Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Петр Алексеевич ҮөЇээ Халыма улууЇугар Таала Күөл диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1956 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн төрөөбүт сиригэр-уотугар оскуолаҕа учууталынан, завуЇунан, директорынан, районоҕа педкабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, 1960-1963 сс. аспирантураҕа үөрэммитэ. 1963 сылтан Тыл, литература, история институтугар научнай сотруднигынан киириэҕиттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тахсыылаахтык үлэлээн кэллэ. Петр Алексеевич 1965 сыллаахха «Русские лексические заимствования в якутском языке» диэн темаҕа кандидатскай, оттон 1990 с. «Якутский литературный язык (истоки, становление норм)» диэн темаҕа докторскай диссертацияларын көмүскээбитэ. Лексикологияҕа, лексикографияҕа, саха тылын историятыгар омук тюркологтарыгар биллэр сүрүннүүр специалист.

П.А.Слепцов 7 монографията ситэн-хотон тахсыбыта. Эппиэттиир редактор уонна автордартан биирдэстэрин быЇыытынан «Якутско-русский словарь» (1972), «Грамматика современного якутского языка» (1982), «Саха тылын быЇаарыылаах кылгас тылдьыта» (1994), «Поговорим по-якутски», «Толковый словарь якутского языка» (I, II, III томнар) уо.д.а. курдук фундаментальнай үлэлэргэ кыттыспыта.

Билигин Саха тылын Улахан академическай быЇаарыылаах тылдьытын бэлэмнээЇиҥҥэ отдел кылаабынай редактора. Кини салалтатынан 30-тан тахса сыл устата 3 мөлүйүөн кэриҥэ картотека хомулунна.

Петр Алексеевич Саха государственнай университетыгар 40-тан тахса сыл студеннары үөрэтэр, үгүс үөрэх кинигэтин автора. Тыл үөрэхтээхтэрин бэлэмнээЇиҥҥэ элбэх сыратын уурбут бэлиэтинэн учуонай 10-тан тахса наука кандидатын иитэн таЇаарбыта буолар. Ону тэҥэ П.А.Слепцов Саха тылыгар докторскай диссертацияны көмүскээЇиҥҥэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, СР Президенигэр тыл политикатын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

Маннык үгүс өрүттээх, киэҥ далааЇыннаах үлэлээх-хамнастаах киЇиэхэ бүгүн саха тылын наукаҕа үөрэтиигэ о.д.а. сыЇыаннаах кэккэ ыйытыылары биэрэбит.


Саха тыла Россия хотугулуу илин өттүгэр киэҥник тэнийбитин омук чинчийээччилэрэ быданнааҕыттан бэлиэтии көрбүттэрэ. Онон бу түүр төрүттээх тылга болҕомтолорун ууран, улахан үлэлэри суруйан хаалларбыттара. Сэбиэскэй кэмҥэ тыл, литература, история института тэриллиэҕиттэн төрөөбүт тылбытын научнай өттүнэн чинчийии бигэ тирэҕин булбута, үгүс учуонайдар үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Чинчийээччилэр үлэлэрэ, тылдьыттар тиЇигин быспакка бэчээттэнэллэр. Тылы чинчийэр биир бөдөҥ үөрэхтээҕинэн филологическай наука доктора, профессор, Саха сирин НА академига Петр Алексеевич Слепцов буолар. Кини Нью-Йорктааҕы Наука Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, СР Государственнай бириэмийэтин наука уонна техника салаатыгар лауреата, РФ уонна СР наукатын үтүөлээх деятелэ, ССРС НА Сибиирдээҕи отделениетын үтүөлээх ветерана.

Саха тыла хаарчахтаныа суохтаах

– Петр Алексеевич, наукаҕа саха тылын үөрэтии бүгүҥҥү туруга хайдаҕый? Ханнык быЇаарылла илик боппуруостар баалларый?

– Маннык ыйытыы сиэрдээх. Тоҕо диэтэххэ, наука хаЇан да биир күдьүс, эриэ-дэхси сайдыбат, куруутун үрдүктэн үрдүккэ өрө дабайан испэт. Наукаҕа улахан хамсатыылаах ситиЇиини, этэргэ дылы, үөЇэттэн айдарыылаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уЇулуччулаах учуонайдар ситиЇэллэр. Ону даҕаны бу дьоннорго ким эрэ оҥорон-тэрийэн биэрбитин курдук ураты тоҕоостоох, дьоллоох түгэн тосхойон биэрдэҕинэ. Ол саха тылын наукатын историятыгар чаҕылхайдык көстөр.

Дьэ, холобур, билигин да тэҥнээҕэ суох, аан дойду тюркологиятын саҥа кэрдиискэ таЇаарбыт, түүр тылларын история өттүнэн тэҥнээн үөрэтиини саҕалаабыт, академик А.Н.Кононов этэринэн, «тюркологияҕа саҥа эпоханы арыйбыт» академик О.Н.Бётлингк «Сахалар тылларын туЇунан» (Бётлингк О.Н. О языке якутов. ­ Новосибирск: Наука, 1990) диэн уЇулуччулаах үлэтэ, бэйэтэ суруйан хаалларбытынан, хайдах айыллыбытын ахтан ааЇыаҕыҥ! 1842-1845 сс. Сибииргэ, ол иЇигэр Саха сиригэр, А.Ф.Миддендорф академическай эспэдииссийэтэ тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Александр Федорович бэйэтэ айылҕаны чинчийээччи (естествоиспытатель) этэ. Ол эрээри саха тыла олус киэҥник тарҕаммытын сөҕөн, оттон сахалар бэрт былыргы омук, бөҕө тирэхтээх, сайдар кэскиллээх норуот диэн сыаналаан, этнография, тыл матырыйаалын үгүөрүтүк хомуйбута. О.Бётлингк уонна А.Миддендорф доҕордуулар этэ. Бётлингк доҕоро хомуйбут матырыйаалын сөхпүтэ, бу матырыйаал туЇаҕа тахсарыгар кыЇаллыам диэн доҕоругар тылын биэрбитэ. Ол эрээри бу кини дьарыгыттан букатын чиэски дьыаланан дьарыктаныан маҥнай утаа олох баҕарбатаҕа (кини биЇиги эрабыт иннинээҕи V үйэ анараа өттүнээҕи түҥ былыргы Индия литературнай тылын, санскриты, олус таЇаарыылаахтык чинчийэрэ). Биир эмэ манна арыый чугас идэлээх учуонайы көрдөЇүөм диэн санаабыт. Онтукайа табыллыбатах, биир да учуонай ылымматах. Онон доҕоругар биэрбит тылын толороору, бу матырыйаалынан саха тылын туЇунан тугу эмэ бэйэм суруйан көрүөм диэн быЇаарыммыт. Ол сырыттаҕына эмискэ кини, саха тылын уонна тюркология дьолугар дэҥ түбэлтэ тосхойбут: биир киЇи Санкт-Петербурга сахалар ортолоругар төрөөбүт-үөскээбит, сахалыы эҥкилэ суох билэр нуучча киЇитэ баар диэн кэпсээбит. Ол «Убаарыскай ахтыыта» диэн маҥнайгы сахалыы уус-уран айымньыны суруйбут билигин бары билэр Афанасий Яковлевич Уваровскайбыт этэ. Манан сибээстээн, О.Н.Бётлингк, олус сиэрдээх чиэЇинэй учуонай, манныгы билинэн суруйан хаалларбыта баар. «А.Миддендорф бу үлэни суруйарга миигин көҕүлээбэтэҕэ буоллар, үлэ суруллуо суох этэ. Оттон саха тылын миэхэ үөрэппит дьиҥнээх учууталым Уваровскай. Кинини көрсүбэтэҕим, кини миигин кытта бииргэ үлэлэспэтэҕэ буоллар, бэйэм бэрт дуона суоҕу, наукаҕа оччо туЇата суоҕу суруйуом эбитэ буолуо, оттон билигин наукаҕа чахчы туЇалааҕы оҥордум, бэйэм да саха тылын ис айылгытын, тыынын дириҥник өйдөөммүн билиим-көрүүм улаханнык кэҥээтэ», – диэн түмүктүүр. Бу үлэтин кэлин да биир бастыҥынан ааҕара.

Е.И.Убрятова биЇиэхэ этэрэ даҕаны, суруйбута да баар: «Далеко не все сделанное О.Н.Бётлингком учтено и использовано тюркологами» (Бётлингк «Сахалар тылларын туЇунан» үлэтин сыаналаан суруйуутугар). Бу этиини академик А.Н.Кононов «История изучения тюркских языков в России. Дооктябрьский период» диэн 1982 с. тахсыбыт кинигэтигэр сөрү-сөптөөҕүнэн ааҕар. Оннук буолуохтаах даҕаны: академик О.Бётлингк үлэтэ туох да үлүннэриитэ суох классика буолбут улуу үлэ. Ол иЇин бу 160-ча сыл тухары саҥаттан саҥа көлүөнэ чинчийээччилэргэ саҥа, сонун өттүнэн көстөн иЇэр.

Саха тылын науката О.Бётлингк, Э.К.Пекарскай үлэлэриттэн силис тардан, бигэ акылааттаах буолан, улахан ситиЇиилээх. Этэргэ дылы, кинилэр санныларыгар туран, саха тылын уЇулуччулаах чинчийээччилэр — профессордар Л.Н.Харитонов уонна Е.И.Убрятова баараҕай ситиЇиилэммиттэрэ. 1960–1990-с сыллардаахха кинилэр үөрэнээччилэрэ Е.И.Коркина, Н.Е.Петров, М.С.Воронкин, П.С.Афанасьев, С.А.Иванов о.д.а. тахсыбыттара. Олору кытта тэҥҥэ кэриэтэ Новосибирскайга, Ленинградка үөрэммит Н.К.Антонов, Н.Д.Дьячковскай, И.Е.Алексеев, Г.Г.Филиппов, Н.Н.Ефремов үтүөкэн үлэлэри суруйбуттара. Аҕа көлүөнэ учуонайдар уонна бу ааттаммыт кинилэр үөрэнээччилэрин сыралаах үлэлэрин түмүгэр саха тылын 2 туомнаах академическай грамматиката баар буолла. Маннык ис хоЇоонноох, сонун көрүүлэрдээх, түмүктэрдээх грамматика түүр тылларыгар, судаарыстыбаларыгар үгүстэригэр сурулла илик.

Билигин саха тылын наукатыгар быыс кэм, көлүөнэ солбуллуута буолла, онон аҕырымнааЇын таҕыста. Ол эрээри наука хаЇан да «бүтэн»-тохтоон хаалбат. Үлэлиэххэ диэтэххэ, саҥа көлүөнэни өссө киэҥ, өссө улахан соруктар хас эмэ хайысханан күүтэллэр. Холобур, саха тылын араас салааларынан саҥалыы дириҥник, киэҥник чинчийии ыытыллыахтаах: аат тыллар, даҕааЇын ааттар, дьүЇүннүүр-ойуулуур тыллар олох ситэ чинчийиллибэккэ тураллар. Атын тыллары кытта тэҥнээн историческай чинчийии далааЇына суох, ол түмүгэр саха историческай морфологията, историческай лексикологията айылла илик. Е.И.Убрятова үйэтин тухары саха тылын синтаксиЇын чинчийбитэ уонна бу киэҥ эйгэҕэ саҕалааЇын эрэ буолар диэн, биир киЇи холугар олох кыайтарбат үлэнэн аахпыта.

Уруккуттан биллэринэн, саха тылын историята олус уустук, дириҥ, элбэх араас тыллары кытта алтыспыт тыл. Ол эмиэ ырааҕынан ситэ быЇаарылла илик, онон саха тыла алтаай тылларын ортотугар миэстэтэ өссө да итэҕэтиилээхтик көстө илик.

Аны балартан итэҕэЇэ суох, олоххо суолталарынан өссө улахан, прикладной диэн ааттаах үлэлэр тирээн тураллар. Ол литература, сурук тылын тыын боппуруостара, алпаабыт, сурук тылын нуорматын ырытан олохсутуу, тиэрмин, таба суруйуу, таба саҥарыы. Бу туЇунан ылыннарыылаахтык, итэҕэтиилээхтик тыл үөрэхтээҕэ, бэрэпиэссэр Г.Г.Филиппов «Саха сирэ» хаЇыат 2003 с. олунньу 13 к. нүөмэригэр суруйан турар. Мин кинини кытта сөбүлэЇэбин, хатыламмат наадатыгар онно сигэнэбин.

– Саха тылын састаабын көрөр буоллахха, төЇөтө түүр төрүттээҕий? Монголлартан киирбит тыллар төЇө элбэхтэрий? Санскрит тыла кытта көстөр диэччилэр.

– Туох да диэбит иЇин ­ саха тыла түүр тыла. Кырамаатыката сүнньүнэн түүрдүү. Лиэксикэҕэ саамай тутаах, сүрүн өйдөбүллэр тиЇик (систиэмэ) быЇыытынан түүр тылларыгар ханыылаахтар. Тюркологтар уопсай төрүт түүр тылыттан утумнуур биир сүЇүөхтээх тыллар испииЇэктэрин биэрбиттэрэ (500-тэн тахса тыл) барыта кэриэтэ саха тылыгар баар. Л.Н.Харитонов чинчийиитинэн, саха тылын биир сүЇүөхтээх саамай былыргы туохтуурдарын 72 бырыЇыана атын түүр тылларыгар ханыылаахтар.

Наука билиҥҥи быЇаарыытынан саха тылын төрүт олоҕун 70-ча бырыЇыана түүр тыла, 2500-чэ тыл монгуол тылларыгар ханыылаах (олор сорохторо бэйэбит да тылларбыт буолуохтара). Саха тылын уопсайынан ыллахха, 250-ча тоҥус тылларыттан киирии (хотугу түөлбэлэргэ элбэх), 10 %
(600-чэ тыл) билиҥҥитэ биллибэт төрүттээхтэр (Г.В. Попов чинчийиитинэн).

Е.С.Сидоров уонна историк-этнограф А.И.Гоголев санскрит тылыгар ханыылаах тыллар биЇиги саҥабытыгар баарын булаллар. Баҕар, төЇө эрэ оннук тыл баар буолуон сөп. Итини өссө чинчийиэххэ, үөрэтиэххэ наада.

– Тылы үөрэтэн-чинчийэн, саха омук өбүгэлэрэ ханна олорбуттарын быЇаарыахха сөп дуо?

– Түҥ былыргы түүрдэр бары бииргэ олорор эрдэхтэринэ, тыл матырыйаалынан ханна олорбуттарын уруккуттан быЇаара сатыыллар. Түүр тылларын лиэксикэлэрин тэҥнээн – историческайдык үөрэппит кэлиҥҥи (2001) улахан үлэлэригэр (Сравнительно-историческая грамматика тюркских языков. Лексика. М.: Наука, 2001) Москва тюркологтара маннык түмүккэ кэлбиттэр: сирин ньуурун, үүнээйитин, кыылын-сүөлүн аатынан былыргы түүрдэр арахсыахтарын иннинэ Саян-Алтай соҕуруу өттүгэр истиэп-тайҕа сиригэр олорбуттар. Оттон саха учуонайа Н.К.Антонов саха тылын лиэксикэтин эмиэ оннук чинчийэн уонна олоҥхо бухатыырын сирин-дойдутун хоЇуйууттан былыргы түүрдэр (сахалар өбүгэлэрэ) эмиэ тыалаах истиэп сиргэ олорбуттар диэн сабаҕалыыр.

– Атын уруулуу омуктар тылларын тэҥнээн үөрэтии барар дуо?

– Уруулуу түүр уонна монгуол тылларын тэҥнээн үөрэтэн, Новосибирскай учуонайа Н.Н.Широбокова «Отношение якутского языка к тюркским языкам Южной Сибири» диэн үлэни суруйда, ону биЇиги сэбиэппитигэр кэлэн көмүскээн доктор буолла. Саха эдэр учуонайа, Н.К.Антонов үөрэнээччитэ Г.Г.Левин, былыргы руническай сурукка идэтийбит биЇиэхэ соҕотох учуонай, саха тылын былыргы Орхон уонна билиҥҥи алтай, хакас, тыва тылыгар тэҥнээн бэртээхэй үлэни суруйан таЇаарда. Билигин кини ити тиэмэни быдан кэҥэтэн, докторскай диссертацияны суруйа сылдьар. БиЇиги киниэхэ эрэлбит улахан.

– Тылы чөл туруктаах оҥорууга, сайыннарыыга туох усулуобуйа баар буолуохтааҕый? Холобур, уус-уран өттүнэн баай туруга туохтан тутулуктанарый? Театр, телевидение, радио, литература, хаЇыат оруоллара онно хайдаҕый?

– Саха тыла «ыалдьар», мөлтүүр-ахсыыр, чаҕылхай, бэргэн, этигэн күүЇүн улам сүтэрэн иЇэр диэн киЇи үксэ өйдүүр. Ол иЇин маннык сиэрдээх ыйытыы бэриллэр. Кырдьык да, улахан хамсатыылаах, далааЇыннаах миэрэни-дьаЇалы ылбатахха, Г.Г.Филиппов этэригэр дылы, саха тыла саха киЇитин сайдыытыттан хаалар суолга киириэх курдук. Туох барыта тутуннахха, үлэлэттэххэ, улам эргэрэн, алдьанан бүтэн, туЇатыттан тахсан хаалар. Арай онно бэриммэт биир эрэ суол баар, төттөрүтүн, төЇө киэҥник туттаҕын, төЇө эрийэҕин-мускуйаҕын да, соччонон сайдан, күүЇүрэн-кыаҕыран тупсан иЇэр. Ол – тыл. Онон тылы чөл туруктаах оҥоруу, сайыннарыы сүрүн усулуобуйата – туох баар олох бары эйгэтигэр хаарчаҕа суох туттуу. Ол, бастатан, тылга судаарыстыба политикатыттан тутулуктаах. Ону бэйэбит да тылбыт, атын да дойдуларга тыллар сайдыылара көрдөрөр.

Холобур, сүүрбэЇис сыллартан 30-с сыллар ортолоругар диэри П.Ойуунускайдаах саха тылын дьыала-куолу тылын быЇыытынан, 7 кылаастаах оскуолаҕа бары предметтэри (ол иЇигэр алгебраны, физиканы, химияны) үөрэтэр тыл гына киллэрбиттэрэ, дьиҥэ, оччотооҕу туох да суох кэмигэр. Саха тыла олох бары эйгэтигэр туттуллан барбыт. Аркыып дьыалаларыттан көрдөххө, оннооҕор саха аҕыйах оройуоннара тэлэгэрээмэни сахалыы ылар-биэрэр буолбуттар. Олус ыарахан эбитэ буолуо да, салалта ону тэрийэн-көҕүлээн киллэрбит. Оттон билигин туох баар усулуобуйа баар, сокуон-быраап өттүнэн барыта хааччыллыбыт курдук: ЮНЕСКО хартията, Конституциялар, тыл туЇунан сокуоннар ­ тыл туттуллар эйгэтин төЇө баҕарар кэҥэтэргэ быраап биэрэр курдуктар. Арай биЇиги бэйэбит салалтабыт, сокуону ылынар, онон сокуону толорору көҕүлүөхтээх, онно үтүө холобуру көрдөрүөхтээх Ил Түмэммит анал туруктаах судаарыстыба тылын билиммэт, ахсарбат курдук.

Сорохтор этиэхтэрин сөп –­ саха тылын истииллэрэ, тиэрминнэрэ сайдыбатах, ол иЇин араас эйгэҕэ көҥүл туттуллар кыаҕа суох. Истиил, тиэрмин боппуруоЇа ­ бу литература тылын, сурук тылын боппуруоЇа. БиЇиэхэ араас көрүҥнээх литература, хаЇыат, радио, телевидение сахалыы үлэлиир. Истиил, тиэрмин онно, сурук тылыгар, киирэн чочуллан, үксүгэр көнньүнэн үөскүүр. Хата, билигин ордук ыччат, ону аахпат,­көрбөт. Ол да буоллар, сурук тыла куруук чочуллуохтаах, тупсарга дьулуЇуохтаах. Уопсайынан, тылы чөл оҥорорго үөЇэ этиллэр сүрүн усулуобуйаны наада диэн туруулаЇан (ол, дьиҥэ, салалта эрэ буолбатах, сахалар барыбыт кыЇамньыбыт буолуохтаах) олоххо киллэрэр буоллахха, билиҥҥи кэмҥэ олох модьуйдаҕына, ону кыайан хааччыйбат тыл диэн, дьиҥинэн суох. Саха тыла, үлэни тэрийдэххэ, ону хааччыйар кыахтаах.

– Саха тылын оскуолаҕа уонна биирдиилээн дьон үөрэтиилэригэр туох ыарахаттар, итэҕэстэр көстөллөр дии саныыгын?

– Саха уонна нуучча тылын саха оскуолаларыгар, атын да үөрэх кыЇатыгар үөрэтиини олох саҥалыы тэрийии, төрдүттэн тупсарыы эрэйиллэр. Учууталы бэлэмнээЇинтэн, программалартан, үөрэх кинигэлэриттэн, тылдьыттартан, бастыҥ уопуту үөрэтииттэн, ол иЇигэр омук тылларын методикатын үөрэтииттэн саҕалыахха наада. Саха тылын методикатыгар, мин билэрбинэн, 2-3 эрэ кандидатскай диссертация суруллубута.

Онон саха тылын дьоҥҥо, ыччакка үөрэтэр наука үөскүү илик. 30-с сыллардааҕы курдук өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр көрдөрүүлээх уопут оскуолатын (ЯНОПШ – Л.Н.Харитонов, П.Н.Самсонов) курдук туох да суох. Үөрэх министиэристибэтигэр бу үлэни иилиир-саҕалыыр күүстээх салаа, управление дуу аЇыллыан наада.

Елена БАИШЕВА кэпсэттэ.


П.А. Слепцов III норуоттар икки ардыларынааҕы тюркологтар конгресстарыгар
Россия делегаттарын ортотугар. Турция, Анкара, 1996 с.

Hosted by uCoz