Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Евгения МИХАЙЛОВА

КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП –
саха норуотун чаҕылхай талааннаах суруйааччыта, сүдү ырыаЇыта

Ытыктабыллаах саха суруйааччылара уонна үөрүүлээх мунньах кыттыы-лаахтара!

Күндү литератураны таптааччылар!

Мин эЇигини барыгытын Саха Республикатын Президенин уонна Правительствотын ааттарыттан саха норуотун чаҕылхай талааннаах суруйааччыта, сүдү ырыаЇыта, үйэлэргэ өйтөн сүппэт дууЇаны-санааны долгутар хомуЇун тыллаах народнай поэт Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ сүүс сылын туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ!

Республика салалтата саха уус-уран литературата дьон-норуот дьылҕатыгар суолтатын, духуобунас сайдыытыгар оруолун өйдөөн, литература чаҕылхай ааттарын үйэтитиигэ ахсаабат болҕомтотун уурар. Кэнники кэми ылар буоллахха, биЇиги бары норуот ытыктыыр, сүгүрүйэр улуу суруйааччыларбыт Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Семен уонна Софрон Петрович Даниловтар юбилейдарын үөрүүлээх түгэҥҥэ бэлиэтээн аастыбыт.

Республикабыт бүгүҥҥү ситиЇиилэригэр барытыгар биЇиги ытык суруйааччыларбыт киллэрбит сүдү кылааттара, кыттыгастара баар. Ол да иЇин саха дьонун үөрүүлээх күнүгэр биЇиги тапталлаах суруйааччыларбыт ааттара ааттана туруо, дьонноругар-сэргэлэригэр үтүө холобур буола туруо диэн эрэнэбин.

Суруйааччы айымньылара ааҕааччыга тиийэ турар эрэ буоллахтарына кини айар тыына өрүүтүн тыыннаах, эдэр ыччаты иитиигэ оруоллаах буолара өйдөнөр суол. Ити санаанан салайтаран Республика Президенин өйөбүлүнэн 2005 сылтан «Саха литературатын классиктарын уонна норуодунай суруйааччыларын айымньылара» серия олохтоммута саха дьонун-сэргэтин болҕомтотун тарта. Бу серияны Саха сирин суруйааччыларын союЇа уонна Гуманитарнай чинчийии института бэлэмнииллэр. Литература сайдыытыгар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сыЇыан бөҕөргөөЇүнү-гэр тылбаас ураты суолталаах. Маныаха Саха Республикатын Духуобунас Академиятын вице-президенэ, саха народнай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов салалтатынан Культура уонна духуобунас министерствотын программатынан сахалыыттан нууччалыыга уонна нууччалыыттан сахалыыга уус-уран литератураны тылбаастааЇын программата иккис сылын үлэлиир. 2006 сылтан Саха алфавитын төрүттээччи, учуонай-лингвист Семен Андреевич Новгородов аатын сүгэр «Бичик» кинигэ кыЇатын кылаата эмиэ кырата суох. Саха ыччата төрөөбүт тылын сүмэтин баЇылыырыгар саха литературатын классиктарын үлэлэрин билиэҕин, ааҕыаҕын наада.

Бүгүн биЇиги үтүө тылларынан ахтар-саныыр киЇибит – саха сүдү киЇитэ, суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 1907 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Амма улууЇугар Эмис нэЇилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ол туЇунан поэт биир хоЇоонугар маннык диэн бэрт бэргэнник ахтан турар:

Мээчик хабар оҕо сааЇым

Онно күннээн ааспыта.

Үрдүк сыырдаах Амма алааЇын

Үөттэригэр саспыта –

диэн.

Амма оройуонун Абаҕа оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ Володя Новиков оҕо сааЇа Амма өрүс кэрэ кытылыгар ааспыта, СаЇыл СыЇыы, Абаҕа пионердарын сэриилэрин героиката, саҥа олоҕу тутуу күрүлэс күргүөм күннэрэ кини поэт быЇыытынан дууЇата арыллыытыгар маҥнайгы үктэл буолбуттара.

Күннүк Уурастыырап 30-с сыллар бүтүүлэригэр ыллам ырыа ындыылаах, кэрэмэс хоЇоон кэЇиилээх саха литературатыгар киирбитэ. Кини бастакы хоЇооннорун хомуурунньуга «УЇуктубут кыраайга» диэн ааттанан, Дьокуускайга 1932 с. тахсыбыта. Манна түмүллүбүт айымньылар Владимир Новиковы комсомол, эдэр саас, caҥa олох, таптал туЇунан хомоҕойдук хоЇуйар, нарын иэйиилээх, улахан лирик поэт үүнэн иЇэрин кэрэЇилээбиттэрэ. Онтон ыла Күннүк Уурастыырап 60-тан тахса сыл устата сүүЇүнэн xohooнноpy-ырыалары, хас да поэманы, драманы, сэЇэни суруйан биЇиги төрөөбүт литературабытын идейнэй-эстетическэй уонна уус-уран өттүнэн улаханнык байытыЇан, поэзия общественнай суолтатын, норуоту сырдыкка, кэрэҕэ угуйар улуу күүЇүн үрдүктүк тутан, айар үлэ алыптаах тыыныгар бигэтэн аҕыс уон caahын aahыар диэри кэрэхсэбиллээхтик айан-үлэлээн олорбута. Бу барыта кини саха норуотун үгүс үйэлэр тухары мунньан, сүүмэрдээн кэлбит баай фантазиялаах, дириҥ философскай ис хоЇоонноох фольклорун бэйэтин этигэр-хааныгар иҥэрэн, айылҕаттан айдарыллыбыт аччыгыйа суох талаанын үүннэрэн, сайыннаран кэлбит сыламтата суох айар үлэтин түмүгэр ситиЇиллибитэ. Кини бэрт кыра сааЇыттан саха улуу олоҥхоЇутун Тимофей Васильевич Чээбий курдук дьон ырыаларыгар-тойуктарыгар умсугуйа улааппыта, бэл, кэлин кинилэри үтүктэн бэйэтэ бэрт үчүгэйдик олоҥхолуу, сахалыы ыллыы-туойа, импровизациялыы үөрэммитэ. Ол да иЇин өссө сэрии иннинэ кини «Нуоралдьын кугас аттаах тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» диэн олоҥхотун суруйан бэчээттэппитэ.

Владимир Новиков, тулаайах хаалан баран, caҥa олох көмөтүнэн, 1931 с. педагогическай рабфагы бүтэрэн баран, Иркутскайдааҕы университет литературнай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол эрэн доруобуйатын туругунан дойдутугар төннөн кэлэн биллэр суруйааччы буолан баран, Дьокуускайдааҕы пединституту 1942 с. «туйгуннук» үөрэнэн бүтэрбитэ.

Иркутскай куорат Владимир Новиков айар үлэтигэр улахан суолу-ииЇи хаалларбыта. Манна сылдьан олус умсулҕаннаахтык бастакы хоЇооннорун суруйбута. Олор истэригэр киэҥник биллибит, билиҥҥэ дылы ырыа буолан ылланар, «Поход» диэн патриотическай xohooнyн айбыта.

Дьэ ити курдук, эдэр ыччат, комсомол поэта, caҥa олоххо тардыЇар саха норуотун саныыр санаатын сайа охсон киирэр, кинини сырдыкка, кэрэҕэ угуйар, үлэҕэ-үөрэххэ көҕүлүүр бииртэн биир кэрэ хоЇооннорун – «Кэҕэ», «Күөрэгэй», «Дьокуускайга, куоракка», «Дуня», «Чуорунай муораҕа», «Сааскы күөх сарсыарда», «Көлүкэчээн», «Бырастыы, эн Кавказ» уо.д.а. суруйталаабыта. Эдэр саас тапталын, кэрэҕэ дьулуЇуутун хоЇоонугар хоЇуйбутун өссө ситэрэн-хоторон саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова ырыа гынан ыллаан норуоту үрдүккэ кынаттаабыта.

Күннүк Уурастыырап ырыаЇыт-поэт быЇыытынан ситиитигэр-хотуутугар улахан кылааты саха композитордара киллэрбиттэрэ. Кини ити уус-уран өттүнэн олус тупсаҕай, музыка курдук кутулла оонньуур хоЇооннорун Марк Жирков, Захар Винокуров, Грант Григорян музыкаларыгар саха дьоно ырыа гынан ыллаабыттара, бэйэлэрин олохторун арахсыспат аргыЇа оҥостубуттара. Поэт ити «үүнэр үйэ үөЇүгэр үлэлэспит сылларын» олус күндүтүк саныыра уонна киэн туттара.

Күннүк Уурастыырап хоЇооннорун айарыгар төрөөбүт сахатын норуотун баай тылын-өhүн сатабыллаахтык туЇаммыта уонна бэйэтин норуотун фольклоругар айымньылаахтык тирэҕирбитэ.

Уу сахалыы тыыннаах Күннүк Уурастыырап «Көлүкэчээн» диэн xohooнyн уус-уран өттүнэн кэрэтин, поэт айар дьоҕура күүстээҕин, арылхайын сөҕөн Софрон Петрович Данилов бу курдук диэбитэ: «Маны aaҕа дуу, истэ дуу олороҥҥун, хайдах эрэ киЇи илиитэ айан суруйбута буолуо дии санаабаккын. Ити строкалар кылыс от тулалаах төгүрүк көлүччэ кылбачыгас нарын долгуннарыттан бэйэлэрэ үөскээн тахсыбыкка айылаахтар».

Саха литературатыгар тулааЇын баҕана буолбут Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Эллэй, Күннүк Уурастыырап саха норуотун духуобунай сайдыытыгар киллэрбит кылааттара муҥура суох баараҕай. Бу тулааЇын баҕаналартан биирдэстэрэ Күннүк Уурастыырап поэзията, кини сөрүүн сүөгэй, саамал кымыс, сир симэҕин дыргыл сытын курдук хоЇоонноро – саха литературатын дууЇата – салгын кута буолаллар.

БиЇиги тапталлаах поэппыт xohooнно-pyrap айылҕа араас кэрэ көстүүлэрэ уонна общественнай суолталаах темалар эрэ арыллар, хоЇуллар буолбатахтара, поэт нарын лириката ыраас таптал кэрэҕэ-үтүөҕэ көҕүлүүр алыптаах күүЇүн, ардыгар кини «иэдээннээх эрэйгэ тириэрдэрин» даҕаны, бэл, «xaahылaax суораттыы бутуйан харааччы булкуйан» кээЇэрин, «Күөх нуоҕай мутукча», «Уой да уой», «Түүл», «Таптал киэЇээ ырыата», «Сыгаан кыыЇа, таайаарыый» уо.д.а. айымньыларыгар истиҥ иэйиилээхтик, copoҕop көр-күлүү доҕуЇуоллаахтык суруйбутун билэбит. Кини лирическэй xohooн-нopo биографическай хабааннаах, олус сырдык тыыннаах буоланнар, саха киЇитин санаатын сайа охсон киирэр күүстээхтэр:

АЇаҕас аанынан, санаабар,

Кинини кэтэЇэ сытабын.

«Сотору көрүөм» диир баҕабар,

Соруйан чаастары ыытабын.

Бэл диэтэр соҕуруу дойдуттан

Бу дьиэни, олбуору саныырым.

Ырыабар кыттыбыт Кавказтан

Ыраахтан, ыраахтан ахтарым.

Поэт ити «ыраахтан, ыраахтан» элбэхтик ахтыбыт олбуорун иЇигэр олорор, күндү доҕоругар Надежда Гаврильевнаҕа анаан күүстээх таптал истиҥ иэйиитинэн угуттаммыт, нарын-намчы хоЇооннору суруйбута.

Поэт сүрэҕин өрүкүппүт музата, тапталын ымыыта Надежда Гаврильевна Иванова үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ кини дууЇатын араҥаччылаабыта, саха литературата сайдыытыгар тугунан да кээмэйдэммэт кылааты киллэрбитэ. Надежда Гаврильевна саха тылын, литературатын учууталын быЇыытынан Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатыгар бэрт үгүс куорат оҕотугар төрөөбүт ийэ тылларын үөрэтэн, ийэ куттарыгар иҥэрбитэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии сылларыгар Күннүк Уурастыырап «Ырыам ыстыык буоллун!» диэн эр санаалаах, өрө күүрүүлээх девиЇинэн салайтаран, журналист уонна суруйааччы быЇыытынан үлэлээбитэ уонна айбыта. Кини бу ыарахан сылларга: «КыЇыл көмүс киЇи», «Икки доҕордуу», «Кытылга», «Элиэнэ киэҥинэн» уо.д.а. айымньылары айбыта. Манна хаанымсах фашиЇы Ийэ дойду иэниттэн киэр эЇии, кырдьыктаах дьыала кыайарыгар халбаҥнаабат эрэл саҥа этиллэрэ.

Поэт Күннүк Уурастыырап бэйэтин айар үлэтинэн, бөрүөтүн сааҕа-саадахха, үҥүүгэ-өргөскө тэҥнээн, илбистээх тыл алыптаах күүЇүнэн өстөөҕү утары oxcyhyy уотун аспыта. Саха буойуттарыгар өргөстөрүн сытыылыыр хоЇуун хомоҕой тыллардаах, саха дьонуттан кэЇии көтөллөөх сэрии толоонугар фроҥҥа бара сылдьыбыта. Бу айымньылар үксүлэрэ 1943, 1944 сыллардаахха «Сэрии күннэригэр», «Сэрии уонна сэрииЇит» диэн ааттаах Күннүк Уурастыырап хоЇооннорун хомуруунньуктарыгар Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Улуу Кыайыы кэнниттэн Күннүк Уурастыырап санаата өссө өрө көтөҕүллэн билигин киэҥник биллибит, ырыа буолан ылланар «Долгунча», «Күнү күүскэ таптыаҕыҥ!», «Күннүүн аргыстастым» уо.д.а. айбыта. Маны тэҥэ бу кэмҥэ обществоҕа көстүтэлиир араас омсолоох быЇыылары саралыыр сатирическай айымньылары суруйталаабыта.

Күннүк Уурастыырап поэзия биир бөдөҥ жанрыгар поэмаҕа эмиэ бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Кини бэрт эдэр сылдьан суруйбут (1923-1924 сс.) «Коммунист Сэмэн» диэн поэматын советскай кэмҥэ үөскээбит ыччат бэркэ билэр айымньыта. Бу поэмаҕа кини саха бааЇынайа саҥа үйэ үүнэн, кэрэҕэ, сырдыкка, үрдүккэ өрө күүрэн туран тардыЇыытын бэрт ылыннарыылаахтык, ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн хаалардыы ойуулаан-оЇуордаан көрдөрбүтэ.

Күннүк Уурастыырап айар дьоҕурун саха фольклорун уонна нуучча литературатын айымньыларын үөрүйэхтэригэр, баай опыттарыгар тирэҕирэн сайыннарбыта. Кини ордук А. С. Пушкин айымньыларын биЇириирэ уонна кини хоЇоонноруттан хас да хоЇоону тылбаастаан бэйэтин тылын-өЇүн сытыылаабыта, айар үлэ кистэлэҥнэригэр үөрэммитэ.

Холобур, ылан көрүөҕүҥ, Күннүк Уурастыырап тылбааЇыгар «КыЇыҥҥы суол» диэн айымньыны:

Долгун, будул туманнарга

Чомполонон ый устар.

Санньы-курус хонууларга

Санааргыы, уотун кутар.

КыЇыҥҥы хобдох суолунан

Торуойка ат айанныыр.

Чуораан биир лыҥкыр тыаЇынан

Салгыылаахтык кылырдыыр.

Дьэ ити көстөрүн курдук, манна Владимир Михайлович хайдах курдук кичэйэн, Пушкины хас биирдии тылын-өЇүн, хоЇооннорун дорҕооннорун, музыкальноЇын, уопсай тыынын, тутулун, иэйиитин үрдүк уус-ураннык сахалыы саҥардыбыта.

Күннүк Уурастыырап айар үлэтигэр улахан ирдэбиллээх буолан, хас биирдии тылын, сүЇүөҕүн кытта ааҕан кылбачыгас тыллары кыЇан оҥорор дъоҕурдааҕа. Уус-уран тыл суолтатын туЇунан кини: «Хайа баҕарар суруйааччы, поэт хайаан да тыл баайын, тыл ууЇун көннөрү дьонтон ордук биЇириэхтээх, кэрэхсиэхтээх, билиэхтээх, баЇылыахтаах. Тыл ууЇугар умсугуйуута суох, тыл күүЇүнэн үлүЇүйүүтэ суох – поэзия суох».

Эбэтэр, «БиЇиги ийэ тылбыт – саха тыла киэҥ, дириҥ, муударай ис хоЇоонноох, хомоҕой-ньымаҕай, имигэс формалаах, бэрт баай, дэлэй өҥнөөх, кырааскалаах, сүрэҕи өрүкүтэр, дууЇаны долгутар, өйү үлүЇүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти тыл. А.С.Пушкины мин, кырдьык, үгүстүк аахпытым, истиҥник таптыыбын, киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Ол иЇин мин айар үлэбэр Ойуунускайтан, Өксөкүлээхтэн ураты литературнай сабыдыал баар эбит буоллаҕына, саамай улахана Пушкин гиэнэ буолуо дии саныыбын … Мин үҥэр айыым, үрдүк таҥарам – А.С.Пушкин». Бу бэргэн этиилэри бүгүн Владимир Михайлович Новиковка бэйэтигэр туЇаайыахха сөп. Саха норуотун өйүн-санаатын, олоҕун быЇыытын уус-уран уобарастар нөҥүө аан дойду эйгэтигэр таЇаарар кини айар үлэтин суолтата ол курдук улахан. Киниэхэ норуот ытыктабыла муҥура суох истиҥ, дириҥ. Оттон ааҕааччыта – тапталлаах сахатын дьоно уонна киэҥ Россия

Владимир Михайлович айар үлэтэ саха фольклоругар, саха литературатын төрүттээччилэр уонна нуучча литературатын үтүө үгэстэригэр тирэҕирбитин уонна кинилэр үтүө холобурдарынан саха литературата сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитин литературоведтар Дора Егоровна Васильева, Николай Николаевич Тобуроков, Николай Захарович Копырин, Прасковья Васильевна Сивцева, Мария Николаевна Дьячковская, Лидия Николаевна Романова бэлиэтээн тураллар.

Ол гынан баран Күннүк Уурастыырап устар ууну сомоҕолуур, саха тылын эгэлгэ өҥнөрүн оонньотор, уу сахалыы тыыннаах иэйиилээх поэт эрэ буолбатаҕа, ону aahaн кини кэрэхсэбиллээх сэЇэнньит этэ. Кини ахтан aahapa: «Адьас кырабыттан саамай биЇирээн, сэҥээрэн үөскээбит суолларым – улуу бөҕөстөр, түөкүттэр, ойууттар, үчүгэй дьахталлар, ааттаах аттар тустарынан сэЇэннэр, абааЇы кэпсээннэрэ, остуоруйа, олоҥхо», – диэн. Кини 1976 сыллаахха итинник сэЇэннэргэ олоҕуран «Былыргы дьыллар быыстарынан» диэн сэЇэни суруйбута. Бу айымньытыгар Күннүк Уурастыырап улуу олоҥхоЇуттар, кус быЇыйдар, мүлдьү бөҕөлөр, уран илиилээх улуу уустар, көмүс тарбахтаах хамначчыт дьахталлар өлбөт-сүппэт образтарын «үгүс сыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэтэн умнуллан-тэмниллэн хаалбатыннар» диэбиттии поэт ордук сыныйан ойуулаабыт.

БиЇиги тапталлаах суруйааччыбыт Күннүк Уурастыырап бэйэтэ киЇи быЇыытынан дьоЇуннааҕа, лоп-бааччыта, наҕыла, санаата ырааЇа, сырдыга олус дьону абылыыра, астыннарара. Ол иЇин поэты биирдэ эрэ да көрөн хаалбыт киЇи кинини умнубаттык өйүгэр-санаатыгар хатаан хаалара. Софрон Данилов бу курдук диэн бэрт ылыннарыылаахтык эппитэ: «Төрөөбүт сирэ-дойдута киЇи майгытыгар-сигилитигэр хайа эрэ өртүнэн хайаан да сабыдыаллыыр диэччилэр... Владимир Михайлович Новиковы – Күннүк Уурастыырабы хантан да буолбакка, чуолаан Амма сириттэн силистэнэн-мутуктанан үөскүөхтээх этэ диэх курдук санаан кэлэбин. Кини киЇи быЇыытынан майгыта-сигилитэ кэрэтэ, үтүөтэ, наҕыла, айыы тыыннааҕа, поэт быЇыытынан ырыата-тойуга сырдыга, ыpaaha, дьэҥкэтэ, нарына-намчыта хайдах эрэ төрөөбүт сиригэр дьүөрэлээх».

Саха норуодунай поэта, биЇиги дойдубут биллиилээх суруйааччыта В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүт литературабыт, культурабыт, искусствобыт үүнүүтүгэр-сайдыытыгар улахан суолу-ииЇи хаалларбыта, дьоЇуннаах кылааты киллэрбитэ. Кини айымньылара үгүс көлүөнэ саха ыччатын Ийэ дойдуну таптыырга, төрөөбүт норуокка туЇалаах дьон быЇыытынан үтүө суобастаах буоларга үөрэппиттэрэ, сырдыкка, кэрэҕэ угуйбуттара. Кини нарын-намчы тыллаах-өстөөх, уу сахалыы иэйиилээх хомоҕой хоЇоонноро кэнэҕэски да кэмнэргэ, кэлэр көлүөнэ ыччакка кэрэхсэтэ туруохтара. Ону өтө көрбүттүү поэт бэйэтэ маннык диэбитэ:

Ырыаларым, ырыаларым

Ыраас сырдык ыраларым,

Үтүө, сэмэй бар дьоннорум

Үөрүүлэрин дьоллорун

Үүнэр, сайдар тускулларын

Өрүү туойа туруохтуннар!

Поэт айымньылаах айар үлэтин үгүс өрүттээх салайар уонна общественнай үлэлэринэн дьүөрэлиирэ. Кини хас да төгүл Дьокуускайдааҕы партия горкомун чилиэнинэн, «Хотугу Сулус» сурунаал кылаабынай редакторынан, суруйааччылар Саха сиринээҕи Союзтарын солбуйар председателинэн, радиокомитет музыкалънай-драматическай биэриилэрин кылаабынай редакторынан, Эйэни көмүскүүр республиканскай комитет Саха сиринээҕи салаатын салайааччытынан бэрт yhyн кэмнэргэ айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини үгүс правительственнай наҕараадалар кавалердара этэ, олор истэригэр Үлэ КыЇыл Знамятын, Норуоттар доҕордоЇууларын, Бочуот Знага орденнара кини түөЇүн киэргэтэллэрэ.

Саха норуодунай поэтын аатын биир дойдулаахтара Амма улууЇун олохтоохторо өйдүү-саныы сылдьаллар. Кини аатын үөрэммит оскуолата – Эмис оскуолата сүгэр. Улуус киинигэр кини аатынан уулусса баар. Бүгүн мин, Күннүк Уурастыырап айар үлэтигэр анаммыт үөрэнээччилэр ортолоругар сылын аайы улууска ыытыллар Ааҕыылары, тэрийээччилэргэ махтанан туран, бэлиэтиэм этэ. Быйыл улуус салалтатын көҕүлээЇининэн бу Ааҕыыларга улахан дьон эмиэ кытынна. Бу кэскиллээх үлэ өссө кэҥииригэр, Күннүк Уурастыырапка аналлаах Литературнай бырааЇынньык Амма кэрэ сиригэр сыллата ыытылларыгар баҕарыам этэ.

Күннүк Уурастыырап айар үлэтин кытта оскуолаҕа өссө ааспыт үйэ 40-с сылларыттан билсэллэр. Кини 100 саастаах үбүлүөйүнэн Үөрэх министерствотынан уонна национальнай оскуолалары чинчийэр институтунан айар үлэтин, олоҕун кэпсиир «Күннээх поэт» диэн ДВД-киинэ оҥоЇулунна. Бу саха суруйааччытын туЇунан аан бастакы үөрэххэ туЇаныллар аналлаах киинэ. «Кэпсиэ, доҕор» диэн Республикатааҕы Интернет-конференция ыытылынна, методическай пособие оҥоЇулунна. Республика бары оскуолаларыгар «Уурастыырап ааҕыылара», киниэхэ анаммыт күннэр буоллулар. Бу барыта кини айар үлэтэ билигин да ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ туЇалыы, көмөлөЇө турарын көрдөрөр.

Норуот тапталлаах поэта, дьоЇун-мааны уола Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап аата үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа, кини кэрэ-нарын ырыалара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубакка ыллана, кэлэр кэмнэри уруйдуу-айхаллыы туруохтара.


Евгения Исаевна МИХАЙЛОВА,
Саха Республикатын Вице-президенэ бэс ыйын 7 күнүгэр Саха народнай поэта Күннүк Уурастыырап 100 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньахха дакылаата.

Hosted by uCoz