Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Ийэ тыл – олох ситимэ

Cемен Андреевич Новгородов быйыл 115 сааЇын туолбутунан уонна сахалыы бастакы букубаар тахсыбыта 90 сылыгар анаан сурунаал бу нүөмэригэр кэккэ сылларга үлэлэтэн кэлбит саха тылыгар аналлаах рубрикабытын салгыыбыт.

Олох ханнык да ыар түгэнигэр

Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ,

Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин

Баай дууЇаланыаҥ,

Өлбөт өйдөнүөҥ.

Сэмэн Данилов,

Саха народнай поэта.


Харысхал

Бастакы букубаардар, ааҕар кинигэлэр умнуллубут автордара

Сахалыы сурук-бичик олохтонуутугар Святитель Иннокентий Вениаминов саамай улахан оруоллаах дьонтон биирдэстэрэ этэ диэн киэн тутта этиэхпитин син. Кини ыйыытынан Д.Хитров сахалыы тылынан таҥара дьиэтин сулууспатын ыытан, сахалыы тылынан таҥара кинигэлэрин тылбаастаан барар.

Сахалыы тылынан сурук-бичик чиҥник киириитигэр немец учуонайа Отто Бётлингк бастакы акылааты уурбута. Афанасий Уваровскай «Ахтыыларыттан» саҕалаан саха дьонугар сахалыы сурук-бичик тэнийиэн сөп эбит диэн эрэл санаа олохсуйар.

Саха бастакы үөрэхтээхтэрэ бука бары нуучча оскуолатыгар үөрэммит дьон. Үгүстэрэ учууталлыы сылдьан, улуус, нэЇилиэк суруксутунан олорон оҕолору сахалыы тылынан сурукка үөрэтэн, сахалыы тылынан бэйэлэрин икки ардыларыгар суруйсан холонон көрөллөрө.

Казань куоракка үөрэнэр кэмигэр таҥара кинигэлэрин сахалыы тылынан тылбаастыырга үлэлэспит, профессор Н.Ф.Катанов көмөтүнэн «Казанскай транскрипция» диэнинэн биллибит алфавиты оҥорсубут Федор Гаврильевич Сивцев – Сүөдэр аҕабыыт дойдутугар төннөн кэлэн баран, церковнай-приходскай оскуолаҕа учууталлыырыгар саха оҕолорун сахалыы үөрэтэргэ холонон көрө сылдьыбыта. Тааттаҕа сыылкаҕа кэлэн олорон чааЇынай оскуола арыйбыт аатырбыт педагогтан, Всеволод Михайлович Ионовтан саха оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтэргэ сүбэ-ама көрдөөн суруйбут суруга баар.

Саха сирэ сайдыытыгар, саха дьоно үөрэхтэнэллэригэр олоҕун барытын анаабыт Сүөдэр аҕабыыт барахсан 1928 сыллаахха сымыйанан балыллан Соловкига тиийэн суорума суолламмыта, үтүө аата үгүс сылларга сиргэ-буорга тэпсиллибитэ.

Всеволод Михайлович Ионов, чахчы да айылҕаттан талааннаах педагог, икки тылы нууччалыы билбэт саха оҕолоругар үөрэтэригэр бэйэтэ уруЇуйдаан, суруйан, чочуйан үөрэх пособиеларын оҥортуур эбит. Тааттаҕа Ионов оскуолатыгар Саха сирин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит Оросиннар, Слепцовтар, Давыдовтар, Сивцевтэр үөрэммиттэр.

«Сахалар союзтара» урусхалламмытын кэннэ саха дьонун өйүн-санаатын уЇугуннарарга бэйэ тылынан бэчээттэммит хаЇыат, сурунаал, кинигэ наадатын өйдөөн, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр «Саха саҥата» сурунаалы, «Саха дойдута» хаЇыаты бэчээттиир.

1913 сыллаахха буолбут Россия учууталларын Бастакы съеЇигэр Саха сириттэн делегатынан барбыт Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр, Василий Иннокентьевич Новгородов-Чинэкэ Саха сиригэр учуутал семинариятын астарар, тыа учууталларын хамнастарын үрдэтэр туЇунан туруорсууларын тэҥэ, биир саамай сүрүн туруорсуулара саха оҕолорун ийэ тылларынан үөрэтии уонна онно анаан буквардары, учебниктары суруйуу буолбута.

Оччолорго тыа сиригэр учууталлыы сылдьыбыт Матвей Матвеевич Сивцев, Михаил Константинович Артемьев, Вера Дмитриевна Давыдова, Петр Иванович Оросин, Николай Егорович Афанасьев, Михаил Дмитриевич Азаров, Георгий Прокопьевич Хоютанов уо.д.а. саха оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтиигэ бастакы холонуулары оҥорбуттара.

Саха бастакы лингвиЇэ Семен Андреевич Новгородов учительскай семинарияҕа преподавателлии сылдьан саха оҕолорун ийэ тылынан үөрэтиигэ элбэх сыратын уурбута. «Саха саҥата» сурунаалга бастакы кэпсээннэрин бэчээттэппит Кузьма Осипович Гаврилов ити дьыалаҕа эмиэ бэйэтин кылаатын уурсубута.

Оскуолаларга төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ хамсааЇыны Саха сирин земскэй управата саҕалаабыта. В.В.Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Экономическай совет мунньаҕар сылдьан норуот үөрэҕириитигэр анаан балачча элбэх үбү туруорсан ылбыта. Ол суотугар Вера Дмитриевна Давыдова, Николай Егорович Афанасьев, Петр Иванович Оросин, Георгий Прокопьевич Хоютанов, Асклипиодот Афанасьевич Рязанскай сахалыы тылынан бастакы учебниктары оҥорон барбыттара. Ол курдук бастакы «Букубаар», «Ааҕар кинигэ» бэчээттэнэллэр.

Саха сирин земствотын биир чаҕылхай салайааччыта Амма нууччата, Короленко үөрэнээччитэ Николай Егорович Афанасьев Бүлүүнэн, Бороҕонунан, Тааттанан, Мэҥэнэн, Илин, Арҕаа Хаҥаластарынан сылдьан оскуолаларга ийэ тылынан үөрэтиини улаханнык пропагандалаабыта.

Гражданскай сэрии сылларыгар саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ, чуолаан учуутал аймах, улаханнык кыЇарыллан, кыргыллан бастаанньаҕа кыттыспыта. Интеллигенция икки лааҕырга хайдыЇан икки өттүттэн улахан өлүү-сүтүү тахсар.

Таатта улууЇугар норуот үөрэҕириитигэр улахан үтүөлээх Матвей Матвеевич Сивцев ВЯОНУ (Саха уобаластааҕы бириэмэннэй народнай управление) түүлээҕин дьаЇайбыт буруйугар дьиэ кэргэнниин бары кыргыллаллар, аата-суола хараардыллар. Саха норуотун чиэЇин, быраабын туЇугар саа-саадах тутан сэриилэспит Михаил Константинович Артемьевы сордоон-муҥнаан өлөрөллэр. Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар ахтыллар Биэрэ Миитэрэйэбинэ кэргэнэ Петр Иванович Оросин бастаанньаҕа кыттыспыт буруйугар дойдутуттан үүрүллэр, аата-суола умнуллар. Михаил Дмитриевич Азаров, Саха сирин земскэй управатыгар, ВЯОНУ солбуйааччы председателинэн үлэлээбит буруйугар хаайыы, сыылка бөҕө кэнниттэн 1938 сыллаахха ытыллар.

Кыайтарыы кэнниттэн Георгий Прокопьевич Хоютанов, Василий Иннокентьевич Новгородов-Чинэкэ, Асклипиодот Афанасьевич Рязанскай омук сиригэр эмиграциялаабыттара.

Советскай былаас букатыннаахтык олохтоммутун кэннэ Саха АССР салайааччылара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов норуот үөрэҕириитигэр улахан болҕомтолорун уураллар. Бастатан туран сахалыы тылынан сурук-бичик олохтонуутугар улахан хамсааЇын тахсар. Саха бастакы лингвиЇэ Семен Андреевич Новгородов латиницаҕа олоҕуран саха алфавитын оҥорор, бэрт үгүс үп ороскуоттанан саҥа алфавикка шрифт куттарыллар. (КиЇи сэргиирэ баар: саха эмиграннара бэйэлэрин суруктарын, Соловкиттан Финляндияҕа куоппут Михаил Федорович Корнилов «Мин хайа дойдуттан пиин сиригэр кэлбитим туЇунан» кинигэтин Новгородов алфавитынан суруйбуттар). Бастаанньаҕа кыттыспыт саха интеллигеннэригэр, учууталларыгар амнистия биллэриллэр.

Эмиграцияҕа барбыт Россия учууталларын Бастакы съеЇин делегата Василий Иннокентьевич Новгородов-Чинэкэ, Георгий Прокопьевич Хоютанов амнистия ылан эмиграцияттан дойдуларыгар төннөн учууталлаан бараллар.

Георгий Прокопьевич Хоютанов дойдутугар эргиллээт үлэ үөЇүгэр түЇэр, ааттаах улахан методист-педагог буолан саха оскуолаларыгар анаан учебник бөҕөнү суруйар, ахсаан, айылҕа үөрэҕин, история, география, физика учебниктарын сахалыы тылбаастыыр. Ол да гыннар 1928 сыллаахха хаайыллар. Онтон 1938 сыллаахха «дьоппуон үспүйүөнэ» диэн буруйданан ытыллар. Кини оҥорбут учебниктарын аатын хараарда-хараарда хойукка диэри туЇаналлар.

Василий Иннокентьевич Новгородов-Чинэкэ эмиграцияттан эргиллэн баран кэргэнин кытта Чыамайыкы оскуолатыгар учууталлыыр. Бастыҥ үөрэнээччилэрин куоракка экскурсияҕа киллэрэн Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы кытта көрсүЇүннэрбититтэн да сылыктаатахха, үөрэппит оҕолорун ахтыыларыттан да көрдөххө бэртээхэй педагог эбит. 1928 сыллаахха Артемьевка, Михайловка, Ксенофонтовка кыттыбытыҥ диэн балыйыллан Соловкига ыытыллар. Онтон 1939 сыллаахха эмиэ сымыйанан буруйданан ытыллар.

Саха омук үөрэхтэниитигэр биир уЇулуччу кылааты киллэрбит киЇинэн Николай Егорович Афанасьевы ааттыахха сөп. Сэттэ уон сыллааҕыта Советскай Союз үрдүнэн латиницаттан кириллицаҕа көЇүү буолбутугар саха тылыгар саамай табыгастаах алфавиты киллэрбит киЇинэн Н.Е.Афанасьев буолар. Саха дьоно сэттэ уон сыл устата кини айан таЇаарбыт алфавитынан үөрэхтэнэн, үүнэн-сайдан, литератураланан, театрданан кэллибит.

Николай Егорович Афанасьев В.В.Никифоров-Күлүмнүүр тэрийбит хаЇыатын, сурунаалын бастакы редактора, земствоҕа соратнига ыраахтааҕы хаайыытыттан саҕалаан хаайыы бөҕөҕө олорбут киЇи. Ол да буоллар олох кырдьыгыттан аккаастамматах, сүрүн идэтиттэн, учууталлар учууталлара буолар аналыттан туораабатах киЇи. Оччолорго төрөөбүт тылларыттан ураты атын тылы билбэт саха, эбээн, эбэҥки оҕолоругар анаан нуучча тылын учебниктарын суруйталаабыта. Эдэр учууталларга анаан методическай пособие бөҕөнү бэчээттэппитэ, норуот үөрэҕириитигэр олоҕун барытын анаабыт ДЬИүНЭЭХ ПЕДАГОГ этэ.

Билигин кылаассабай позицияттан сыаналааЇын кэмэ ааспытын кэннэ норуот дьылҕатыгар оруолламмыт, кини үөрэхтэниитигэр, сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит дьон үтүө ааттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр кэм кэллэ. Ити үөЇэ ахтыллыбыт дьон үтүө ааттара чөлүгэр түЇэриллибитэ эрээри дьон-норуот туЇугар оҥорбут үтүөлэрэ өссө да ситэри сыаналана илик. Ол кэм сотору кэминэн кэллэр ханнык…

Hosted by uCoz