кэргэн тахсыбыта. Икки ыаллыы улуустар үтүөлэрин ыччаттара ыал буолбут урууларын туЇунан хойуккааҥҥа диэри кэпсэлгэ сылдьара. Романовтар династияларын 300 сыла бэлиэтэнэринэн сибээстээн, 1913 сыллаахха ыытыллыбыт сахалар съезтэригэр кэлбит делегаттар истэригэр Торуой Ардьакыап киирсэн, киэҥник тарҕаммыт хаартыскаҕа үөЇэ, бэЇис эрээккэ хаҥастан төрдүс киЇинэн турар. Ити кэмҥэ кини Бороҕон улууЇун кулубата этэ. Бэйэтин суотугар Арыы Тииккэ уон икки оҕоҕо аналлаах пансионнаах оскуола дьиэтин 1912 сыллаахха туттаран, иккис мэтээлин ылбыта.

И.И.Крафт Саха сиригэр губернатордыырын саҕана олохтоох баайдар норуокка үчүгэйи оҥоруунан үлүЇүйэ сылдьыбыттара. Ол курдук нолуогу кэмигэр хомуйдахтарына, таҥара дьиэтэ, оскуола туттардахтарына, сут дьылга дьадаҥыларга көмө оҥордохторуна оннук мэтээлгэ тиксэллэрэ. Ону саха баайдара сөбүлүүллэрэ.

Торуой Ардьакыап сүрүн уЇаайбата Өлүөнэ өрүс биэрэгэр Чымаадай хочотун Атырдьах диэн салаатын саамай үрдүк, уу ылбат кырдалыгар Арыы Тиит дэриэбинэтигэр киириигэ, билигин стройучаастак бырахпыт территориятыгар турбута. Бу миэстэҕэ бэрт былыргыттан дьон таптаан олорбут, олохсуйбут сирдэрэ. Манна Ардьакыаптартан ураты баай Барашковтар: Петр – Малҕа уонна Иван – Микиитэбис, Павел Мордовской – Тэлиэркэ, Николай Габышев – Боччуо, Борокуопай Ардьакыап, Уйбаан Ардьакыап – Сөттөмө, Егор Прокопьев – Халыҥ, Поротовтар биирдии бэйэлэрэ 30-100 сүөЇүгэ тиийэ ииттэн, байан-тайан олорбуттара. Арыы Тиит 1910-1930 сылларга, атыннык эттэххэ, колхозтар тэриллиэхтэригэр диэри, оччотооҕуга уончаҕа тиксэр нуучча дьиэлээх улуус биир бөдөҥ уонна үчүгэй дэриэбинэтэ этэ.

Торуой Ардьакыап 1909 сыллаахха Өлүөхүмэттэн уЇааттаран аҕалбыт суон, уЇун бэс бэрэбинэлэринэн 9 хостоох дьиэ туттарбыта. Дьиэтин иннигэр 6х6 кээмэйдээх кэккэлэЇэ турар 3 субурҕа ампаардааҕа, онтон хотугута – түүлээххэ, ортокута дириҥ булуустаах буолан – эккэ-аска, соҕурууҥҥута бурдук кутарга аналлаахтара. Ыскылаат икки хос хаптаЇын кырыыЇалааҕа. Бу тутуу кэннигэр 20х5 м кэриҥэ кээмэйдээх үрдэ сиэрдийэнэн уонна хатырыгынан сабыллыбыт сылгы тутар көнньүүЇүнэ баара. Улахан дьиэ таЇыгар саха балаҕана салҕааЇыннаах 8х8 кээмэйдээх үлэЇиттэр олорор дьиэлэрэ турбута. Ону сэргэ 40-ча сүөЇү турар хотоннооҕо. II Ардьакыап дьон кэпсээнинэн 120-150 сүөЇүттэн ордугу туппатах. Ол аата сүүсчэкэ сүөЇүнү атын сиргэ хаЇааска, арендаҕа туруорбут. 1930 сыллаахха холбоЇуктааЇын саҕана ити уЇаайба улахан дьиэтэ өрүстэн 3 көстөөх Ардьакыаптар сайылыктарыгар Дьиэрэҕэ көЇөрүллэн оскуола буолбута. Бу дьиэ 1935 сыллаахха диэри начальнай оскуола быЇыытынан үлэлээбитэ, ити дьыл оскуола сабыллан оҕолоро КыЇыл Кырдалга көЇөрүллүбүттэрэ. Кэлин дьиэни үс аҥы арааран, икки уЇуктара Суоттуга – амбулатория, Тумулга – оскуола мастарыскыайа буолан тураллар. Ортоку быыдаранан холбоспут өттө колхоз саҕана атын наадаҕа туттуллубута. Оттон үс тилийэ ампаардара Намылы диэн сайылыкка көЇөрүллэн, сүөЇү үлэЇиттэрэ олорор дьиэлэрэ буолан турар.

АтыыЇыт 150-ча сүөЇүтүттэн биэс уона сылгы эбитэ үЇү. Бэйэтин уЇаайбатыгар 40-ча сүөЇүнү тутара. Ону хамначчыттара көрөллөрө. Онтон ураты 50-60 төбө сүөЇү ыалларынан үллэЇиллэр: сороҕо хаЇааска, сороҕо кэпсэтии быЇыытынан арендаҕа тураллара. Киин улуустарга аата киэҥник биллэр Тииҥнэй диэн сүүрүк аттааҕа. Ол ат кини байарыгар эмиэ көмө буолбута диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр. Былыр да, билигин да байарга бары үүт-хайаҕас барыта туЇаныллара.

АтыыЇыт Ардьакыап дьиэтигэр улахан маҕаЇыыннааҕа. Онно курупчаакы, сэлиэЇинэй бурдуга, саахар, чэй, табах, туустаах балык, арыгы, дьиэҕэ туттар тэрил арааЇа, сылабаар, иЇит-хомуос, ат тэрилэ, кыраЇыын, чүмэчи, онтон да атын элбэх атыыланара үЇү. АтыыЇыт Ардьакыап кэргэнэ Ирина Ивановна чугаЇынан суох баай аптекалааҕа. Онно соҕуруу дойдуга оҥоЇуллубут араас эмп таблеткатыгар тиийэ элбэҕэ үЇү.

АтыыЇыт Ардьакыап олох эдэр сааЇыттан бу идэтинэн дьарыктаммыт. Ордук Дьааҥы, Халыма өрүстэр сүнньүлэригэр олорор улуустар нэЇилиэнньэлэрэ туохха наадыйалларын тиэйэн илдьэн түүлээххэ эргинэрэ. Ол түүлээҕи Дьокуускай куорат улахан атыыЇыттарыгар Г.В. Никифоровка – Манньыаттаах уолугар, П.А. Кушнаревка, И.Д. Парниковка уо.д.а. табаарга эргитэрэ, көмүскэ атыылыыра. Ити эргитиилэртэн кини кырата суох барыЇы ылара. Табаары эргитэргэ сытыы-хотуу, бэйэтэ эрэнэр дьонун бирикээсчит, ааҕын быЇыытынан туЇанара. Куоракка, тыаҕа биирдиилээн дьонунан кыра ларектары аЇан эмиэ атыылатара. АтыыЇыт Ардьакыап сыл ахсын Бодойбоҕо 25-30 кур оҕуЇу үүрэн илдьэн, көмүскэ атыылыыра. Саха баайдара табаары Японияттан сакаастаан ылалларын туЇунан «Сахаада» хаЇыакка суруллубута. Онно И.А. Аржаков аата эмиэ баар.

Торуой Ардьакыап эмискэ байыытын саха биир улахан баайа Сэрбэкэ атыыЇыт огдооботун Ирина Ивановнаны кэргэн ылбытын кытта сибээстииллэр. Кэргэнэ халыҥ элбэх баайы, сүөЇүнү, сылгыны көЇөрөн илдьэ кэлбитин туЇунан норуот номоҕор баар. АтыыЇыт Арыы Тииккэ байан-тайан олоруута бэрт элбэхтэн тутулуктааҕа: быйаҥнаах оттуур ходуЇа, бааЇына сирэ, үүттүгэннээх үтүө сайылык, сэниэтик туттан олорор үлэЇит дьон тулалааЇына, бэйэ хаЇаайыстыбатын саталлаахтык, барыс киирэр гына дьаЇаныы, от-бурдук саппааЇын быспакка хаЇааныы уо.д.а. буолаллар. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн атыыЇыт үс сыл куруппут отун тэллэҕиттэн хахыйах, талах үүммүт буолара үЇү. Ол иЇин кураан да, уу да суттара кинини кыайбат эбиттэр. Сирин бастыҥа өрүскэ, өрүс арыыларыгар буолан, өрүүтүн оттоох этэ. Ол эрээри, кини баайын үгүс өттө сүөЇүтээҕэр да, түүлээхтээҕэр да кыЇыл көмүс этэ диэн буолар. КыыЇа Елена Ивановна 1950 сылларга өлөөрү сытан, бытыылкалаах кырылас көмүЇү уонна кыЇыл көмүс империал манньыаттары чугас аймахтарыгар түҥэппитин туЇунан тыл кэпсээнэ тарҕаммыта. ТөЇө көмүЇү Торуойтан сэбиэскэйдэр, ОГПУ-лар былдьаабыттара, төЇөтө нэЇилиэнньиктэригэр хаалбыта, төЇөтө сиргэ-буорга көмүллэн туЇаныллыбатаҕа чуолкайа биллибэт. Ол гынан баран, Аҕа дойду сэриитэ буолуор диэри түҥ ойууртан, эбэтэр быраҕыллыбыт өтөхтөртөн сундууктаах түүлээх, чуумунан миэтирэлээх таҥас, дьааЇыктаах курустаал, фарфор иЇиттэр көстөллөрүнэн тойонноотоххо, 1920-1930 сылларга баайдар сэбиэскэй былаастан күрэтэн кистээбит баайдара-дуоллара туЇаҕа тахсыбатаҕа үгүс буолуон сөп.

Үс бырааттыы үЇүөн үөЇэ айыылартан айдарыылаах дьон буолалларынан, кэриэс эппэккэ «сүлүгэстэтэн» – эмискэ өлбүттэрэ биллэр. Иван Алексеевич Пиэрибэй Дьокуускай түрмэтигэр 1922 сыллаахха, Иван Алексеевич Тэриэтэй 1940 сыллаахха дьиэтигэр утуйа сытан, Иван Алексеевич Торуой, Ойбон күөлгэ Мэхээлэ НэппэрээЇэйи – Кыччааҕы кытта дьукаах олорон, 1930 сыллаахха уончалаах кыыс оҕону кытта мас эрбии туран өлбүттэр. Онон үс бырааттыылар дьылҕалара итинник.

Октябрьскай революция буолан Саха сиригэр гражданскай сэрии бэрт уЇуннук барбыта. Сэбиэскэй былаас лаппа кыайбытын да кэннэ быста-быста салҕанан үрүҥнэр, баандалар диэн ааттанар дьон сотору-сотору саалаах-сэптээх сэбиэскэй былааЇы утары бараллара. Куораттан ырааҕа суох сиргэ олорорбутунан ол дирбиэннээх, хаан тохтуулаах түгэннэр бу миэстэни быЇа ааспатахтара.

1922 сыл кыЇыныгар Суотту Охлопков – Тойон Мурун диэҥҥэ иитиллибит Устинов Иван Леонтьевич диэн Дүпсүнтэн төрүттээх үөрэхтээх, бухгалтер идэлээх киЇи командирдаах үрүҥнэр этэрээттэрэ Арыы Тииккэ үс ый курдук олорбута. АтыыЇыт дьиэтигэр штабтаммыттара. Кинилэргэ икки Суоттуттан уончалыы киЇи кыттыбыта. Олор ааттара-суоллара чуолкай биллэллэр. Бу дьон хас күн ахсын сүөЇү өлөрө-өлөрө эт сииллэрэ. Буспут эт икки төгүрүк остуолга өрүү тардыллан турара диэн дьон кэпсииллэр. 1920 сыллаахха И.И. Ардьакыап – Сөттөмө бэрэссэдээтэллээх «Дьиэрэ» диэн эргиэнинэн дьарыктанар Бороҕон улууЇугар аан маҥнайгы кооператив тэриллибитэ. Бу кооператив табаарын Устинов этэрээтэ тутан ылан бэйэтигэр туЇаммытын туЇунан улуус кооперативтарын историятыгар суруллубута. Бу этэрээт дьарыга диэн дьону байыаннай дьыалаҕа, бинтиэпкэни сатаан туттарга үөрэтэрэ. Бинтиэпкэ барыларыгар тиийбэт этэ. Ол иЇин ити үөрэххэ доруоп сааны, эбэтэр бүтэй тоЇоҕотун тутталлара.

Ол кэмнэргэ Нам Муччуку нэЇилиэгин киЇитин Леонтьев Иван ЕремеевиЇы – Буойуну кыЇыл этэрээт разведчига диэн олохтоохтор тутан Бороҕоҥҥо олорор үрүҥ этэрээтигэр таЇааран ыттарбыттара. Бу, кырдьыга, олохтоохтор бэркэ билэр, намнар улаханнык аЇыйар, элбэх оҕолоох киЇилэрэ этэ. Кини, кырдьыга да, И.Е. Винокуров командирдаах кыЇыл этэрээт разведчига этэ. Бэл, Бороҕоҥҥо тиэйэн таЇааралларыгар сылдьыспыт дьонтон сорохторо: «Акаарыбытыгар туох да буруйа суох киЇини, бииргэ үөскээбит, оонньообут-көрүлээбит, хаартылаабыт табаарыспытын Устинов эрэ эттэ диэн сиэтэн турабыт», – диэн кэмсинэллэрэ. Кэлин Нам II Хомустааҕар кини аатынан «Буойун» диэн колхоз тэриллибитэ, итинник ааттаах биригээдэ билигин да баар. Бу түбэлтэ оччолорго да икки ыаллыы, кутуу чэйи, муунта бурдугу иэс ылса-бэрсэ олорбут нэЇилиэктэр сыЇыаннарыгар төЇөлөөх ыарахаттары үөскэппитэ буолуой?

Иккис түбэлтэ – Кыпчыыкап атыыЇыт – Федор Леонтьевич Васильев өлөрүллүүтэ буолар. Арыы Тииккэ олорор этэрээт командира Устинов ыҥырыы суругун тутан баран: «Бырааттар ыҥырбыттар, туохха наадыйдахтарай?» – диэн мунаара-мунаара, кини туЇунан куЇаҕаны саныыллара буолуо диэн букатын сэрэйбэккэ, саамай мааны таҥаЇын кэтэн тиийэн кэлбит. Ону Устинов: «Биир уолуҥ коммунист, ол иЇин этэрээти өйөөбөтүҥ, көлөнөн көмөлөспөтүҥ», – диэн буруйдаабыт. Уонна Нам улууЇун киинигэр Куонда Кириэскэ илдьэн ыттарбыт. Дьиҥэр, командир Устинов ыкса ыала оҕонньорго өртөн ыла илдьэ сылдьар тус бэйэтин өЇүн-сааЇын ситиспитэ диэн этэрээккэ сылдьыбыт дьон кырдьан олорон кэпсииллэрэ. Онон Нам улууЇун киЇитэ Бороҕоҥҥо, Бороҕон улууЇун киЇитэ Намҥа ытыллыбыттара. Ити курдук олох айманыытын саҕана туох да буруйа суох дьон хоп-сип, өс-саас сиэртибэтэ буолбуттара. Туох да улахан төрдө-ууЇа суох, куЇаҕан тэрээЇиннээх Устинов этэрээтэ Көрдүгэнинэн, Мардьайынан эргийэн Ньукуолускайга тиийэн, сайын бэс ыйыгар 1922 сыллаахха үлтү сынньыллыбыта. Устиновы бэйэтин Дүпсүҥҥэ өтөххө саЇа сылдьарын тутаары кыЇыллар өлөрбүттэрэ. ҮөЇээ суруллубуттан хас да сокуоннай ыйытык үөскээн тахсар. АтыыЇыт Ардьакыап сэбиэскэйтэн, бассабыыктартан, ГПУ-лартан туох да кыЇарҕаҥҥа киирэ сылдьыбатаҕа дуо диэн… Киирэн бөҕө буоллаҕа дии, баайыттан мэлийэн бэйэтэ эрэ тыыннаах хааллаҕа… Ол хайдах?! Кини боппуруоЇа нэЇилиэнньэ уопсай мунньаҕар үс төгүл тура сылдьыбыт. Онуоха дьон кыра, дьадаҥы өттө, хамначчыттара даҕаны кини биЇигини баттаабатаҕа, атаҕастаабатаҕа, көлөЇүммүтүн дуогабар быЇыытынан сөпкө төлүүрэ, саа-сэп туппатаҕа, онон биЇиги иннибитигэр туох да буруйа суох, хаайыыга-көскө ыыппаппыт, диэбиттэр. АтыыЇыт бэйэтин баайын кистээЇинэ, күрэтиитэ ханна барыай, баара буолуо. Алта ыҥыыр аттаах, бэрэмэдэйдээх, сирэйдэрэ сабыылаах ороспуонньуктар оҕонньордоох эмээхсини дьиэлэрин чуулааныгар хаайан баран баайдарын: түүлээҕи, таҥаЇы, онтон да атын баайы-дуолу ыҥырдан барбыттарын туЇунан кэпсээн тарҕаммыт. Туох билиэй, ол баҕар оҥоЇуу буолуо. СүөЇүлэрэ, сылгылара, туох баар тутуулара, от, бурдук массыыналара, араас тэриллэрэ колхозка холбоммуттара. Саҥа олоҕу тутуу дүбдүргэннээх сылларыгар, кулааҕы кылаас быЇыытынан эЇии саҕана Ардьакыаптар, Барашковтар ыччаттара үлэ, үөрэх эккирэтиитинэн сылтанан төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэриттэн букатыннаахтык тэйбиттэрэ. Ол олохтоох ыччат иитиллиитигэр, культураҕа сыстыытыгар биллибэтинэн-көстүбэтинэн да буоллар охсуулаах этэ. КиЇини киЇи иитэр. Ханнык да сут-кураан дьылларга сатаан дьаЇанан ыарахаттартан тахса үөрэммит өйдөөх, үөрэхтээх дьон баран хаалыыта олоххо охсуулаах эбитэ буолуо. Билиҥҥи саҥа кэмҥэ сорох дэриэбинэлэртэн сытыы-хотуу, билсиилээх-көрсүүлээх өттө дьиэлэрин-уоттарын быраҕан, үптээх-астаах, хамнастаах куорат сирдэри былдьастылар. Ол тэбиитэ, охсуута элбэҕин дьон-сэргэ билэ-көрө сылдьар.

Биирдии ыаллар сүөЇүлэрин ааҕан баран эттэххэ, бу үйэ саҥатыгар Арыы Тииккэ, кини чугаЇынан тыЇыынчаттан итэҕэЇэ суох сүөЇү иитиллэн турбут. Ол барыта хаЇаайынтан тутулуктаах. Ардьакыаптар, Барашковтар, туох да диэн куолулаабыт иЇин, өйдөөхтүк, чиҥник дьаЇанан олорбут, ураты сүрэхтээх үлэЇит дьон буолаллара итинтэн да көстөр. Урукку барыта куЇаҕан буолбатах этэ.Үлэҕэ үтүө үгэстэр, үөрүйэхтэр бааллара. Олору сэбиэскэй кэм курдук мэлдьэЇэн кэбиспэккэ, дириҥник үөрэтэн билиҥҥи ырыынак үйэтигэр туЇанарбыт көдьүүстээх буолуо этэ.


Иван Иванович ПИРОЖКОВ, Уус-Алдан улууЇун Бочуоттаах гражданина, педагогическай үлэ ветерана.

Hosted by uCoz