Ытыктабыллаах ааҕааччыбыт!
Олох-дьаЇах тутула тосту
уларыйбыта номнуо 20-чэ сылга чугаЇаата. Бу кэмҥэ социалистическай
систематтан капитализмҥа, демократическай уопсастыбаҕа көстүбүт диэн
буолар. Кырдьык да, бу сыллар усталарыгар экономика төрүттэрэ
уларыйан, рынок олохсуйан, олох атын үлэлээх-хамнастаах, өйдөөх-санаалаах,
сиэрдээх дьон, ааспыт олоҕу ситэри билбэт бүтүн көлүөнэ да үөскээтэ
диэххэ сөп.
«Тимир быыс» аЇыллан, уруккута
сэбиэскэй тыыҥҥа иитиллибит дьоҥҥо, ыччакка маассабай культура
дьайыыта күүЇүрдэ. Үп-харчы эргиирэ, олох атын сыаннастара киЇи
олоҕун отуорун, майгытын-сигилитин уларыттылар. Онтон сылтаан
олох-дьаЇах культурата, бэйэ-бэйэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ сыЇыан эмиэ
уратылаах.
Олох-дьаЇах культурата омугу
сирэйдээн көрдөрөр улахан суолталаах өрүтүнэн буолар. Онон биЇиги
сурунаалбыт Саха омук конгреЇын көрсө «Үйэттэн үйэҕэ: кэпсээ,
санааҕын сайа эт» диэн рубриканы салҕаан, манна сыЇыаннаах кэккэ
ыйытыыларга хоруйдуургар, санааҕын үллэстэргэр көрдөЇөр.
1. Бүгүҥҥү күҥҥэ саха омук
общественнай-политическай сайдыытын тэтимэ хайдах баран иЇэр дии
саныыгын? Кэскили тэриниигэ туох өй-санаа, дьаЇал дьайыылаах
буолуоҕай?
2. Саха олоҕун отуора
уларыйыаҕыттан олох-дьаЇах культуратыгар үтүө да, мөлтөх да
сүүрээннэр киирбиттэрэ бэлиэтэнэр. Эн санааҕар, итиннэ ханнык үчүгэй,
ону тэҥэ киЇи ахсарбат өрүттэрэ баалларый, ол туохха көстөрүй?
3. ЫЇыаҕы, тэрилтэҕэ, дьиэҕэ-уокка
бырааЇынньыгы ыытыы үгэстэрэ уруккуттан олоҕурбукка тэҥнээтэххэ,
туох уратылаахтарый? Итиниэхэ киЇи омнуолуу саныыра, сөбүлээбэтэ
баар дуо, эбэтэр туох байытарый?
4. Саха аЇа-үөлэ, таҥаЇа-саба төЇө
киэҥник туттулларый уонна билиҥҥи ирдэбиллэргэ, хаачыстыбатынан сөп
түбэЇэр дии саныыгын дуо? Манна идэтийэр дьон, маастардар үлэлэрин
хайдах сыаналыыгын?
5. КиЇи киЇиэхэ сыЇыаныгар – улахан
салайар үлэЇит көннөрү киЇиэхэ, тэрилтэ салайааччыта – үлэЇиттэригэр,
эдэр – кырдьаҕаска, кыахтаах киЇи – кыаммакка, эмчит – ыарыЇахха
уо.д.а. сыЇыаныгар туох эрэ уларыйыы көстөр дуо, эбэтэр хайдах
буолуохтааҕый?
6. Төрүттэрбит айылҕалыын алтыЇан,
кини кэрэтин, баайын дууЇаларыгар, сүрэхтэригэр иҥэрэн, улахан
утарсыыта, алдьатыыта суох күн сиригэр олорон ааспыттара. Оттон
билиҥҥи көлүөнэ айылҕаттан тэйиитэ төЇө улаханый? Куорат, киин,
бөдөҥ бөЇүөлэк олохтооҕун тулалыыр эйгэҕэ, олорор сиригэр сыЇыаныгар
биЇиги төрүттэрбит ханнык үгэстэригэр олоҕуруохпутун сөбүй? Дьиэ
кэргэҥҥэ, оскуолаҕа, үрдүк үөрэх кыЇатыгар экологическай иитии
таЇымын хайдах сыаналыыгын?
Ыйытыыларга хоруйдуоххут диэн эрэнэ
хаалабыт.«Илин» сурунаал редакцията.
Ульяна
Алексеевна Винокурова,
Арктикатааҕы государственнай культура уонна искусство институтун
научнай үлэҕэ проректора, социологическай наука доктора
1. Тэтим биллэрдик мөлтөөтө
уонна буомурда. Ол сүрүн биричиинэтинэн үрдүкү салалта атын
хайысханы тутуспутугар сытар. Аҥардас экономиканан дьон-норуот
дьылҕатын туЇаайыытын тутуЇуннарбаккын. КиЇи-аймах диэн кэрэҕэ,
үтүөҕэ дьулуЇар дууЇалаах, дьол туЇугар олорор. Оннук кииннээх
кииллэммит тиит курдук дьылҕаҕа дьулуЇар. Ол билигин кыайан
түмүллүбэт, эрчими үөскэппэт. Буспут балык курдук көрүҥнээх Саха
омук ким кинини ыЇык оҥосторун кэтэЇэн хоторуллан баран сытар.
Кэскили тэринии туЇунан санаа сайдар кыаҕа билигин суох. «Бил
баЇыттан сытыйарыгар дылы» билиҥҥи уоруйах, бэйэмсэх, ньүдү
салайааччылары түрмэҕэ кистии иликкэ олох отуорун булар кыаҕа суох.
2. Саха омук олоҕун отуора
уларыйыыта үйэттэн үйэҕэ салҕанан бара турар көстүү. Билигиҥҥи да
кэм омуктан уҕараабат бэлэми ирдиир. Онно ким бэлэмнээх саҥа
кирбиилэргэ тахсыа, кыамматах соЇуллан хаалыаҕа. Оннук олох
энчэрийбэт ирдэбиллэригэр дьүөрэлэЇэр өйү-санааны төЇө элбэх киЇи
тобулар да, соччонон омук чөл туруктаах, кэскиллээх буолуо.
3. БырааЇынньык культурата
биллэрдик уларыйан эрэр. Корпоративнай бырааЇынньыктар диэн бииргэ
арыгылаан уопсай тылы булан куодарыЇан тутуЇа сылдьыы тарҕанан эрэрэ
дьиксиннэриилээх. Онно дьахтар аймах киирсиЇэн эрэрэ ордук
кутталлаах. Ити криминальнай өй-санаа киэҥ араҥаларга тарҕанан
эрэрин туоЇулуур.
Оттон ыЇыах туЇунан этэр эбит
буоллахха, бу Саха омугу сомоҕолуур суос-соҕотох
бырааїынньыктаахпытын дьон үксэ өйдөөн, тупсаран иЇэллэрэ
кэрэхсэбиллээх. Дьону холбуур эрчим тэтимэ күүЇүрэн иЇэр.
4. Саха аЇа-үөлэ – культура
ураты уонна биир тарҕаммыт, тутуЇуллар көрүҥэ. Кини сайдарын туЇугар
хас хаЇаайкаттан саҕалаан киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар бары дьулуЇаллар.
Онон сотору ас промышленноЇын биир көрүҥүн быїыытынан киэн туттар,
дохуот киллэрэр салаабыт буолара сабаҕаланар. Таҥас-сап эмиэ биир
оннук. Сахалар таҥаска ураты болҕомтолоохтук сыїыаннаїалларын үгүс
тастан сылдьар дьон бэлиэтии көрөллөр. Ити кэрэҕэ дьулуЇуу биир
чаҕылхай көстүүтэ. Манна хас да араас хайысха биллэн эрэр. Ол
сайдыыга дьулуЇуу көстүүтэ.
5. Дьон сыЇыана общество төЇө
элбэх араҥаттан турарыттан тутулуктаах. Билиҥҥи кэмҥэ социальнай
атааннаЇыы дьон араас өттүнэн уратылара эбиллэн иЇэрин быЇыытынан
дириҥээн иЇэрэ чуолкай. Бэл детсад оҕолоро төрөппүттэрин кыахтарынан
көрөн бөлөхтөЇөллөр. Онон советскайдыы коллектив аныгы кэмҥэ баар да
буолуон сатаммат, ону эрэйэр да араҥа суох. Билигин «сиэрдээх
ирдэбил» эрэ диэн киЇи киЇиэхэ сыЇыанын тулхадыйбат өрүттэригэр эрэ
тирэҕириэххэ сөп.
6. Саха омук куораттыйыы
дьалхааныгар дириҥник киирдэ. Онон айылҕаттан тэйии күүЇүрэн иЇиэҕэ.
Билигин Саха омук сайдыы саҥа стратегиятын чочуйа сылдьар: ол
урбанизация, глобализация дьайыытыгар дьүөрэлэЇэр суолу тобулуу.
Онон айылҕаны кытта алтыЇыы диэн билигин тирээн турар сорук
буолбатах. Хас биирдии ыал оҕотун айылҕаҕа чугас гына иитэр кыахтаах.
Айхал
Иванович Габышев,
Саха Республикатын Ыччат политикатыгар министрин солбуйааччы
1. Сайдыы бытаарда. СитиЇиллибит
ситиЇиинэн дуоЇуйан олорор сатаммат. Кэскили тэринэрбитигэр хас
биирдии саха киЇитэ улуу өбүгэлэрбит албан ааттарын ааттатар
аналлааҕын, дойдуну сайыннарар ытык иэстээҕин өйдүөх тустаах. Ол
инниттэн хас биирдиибит сахалыы ааттаах-суоллаах уонна өй-санаа,
эт-хаан өттүнэн чөл туруктаах, чэбдик буолуохтаах.
2. БиЇиги бүгүҥҥү күҥҥэ
өбүгэлэрбит барахсаттар айан-тутан, үлэлээн-хамсаан хаалларбыт үгүс
үтүөлэрин түмүгэр тыыннаах кэлэн үөрэ-көтө олоробут. Сарсыҥҥы күн
тутула биЇигиттэн тутулуктаах. Күүстээх санаанан, хорсун быЇыынан
салайтарыахтаахпыт.
3. ТүЇүүлээх-тахсыылаах орто
дойду олоҕун арыаллыыр кэккэ тэрээЇиннэргэ кыайыылаах-хотуулаах
тахсар инниттэн хара дьай күүстэрэ аЇылыктанар «астарын»
туоратыахтаахпыт.
4. Саханы саха дэппит төрөөбүт
аспыт-үөлбүт, таҥаспыт-саппыт сайдыы сиэринэн өрө тутуллара
биЇирэнэр.
5. «КиЇи киЇинэн олорор» уонна «КиЇи
күннээх, балык ыамнаах» диэн мындыр өйдөөх улуу өбүгэлэрбит дириҥ (философскай)
ис хоЇоонноох этиилэрин толору өйдөөтөхпүтүнэ табыллар.
6. Оннооҕор, орто сайдыылаах
дойдуларга чыычаахтар уйа туттан, сымыыттаан, оҕолорун көтүтэр
кэмнэригэр туох баар тутуу үлэтэ барыта тохтуур, тыас-уус таЇаарар
бобуллар. Төрүт айылҕабытыгар хайдах сыЇыаннаЇарбытыттан инники
олохпут тутулуктаах.
Кузьма
Ильич Колесов,
Саха Республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха
Республикатын үтүөлээх бырааЇа, перфузиолог быраас
1. Бүгүҥҥү күҥҥэ саха норуота
олус кыра, сүтэн-оЇон эрэр омук курдук көстүбэт. Бу норуот аатынан
улахан, киэҥ сир, республика, федеральнай суолталаах тэрилтэлэр
ааттаналлар. Саха Республикатын аата билиҥҥи кэмҥэ аан дойду
таЇымыгар тиийэ киэҥник биллэр буолла. Ол курдук үгүс саха үрдүк
кылаастаах специалистара омук сиригэр тахсан ситиЇиилээхтик үлэлии-хамсыы
сылдьаллар. Саха сирин государственнай деятеллэрин, наука, культура
бэрэстэбиитэллэрин ситиЇиилэрэ бүтүн Россия иЇигэр эрэ буолбакка,
аан дойду таЇымыгар таҕыста. Ити барыта саҥа кэм кэскиллээх өттө
диэххэ сөп.
Билигин оннооҕор Саха сиригэр
уЇуннук олорбут нуучча дьоно соҕуруу регионнарга тиийэн: «Мы –
якуты», – дииллэр. Ити күлэ-оонньуу да кэриэтэ этилиннэр, дьиҥ
иЇигэр киэн туттуу бэлиэтэ. Онон Саха сирин туЇунан өйдөбүл дьон
санаатыгар бүтүн Россия үрдүнэн биллэ-көстө уларыйда диэххэ сөп.
Билигин, оҥорон таЇаарыы саҥа таЇымҥа тахсар, суол-иис сайдар
кэмигэр, атын омук дьоно кэлэрэ-барара, олохтоох нэЇилиэнньэни кытта
бииргэ алтыЇара үксээн иЇиэҕэ. Бу кэлии дьон сороҕо үөрэхтээх, үрдүк
кылаастаах специалист, баай тэрилтэ салайааччылара буолуохтара. Ол
иЇигэр авантюрист, биитэр бэйэлэрин дойдуларыгар олох-дьаЇах
отуоругар сөбүлэспэтэх, сороҕо буруйу да оҥорбут дьон буолуон сөп.
Кэлии дьон биЇиги тас да көрүҥмүт, өйбүт-санаабыт да уларыйарыгар
улахан сабыдыаллаах буолуохтара саарбаҕа суох. Маннык долгуннаах,
кэлиилээх-барыылаах, дохсун уларыйыы тыыннаах кэмҥэ саха норуота,
олохтоох норуот буоларын быЇыытынан, бэйэтин тула кэлии дьону түмэн
уонна угуйан саҥа олох тутулун сүрүннүөхтээх. Ону ситиЇэр туЇугар
сахалар аан бастаан бэйэбит өй-санаа өттүнэн уларыйыахтаахпыт. Кэлии
дьону туораппакка, бэйэбит аймахтарбыт курдук көрөн,
көмөлөЇүөхтээхпит. Саха норуота киЇи аймахтан туора турбакка, аан
дойдуну кытта бииргэ, тэҥҥэ сайдан иЇиэхтээх.
2. Кэнники кэмҥэ үөрэх, наука,
культура таЇыма үрдээЇинин саҥа олох үчүгэй сүүрээнигэр киллэриэххэ
сөп. Саха норуотугар орто, үрдүк үөрэхтээх специалистар ахсааннара
элбээтэ. Наука, культура эйгэлэригэр ситиЇии эмиэ үксээтэ.
Статистика көрдөрөрүнэн, үрдүк уонна орто анал үөрэхтээх саха дьонун
ахсаана Россияҕа бастакы кэккэҕэ сылдьар. Бу саха норуота үөрэххэ
дьоҕурун уонна дьулуурун туоЇулуур. Маны тэҥэ, киЇи ахсарбат,
кэлэйэр, хомойор, олох отуорун алдьатар түгэннэр үгүстүк көстөллөр.
Олор истэригэр маннык тыын ыарахаттары ааттыахха сөп:
1. Тыа хаЇаайыстыбата уонна
дэриэбинэ эстиитэ;
2. Боростуой үлэЇит дьон
дьадайыыта;
3. Сокуону кэЇии,
уоруу-алдьатыы, итириктээЇин, наркомания, дьиэтэ-уота, көрүүтэ-истиитэ
суох оҕолор, улахан дьон ахсаана күн-түүн элбии турара.
4. Үлэтэ суох буолуу.
ҮөЇэ этиллибит мөкү өрүттэр
экономическай кэхтии, дьадайыы түмүктэринэн буолаллар. Маннык
быЇыыны-майгыны быстах, биирдиилээн акцияларынан суох оҥорор
кыаллыбат. Онон республика, бүтүн Россия саҥа сокуоннары ылыннаҕына
үөЇэ этиллибит олоҕу алдьатар, киЇи ахсарбат түгэннэрин көннөрөр
олук үөскүөн сөп. Холобур, саҥа төрүүр оҕоҕо свидетельствоттан ураты,
Сбербааҥҥа кини аатыгар үс ыстатыйалаах счет арыллара наада:
– Бастакытынан, коммунальнай
төлө-бүр;
– иккиЇинэн, доруобуйа
харыстабыла;
– үсүЇүнэн, үөрэх төлөбүрэ.
КиЇи 25 сааЇыгар диэри
государство сылын аайы ити счекка харчы киллэриэхтээх. Ол кэннэ киЇи
бэйэтэ талбыт үөрэнэр, эмтэнэр тэрилтэлэригэр харчы төлөөн туЇанар
кыахтанар.
Россия уЇук хоту оройуоннарыгар,
Саха сиригэр тыа хаЇаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо аналлаах
сокуоннар ылыныллыахтаахтар. Тыа хаЇаайыстыбатынан (бас билиититтэн
тутулуга суох) дьарыктанар дьон государствоттан хамнас ылыахтаахтар,
нолуок бары көрүҥүттэн босхолонуохтаахтар. Оччоҕо эрэ Саха сиригэр
тыа хаЇаайыстыбатын тэтимэ сайдыан сөп. Аҥаардас оҥорон таЇаарбыт
бородууксуйаларын атыытынан тыа сирин үлэЇиттэрэ хаЇаайыстыбаны
тутан олороллоро кыаллыбат.
3. Мин санаабар, кэнники кэмҥэ
ыЇыах суолтата уларыйа быЇыытыйда. ЫЇыах диэн саха норуотун сайыны
көрсөр бырааЇынньыга буолар. Онон ыЇыах Саха сирин үрдүнэн биир
бириэмэҕэ буолан ааЇыахтаах. ЫЇыах ис хоЇооно эмиэ уларыйда дии
саныыбын. Аймаҕынан, тэрилтэнэн мустан бырааЇынньыктааЇын арыый атын
буолуо. Билиҥҥи ыЇыах эдэр ыччаты интэриэЇиргэтэр, көхтөөхтүк
кыттарга ыҥырар буолуохтаах. Билигин көрдөххө, ыЇыахха киЇи үксэ
ойоҕоЇуттан эрэ көрөр. Оннук буолбакка, кэлбит барыта ыЇыах
кыттыылааҕа буоларын ситиЇэ сатыахха.
4. Билиҥҥи кэмҥэ саха аЇа-үөлэ
син сайда сатыыр. Ол эрээри боростуой дьон, ордук куорат
олохтоохторо, сыаната ыараханынан онно кыайан тиксибэттэр. Рынок да
атыылыыр аЇа-үөлэ олус үрдүк сыаналаах буолар. Боростуой
остолобуойдар, кафелар сахалыы аЇы (убаЇа этин, көбүөрдээх
лэппиэскэни, кымыЇы) атыылаабаттар. Итилэри аналлаах рестораннар эрэ
хааччыйаллар.
Аныгы модельердар көрдөрөр
таҥастара-саптара күннээҕи таҥас курдук кэтэргэ сөбө суохтар. Үксэ
театральнай уонна ыЇыах таҥаЇа-саба. Олох былыргылыы көрүҥнээх
тигиилээх таҥаЇы-сабы аныгы дьон улаханнык биЇирээн кэтиэхтэрэ суоҕа.
Аныгылыы таҥаска ханнык эмэ национальнай элемент эрэ киириэн сөп.
Оннук таҥаЇы үгүс киЇи син таҥныан сөп этэ.
5. Мин санаабар, дьон сыЇыаныгар,
араас идэлээх, үөрэхтээх, тус-туЇунан социальнай таЇымнаах дьон
бэйэ-бэйэлэригэр сыЇыаннара тосту-туора уларыйда диэн санаабаппын.
Урут да баай – дьадаҥыны, тот – аччыгы, тойон – хамначчыты өйдөөбөт
диэн буолара. Ол билигин да баар. Дьиҥнээҕинэн, киЇи киЇиэхэ суобаЇа
этэринэн сыЇыаннаЇыахтаах.
6. Улахан бөЇүөлэктэр, куораттар
олохтоохторо олохторун быЇыыта уларыйан, айылҕаттан тэйиилэрэ
улаатта. Айылҕа көстүүлэрин өйдөөбөт, айылҕаны харыстаабат
быЇыы-майгы дэлэйэн турар. Оскуолаларга кыраайы үөрэтэр,
экологическай үөрэхтээЇин предмет быЇыытынан үөрэтиллэр эрээри,
быЇаччы туЇата улаханнык көстүбэт.
Олорон ааспыт төрүттэрбит
олохторун быЇыытыттан айылҕаны харыстыыр өй-санаа билиҥҥи дьоҥҥо
хаалыахтаах. Урукку кэмҥэ дьон айылҕаны алдьаппакка, улахан
утарсыыта суох олорон ааспыттара. Билиҥҥи олох киЇиттэн атын сыЇыаны
ирдиир. Техногеннай цивилизация тобохторун дьайыытын суох оҥорорго
элбэх үлэ, үп, техника көрүллүөхтээх. Ону тэҥэ киЇи өйүн-санаатын
уларытар, өйдөтөр үөрэх ирдэнэр. Ол оҕо кыра сааЇыттан саҕаланара
ордук. Оччоҕо эрэ билиҥҥи көлүөнэ айылҕаҕа сыЇыана уларыйыа.
Оҕолор 12-13 саастарыттан улахан
дьону кытта сэргэ айылҕаны харыстыыр, сири-дойдуну ыраастыыр,
экологияны көннөрөр үлэлэргэ кыттыахтаахтар. Оччоҕо эрэ кэм өйдөрө-санаалара
уларыйыа.
Виталий
Николаевич Басыгысов,
РФ Государственнай Думатын депутата
1. Кэнники сылларга Россия дьиҥ
бэйэтин итэҕэлигэр, культуратыгар, өйүгэр-санаатыгар тирэҕирэр
политическай күүстэр кыайыахтара диэн эрэл үөскээтэ, Россия биир
сүрүн күүЇэ – араас омуктары эспэккэ, түмэн, билиҥҥи кэмнэргэ диэри
илдьэ кэлбитэ буолар. Оннук кэмнэр кэллэхтэринэ, араас омуктар
кэккэлэригэр дьоЇуннаахтык киирэргэ саха дьонугар өй-санаа, культура
олуга баар дии саныыбын. Россияҕа «западниктар» кыайар түгэннэригэр
Саха сирэ бэйэтэ туруулаЇар кыаҕа суох. Билигин даҕаны, арҕааҥы
потребительскай общество дьайыыта сүрдээх күүстээх. Билигин бары
барыта атыыланар диэн өй-санаа баар. КиЇи өйө, дууЇата, этэ-сиинэ,
үлэ күүЇэ. КиЇи өйө-санаата ханна харчы, сир баайа, сайдыы баар
сиригэр туЇаныллыа дииллэр. Ити барыта көҥүл, демократия, рынок
сайдыбыт дойдуларыгар тэҥнэЇии былаахтарынан туЇанан олоххо киирэр.
Кэнники кэмҥэ Россияҕа патриотическай өйдөөх-санаалаах политиктар
партиялар салалталарыгар кыайдылар. Государство Президенэ сир баайын
омук корпорацияларыгар туран биэриини тохтотто. Государство
интэриэЇэ армияҕа, обороннай, промышленнай, научнай комплекстарга,
ФСБ-га, уо.д.а. эргийдэ.
Дойду сайдар инфраструктуратыгар
(суол-иис, транспорт, наука, сибээс) советскай кэмнэргэ тэҥнэнэр
мегапроектар саҕаланнылар.
Дьон-сэргэ, кыамматтар
көмүскэллэригэр 2-4 төгүл элбэх үп көрүллэр буолла.
Саха сирэ Россияҕа буола турар
хамсааЇыннартан хайдах да тэйэр, туора турар кыаҕа суох. Оттон
Россия аан дойдуга буола турар процесстарга бэйэтин суолун-ииЇин
көрдүүр.
Илиҥҥи уонна арҕааҥы
цивилизациялар араас суолларынан сайдаллар.
Россия сирэ-уота улахана бэрт
буолан, айылҕа араас баайа баар. Аан дойду сайдыылаах
государстволарын биЇиги энергетикаҕа сыЇыаннаах сирбит баайдара
тардаллар. Илиҥҥи государстволар бэйэлэрин национальнай
культураларыгар, религияларыгар олоҕуран сайдаллар.
Арҕааҥы государстволар аан дойду
сирин баайа, өйө-санаата, культурата, религията (итэҕэлэ) барыта
рынокка бас бэриниэхтээх, национальнай кыраныыссалар суох
буолуохтаахтар диэн политиканы ыыталлар.
2. Баайга-дуолга талаЇыы,
малы-салы атыылаЇыы, ону муоданан күөртээЇин туох да үүнэ-тэЇиинэ
суох тэнийдэ. Ити барыта табаар эргиирин күүЇүрдэргэ аналлаах. Эдэр
ыччат дириҥ, дьиҥнээх культураттан тэйэн харчыны киллэрэр маассабай
культуранан үлүЇүйүүгэ тардыЇар. Ити барыта киЇи ахсарбат, аныгы
олохпут мөкү өрүттэрэ.
90-с сыллар саҕаланыыларыгар
национальнай республикалар, кыраайдар суверенитеттарын ылбыттарынан
сибээстээн, өй-санаа өттүнэн өрө көтөҕүллүү буолбута.
Көҥүл, демократия лозуннарынан
киЇи-аймах куЇаҕан өрүттэрэ эмиэ көҥүлгэ таҕыстылар. Наркомания,
алкоголизм, порнография, көрүнэн-нарынан үлүЇүйүү, реклама үрдүгэр
реклама киэҥник тэнийдэ.
КиЇи аймах историятын ылан
көрдөххө, маны утарар инниттэн киЇи итэҕэлгэ, төрүт үгэскэ тирэҕирэр
буолара.
3. Урукку олохпутугар араас
омуктар былыргы сиэрдэрин-туомнарын туЇаныы ахсарыллыбат буолара.
Билиҥҥи кэмҥэ итиннэ хаарчах, бобуу-хаайыы суох. Араас ыЇыахтар,
үбүлүөйдээх тэрээЇиннэр далааЇыннара, ороскуоттара үүнэ-тэЇиинэ суох,
күн-түүн улаатар. Ити, арааЇа, сыыЇа суол. БиЇиги дойдубутугар кыра
да, улахан да ахсааннаах элбэх омук олорор. Кинилэр барыларын төрүт
үгэстэригэр, культураларыгар ытыктабыллаахтык сыЇыаннаЇыахтаахпыт.
Ол бэйэ-бэйэбитин байытар, түмэр дии саныыбын. БиЇиги өйдүөх
тустаахпыт: хас биирдии омук төрүт итэҕэлэ, сиэрэ-туома,
уруккута-хойуккута уонна билиҥҥитэ – дириҥ ис хоЇоонноох, олохтон
тахсар, үйэттэн үйэҕэ салҕанар муударай, улуу ситим.
4. Саха аЇа-үөлэ, таҥаЇа-саба
билигин даҕаны киэҥник тэнийэ илик, үксүн экзотика курдук көстөр,
бырааЇынньыктарга үгүстүк туЇаныллар. Табаар курдук рынокка тэнийэ
илик, хаачыстыбатынан атын омук табаарын кытта конкуренцияны тулуйар
кыаҕа суох.
5. КиЇи киЇиэхэ сыЇыаныгар
улары-йыы сүрдээх буоллаҕа дии. Ол сыЇыан хас биирдии киЇи
культуратыттан, кини сиэриттэн-майгытыттан, иитиититтэн тутулуктаах.
Урукку олоххо таҥараҕа итэҕэли солбуйуохтаах коммунизмы тутааччы
моральнай кодексата, туох да диэн кириитикэлэммитин иЇин, хас
биирдиибит дууЇатыгар баар этэ диэххэ наада. Аныгы кэмҥэ итэҕэл
күүскэ киириэн наада. Итэҕэл хас биирдии киЇиэхэ сиэр-майгы сирдьитэ,
сырдыкка-кэрэҕэ аартык буолуохтаах дии саныыбын.
Онон, аныгы көлүөнэ олоҕо үүт-тураан,
уу ньуурун курдук чуумпу буолбатах.
6. КиЇи айылҕаҕа дьайыыта сылтан
сыл дохсуннук күүЇүрэн иЇэр. КиЇи үөскүөҕүттэн тыа үс гыммыт биирэ
суох буолла. 2050 с. уу тиийбэтиттэн 3 млрд. киЇи улахан кыЇалҕаны,
эрэйи-муҥу көрсөрө билгэлэнэр. 33 тыЇ. араас үүнээйи көрүҥэ эстэр
кутталлаах. 1960-1995 сс. тимири туЇаныы 21 төгүл, маЇы – 23 төгүл,
араас матырыйааллары туЇаныы – 24 төгүл улааппыт. Айылҕа харыстабыла,
туЇаныыны хаарчахтааЇын аан дойду биир саамай тыын проблемата.
Улахан куораттар цивилизациялары эспиттэрэ диир үөрэхтээхтэр элбээн
иЇэллэр. Ити проблема сотору кэминэн обществоҕа туруоҕа,
государстволар бүттүүн кыЇалҕалара буолуо. Экологическай иитии
обществоҕа, оскуолаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ барытыгар барыахтаах.
Нина
Иннокентьевна Протопопова,
«Кэскил», «Юность Севера» хаЇыаттар кылаабынай редактордара
1. Саха омук
общественнай-политическай сайдыыта бүтүн республика олоҕун
сайдыытыттан туох уратылаах буолуоҕай. Олох сайдыытын тэтимэ, Саха
Республиката тэҥ бырааптаах субьект буоларын быЇыытынан, Россия
сайдыытын кытта тэҥҥэ барыахтаах эбитэ буолуо.
Ол эрээри биЇиги 1990 сыллаахха
ылынан өрөгөйдөөбүт государственнай суверенитеппыт биэрбит кыаҕынан
туЇаныыбыт улам-улам кыпчыттаран иЇэрэ, үөрэ-көтө, өрөгөйдүү ылыммыт
Конституциябыт муоЇа-туйаҕа сарбыллара биЇигини долгуппат буолуон
табыллыбат. Суверенитет биэрбит кыаҕынан биЇиги балачча туЇаммыппыт.
Саамай күчүмэҕэй быЇаарыылаах кэмнэргэ Россияны кытта түЇэрсибит
боломуочуйалары тыырсыы дуогабара биЇиэхэ туЇалаах өттө сарбыллан
иЇэр.
УЇуга биллибэт киэҥ
сирдээхпитинэн-уоттаахпытынан, онно кистэнэ сытар бараммат барҕа сир
баайдаахпытынан киэн тутта кэпсэнэбит. Өбүгэлэрбит барахсаттар
маннык тыйыс кытаанах айылҕалаах сиргэ киэҥ да сиринэн тайаан
олорбуттар. Өлүөнэ өлгөм үүнүүлээх, оттоох-мастаах кэрэ кытылларыгар
эрэ буолбакка, Алдан, Дьааҥы, Индигиир, Халыма, Анаабыр эҥээрдэринэн,
улахан эбэлэр, күөллэр, үрэхтэр ходуЇалаах, бултаах сирдэринэн
тилийэ көтөн олохсуйан, дьон олорор усулуобуйатын, сүөЇү, сылгы
ииттиини, дьиэ-уот туттууну олохсуппут эбиттэр. Сэттэ Францияны
хабар сиргэ олохсуйан олорбут омук наЇаа аҕыйах ахсааннаах
буолбатаҕа чахчы. Хабараан хапсыЇыылаах кэмнэр, баттыгастаах
кыЇарыйыылар да норуот ахсаанын аҕыйаппыт буолуохтарын сөп. Туох да
диэбит иЇин, эр санаалаах, хорсун-хоодуот, тобуллаҕас мындыр өйдөөх,
эт-сиин, күүс-уох өттүнэн даҕаны, олоҥхоҕо, номоххо кэпсэнэрин
курдук да буолбатар, лаппа кыанар омук эбитэ буолуо биЇиги өбүгэбит.
Кэлэр кэмҥэ аан дойдуга улахан
экономическай, стратегическай суолталаах буолуохтаах Хотугу Муустаах
акыйааҥҥа тахсар киэҥ да сиринэн тайаан олорбуттар сахалар, эрдээх,
тулуурдаах, сытыы-сымса эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр.
Тоҕус ый кыЇыннаах, ирбэт
тоҥноох, силлиэлээх-буурҕалаах хаар-муус дойдутугар тыыннаах буолуу
суолун тобулбут, дьон олохсуйар, олоҕун тэринэр, хааччынар эйгэтин
үөскэппит Саха сирин төрүт олохтоох омуктара аан дойдуга
историческай суолталаах аатырыахпытын сөп этэ. Ону баара, мэлдьи
ытыспытын тоЇуйан, бэриЇиннэрэн, «дотационнай» аатыран олорорбут
хайдах эрэ баттыгастаах курдук.
Бэйэбитин бэйэбит дьаЇанар
демократическай бырааптарбыт, Киин салалта күүЇүрүүтүн
кыЇарыйыытынан, улам сарбыллан иЇэллэр. Президеммитин да бэйэбит
талыммат буоллубут.
Ол эрээри олох сайдыыта иннин
диэки баран иЇэр, барыахтаах да буоллаҕа. БиЇиги инникигэ эрэлбитин
хаЇан да сүтэрбэтэх омукпут. Сэттэ уон сыл коммунизм сырдык сарыала
тыгарын көЇүппүппүт. ТөЇө да тыкпатаҕын иЇин, биЇиги, олох
ыарахаттарын түөспүтүнэн тэлэн, сайдыбыппыт. Билигин даҕаны
сайыннарбыт, барҕардарбыт диэн баҕа баЇаам, ону олоххо киллэрэр
суолу тутуЇабыт. Аан дойду үрдүнэн бардам барыы миэлиҥсэтигэр
мискиллэн омук быЇыытынан сүтэн-симэлийэн хаалбатарбыт диэн
мөккүөрдээх буолуохтаахпыт. Онно сэрэнэр-сэппэнэр суолбут элбэх
курдук.
Дьэ, холобура, мин, баҕар, сыыЇа
дьиксинэрим буолуо, хостуур промышленность киэҥ далааЇыннаахтык
сайдыа, тимир суол кэлиэ. Оттон саханы саха гыммыт, төЇө да
сыралааҕын иЇин, сир үлэтэ, сүөЇү, сылгы ииттиитэ, биир тылынан, тыа
хаЇаайыстыбата буолар. Бу барыЇы биэрбэт, мэлдьи өйөбүлү эрэйэр
салаа туохха наадалааҕый диэн сотуллан хааллын. Гайдар: «Магадан
көмүЇэ наадата суох, көмүЇү биЇиги Лондонтан да атыылаЇыахпыт», –
диэбитин курдук, атын сиртэн кэлэр чэпчэки аЇы атыылаЇан аЇыахха,
ынах кутуругар үбү кутумуохха диэн буолан хаалаарай. Дьэ оччоҕо
эстэр суолбут кэлэр. Чэ ити куЇаҕанын талан эттэххэ. Ол эрээри тыа
хаЇаайыстыбатыгар үлэни чэпчэтэр, айылҕа соҥнуур кыЇалҕаларын:
курааны, уу сутун – чэпчэкитик туоруур туох эмэ суол-иис суох буолуо
дуо, ону тобуларга мэлдьи төбөнү үлэлэтиэххэ.
БиЇиги бастакы Президеммит
М.Е.Николаев норуотун инники кэскилигэр киЇи ис кыаҕын сайыннарыыга
туЇаайан, норуот чэгиэн-чэбдик буолуутугар, үөрэҕириитигэр, киЇилии
сиэрдээх-майгылаах, үрдүк духовностаах буолуутугар бэйэтин
болҕомтотун туЇаайбыта. Ити өрүттэргэ, ордук үөрэҕириигэ, биЇиги
норуоппут ситиЇиитэ улахан, төрүт култуурабытын барҕардыыга,
итэҕэлбитин сөргүтүүгэ да инники хардыылар оҥоЇулуннулар.
Туох барыта бүтэр уЇуктаах. Арай
киЇи кыаҕа, киЇи өйө, мэйиитэ бүтэр уЇуга суох. Ол иЇин
экономическай да, айылҕа баайын да кыаҕынааҕар интеллектуальнай
потенциал ордук суолталаах дииллэр. Ол иЇин даҕаны айылҕа баайа суох,
бэрт бөрүкүтэ суох сирдээх-уоттаах дьоппуон омук сыччах өйүн
күүЇүнэн саамай сайдыылаах дойдулар кэккэлэригэр киирэр. Франция
Президенэ Жискар Д’Эстен: «Сайдыылаах уопсастыбалар баай буолан
науканы өлгөмнүк үбүлүүллэр диэн сыыЇа өйдөбүл. Науканы өлгөмнүк
үбүлүүр буолан, сайдыылаах уопсастыбалар баайдар», – диэн эппит
этиитэ баар эбит.
Онон Россия, ол иЇигэр Саха сирэ,
интеллектуальнай баайдарыгар харысхаллаахтык, кыЇамньылаахтык
сыЇыаннаЇыахтаах эбиттэр. БиЇиги норуоппут өйүн-санаатын хотугу
тымныы эрчийбитэ, олох туЇугар, тыыннаах буолар туЇугар кини мындыр
өйдөммүтэ, мэйиитэ эриллибитэ-мускуллубута. Чэ, холобур, кыЇыҥҥы
тымныыга мууЇу дьөлөн киирэн, муҥханы уу аннынан сүүрдэн үтүүнү эмиэ
мындыр өй кыайбыт суола буолуо. Ахсааммыт төЇө да аҕыйаҕын иЇин,
өйбүтүнэн, сайдыыбытынан атын омуктары кытта тэҥҥэ барсыахпытын сөп
этэ. «Норуот талаана кини ахсааныттан тутулуга суох» диэн Горькай
эппитэ баар дииллэрэ. Билигин кинини төЇө да ахсарбатахтарын иЇин,
бу улуу киЇи, бука, алҕаЇаабатаҕа буолуо.
Саха киЇитэ оҕото үөрэхтээх эрэ
буоллаҕына, аныгы үйэҕэ айаҕын хааччынар кыахтааҕын өйдөөн, тугун
барытын туран биэрэн да туран, оннооҕор төлөбүрдээх үөрэххэ киллэрэр.
Кадрдары бэлэмниир улахан туЇалаах департамены тэринэн, дьоҕурдаах
оҕолорбут соҕуруу бастыҥ үөрэх тэрилтэлэригэр, кыраныысса таЇыгар
баран үөрэнэр кыахтаннылар. Ол эрээри сорох түбэлтэлэргэ оҕолорбут
дойдуларыгар кэлэн үлэ булан үлэлииллэрэ уустук курдук буолан хаалар.
Оннооҕор наукаҕа уЇулуччу дьоҕурдаах буолуох курдук оҕолорбут үтүөх-батаах
буолаллар. Оннук оҕолору ураты учуокка ылан, кинилэр үүнүүлэрин-сайдыыларын
кэтээн көрүөххэ баар этэ. БиЇиги ахсарбат сыЇыаммытын билэн,
сорохтор атын сиргэ хаалаллар, сорохтор бэйэлэрин кыахтарын олоххо
киллэрбэттэр. Республикаҕа инники кэскилгэ үлэлиэх айылаах
научнай-чинчийэр институт кырыы-кырыытынан. Кинилэр хаЇан чинчийэн
бүтэн, айар-тутар буолан, хоту сир уратыларын аска-таҥаска
кубулуталлара буолла. Саха норуотун духуобунай баайын, тылын-өЇүн,
историятын чинчийиигэ туЇуламмыт Гуманитарнай чинчийии институтун
эЇиэхтэрэ үЇү диэн онон-манан суруйуулар быгыахтыыллар. Ама оннук
буолбата ини, олоҥхобут итинник үрдүк чыпчаалга тахсыбытыгар сыыЇа
эппиэт буолуо дии.
БиЇиги бастакы Президеммит М.Е.
Николаев, норуотун дьылҕатын туЇунан үгүстүк толкуйдуур, суруйар,
суолу-ииЇи тобулар киЇибит, Россия бөдөҥ учуонайдарын өйөбүлүнэн «Үс
Хочо» диэн инновационнай программаны оҥордо. БиЇиги дьоҕурдаах
ыччаппыт өйүн-мэйиитин кыаҕын туЇаҕа таЇаарарыгар, үрдүк
технологияны туЇанан хоту дойду айылҕатын уратыларын киЇиэхэ
наадалаах туохха эмэ кубулутарыгар туЇуламмыт программа буолуон сөп.
Атыы-эргиэн үйэтигэр саха киЇитэ,
оннооҕор урут ыраахтааҕы кэмигэр үөрэҕэ суох, кыра үөрэхтээх саха
эргиэҥҥэ куЇаҕана суохтук сыстыбыт буоллаҕына, билигин даҕаны атын
омуктартан хаалсыбакка оннун булунуохтаах. Ити үчүгэй. Академик
А.Ф.Миддендорф саха оҕуруктаах, булугас өйдөөҕүн, оттон этнограф
Р.К.Маак саха эргиэҥҥэ сыЇыаннааҕын бэлиэтээбиттэр диэн Виктор
Ноговицын «Саха ааспыта, билиҥҥитэ, кэлэр кэмэ» диэн кинигэтигэр
суруйар. Атыынан-эргиэнинэн да буолбатар, наЇаа байбыт дьон баар
дииллэр. Дойду, норуот баайын уоран байыы соччо бөрүкүтэ суох суол.
Ону биЇиги хайыыр да кыахпыт суох.
Норуоту өрө күүрдэр национальнай
идея, идеология суоҕа инники барыыны харгыстыыр, хайдах эрэ эрдиитэ
суох тыыга олорон иЇэр, ханнык кытылга тиийэн тиксэргин билбэт
курдуккун. Ол эрээри төрөөбүт дойду, төрөөбүт норуот диэн баар эбээт,
кини барҕарыыта биЇиги уопсай сыалбыт-сорукпут буолбатах дуо.
БиЇиги төрүттэрбит
иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх буоланнар, тыйыс хотугу дойдуну муоЇулаан
олордохторо. Ол үгэЇинэн быЇаарыылаах түгэннэргэ биЇиги да түмсэр
кыахтаахпыт. Оо, ол эрээри биир эмэ киЇи үөЇэ тахсаары гыннаҕына
таҥнары тарда сатыыр кыдьыкпытын, духовнай элитабыт ортотугар биир
санааланыы суоҕун ыраахтан да буоллар, ыарыылаахтык ылына
сырыттахпыт. Норуот буолан баран бэриэччиттээн иЇэр лидердээх
буолуохтаах. БиЇиэхэ да оннук дьоннор бааллара. Билигин даҕаны
норуотун дьылҕатын туЇунан кэскиллээхтик толкуйдуур, суолу-ииЇи
көрдүүр, тобулар, этэр-тыынар, дьону-сэргэни түмэр, тылын ылыннарар
кыахтаах дьоннордоох бөҕө буоллахпыт. Оннук дьоммутугар онон-манан
киирбэккэ, харысхаллаах, ытыктабыллаах соҕустук сыЇыаннаЇыахпыт этэ.
2. 80-c уонна 90-c сыллар
кирбиилэригэр Советскай Союз курдук сүүнэ баай дойду олохтоохторо
дьадайыы суолугар киирбиттэрин киЇи сөҕө саныыр. Мин сиэммин
күүлэйдэтэ Москваҕа бара сылдьыбытым. Сарсыарда сэттэ чаастан
остолобуойга тахсан уочараттаан хаппыт кэтилиэт, табылыннахпына
сосиска атыылаЇан киирэрим. Оҕом бачыыҥкатын уллуҥа түЇэн хаалан,
кыыспын гостиницаҕа хааллара-хааллара, түүппүлэ көрдөөн Москва
маҕаЇыыннарын бүтэрбитим да, булбатаҕым. Дьокуускайга да онтон
ордуга суоҕа, хамнаспыт оннугар соччо бөрүкүтэ суох иЇити-хомуоЇу,
атах таҥаЇын тэрилтэбитигэр аҕалан биэрэллэрэ. Хайдах сатаан дойдуну
оннукка тиэрдиэххэ сөбөй. Хата, ол кэм уЇаабатаҕа.
Билигин олох онно холоотоххо
быдан тубустаҕа. Биллэн турар, кыаммат араҥа билигин да баар. Ол
эрээри «хоргуйабыт» диэн тылы мин аньыыргыы истэбин. Дьиҥнээх
хоргуйуу диэн сэрии сылларыгар баара даҕаны, ким да «хоргуйдубут»
диэн суламмата. Олох илгэтин ылар буоллахха, дьиэ туттар кыахтаах
ыал сүрдээх үчүгэй дьиэлэри тутталлар, сүөЇү-ас тутан
хаЇаайыстыбаларын тэринэллэр. Ыччаппыт сүнньүнэн, биЇиги кэммит
курдук бэлэми көЇүппэккэ, олох туЇунан толкуйдуур, санаатын-оноотун
аЇаҕастык хайдах саныырынан этинэр буолан иЇэр. Үчүгэй да, мөлтөх да
өрүт норуот олоҕун илгэтигэр баар буоллаҕа, ону билэ сырыттахпыт дии.
БиЇиги тугу барытын: үчүгэйи да,
куЇаҕаны да – ылынымтыа омукпут, ол туЇунан оннооҕор былыргы
чинчийээччилэр бэлиэтээбиттэр. Онон таЇыттан кэлэри хайатын да
хапсыЇа олордохпут. Арыгы «төрөөбүт аспыт» буолбута ыраатта,
наркомания, токсикомания, о.д.а. дьаллыктартан матыахпыт дуо, ол
ыччаппыт, ыал кыЇалҕата буолла. Былыр да, урут да сахаларга киЇини
өлөрүү диэн суоҕун кэриэтэ буолуо. Улахан аньыыны оҥоруу курдук
көрүллэрэ. Оттон билигин киЇи саҥарыан саллар түбэлтэлэрэ
тахсыталыыллар.
Былыргыттан аныаха диэри норуот
эр киЇитин кыаҕынан суолун-ииЇин тобулунара, тобулунар. Ыал аҕалаах
буолан дьиэлээх-уоттаах, астаах-үөллээх. Ол гынан баран кэлиҥҥи
кэмҥэ эр киЇи тыа сиригэр, куоракка даҕаны үлэтэ-хамнаЇа суох буолан,
дьахтар илиитин-атаҕын көЇүтэрэ үгүс буолаары гынна дуу диэн
дьиксинии сөптөөх. Онон эр киЇи, ыал аҕатын оруолун үрдэтиигэ
туЇаайыллыбыт үлэ-хамнас биЇиги олохпут ирдэбилэ. Эр киЇи сүрэ
тоЇуннаҕына норуот дьүкээрэр алдьархайа үөскүө.
Аны үлэлиэн баҕарбат, күүлэй
тэбэрин, тэлэбиисэр көрө-көрө тиэрэ түЇэ сытарын ордорор,
төрөппүттэрин, кырдьаҕастарын пенсиятыгар олорор дьон баар буоллулар.
Советскай кэмҥэ оннук дьону «тунеядецтар» – бэлэми кэрбээччилэр диэн
ааттаан, күЇэйэн үлэлэтэллэрэ, күлүүгэ-элэккэ, сэмэҕэ тардыллаллара.
Оттон билигин «оЇоҕос барахсантан» ураты күЇэйээччи суох. Тыа
сиригэр сүрэхтээх киЇи син былыргы курдук сүөЇү-ас тутан үлэлиэ-хамсыа,
айаҕын ииттиэ эбитэ ини.
Ыал олоҕор сыЇыаран, кэлиҥҥи
ыйытыкка сыЇыаннаах буолуон сөп да, биир дьиксинэр суолбар
тохтуохпун баҕарабын. БиЇиги норуоппутун саха аЇа: этэ, үүтэ, балыга,
булда – тыйыс айылҕаны тулуйар киЇини, саханы саха оҥорбута.
Итиннигэ суох биЇиги билигин да кыЇыны тулуйбаппыт. Оттон оҕобутун
атын сирдэртэн кэлбит бороЇуок үүтүнэн, араас чипсинэн, раманан,
доширагынан аЇатабыт. Итинник аЇы аЇаан улааппыт киЇи биЇиги
усулуобуйабытын тулуйумаарай, этэ-сиинэ аЇылыгын дойдутугар, итии
сир диэки тардыЇаарай. Онуоха эбии куоракка үөскээбит оҕо тыа сирин,
айылҕа кэрэтин билбэт, киниэхэ алаас ахтылҕана диэн дьиктилээхэй
иэйии суох, тураҥнаах куоратын төЇө күндүтүк саныыра биллибэт. Үгүс
ыччаппыт төрөөбүт тыл сүмэтэ-сүөгэйэ диэни амсайбакка улаатта.. Онон
дойду ахтылҕана диэн, ыраата сылдьар үгүс саханы үүйэ туппут
иэйииттэн маппыт көлүөнэ үөскээн тахсаарай. Дьоҕурдаах, талааннаах
ыччаппыт киин куораттарга, омук сирдэригэр үөрэнэн баран, төннөн
кэлиэн баҕарбат төрүөтэ итиннэ буолуон эмиэ сөп курдук. Ыччаппыт
онон-манан ыЇыллан хаалаарай.
3. ЫЇыах былыр-былыргыттан саха
үөЇээ айыылардыын алтыЇар, айылҕатыгар ыраастанар, күүс-уох ылынар
бырааЇынньыга. Арай, советскай кэмҥэ политическай ис хоЇоонноох
бырааЇынньыкка кубулуйа сылдьыбыта. Саҥа кэмҥэ былыргы
киэбин-киэлитин ылына сатыыр. ЫЇыах саха киЇитин тус бэйэтин
бырааЇынньыга, онон кини бэйэтэ ыЇыаҕы хайдах ылынарыттан,
тэринэриттэн тутулуктаах. Тэрийээччилэр ханна баҕарар онно сөп
түбэЇэ сатыыллар. БиЇиги норуоппут туспа айдарыылаах, ураты
дьоҕурдаах, идэлээх киЇитэ Дора Иннокентьевна Кобякова – Эдьиий Дора
миигин кытта кэпсэтиитигэр этэн турар, ыЇыах ханна баҕарар биир
күҥҥэ барыахтаах диэн. Холобур, республикаҕа бэс ыйын 21 күнүгэр
мээнэ олохтоммотоҕо, сыл аайы ити күн буолуохтаах. Улуустар,
нэЇилиэктэр бэс ыйын 21 күнүттэн 26 күнүгэр диэри, уЇаатаҕына 28
күнүгэр диэри ыЇыахтыыр биир күнү олохтуохтаахтар. Айылҕаҕа тиксэр
күн биир күн буолуохтаах диир кини. КиЇи эттэҕинэ, кырдьык оннук
эбит.
Кэм-кэрдии, олох уларыйдаҕына
уопсастыба бэйэтин бырааЇынньыктарын олохтуур. Өктөөп
өрөбөлүүссүйэтин иннинэ сүнньүнэн таҥара бырааЇынньыктара буолаллара.
Сахалар эмиэ ону дьиэ кэргэҥҥэ бэлиэтииллэрэ, анаан ас ууруналлара.
Өрөгөйдөөх өрө күүрүүлээх советскай кэм бырааЇынньыктарын биЇиги, ол
кэмҥэ олорбут дьон, суохтуу саныыбыт. Тэрилтэҕэ буолар
бырааЇынньыктар коллективы түмэргэ, бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох буолуу
сиэрин олохтуурга, коллектив хас биирдии үлэЇитэ туохха дьоҕурдааҕын
арыйарга наадалар дии саныыбын. Итини мин бэйэм тэрилтэм
бырааЇынньыктарыгар олоҕуран этэбин. БырааЇынньык арыгылааЇыҥҥа
кубулуйуо суохтаах, биир эмэ киЇи холуочуйарын да мин сөбүлээбэппин,
букатын арыгыта суох бырааЇынньык өссө ордук. Дьиэ кэргэн улахан
бырааЇынньыктара рестораннарга көспүт курдуктар. Мин дьиэҕэ-уокка
буолар бырааЇынньыктарга сылдьыбатым да кэриэтэ, бэйэм дьиэбэр
бырааЇынньыктаабаппын. Онон мантан ураты этэрим суох.
4. Чахчы анаан идэтийэр дьон
хоруйдуур ыйытыктара. Саха үгэстэрин, таҥаЇын-сабын, аЇын-үөлүн
тилиннэриигэ национальнай оскуоланы сайыннарыы концепцията
сотуллубат-сууйуллубат өҥөлөөх. Оскуолаттан, оҕоттон саҕаламмыта
биЇиги национальнай култуурабыт тиллиитэ, барҕарыыта. Сайдыыны хаЇан
баҕарар энтузиастар – инникилээн иЇээччилэр, айар-тобулар
дьоҕурдаахтар – хамсаталлар. Мин таҥараҕа махтал диэхпин баҕарабын,
Иннокентий Тарбахов, Августина Филиппова, Борис Неустроев – Мандар
Уус курдук норуоттарын аатын-суолун үрдүктүк тутар, кинини аатырдар,
уЇулуччу айдарыылаах талааннаах энтузиаст дьоннордоохпутунан.
5. Салайар үлэЇиттэри «тойоттор»
диэн ахсарбатахтыы ааттыыр үгэс үөдүйдэ. Ол тойотторбут –
республикабыт салайааччылара, миниистирдэрбит – киЇи ымсыырбат
үлэлээх дьонноро ээ. Бүтүн республика, дьон-норуот кыЇалҕатын
санныларыгар сүгэн, кыратык утуйар, уЇуннук үлэлиир дьон. Эн киниэхэ
тус сыЇыаҥҥыттан, сыанабылгыттан тутулуга суох, салайааччы
салайааччы курдук тутуллуохтаах. БиЇиги кинилэри ытыктаабат
буоллахпытына, ким ытыктыыр.
Иккис өттүттэн, баай буоллун,
дьадаҥы буоллун, салайааччы да, көннөрү үлэЇит да буоллун – кини
киЇи. КиЇиэхэ киЇилии сыЇыан баар буолуохтаах. ХаЇыытаан-ыЇыытаан,
остуолу охсон дьаЇайар салайааччы бэйэтэ мөлтөҕүн, кыаҕа суоҕун
көрдөрөр. КиЇи достоинствотын түЇэрии, киЇини сэнээЇин өЇү-сааЇы
үөскэтэр, хоргутууга, хомойууга, иэстэЇиигэ тириэрдэр. Ханнык
баҕарар киЇи бэйэтин киЇиттэн итэҕэс санаммат.
КиЇиэхэ киЇилии сыЇыан диэн этии
ордук эмчиккэ туЇаайыллар. Эмчит эйэҕэс сыЇыана, уоскутар тыла-өЇө –
туохтааҕар да ордук эмп, оттон хаҕыс, аахайымтыата суох сыЇыан,
алҕаска да этиллибит холуон тыл ыалдьааччы дууЇатыгар ыарыылаахтык
киирэр. Эмчит диэн идэ ыалдьааччы, киЇи туЇугар баар буолбут идэ.
Ону хас биирдии эмчит өйдүүрэ буоллар ньии!
6. Саха, кырдьык, айылҕа оҕото.
Кини айылҕаны тыыннаан өйдүүрэ, син биир киЇиэхэ курдук сыЇыаннаЇара.
Арчылыыра, алгыыра, аЇатара. Айылҕата киниэхэ соннук хардарара,
булдуттан-алдыттан, балыгыттан, кылааннаах түүлээҕиттэн сөбүн көрөн
бэрсэрэ. Булчут дьон ону бэркэ билэллэр. СыыЇа-халты тутуннахха
иэстэЇиэн сөп. Тоҕо эрэ «тыыннаах айылҕа» диэн ааттыыллар дии. Тыа,
ойуур, өрүс, күөл иччилээх буолуохтарын сөп, онон киЇиттэн
ирээттэрин эрэйэллэр дииллэрэ сахалар. Айылҕаҕа харса-хабыра суох
сыЇыаммытын, алдьатан-кээЇэтэн, ылар эрэ айдааннаах буолбуппутун
кини иэстэЇэр курдук буолан эрэр, киЇи аймах көЇүппэтэх өттүттэн
быЇылааннары соҥнуур, уутунан, уотунан ыЇыахтанар. Айылҕаҕа сыЇыан
сиэрэ-туома сахаларга баЇаам этэ буоллаҕа. Мин сүбэм: айылҕаҕа
киЇиэхэ сыЇыаннаЇар курдук сыЇыаннас.
Аан дойдуга саамай чөл
айылҕалаах сир, арааЇа, Саха сирэ эрэ хааллаҕа. Дьэ онтукпутун
хайдах харыстыыбыт. В.Г.Алексеев диэн уЇулуччу өйдөөх киЇибит
экология миниистиринэн олорон, Ытык кэрэ, харыстанар сирдэр диэни
олохтотолоон, онуоха-маныаха диэри тутан олордубут. Дьэ билигин
тимир суол, ньиэп турбата тутулларынан ол сирдэрбит онно хабыллаллар
дуу, суох дуу, хайдах туруктаналлар. Син балачча кыахтаах
экологическай хамсааЇыннаах, Анатолий Чомчоев диэн, о.д.а. онно
туруулаЇар дьоннордоох этибит дии. Олох сайдар, ол тутуулар хайаан
да оҥоЇуллуохтаахтар, ол гынан баран айылҕабытыгар хоромньуну
оҥорботун курдук, бэйэбит өттүбүтүттэн кэтээн көрүү наада.
Саха сирэ үгүс үйэлэр устата
бэйэтин олохтоохторун ойуурун, тыатын кыылынан, көтөрүнэн, уутун
балыгынан, буортан тахсар үүнээйитинэн, ыраас уутунан аЇатан-сиэтэн,
утаҕын ханнаран, чэлгиэн салгынынан тыыннаран, тыытыллыбатах
кэрэтинэн иэйиитин угуттаан, күн бүгүнүгэр тиэрдэн аҕалла. Инникитин
даҕаны кэлэр көлүөнэлэрбитигэр үгүс үйэ устата сылааЇынан угуттуу,
сырдыгынан сыдьаайа туруохтун сахалар төрөөбүт сирбит!
Санаалары
Дмитрий Осипов хомуйан бэлэмнээтэ.