Лауреат
Национальной премии России
«Золотой Лотос»


Победитель
Всероссийского конкурса
«Золотой Гонг - 2004»


Победитель Всероссийского конкурса «Обложка года 2004»

Историко-географический, культурологический журнал. Издается с мая 1991 года.
  
 

 

На первую страницу номера

На главную страницу журнала

Написать письмо

Хайа да дойду, омук икки атаҕар туран үүнүү-сайдыы суолугар туруутугар, өйө-санаата чөллөрүйэригэр аан дойду атын омуктарын кытта биир ситимҥэ үлэлээЇинэ улахан cуолталанар. Кэнники сүүрбэччэ сылга, культураҕа, духовноска бу салааҕа үгүс өрүттээх үлэ ыытылынна. Оттон уус-уран литература ситиЇиилэрин ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр, Россия, омук дойдуларыгар да буоллун, таЇаарыы, кинилэри бэйэ тылынан ааҕыы тылбаас көмөтүнэн ситиЇиллэр. БиЇиги бу боппуруоска Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугиновы кытта көрсөн кэпсэттибит.

УУС-уран литератураҕа тылбаас ураты суолтата

З.П.: Николай Алексеевич, бастатан туран тылбаас диэни биЇиги хайдах өйдүүбүтүй?

Н.Л.: Тылбаас диэн киЇи-аймах элбэх тылланан үөскүөҕүттэн баар кыЇалҕа. КиЇи киЇини кытта таба өйдөЇөөрү – бастаан үйэ-хайа онтон дириҥник сиЇилии сэЇэргэЇээри, уонна, бу норуот тус олоҕун илгэтиттэн тахсыбыт төрүт өйүн-санаатын атын омукка таЇаараары тылбаас диэн баар буоллаҕа. Маны таЇынан, атын омук өйүн-сүрэҕин ситиЇиитин бэйэ тылыгар таЇааран ону иҥэринээри киЇи тылбааЇынан дьарыктанар.

Онон интиҥ хардарыта буолар: эн бэйэҥ киэнэ баарын тылбаастыыгын уонна атын омук киэнин бэйэҕэр тылбаастыыгын. Ол курдук, бу тылбаастанар омук бэйэтин үчүгэйин атын омуктар өйдөөтүннэр диэн аан дойдуга таЇаарар. Онуоха биЇиэхэ ураты суолталанар нуучча тыла – элбэх омук билэр, туттар, өйдүүр тыла. Нуучча туттар культуратын, нуучча литературатын ситиЇиитин, нуучча суруйааччытын айымньытын уу сахалыы тылбаастаан саха киЇитин өйүгэр-санаатыгар урут этиллибэтэх санааны этии, саха хаЇан да толкуйдаабатаҕын аҕалыы – бу биир туспа суолталаах сүдү хайысха.

З.П.: Араас тыллаах эрээри биир сүрүннээх айыы аймаҕын кытта алтыЇарга, кини ис кутун таба таайарга, бастатан туран уус-уран литература оруола улахан. Дьэ ол иЇин омук уус-уран айымньытын бэйэтин оригиналынан ааҕаары омук тылын дириҥэтэн үөрэтэллэр дии. Холобур, Байрон английскайа хайдаҕый диэн, Гете немец тылынан, бэйэтин төрүт тылынан, хайдах этинэрий диэн. БиЇиги нууччалыы билэр курдук сананан нууччалыы ааҕабыт дии. Оччоҕо тоҕо тылбаастаан түбүгүрдүбүт? Тылы баЇылаан бэйэ ааҕара ордук буолбатах дуо?

Н.Л.: Ити биир өрүтэ. Тылбаас мээнэ, таЇынан, үрдүнэн ааҕар киЇиэхэ улахан суолтата да суох буолуон сөп. Бэйэҥ ис ирдэбилгиттэн буоллаҕа дии. Көтүмэхтик, үйэ-хайа өйдүүр ааҕааччы туЇа туспа. Оттон дириҥник иҥэн-тоҥон толкуйдаан ааҕар киЇи атын. Биллэн турар, ханнык даҕаны тылбаас олох сүүс бырыЇыан биэрбэт, маарыннаабат, син биир бырыЇыаннаан биэрэр. Ол гынан баран, атын омук аан дойдуга биллибит, билиниллибит айымньытын саха тылын маастара тылбаастаан сахалыы саҥардарын ааҕыы – бу өйдөөх-сайдыылаах киЇиэхэ элбэҕи да биэрэр, дириҥник да киирэр. Ордук, мындыр киЇиэхэ, үтүөнү-мөкүнү араарар, иҥэн-тоҥон өйдүүр ааҕааччыга, айымньыны ийэ тылгынан ааҕыыҥ сүрдээх улахан, ураты эстетическэй дуоЇуйууну, атын өйү-санааны биэрэр. Нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаас үтүөтэ ордук уЇулуччу айымньыларга көстөр. Бу «Сэрии уонна эйэ» курдук уЇулуччу айымньыны тылбаастааЇын суолтата онно сытар. Саха тылын кыаҕын көрдөрөр, саха тылын сайыннарар даҕаны.

Айымньыны көннөрү ааҕыы диэн туспа, онтон иЇигэр киирэн, дириҥник ырытан ааҕыы диэн ол туспа. Нууччалыы уонна сахалыы икки омук тылынан хатайдыы сылдьан илдьиритэн ааҕыы айымньыны иЇигэр киирэн иҥэн-тоҥон өйдүүргэ олус туЇалаах. Ол уустук философскай суруйуулары ааҕыыга ордук суолталаах. Оҕону даҕаны, өйө-санаата сиппит да киЇини сүрдээҕин сайыннарар.

З.П.: Тылбааска уобараЇы арыйыы кыайтарар дуо?

Н.Л.: Сатаан оҥордоххо хайдах кыайтарбат буолуой? Амма Аччыгыйа Толстойу тылбаастаабыта сүрдээх дириҥ тылбаас, доҕор. Ону ситэрэн өйдүүр киЇи аҕыйах. Билигин Толстойу оригиналын да аахпатах, киинэтин да көрбөтөх дьон элбэх. Бу тылбаастартан туспа омук литературатын, культуратын бэйэ омугун тылынан дириҥник ылыныы, айымньы кутун иҥэринии сүҥкэн суолтата үчүгэйдик көстөр. Онон, дьэ, бу олус наадалаах дьыала.

З.П.: БиЇиги көлүөнэ Чингиз Айтматов «Тэбиэн хараҕын», Л.Н.Толстой «Тиллиитин», М.А.Шолохов «Дон кэпсээннэрин», Рабиндранат Тагор «Индия кэпсээннэрин» аан-бастаан сахалыы ааҕан улааппыт дьоммут. Ол ити омуктарга ураты сыЇыаны, кинилэри чугастык санааЇыны үөскэппит буолуон сөп.

Н.Л.: Ол чахчы. Өссө биири этиим. КиЇи киЇиттэн үөрэнэр, саха суруйааччыта нуучча суруйааччытыттан, ордук классиканы тылбаастаан, үүнэр-сайдар. Хардарыта саҥаны ылар, тыла байар. Кырдьык, биЇиги уу-сахалыы тылынан Пушкины, Горькайы, атын да сэбиэскэй суруйааччылартан ааҕан улааппыт көлүөнэ буоллахпыт дии. Горькай, Пушкин тылбаастаммыттара сүр-дээх элбэхтик. Лермонтов. Атын өттүттэн, Римма Казакова, Михаил Львов, Владимир Солоухин курдук улахан суруйааччылар биЇиги дьоммутун нууччалыы тылбаастыыр этилэр. БиЇиги суруйааччыларбыт хара ааныттан, Өксөкүлээхтэн, Ойуунускайдаахтан саҕалаан, бары тылбааска кыттыбыттара. Ол үгэЇи салҕаан Амма Аччыгыйа, Софрон, Сэмэн Даниловтар олус элбэҕи тылбаастаабыттара. Ол курдук, тылбааска ситиЇии төрүөтүнэн саха суруйааччылара, саха народнай суруйааччылара эмиэ, бары кыттаннар тылбааЇынан дьарыктаныылара буолбута. Тылбаас олус үрдүк таЇымҥа тахсыбыта. Онтон бу кэнники үлэлэри арыый судургу тылбаастар диэххэ сөп буолуо.

З.П.: Ол таЇым тылбаастааЇын ахсарыллыбат буолбутуттан түспүтэ буолуо дуо?

Н.Л.: Ол онтон буолбатах. Ол тылбааска сыЇыан оччотооҕуга салалтаҕа олорбут ситэ үөрэҕэ суох, улаханнык уЇуну-киэҥи кыайан өйдөөбөт дьон быЇа көтүтэн сыаналааЇыннарынан, бу нуучча айымньыта нууччалыы ааҕар киЇиэхэ тылбаастанара наадата суох диэн, букатын олох сыыЇа өйдөбүллэринэн баран хаалан итинник улахан охсуу биЇиги омукка буолла.

З.П.: Кырдьык, ол кэмҥэ Амма Аччыгыйа Толстойу тылбаастыы олорбута, ону үгүс дьон өйдөөбөт этилэр. Билиҥҥи кэмҥэ тылбаас сайдыытыгар туох үлэ барарый?

Н.Л.: Билигин тылбаас олус харгыытаата. 90-с сыллартан, тылбаас диэн олох тохтуу сырытта. Ону биЇиги дьэ саҥалыы сөргүтэ сатыыбыт. Холобур, биЇиги классиктарбыт нууччалыы тылынан тахсыбатахтара сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Ону биЇиги саҥа хос бэчээттэтэн таЇаара сылдьабыт, нууччалыы. Сүүрбэччэ сыл буолан баран. КиЇи хомойоро диэн баар – урут киэҥ ааҕааччыга сүрдээҕин биллибит суруйааччыларбыт умнууга хаалан хааллылар. Сүүрбэ сыл устата бүтүн көлүөнэ үүнэн таҕыста, билигин 40-чалаах дьоннор. Кинилэри аахпатах-билбэтэх, үЇү-тамах эрэ курдук истэ сылдьыбыт, кинигэлэрин хаЇан да илиилэригэр туппатах, литературоведтар, литература-искусство деятеллэрэ үүнэн таҕыстылар. Инньэ гынан дьоннорбутун умуннаран кэбистибит. Ол иЇин биЇиги кинилэри саҥалыы таЇаара сылдьабыт. Алампаны, Ойуунускайы, Сэмэн Даниловы, Иван Гоголевы, Леонид Попову уонна да атыттары. Хос урукку тылбааЇынан уонна, кыаллар буоллаҕына, саҥа тылбааЇынан эмиэ.

З.П.: Кыаллар буоллаҕына диэн, ол аата билигин нууччаҕа эмиэ тылбаас мөлтөөн турар дуо?

Н.Л.: Урут сүрдээх элбэх тылбааЇы идэ оҥостубут, анаан-минээн дьарыктанар, биЇигини кытта үлэлиир дьон бааллар этэ. Билигин ол дьон активнай олохтон туораан, олохтон баран эҥин, суохтар, онон билигин тылбаасчыты булар олус ыарахан. Дьэ ол иЇин биЇиги билигин үлэлии сылдьар поэттары сыЇыара сатыыбыт. Тус бэйэ сыЇыанынан көрдөЇөн эҥин. Ол, биллэн турар, ыарахан. Аны, дьоҥҥо харчы төлүөххэ наада. Ол көстүүтэ эмиэ уустук.

З.П.: Ол моЇоллору туораан эн улахан үлэҥ «Чыҥыс хаан ыйааҕынан» нуучча тылынан ааҕааччы дьүүлүгэр турда, ону таЇынан, Монголияҕа эмиэ тиийдэ. Бу саас Монголияҕа бара сылдьыыгыт туЇунан аҕыйах тылынан ахтан ааЇыаҕыҥ.

Н.Л.: Монголияҕа даҕаны син сыЇыаннаах дьон истэллэр эбит, билэллэр эбит. Үйэ-хайа аахпыт-билбит, сыаналаабыт да дьоннор бааллар. Билигин монгол тылыгар тылбаастааЇын үлэтэ бара турар. Государство өттүттэн өйөбүл эмиэ баар. Монголия президенэ биЇигини анаан көрсө сырытта. Маны таЇынан правительство чилиэннэрэ, миниистирдэр, салайааччылар, литератураҕа үлэлии-хамсыы сылдьар дьон эмиэ көрүстүлэр, кэпсэттилэр. Маннык хабааннаах айымньы тахсыбытыгар үөрбүттэрин биллэрдилэр.

З.П.: Кинилэр ити темаҕа үлэлииллэр эбит дуу?

Н.Л.: Бэйэлэрин кыахтарын иЇинэн үлэлии сатыыллар эбит. Кинилэр бэйэлэриттэн ити темаҕа улахан айымньыны суруйбут киЇи суох.

З.П.: Николай Алексеевич, кэпсэтииҥ иЇин баЇыыба. Ылсыбыт дьыалаларгар ситиЇиилэри баҕарабыт.

Зоя ПЕТУХОВА кэпсэттэ.

Hosted by uCoz