Николай ЕФРЕМОВ
Саха
тыла – сайдар кэскиллээх тыл
Тыл,
омук тыына буолан, хайа да норуокка ураты болҕомтоҕо сылдьар.
Саха дьоно төрөөбүт тылларыгар ханнык баҕарар кэмҥэ
харыстабыллаахтык сыЇыаннаЇаллар. Ол түмүгэр норуоппут төрүт
култууратын аныгы быЇыыга-майгыга саҥалыы сайыннара сылдьар.
Ол гынан баран билиҥҥи элбэх
тылланыы кэмигэр тылы харыстааЇыҥҥа былааннаах үлэ ыытыллара
наадалаах. Урут сурук-бичик тарҕана илигинэ, саха тылын фольклор,
чуолаан олоҥхо эйгэтэ иитиэхтээн уус-уран өттүнэн күүскэ
сайыннарбыта.
Билигин тылбыт уус-уран эйгэнэн
эрэ муҥурдаммакка, тыл араас туттуллар истиилинэн сайыннаҕына эрэ,
кэскиллэнэр кыахтаах. Бу, биллэн турар, улахан үлэни, ахсаабат
дьулууру эрэйэр.
Туох-ханнык иннинэ тыл
систиэмэтэ харыстаныллыахтаах. БиЇиги тылбыт, биллэрин курдук,
агглютинативнай – суксуруЇуннары дьапталлар (постпозитивнай-агглютинативнай)
тутуллаах тыллар бөлөхтөрү-гэр киирэр. Ол, үгэс буолбут балаЇыан-ньаҕа
олоҕурдахха, тыл тутулугар көстөр. Ол курдук тыл олоҕор (чопчулуур
тэгилитэ суох – лексическэй суолталаах өлүүскэҕэ) биирдэм суолталаах
сыЇыарыылар (чопчуланар тэгили өлүүскэлэр) бигэ орунунан – «лексическэй
суолталаах өлүүскэ + грамматическай суолталаах өлүүскэ» бэрээдэгинэн
утум-ситим холбонон тыл суолтатын уларыталлар эбэтэр саҥа тылы
үөскэтэллэр. Маныаха үгүстүк холобур быЇыытынан аҕалыллар биир тылы
көрүөҕүҥ: кыдамалаЇыннарбатахтарынааҕар. Бу, көрдөххө, биир тыл
буолан баран, араас сыЇыарыы дьапталҕаламмыт буолан, суолтата уустук:
кимнээх эрэ хайа эрэ киЇини от кэбиЇиитигэр кыдамалааЇыҥҥа
көмөлөЇүннэрбэтэхтэр, ол кини туохха эрэ сыЇыанын, сыанабылын
этэригэр тэҥнээЇин холото (эталона) буолар. Онон бу тыл ханнык эрэ
этии «тыыннаах» сорҕотун быЇыытынан көстөр.
Ити курдук сыЇыарыыны
суксуруЇуннары дьапталҕалаан, тылы тутул да, суолта да өттүнэн
араастаан имитэн-хомутан туттуу саха тылын биир ураты баайа буолар.
Маны харыстаан сайыннара сылдьар наада.
Тыл ситимигэр киирдэххэ, эмиэ
итиниэхэ маарыҥныыр көстүү сылдьар. Ол курдук тыллар эмиэ бигэ
орунунан ситимнэЇэн, дьапталлан синтаксическай өлүүс-кэни – тыл
ситимин үөскэтэллэр. Чопчулуур – быЇаарар, сиЇилиир, толоруу, туЇаан
буолар тыл инникилиир, оттон чопчуланар тыл кэлин оруннанар. Холобур:
ыраас кумааҕы; улаханнык аах; кинигэни көр; оҕо суруйар.
Этиигэ да биир оннук: кэпсиирэ
кэнникилиир, атын этии чилиэннэрэ кини иннигэр оруннаналлар. Эмиэ
тыл тутулугар курдук, этиигэ тыллар суксуруЇан, дьапталҕаланан
бодоруЇуу (коммуникация) өлүүскэтин үөскэтэллэр. Холбуу этиигэ да,
тиэкискэ да син биир дьапталҕаланыы көстүүтэ бара турар.
Дорҕоон тиЇигин ыллахха, тыл
инники сүЇүөҕүн аЇаҕас дорҕоонунан чопчуланан атын сүЇүөхтэрин
аЇаҕастара үөскүүллэр. Ону тыл үөрэҕэр дорҕоон дьүөрэлэЇиитэ дэнэр.
Лексикаҕа уопсай уонна
чопчуламмыт суолталаах тыллар тиЇиктэрэ эмиэ итинник дьапталҕаны
көрдөрөр. Холобур: алдьат – тоЇут, хайыт, үлтүрүт о.д.а.
Ити барыта саха тыла биир
кииннээх – чопчулуур-чопчуланар тиЇигинэн сайдар тутуллаах тыл
буоларын кэрэЇэлиир. Маннык тиЇик тыл бигэ тутуллаах буоларын
хааччыйар. Онон саха тылын үөрэтиигэ, туох-ханнык иннинэ бу
балаЇыанньаҕа олоҕуран баран, тыл өлүүскэлэрин билиҥҥи биллэр
ньымаларынан көрөр тоҕоостоох. Биллэн турар, маннык балаЇыанньа тыл
тиЇигин судургутутуу курдук сыаналаныан сөп. Ол биллэр гынан баран,
тылы тутулунан-суолтатынан үөрэҕэстиэх иннинэ, кинини туох күүс биир
кэлим сомоҕо гынарын быЇаарар наадалаах. Уопсайынан туох барыта
бастаан бүтүн көстүү быЇыытынан ылыныллан эрэ баран, чаастарга
араарыллар.
Бу балаЇыанньа атын учуонайдар
үлэлэригэр эмиэ ханыылаах. Ол курдук быЇаарар, чопчулуур тыла илин,
оттон быЇаарыллар, чопчуланар тыла кэлин оруннанар диэн тыл орунун
утумнаах көстүүтэ тюрк тылларын тутулун сүрүн сокуона буоларын
биллиилээх учуонайдар Г.П.Мельников, Н.З.Гаджиева, Н.А.Баскаков
о.д.а. үлэлэригэр төрүт балаЇыанньа быЇыытынан көрдөрөллөр. Оттон
Д.М. Насилов агглютинацияны тюрк тылларын сүрүн бириинсибин
быЇыытынан сыаналаан, чинчийиитин эмиэ ити балаЇыанньаҕа олоҕуран
сайыннарар.
Тылынан толкуйдааЇын киЇи аймах
сайдыытын төЇүү күүЇэ. Онуоха араас омуктар, төрөөбүт тылларын
уратытыгар олоҕуран, эйгэлэрин тылынан көстүүтүн оҥороллор.
Саха тыла маныаха атын ураты
ньымаларын эмиэ туттар. Ол курдук саха тылын тиЇигин биир сүдү
араҥата дьүЇүннүүр, тыаЇы үтүктэр тыллар эйгэ тылынан көстүүтүн атын
ураты таЇымынан ойуулаан-сайыннаран биэрэллэр. Бу – саха тыла сайдан
бара турар аЇаҕас тиЇиктээх тыл буоларын чаҕылхай туоЇута. Ити
курдук агглютинативнай саха тыла көнө, үөскээбит, көспүт лексическэй
суолталаах судургу тылларыттан ураты өссө ойуулуур-дьүЇүннүүр, тыаЇы
үтүктэр тылларынан бэйэтин тиЇигин кэҥэтинэр. Маныаха эбии үтүмэн
үгүс аттаЇык халыыптаах тыллар – сомоҕо домохтор, холбуу тыллар
о.д.а. бу тиЇиги салгыы кэҥэтэллэр. Маны кэрэЇэлиир биир чахчынан
билигин бэчээттэнэн тахса турар элбэх туомнаах саха тылын
быЇаарыылаах тылдьыта буолар. Бу уон биэс туомнаах буолара
былааннанар улахан тылдьыт бастакы, иккис туомнара А, Б буукубанан
саҕаланар тылларга анаммыттар. Бастакыга түөрт, иккискэ сэттэ
тыЇыынча кэриҥэ тылдьыт ыстатыйата, сомоҕо домох, сомоҕо, холбуу тыл
киирэ сылдьар. Оттон төрдүс, бэЇис туомнара биир эрэ буукубаттан – К
саҕаланар тыллаах. Бу барыта саха тыла лексическэй баайа сөҕүмэрин
көрдөрөр. Маныаха элбэх суолталаах тыллары сорох нуучча
чинчийээччилэрэ лексическэй өлүүскэ быЇыытынан көрөллөрүн курдук
ылыннахха, тылбыт ахсаана хас эмэ төгүл элбээн тахсар. Аны сорох
дэгиттэр тылы үөскэтэр -лаах, -тык о д.а. сыЇыарыылаах тыллары
учуоттуур буоллахха, тыл баайа ахса суох элбээн бардар бара турар
тиЇиктэнэр.
Оттон саха тылын грамматикатын
ылар буоллахха, манна араас барыйаанынан эмиэ биир төрүккэ олоҕурар
араас ситимнэр төрүү-үөскүү тураллар. Ол билиҥҥитэ үрдэ эрэ
үөрэтиллэн турар. Холобур, аҥаардас кэм суолталаах баЇылатыылаах
холбуу этии сыЇыарыынан уонна дьөЇүөлүнэн бэриллэр арааЇа сэттэ
уонча халыыптааҕа ыйыллар.
Онон, Э.К.Пекарскай улууканнаах
үлэтин – «Саха тылын тылдьытын» олугун охсубут протоиерей Димитриан
Попов эппитинии, байҕал уутун курдук бастар бараммат баай саха тыла
сайдар-тэнийэр толору кэскиллээх. Онуоха саха дьоно бары
ыччаттарбытыгар бу баайы сатаан туЇанарга ахсаабат болҕомтобутун
ууруохтаахпыт. Наука, үөрэх тэрилтэлэрин о.д.а. өттүлэриттэн
далааЇыннаах утумнаах үлэ барара биир бастакы тирээн турар сорукпут
буолар.
Николай Николаевич
ЕФРЕМОВ,
филологическай наука доктора