Иван
ВИНОКУРОВ, Надежда ВИНОКУРОВА
Айар тыл
чинчиЇитэ
Никита
Спиридонович Григорьев (14.12.1906 – 23.01.1989) – тыл үөрэҕин
хандьыдаата, Саха судаарыстыбаннай университетын чулуу дьонуттан –
учууталларыттан биирдэстэрэ, доцент, саха тылын уонна литэрэтиирэтин
хаапыдыратын өр кэмҥэ салайбыт сэбиэдиссэй, бэйэтэ туспа
суоллаах-иистээх улахан учуонай – төрөөбүтэ
100 сылын туолла. Кини саха бастакы көлүөнэ үөрэхтээхтэригэр киирсэр
киЇи килбиэннээх киэбинэн үгүс өрүттээх үлэтэ саҥа көҥүл олоҕу тутуу,
суругу-бичиги оҥоруу-олохсутуу, үөрэҕи-билиини тарҕатыы-тэнитии,
оскуолаҕа сахалыы үөрэтиини киллэрии-кэҥэтии кимиилээх кэмигэр
саҕаланар.
Киирии
Никита Спиридонович бэйэтин
көлүөнэтин, үйэтин бэриниилээх уолун быЇыытынан кэм ирдиир-модьуйар,
тыҥаан турар соруктарын толорууга, олоххо оҥкуллуурга-уурууга
көхтөөхтүк кыттар, туруулаЇан турунар. Кини айымньылаах олоҕун уЇун
олуга наар үөрэх-наука эйгэтигэр утумнаахтык охсуллар: учуутал –
Саха АССР национальнай бибилитиэкэтин учуонай сэкэрэтээрэ (эбиитин
библиофил) – педтехникум преподавателэ – учуобунньук ааптара –
аспыраан – учуонай – пединститут преподавателэ, хаапыдыра
сэбиэдиссэйэ – университет преподавателэ, хаапыдыра сэбиэдиссэйэ –
бэртээхэй тылдьыт ааптара.
Кини грамматист,
лексиколог-лексикограф, сомоҕо домохчут-фразеолог уонна орфографист
быЇыытынан саха тылын үөрэҕэр омооҕуран оспот суолун-ииЇин
хаалларбыта. Ийэ тылбыт наукатыгар киллэрбит улахан кылаата бүттүүн
тюркологияҕа да дьоЇуннук суолталанар-сыаналанар. Кини, тыыннааҕар
айымньыга («Сааскы кэмҥэ» Киргиэлэй Никитин прототиба) уонна номоххо
киирбит киЇи, туЇунан ааҕааччы интэриэЇиргиир, сиЇилии билиэн
баҕарар түбэлтэтигэр маннык икки хомуурунньугу булан көрүөн сөп:
«Саха тыла: историята, сайдыыта, проблемалара» (Н.С. Григорьев
төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ
матырыйаалын тиэЇистэрэ. Дьокуускай, 2006), «Учууталлар учууталлара»
(Н.С. Григорьев умнуллубат уобараЇын балачча толору арыйар ахтыы
кинигэтэ СГУ издательствотыгар бэчээттэнэ киирдэ. Быйыл тахсыа диэн
эрэниэҕиҥ).
Дьиктини
дьиибэргээччи
БиЇиги бу ыстатыйабытыгар
Н.С. Григорьев суруйааччы тылын чинчийиигэ бастакынан суол-тэлии
тэлбитин биЇирэмнээн бэлиэтээн сырдатаары гынабыт. Баҕар, ыйытыы
үөскүөн син: күннэтэ үгүс үлэлээх, үтүмэн түбүктээх киЇи манан тоҕо
аралдьыйарый? «Аралдьыйара» наадалааҕын, саамай сөптөөҕүн дакаастыы
сатыахпыт.
Бэрт киЇи бэтиэхэлээх диэччилэр.
Ол сиэринэн Н.С. Григорьев лиэксийэ да кэмигэр дьээбэлэнэн ылааччы:
устудьуон тылыттан, хоруйуттан соЇуйбута буолан, тиэхэлээхтик
көрөөччү-истээччи, дьиибэ-дьикти тылы кыбытааччы. Ити бэйэтигэр
тардар бэрт ураты майгына, уЇун үөрэхтэн улугура быЇыытыйбыт оҕону
сэргэхситэр-аралдьытар албаЇа айар үлэтигэр эмиэ биллэргэ дылы.
Учууталбыт, билигин сыта-тура
сыаналаатахха, тыл ураты көстүүтүн, дьиктилээх өттүн ордук
интэриэЇиргиир эбит. Кандидатскай диссертацията (1946 с.) даҕааЇын
аакка ананар. Бу саҥа чааЇа – саха тылын саамай этигэн, ойуулуур-дьүЇүйэр
биир бөдөҥ бөлөҕө. Манна ситэ чуолкайдана, букатын быЇаарылла илик
өссө да баар аҕай быЇыылаах. (Таарыччы ахтан аЇардахха, ф.н.к.,
доцент С.Д.Егинова төрүт даҕааЇын ис суолтатын ырыппыт-ырыҥалаабыт
диссертациятын салҕаан, даҕааЇыны бүтүннүү, лөкөччү ылан ситтэрбэт
семантикатын дириҥник чинчийэр сүүнэ соруктаах туруна сылдьар). Кини
чинчийэр үлэтин «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьытынан» (1974 с.)
түмүктүүр. Сомоҕо домох, биллэрин курдук, ханнык баҕарар тыл ис
дьиҥин арыйар алыптаах араҥа буолар (эмиэ эбэн эттэххэ, бу үйэлээх
үлэ ГЧИ сүр.н.ү., ф.н.к. А.Г. Нелунов икки туомнаах, бэртээхэй «Сахалыы-нууччалыы
сомоҕо домоҕун тылдьытыгар» (Новосибирскай, 1998, 2002) төлкөлөөх
төрүт буолла).
Учууталбыт научнай
ыстатыйаларыгар эмиэ саха тылын «дьиибэ» суолун көрдүүр, булар уонна
ону олохтоохтук, итэҕэтиилээхтик быЇаарарга дьулуЇар. Оҕурдук Ї, с
дорҕооннор солбуЇууларын, этиигэ араас түЇүү (опущение) туох
төрүөттээҕин, хас да даҕааЇын-быЇаарыы турар бэрээдэгэ (Кини киэҥ
итии сырдык хоЇу көрдөөтө) хайдах санаан саҥарартан (холобур, этии
бу барыйааныгар хос сырдык буоларын көрдүүр киЇи ордук болҕойор,
суолталыыр) тутулуктааҕын уо.д.а. болҕомтону тардар боппуруостары
ылыннарыылаахтык ырытар.
Учуонай «айар тыл аҕата»
Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылын туЇунан матырыйаалын бастакы
хомуурунньугар (1946) киирии ыстатыйаны суруйар. Кэлин итиннэ анаан
төхтүрүйэн эргиллэр (Значение трудов А.Е. Кулаковского по якутскому
языку// Полярная звезда, 1969, №2, с. 130-134). Кини тыл үөрэхтээҕин
киэҥ киэбинэн кээмэйдээн, А.Е. Кулаковскай төрөөбүт тылын чинчийэр
үлэтин, улахан историческай суолтатын тоЇоҕолоон бэлиэтээн, үрдүктүк
сыаналыыр. СыанаЇыт аҥаардас тыл эйгэтинэн муҥурдаммакка, Өксөкүлээх
поэзиятыгар, олорбут кэмигэр сыЇыаран киэҥник сырдатара үтүөкэн
холобур буолар.
Айар тылы
чинчийии –
кэскиллээх дьоЇун сорук
Н.С. Григорьев тыл
дьиктиргэтэр түбэлтэтин күүскэ интэриэЇиргиирэ айар тылга аҕалар.
Уус-уран тыл – тыл чаҕылхай көстүүтэ. Уус-уран литэрэтиирэ тыл
күрүлүүр күүЇэ-күдэҕэ, дэлэгэй дэгэтэ, туойуллар толбоно, ойуулуур-дьүЇүйэр
дьоЇуннаахай дьоҕура күлүмнүү-көҕүтэ көстөр эгэлгэ, эриэккэс эйгэтэ.
Ол чыпчаала – литэрэтииринэй тыл. Ону кини хайдах интэриэЇиргээбэт,
биЇирээбэт буолуоҕай?!
Уус-уран литэрэтиирэ тылын
үөрэтии икки хайысханан баран иЇэрэ биллэр:
«Бастакы хайысха чинчийээччилэрэ
литэрэтииринэй тыл сайдарыгар уонна истиилэ тупсарыгар-чочулларыгар
суруйааччы оруолун үөрэтэллэр-сырдаталлар (саха тылын үөрэҕэр – П.А.
Слепцов).
«Иккис хайысханы тутуЇар
үөрэхтээхтэр айымньы тылын айар сириэстибэ быЇыытынан суруйааччы тус
маастарыстыбатын кытта ыкса сибээстээн ырыталлар. Манна Н.С.
Григорьев киирэр.
Суруйааччы айар тылын ырытар
уустук. Онуоха Никита Спиридонович дэгиттэр бэлэмнээх эбит:
– төрөөбүт тылын үчүгэйдик
билэрэ,
– тыл үөрэҕин дириҥник
баЇылаабыта,
– ИФФ саха салаатын
устудьуоннарыгар үлэлиир кэнники кэмигэр истилиистикэҕэ кылгас анал
куурус ааҕара,
– ыарахан суолтан чаҕыйбат
майгылаах, хорсун-хоодуот киЇи этэ.
Кини тыл үөрэхтээхтэриттэн биир
бастакынан бу проблеманы боччумнаахтык болҕойор, анаан-минээн ырытар.
Эдэрдэр интэриэстэрин көҕүлээн, ити бигэ биЇирэбиллээх, кэтириир
кэскиллээх. Кэлин суруйааччы тылын-өЇүн, истиилин туЇунан ыстатыйа
сотору-сотору тахсар буолан эрэр.
Итини сэргэ кини ыстатыйалара
туох өҥөлөөхтөрүй? БиЇиги санаабытыгар:
– эдэр суруйааччылар, саҥа
айааччылар тылга эппиэтинэстээхтик сыЇыаннаЇалларыгар, бэйэлэрин
айар суолларын-иистэрин булуналларыгар, истииллэрин чочуйалларыгар,
– ааҕааччылар айымньы тылын-өЇүн
болҕойоллоругар, саҥарар саҥаларыгар, суруктарыгар-бичиктэригэр
онтон туЇаналларыгар,
– онон төрөөбүт тыл тупса-сайда
турарыгар, литэрэтииринэй нуормата, үөрүйэҕэ бөҕөргүүрүгэр
көмөлөЇөллөр.
Айымньы
тылын сүрүн алҕастара
Билигин Н.С. Григорьев
суруйааччы тылыгар-өЇүгэр аналлаах үс ыстатыйатыгар кып-кылгастык
тохтуоҕуҥ. Онуоха кэмин тутуЇан саҕалыаҕыҥ.
«Суруйааччылар тылларыгар
бэлиэтээЇиннэр» диэнэ («Хотугу сулус», 1965, 4 №, с. 121-126) –
дьоЇуннаах ыстатыйа. Программнай майгыннаах. Эрдэттэн бэлэмнээн,
элбэх матырыйаалы хомуйбут. Үгүстүк үлэлээбит. Айымньыны ааҕан,
тылын-өЇүн тимпийэн көрөн, холобур хомуйуу көмүс үлэтигэр тэҥнээх.
Кырылас кумахтан кыЇыл көмүс кыырпаҕын булбуттуу сананаҕын.
Маҥнай ааптар саха тыла
лиэксикэтинэн да (байҕаллыы бараммат баай, үгүс сомоҕо домох, эҥин-эгэлгэ
үтүктэр тыл, ааҕан ситтэрбэт синоним...), грамматическай тутулунан
да (араас халыыптар, ньымалар...) муҥурун булларбат дэгиттэр
кыахтааҕын бэлиэтиир. Саха киЇитэ саныыр санаатын арааЇын, ис
хоЇоонун дьикти толбонун толору, талбыт арыйар кыахтаах. Ийэ тылбыт
эриэккэс этигэнин улуукан олоҥхобут, оЇуордаах остуоруйабыт, ыллам
ырыабыт, арчылаах алгыспыт туйгуннук туоЇулууллар.
Онон кини суруйааччы кыаЇыламмат
кыахтааҕын санатар. Ийэ тылыҥ барҕа баайын, уостубат уйгутун туЇанан,
баҕаҥ хоту суруй, ай! Өксөкүлээх, Ойуунускай, Эрилик Эристиин, Амма
Аччыгыйа, Суорун Омоллоон уо.д.а. дьиэ эргиннээҕи да тыллары
сиэдэрэйдик ситимнээн, саталлаахтык сааЇылаан, ааҕааччыны абылыыр
ааттаах айымньыны айдылар. Итинэн – талааннаах суруйааччылар
баалларынан, саха тыла дириҥ өйү-санааны этэр, кэрэ көстүүнү, талба
дьүЇүлгэни дьүЇүйэр кылаан кыахтааҕынан, эрчим этигэнинэн күөн
туттар.
Үйэлээх айымньы айыллар
усулуобуйатынан Никита Спиридонович дириҥ өй уус тыллыын
сиэттиЇиитин ааҕар. Үчүгэй маЇы-матырыйаалы ыраастык ыпсаран,
бэртээхэй дьиэни тутар кэриэтэ, суруйааччы тыл баайын талбыт талан,
үтүө үөрүйэҕинэн, үөскүүр нуорманан эрэллээхтик эркээйилэнэн
имигэстик имитэн-хомутан, онон орто дойду олоҕун ойуулаан өлбөт-сүппэт
айымньыны айар.
Итиннэ, сүүстэн биири
талымастаан талардыы, билиини-көрүүнү эбиэххэ наада. Киэҥ
интэриэстээх киЇи ырааҕынан ыырданар, өссө ордук кыраҕы харахтанар,
чуор кулгаахтанар. Оччоҕо саха тыла киниэхэ, ааптар уобарастаан
этэринии, «аллаах ат, улгум оҕус, сытыы кылыс» буолар.
Онон сорох айымньыга сыыЇа-халты
тахсара ийэ тылбыт итэҕэЇэ буолбатах. Онуоха буруйдаах атын:
суруйааччы. Кини сүнньүнэн икки суоллук алҕаЇыыр:
– сыыЇа өйдөбүлү биэрии (этии
тыл сокуонун кэспэт эрээри ааҕааччыны мунаахсытар, атыннык өйдөнөр),
– тыл сокуонун кэЇии.
Учуонай ымпыктаан-чымпыктаан
бэлиэтиирин ааҕааччы биЇириир, ылынар, тоҕотун толкуйдуур. Инникитин
бэйэтэ араас алҕаЇы булан быЇаарарга кыЇанар...
Ааптар сыыЇа-халты иккис көрүҥэр
анаан тохтуур. Саха тылын сокуонун кэЇиини 7 түбэлтэҕэ араарар:
«Ахсааны бутуйуу (Икки киЇи
тураллар – бу өссө мөккүөрдээх; үс сүүнэ улахан дьиэлэр (АА),
сүүрбэччэҕэ чугаЇыыр ыаллар (АФ). Бу – толоос алҕас. Дьикти: ахсааны
сыыЇыы олоҥхоҕо эмиэ баар: алта айыы намыЇын удаҕаттар, аҕыс кынтас
маҕан кыргыттар. Манна барытыгар, литэрэтииринэй нуорма ирдииринэн,
нуул халыып – биир ахсаан буолуохтаах этэ).
«Тыл халыыбын (форматын) сыыЇыы
(сырдыгынан кыЇайан – сырдыгар оннугар, биэ тахсаат да кистээтэ – да
наадата суох: тахсаат тута сыЇыат туохтуур суолтатын да туох да
дэгэтэ суох мээнэ хатылыыр. Онон манна да сыыс тыл курдук сылдьар).
«Булкуурдаах солбуйуу (хайҕаммат
хатылааЇыны, салгытар лабаҥханы тумнарга солбуйар аат суон
суолталаах, туруктаах туЇалаах. Ону аахайбакка, сатаабакка,
ааҕааччыны уЇун эрэйгэ ыытыахха сөбүн кылгас кэрчиккэ кини диэн
сирэй солбуйар ааты сатамньыта суох туттуунан холобурдаан,
чуолкайдык дакаастыыр).
«Сатамматах үтүктүү (саха тыла
этигэнэ дьүЇүнү-бодону, саҥаны-иҥэни, тыаЇы-ууЇу үтүктэр тылларга
күүстээхтик көстөрө олуонатык туттар түбэлтэҕэ букатын симэлийэн-сүтэн
хаалар кыЇалҕалаах (тарбаҕын төбөтүнэн тоҥсуйан лабыгыратар –
тобугуратар оннугар; биир уостаах уон алталаах булгу тутуу саа тыаЇа
тас гына түстэ (ИН) – пас ордук: тас наЇаа кыра тыаЇы санатар.
Өлөксөөс уҥа диэки кэлэн, сыыйа тардан, тигэн нууралдьытан барда (АБ)
– манна нууралдьытан суоҕа быдан ордук).
«Тыл өргөЇүн сыппатыы (манна
сомоҕо домоххо – уустук өйдөбүлү ордук бэргэнник, уустаан-ураннаан
бэлиэтиир араҥаҕа олоҕурар. Бу дьикти лиэксиэмэ суолтатын сыыЇа
өйдөөтөххө эбэтэр халыыбын санаабычча уларыттахха, күүЇэ-күдэҕэ
өЇүллэр, сытыы кылаана сыппыыр, арыт тиэрэ өйдөбүллэнэн да хаалар.
Туустаах харахтарын уутунан сууналлар (НЯ), кыл быстар тыыммынан
киирдим (Софр.Д) – туустаах, быстар дьүдьэтэр эбиилик буолаллар;
ууга-уокка укпут (ЛП) – ууга-уокка түспүт дэнэр; өрө дабайан тахсыан
атаҕа барбат (НЯ) – илиитэ барбат диэн сомоҕо домох баар: манна
баҕарбат, кыайбат, кэрэйэр диэххэ сөп; Замятиҥҥа этэн көрөбүт да,
ынаҕы тарбаабыт курдук (Апр)- тутула сатамматах, дьиҥэ: тарбаабыт
ынах курдук диэн буолуохтаах, о.д.а..
«Нуучча тылын үтүктүү икки
өрүттээх (киирии тыл ийэ тылбытын, бастакытынан, байытар, тупсарар;
иккиЇинэн, кээмэйин-кэрдиитин кэстэххэ, булкуйар, сыыЇырдар, тутулун
алдьатар. Ааптар нуучча тылын мээнэ үтүктүбэккэ, сатабыллаахтык
туЇанарга ыҥырар. Арыт айымньыга «нууччалыы өйдөөн» туруору
тылбаастаан этии баар: кэккэ холкуос – ряд колхозов, муннугун ыйаа –
повесить нос, сирэйбитин буорга аспатыбыт – не ударили лицом в
грязь, о.д.а. Ити охсуулаах: алдьатартан атыны аҕалбат).
«Этиигэ тыл бэрээдэгин кэЇии (ити
сороҕор сыыЇа өйдүүргэ тиэрдэр. Холобур: ... Кутуукап хатыс быа
тутуурдаах уолаттарыгар сэрэтэн этэр (ДО) – уолаттар тутуурдаахха
дылылар. Дьиҥэр, Кутуукап хатыс быалааҕа кэлин арыллар. Онон хатыс
быа тутуурдаах Кутуукап эбэтэр Кутуукап, хатыс быаны тутан туран,..
эбитэ буоллар, тута сөпкө өйдөнүө этэ).
Ааптар ыйар, ырытар түбэлтэлэрэ
үгүс суруйааччыга көстөн ааЇыталыыр (типичнэй хабааннаах) алҕас
буолаллар. Ону туоратар туЇугар охсуЇуу – суруйааччыны сэргэ тыл,
литэрэтиирэ үөрэхтээхтэрин дьоЇуннаахай соруктара.
Уран тыл
улахан ууЇа
Иккис ыстатыйатыгар («Тыл
маастара» // Хотугу сулус, 1966, 3 №, с. 107-108) Н.С. Григорьев
үөлээннээҕэ Н.Е. Мординовы-Амма Аччыгыйын норуот суруйааччыта диэн
бочуоттаах ааты ылбытынан дириҥник сүгүрүйэн, итиитик-истиҥник
эҕэрдэлиир. Бар дьон Амма Аччыгыйа тыл маастара диэн бигэтик билинэр.
Аптаах тыллаах Даарыйа эмээхсининии «устар ууну сомоҕолоон, кыЇыл
кумахтан өтүү хатан, кэпсээн субуйар». Кини айымньытыгар үрдүк өй,
дириҥ санаа таба этиллэн, олох кырдьыгынан ойууланарын умсугуйа
ааҕабыт. Амма Аччыгыйа муударай-мындыр, киэҥ билиилээх буолан, санаа
араас толбонун этигэн тылынан кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин Никита
Спиридонович биир-икки чаҕылхай холобурунан ытаЇалаан бигэргэтэр.
Кини холобурдаабытын хатылыаҕыҥ, хата:
Мэхээлэ ытыыр. Ытыыр киЇини «уйан
киЇи» дииллэр. Суох, сымыйа, харах уута үксүгэр хатан санаа ыраас
сүрэҕи саҕан таЇаарар тыыннаах уота буолар (СК, 1, 118) – дириҥ
санаа аҕыйах тылынан лоп курдук этиллэрэ кэрэтиэн!
– Ийаа, тыы, бэйэтаа!
– Тыы бардыын-бардын ууга...
бардыын-бардын ууга тыы...
(СК, 18) – күүстээх истиҥ иэйии
тыл сокуона кэЇиллэринэн (оҕо саҥатыгар – аЇаҕас дорҕоон
дьүөрэлэЇиитэ, ийэ саҥатыгар – тыл бэрээдэгэ) саталлаахтык
ситиЇиллэр.
Маныаха даҕатан биир суолу
санатар тоҕоостоох. Бөдөҥ учуонай-тюрколог Е.И. Убрятова тылын
тамаҕыттан сылыктаатахха, биирдэ көннөрү кэпсэтиигэ Никита
Спиридонович маннык эппит бадахтаах. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа
литэрэтиирэҕэ кэпсэтии тылын олус киллэрэн, саха тылын алдьатта.
Онтуката «Сааскы кэмигэр» ордук көстөр.
Ол эрээри кини ити санаатын
кэлин уларытар. АЇаҕас эттээх, үүттээх өттүктээх киЇи таайыгас,
майаҕас майгытынан литэрэтиирэ норуот – бар дьон саҥарар саҥатыгар
олоҕурарын, итинтэн үйэлэргэ үөскээбит үөрүйэх-үгэс, суругунан айыы
нуормата салгыы сайдалларын дириҥник өйдөөн ылынар. Ону Амма
Аччыгыйа тыл маастара буоларын анаан-минээн астынан сыаналаабыт
ыстатыйата ылыннарыылаахтык туоЇулуур.
Амма Аччыгыйа уус-уран тыл
уЇулуччулаах ууЇа буолар диэн учуонай сыанабылын кэнники кэм өссө
күүскэ чиҥэттэ, бигэргэттэ. Оҕурдук тыл, литэрэтиирэ үгүс үөрэхтээҕэ,
уус-уран айымньыны интэриэЇиргиир дьон Амма Аччыгыйын айар тыл
алыптаах маастарын быЇыытынан өрүү үрдүктүк туталлар-сыаналыыллар.
Ол чаҕылхай туоЇута :
– кини тылын-өЇүн сырдатар элбэх
ыстатыйа суруллуута,
– төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах
кэмпириэнсийэҕэ айар тылыгар туспа салаа-сиэксийэ үлэлээЇинэ,
– онно ыччат көхтөөхтүк кыттыыта.
Онон Амма Аччыгыйа ааҕааччы
сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр истиҥ-иЇирэх тыллаах-өстөөх, уйаҕас
иэйиилээх суруйааччы буолар.
Алҕас
хатыланар
Урут саха литэрэтиирэтигэр
дьахтар суруйааччы тарбахха баттанар, адьас аҕыйах этэ. Ити элбиирэ
наадалааҕын кылгастык быЇааран баран, Н.С. Григорьев кинилэри «кичэйэн
биэбэйдээн, өйөөн-убаан сайыннарыах, барҕардыах тустаахпыт» диэн
олох ирдиир соругун үЇүс ыстатыйатыгар («Биир кинигэ тылын туЇунан»
// Хотугу сулус, 1970, 3 №, с. 112-115) тоЇоҕолоон туруорар. Онно
олук ууран, кини оччотооҕуга балачча биллэн эрэр прозаик А.С.
Сыромятникова «Дьэдьэннээх халдьаайы» диэн кинигэтин (1963) тылын-өЇүн
ырытар. Тоҕо? Суруйааччы айар тылын «аныгы өттүгэр ордук чочуйарыгар,
кыр кумахтан өтүү хатар, устар ууну сомоҕолуур аптаах тыллаах,
илбистээх санаалаах буоллун» диэн суруйар. Никита Спиридонович барҕа
баҕата сотору кэминэн туолбута диэн билигин бигэргэтэр кыахтаахпыт:
А.С. Сыромятникова ааҕааччы да, кириитикэ да биЇириир 4 чаастаах,
улахан арамаанын («Кыыс Хотун», 1970, 1973) айбыта.
Ыстатыйа ааптара ааҕааччы
быЇыытынан «Кырыыппа» диэн кэпсээни ордук сөбүлүүр. Манна суруйааччы
тугу кэпсиирин биэс битинэн бэркэ билэр, билгэлиир буолан, кэрэ
санаа, дириҥ өй уус тыллыын сиэттиЇэр. Ол иЇин айымньы ааҕааччы
санаатын оонньотор, сүрэҕин булар. Итиннэ үчүгэй ис хоЇоонноох,
тупсаҕай тутуллаах, хомоҕой тыллаах этиилэринэн холобурдуур.
Салгыы ааптар кинигэ тылын
итэҕэс өттүгэр тохтуур. Онуоха бэлиэтээЇинэ сүнньүнэн бастакы
ыстатыйатын кытта ыкса сибээстээх. Ол аата А. Сыромятникова атыттар
алҕаЇыылларын хатылыыр:
– биирдэм тылы сыыЇа туттуу (биир
сыптараҥ ынах бүтүн хотону сутуйарыныы, алҕас туттуллубут, ситэ
өйдөммөт тыл этии ис хоЇоонун мөлтөтөр, айымньыны сыыЇырдар: най
түЇэн сытар (47)- най манна өйдөммөт; холумтаннарын атыллаабакка
(115) – модьоҕолорун атыллаабакка эбэтэр ааннарын аспакка диир
чуолкай...);
– тыл бэрээдэгин кэЇии элбэх. (Этиигэ
тыл турар миэстэтин мээнэ кэЇэр сатаммат: муос быыкайкаан хамса
(120) – быыкайкаан муос хамса; ыараханнык да утуйбут, көрөргө дылы
олорбутунан (94)...);
– кичэйэн чочуллубатах этиилэр (айымньы
тылын сымсаталлар: кыратык бүдүрүйэн ылла (42) – кыратык хос киирбит,
ыы олордоҕо дуо? (50)- дуу ордук...);
– мунаах солбуйуу (солбуйар ааты
булкуурдаахтык туттуу бу кинигэҕэ элбэҕэ ыйыллар);
– этиини сыала-соруга суох
бысталааЇын (эмиэ үгүс: Мин билбэппин. Ити туохтан буоларын (7);
БиЇиэхэ үс араас сибэкки ойуулаах былааттары аҕалбыт. Миэхэ, ийэбэр,
балтыбар (199) – таарыччы: араас сибэкки ойуулаах үс былааты диир
ордук);
– түбэЇиэх ситимнэспит
предикативнай чаастаах холбуу этиилэр (холбоммот этиилэр
холбоммуттара эмиэ элбэх: Ынах маҕырааЇына, дьон хайаҕа чугас олорор
ыалларга көЇөн тиийэн мусталлар, түүнүн да утуйбат аймалҕан буолар
(135) – ынах маҕырааЇына сыа быыЇыгар былчархай кыбыллыбытын курдук;
Ийэ сүрэҕэ сүрдээх итэҕэйимтиэ, кэнэн идэлээх, ийэм өрө тыынна (158)
– кэнники этии төрүт туспа турара син этэ);
– сомоҕо домоҕу сыыЇа туттуу (суруйааччы
сомоҕо домоҕу үгүстүк сөпкө туттар эрээри арыт тутулун, лексическэй
састаабын уларытан кэбиЇэр. Оччоҕо сомоҕо домох киэҥ өйдөбүлү
ойуулуур кыаҕа мөлтүүр-ахсыыр: санаата ситэр (6) – санаата туолар
эбэтэр санаата астынар диир ордук, көхсө билэр (103) – көхсө сэрэйэр
эбэтэр таайар дэнэр; сорох сомоҕо домох буолбат эрэ халыыптаах: күөх
оту тосту үктээбэт, сытар ынаҕы туруорбат... Ону уларытар сатаммат:
күөх оту тосту үктүөх дьүЇүнэ суоҕа (194)...).
Ааптар ыйыллыбыт сыыЇаны-халтыны
А.Сыромятникова болҕойон ылынан, айымньытын тылын чочуйан, нарылаан
талбыт тумнар да, көннөрөр да кыахтааҕар түмүккэ бүк эрэнэр. Ити
эрэлэ-эрэмньитэ атын суруйааччыларга, бастатан туран, эдэрдэргэ эмиэ
сыЇыаннаах.
Түмүк
оннугар
Н.С. Григорьев
ыстатыйаларыгар ыйар алҕастара суох буолаллара, муҥ саатар,
аҕыйыыллара тыл литэрэтииринэй нуормата бөҕөргөөбүтүн, үтүө үөрүйэҕэ
үйэтийбитин, култуурата үрдээбитин кэрэЇилиир кэскиллээх. Онуоха
тутаах оруолу уус-уран айымньыны айааччылар оонньууллар. Ол иЇин
Никита Спиридонович барҕа баҕатынан түмүктүөҕүҥ:
«Суруйааччы айымньытын тылын
чочуйдаҕына, хат-хат төхтүрүйэн тупсардаҕына, саха баай, уус тылын
кыаҕын сатабыллаахтык туЇаннаҕына, устар ууну сомоҕолуо, кыЇыл
кумахтан өтүү хатыа, нохтолоох тойон болгуо сүрэҕи долгутар,
хайҕахтаах хара быары хамсатар, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт улуу
айымньылары айыа!».
Иван Петрович ВИНОКУРОВ,
СГУ саха
филологиятыгар, культурологиятыгар факультетын преподавателэ, ф.н.к.
Надежда Ивановна ВИНОКУРОВА, Голландия Утрек к. институтун
докторана. |