П.А.Ойуунускай
аатынан Саха государственнай академическай драматическай театрыгар
Андрей Борисов Чингиз Айтматов айымньытынан «Хаарыан хампа күөх
кытылым» спектаклы сценаҕа туруорбута быйыл бэс ыйыгар 25 сылын
туолла. Саха театральнай искусствота аан дойдуга киэҥ билиниини
ылбытыгар ол үйэ чиэппэрин анараа өттүнээҕи түгэн киэҥ аартыгы
арыйар олугунан буолбута.
Бэс ыйыгар «Саха
сирэ» хаЇыат редакциятыгар «Хаарыан хампа күөх кытылым» – 25 сыла»
диэн ааттаах «төгүрүк остуол» ыытыллыбытыгар бу уЇулуччулаах ситиЇии
суолтатын, ол кэмнээҕи чаҕылхай күннэри эргитэн ахтан-санаан
ааспыттара. КөрсүЇүүгэ СР культураҕа, духуобунай сайдыыга министрэ,
ССРС, РФ государственнай бириэмийэтин лауреата, «Хаарыан хампа күөх
кытылым» спектаклы туруорбут, режиссер быЇыытынан Россияҕа, аан
дойдуга киэҥник биллибит Андрей Борисов, РФ үтүөлээх, СР народнай
артыыЇа, ССРС, РФ, П.А.Ойуунускай аатынан государственнай
бириэмийэлэр лауреаттара, спектаклга сүрүн уобараЇы – Кирискэни
арыйбыт Ефим Степанов, Санкт-Петербургдааҕы хотугу аҕыйах ахсааннаах
омуктар институттарын директора, филологическай наука доктора,
профессор, биир дойдулаахпыт Александр Петров, саха народнай
суруйааччыта Николай Лугинов, суруйааччы, драматург, СР культуратын
үтүөлээх үлэЇитэ Василий Васильев-Харысхал, СГУ ФЯФК доцена,
искусствоведение кандидата Ньургуйаана Илларионова кыттыыны
ылбыттара.
Кэпсэтиини
«Саха сирэ» хаЇыат кылаабынай редактора, саха народнай поэта Наталья
Харлампьева саҕалаабыта:
– Бүгүн биЇиги «Хаарыан
хампа күөх кытылым» спектакль саха омуга бэйэтин билиниитигэр,
сайдыытыгар, духуобунаЇыгар туох оруолламмытын тула кэпсэтиэхпит,
санаабытын үллэстиэхпит.
А.С.Борисов дипломнай үлэтинэн
1982 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр театр эргэ дьиэтигэр бу спектаклы
туруорбута. Премьераҕа мин сылдьыбытым. Ол онно үчүгэй баҕайы
кэпсэтии тахсыбыта, Г.М.Кривошапко саҕалаабыта. «Где этот чудесный
мальчик?» – диэн Ефим Степановы ыйыппытын өйбөр хатаан хаалбыппын.
Кини Ефим Николаевич оонньообутун сөбүлээн бэлиэтээбитэ. ТөЇө да
айымньыны бары ааҕан баран сылдьыбыт буолларбыт, соЇуччу этэ. Андрей
Саввич, эйиэхэ бу спектаклы туруорар санаа хайдах кэлбитэй?
Андрей Борисов:
– Нууччалыы эттэххэ, манна
«категория случайностей» бэлиэтэнэр. Бу спектакль туруутугар,
кэнники дьылҕатыгар, аан дойдуга тахсыытыгар, лауреат буолуутугар
«случайность – судьба – традиции» диэн тыллар ситимнэрэ оруоллаах.
Культура да буоллун, киЇи да дьылҕата – түбэлтэттэн тутулуктаах.
Дипломнай спектаклбын
туруоруохтаах кэммэр Москваҕа көтөн испит Ил-18 самолеппут
Красноярскайга тохтообута. Ол онно, аэропорка, көЇүтэ таарыйа,
кинигэ атыылыыр долбуурдары көрбүтүм. Оччолорго кинигэ
маҕаЇыыннарыгар үксүн Брежнев кинигэтэ эрэ баара. Ол саҕана бириэмэ
хамнаабыта биллибитэ эрээри, атыыга туох да суох. Арай элбэх баҕайы
«Роман-газета» сурунаал кэчигирээбитин быыЇыгар биир оруосабай
өҥнөөх быга сытар. Ону хостоон таЇаарбытым. Чингиз Айтматов «Пегий
пес, бегущий краем моря» айымньыта буолан, ыллым. Сурунаалбын бүк
тутан кыбынан кэбистим. Самолекка киирэн ааҕаат, этим сааЇа дьар
гына түстэ. Умсугуйа ылларан, биир тыынынан ааҕан кэбистим. Уонна
төбөбөр спектакль баар буола түстэ.
Наталья Харлампьева:
– Мин Семен Петрович Данилов
дневниктэрин ааҕа сылдьабын. Ол онно Чингиз Айтматов айымньыта
тахсаатын кытта «сүтэн, эстэн эрэр омуктар дьылҕаларыгар наЇаа
улахан суолталаах айымньы таҕыста» диэн бэлиэтээбит. Онон Андрей
Саввичка түбэЇиэн түбэстэҕэ дии.
Андрей Борисов:
– Онтон Айтматов кэлиитэ,
баар буолуута – эмиэ соЇуччу. 1985 сыллаахха театр үбүлүөйүгэр
Москваҕа бардыбыт. Мин Георгий Иванович Куницыҥҥа эрийэн спектаклга
ыҥырдым. БиЇиэхэ студеннарга лекция ааҕара (Ред. – академик,
философия доктора). Онуоха кини: «Сип-сибилигин бу олордохпуна,
Чингиз Айтматов түннүгүнэн ааста», – диэн хардарда. Мин Иван Черовы
кытта сылдьабын, ол саҕана кини – культура министрэ. Оччону истибит
дьон Айтматовка тиийдибит, кирилиэЇинэн үөЇэттэн түЇэн иЇэр, уола
ыалдьан, балыыЇаҕа баран иЇэр, киЇибит аккаастанна. Уонна эрдэттэн
да аккаастанар эбит. Ол саҕана кини айымньыларын театрдар бары
кэриэтэ туруораллара. Афишаҕа батыйаны олордо сылдьабыт, туос
тутаахтаах, үчүгэй баҕайы тимиртэн оҥоЇуллубут. Кумааҕы быыЇыттан
ойутан таЇааран бэлэхтээтибит. КиЇибит батыйаны тутан турда. Ону
Иван Данилович: «Оо, Ньургун Боотур», – диэтэ. Айтматов: «Похож да?»
– диэн сэргэхсийэ биэрдэ. «Ну, ладно, успею, вечером приеду», –
диэтэ. Ити аата бухатыыр батыйатын көрбүтүн иЇин аккаастаммата,
түүрүн хаана оонньоотоҕо. КиэЇэ хойутаан да буоллар, кэлбитэ.
Василий Васильев-Харысхал:
– «Чингиз Айтматовы киэЇэ
киирэр аан аттыгар күүтэн турабыт. «Чистые пруды» тохтобулга
«Современник» театрга этэ. БиЇиги көЇүтэр өттүбүтүттэн буолбакка,
кэтэхпититтэн тиийэн кэлбитэ, кэргэнэ, кыыЇа, литературовед Андрей
Золотов буоланнар. Дьоммутун киллэрэн олортубут. Онно сорохтор: «Ээ,
Айтматов бастакы акта кэнниттэн баран хаалааччы», – диэтилэр. БиЇиги
олорон эрэ киЇибит сирэйин-хараҕын кэтиибит. Антракт саҕаланна,
кафеҕа тахсан кофе истибит, кэпсэттибит. Ол олорон киЇибит: «Хойутаабаппыт
дуо?» – диэн ыксыыр. Спектакль кэннэ күүрүү бөҕөтө. «Автора», – диэн
иккитэ-хаста хаЇыытаан ыҥырбыттарыгар, турда, туох да сүрдээҕин
үөрбүт. Ефим НиколаевиЇы тиийэн кууЇан, көтөҕөлөөн ылла. Ол кэннэ
артыыстары кытта көрсүөн баҕарда. Түргэн баҕайытык фойеҕа остуол
курдук оҥордубут. Көрөөччүлэртэн ким да барыан баҕарбат, Айтматовы
чугаЇатыа суох курдуктар. Артыыстар лаЇыгыраччы сиргэ төгүрүччү
күрүөлүү олорон кэбистилэр, суруйааччыны кытта чугасыЇан хааллылар.
Чингиз Айтматов сахаларга
ыарахан соҕус сыЇыаннаах диэн кэпсээн баара. Аҕата
репрессияланарыгар Максим Аммосов Кыргызстаҥҥа партия II
секретарынан олорон сибээстээх дуу, буруйдаах дуу диэн сөбүлээбэт
үЇү дииллэрэ. Кэлин хаЇыаттарга төттөрүтүн Аммосов секретардыы
олорон, көмөлөЇө, көмүскэЇэ сатаабытын, бэйэтин репрессиялаабыттарын
туЇунан тахсыбыта. Ол да үрдүнэн суруйааччы кытаанах этэ дииллэрэ.
Софрон Петрович Данилов сибээстэЇэ сатаабытын чугаЇаппатах этэ. Онон
бу спектакль Айтматовы кытта чугасыЇыыга муоста уурбут курдук.
Андрей Борисов:
– «Моя дочь заплакала,
устами младенца глаголет истина. Я не думал, что в далекой, холодной
Якутии есть такая мировая театральная культура. Этот успех надо
пережить как беду. Перед тобой светит большая театральная звезда», –
диэбитэ. Онно уЇун баҕайытык олорон кэпсэппиппит.
Василий Васильев-Харысхал:
– Бу спектакль туруутугар
Саха театра урукку театральнай оскуола үгэЇин, классическай,
консервативнай таЇымы тутан олорбута. Ол кэмҥэ Андрей Борисов кэлэр.
Анатолий Николаев эппитинэн, «Пегий пес, бегущим краем моря»
айымньыны туруорарын истэн баран, консерватизм оскуолатыгар үөрэммит
киЇи быЇыытынан, муораны, оҥочону араастаан оҥорон көрбүт, эргэ
театр сценатыгар хайдах да батарбаккын диэн наЇаа дьиктиргээбит.
Андрей Саввич олох атын хараҕынан көрдөҕө дии.
Онтон спектакль хайдах
туруохтааҕын тула кэпсэтии барда. Санаабар, атын планетаттан дуу,
туора сиртэн дуу туспа көрүүлээх курдук, кырдьыгынан эттэххэ,
бастаан утаа өйдөөбөтүм. Дьэ, онтон спектаклга үлэлээн киирэн барда.
Мин хас бэлэмнэнии ахсын тиийэн көрөбүн, хас сырыы аайы саҥаны
арыйабын. Андрей Саввич барыларын кытта кэпсэтэр, сүбэлэЇэр, ол
онтон саамай табыгастааҕын ылар быЇыылаах. Арҕаан оҕонньор өлүүтүгэр,
ууга барар сценатыгар мөккүЇүү таҕыста. Мин буоллаҕына: «Бу жрец,
ууга тимирбэккэ, уу устун хааман бара туруохтаах», – диибин. Ону
спектакль турбутун кэннэ көрбүтүм, кырдьык, табыллыбыт этэ.
Александр
Петров:
– Бу спектакль турбутун
кэнниттэн биЇиги институппутугар нивхалар ортолоругар кэпсэтии бөҕө
таҕыста. Айымньыга бэйэҕэ тиийинии туЇунан баар. Нивхалар Чингиз
Айтматов сыыЇа суруйбут, биЇиги омукка бэйэлэригэр тиийиммэттэр
дииллэр. Ол эрэн, бу уус-уран айымньы буоллаҕа.
Кырабыттан Айтматов айымньыларын
сөбүлээн ааҕарым. Айтматов философскай суруйааччынан аан дойдуга
биллибитэ. Бу билигин Андрей СаввиЇы кытта олороммун өйдөөтүм –
суруйааччы 25 сыл анараа өттүгэр өтө көрбүт эбит. Хоту омуктар
тумаҥҥа муна сылдьалларын. Олох хайысхаларыгар регрессивнэй прогресс
бара турар. Билигин көрбөккүт дуо, хотугу регионнары картаттан суох
гыннылар. Таймыыры Эбэҥки уокуругун кытта Красноярскай кыраайга
холбоотулар, Корякскай автономнай уокурук Камчаткаҕа бэрилиннэ.
Паспордарга омук туЇунан бэлиэтээбэт буоллулар. Ити аҕыйах
ахсааннаах норуоттар оҕолоро, онтон ол дьон оҕолоро хайа омук
буолалларын дакаастыыр кыахтара суох буолла. БКЭ кыра омуктар үөрэх
ылалларыгар харгыЇы үөскэтэр. ВТО-ҕа киириинэн Россия Болонскай
ирдэбилгэ сөп түбэЇиннэрэн, үөрэх эйгэтигэр бакалавриаты,
магистратураны көрдүлэр. Ол аата диплом европейскай халыыптанар.
Хоту дойдуга бакалаврдар, магистрдар буолбакка, учууталлар,
иитээччилэр наадалар. Чингиз Айтматов суруйбут, Андрей Борисов
спектаклыгар туруоруллубут философскай уобарас, кырдьык да, УЇук
Хотугу сир, Дальнай Восток аҕыйах ахсааннаах норуоттарын туругун,
олохторун хартыынатын көрдөрөр символынан буолар. Кинилэр улахан
буурҕаны ааЇан, билигин тумаҥҥа муна сылдьаллар. Ол эрээри,
спектакль түмүгэ оптимистическай, үчүгэйи үөтүйэр. Сүрүн герой
кытылга сүүрэн иЇэр ыты көрөр. Ол аата бу норуоттар ыарахан
балаЇыанньаттан бэйэлэрин сатабылларынан, булугас өйдөрүнэн былыргы
дьыллартан илдьэ сылдьар үгэстэрин туЇанан тахсыахтара диэн
эрэллээхпин.
Андрей Борисов:
– Кытайга Ис Монголияҕа 25
мөл. киЇи олорорун аҕыйах ахсааннаах норуокка киллэрэллэр. Бу тема
оптимистическай өттө тугуй? БиЇиги институппутун АГИКИ диэн
студеннар ааттаабыттара. Аата Агукук көтөргө майгынныыр. Агукук
кытылтан кытылга көнөтүк көтөн, суолу көрдөрөр, аан бастаан муораҕа
тахсыбыт уолу быыЇыыр. Экономика, политика өттүнэн Россияҕа баар
норуоттары тэҥнии сатыыллара, биллэн турар, кыра норуоттарга
охсуулаах. Кыра омук культура эрэ өттүнэн быыЇанар кыахтаах. Онон
институт аата символическай. Бу спектакль туруута, Айтматов
суруйуута ити институт арылларыгар 25 сыл анараа өттүгэр эмиэ
курдаттыы ытан кэбиспит курдук. Билигин федеральнай институт буолла.
Онон бу идеяны культура быыЇыыр, суолу көрдөрөөччү буолар. Кыра эрэ
омуктар буолбакка, аан дойду омугун барытын мэйиитэ тумаҥҥа сылдьар.
АГИКИ атаҕар турдаҕына, аҕыйах ахсааннаах омуктар тардыЇаннар,
быыЇанар суол итиннэ сытар.
Василий Васильев-Харысхал:
– Миэхэ өйбөр биир түгэн
дириҥник хатанан хаалбыт. Сахаларга улахан сыЇыаннаах. Андрей Саввич
биирдэ бэлэм кэмигэр артыыстарга туЇаайан эппитэ: «ЭЇиги бары бүк
түЇэн баран сылдьаҕыт. БиЇиги сахалар бэйэбитин эрэйдээхтэрбит,
хайдах эрэ көрбөтөллөр ханнык диэн эрдэттэн сэнэнэн кэбиЇэр
идэлээхпит. Төбөҕүтүн өндөтүҥ, түөскүтүн мөтөтүҥ уонна «мин –
сахабын» диэн доргуччу этиэхтээххит, оччоҕо биЇиги Парижка, Лондоҥҥа,
Америкаҕа тиийиэхпит».
1984 сыллаахха Хабаровскайга
тохсунньуга фестивальга бардыбыт. Олохтоох драмтеатрга ким да
сылдьыбат, көрбөттөр-харайбаттар, быыл бөҕөтө. Саха театрын
спектакла буоларыгар нэЇиилэ көрдөөн 18 наушнигы синхроннай
тылбааска буллулар. Альбина Борисова бельэтажка олорон тута
тылбаастыыр. Спектакль саҕаланна, саалаҕа көрөөччү толору. Сценалара
уЇун синньигэс. Оҥочо көтөн саала ортотугар тиийэ таҕыста. Дьон
соЇуйуу, махтайыы бөҕөтө. Ньиргиччи ытыстарын таЇыннылар. Иккис акта
саҕаланыытыгар бельэтажка тылбаасчыкка чугаЇаан, оруобуна кыЇын оЇох
турбатын төрдүгэр таракаан мустарын курдук, киЇи бөҕөтө үмүөрүспүт.
Саха тылын кыраЇыабай да тыл эбит диэбиттэрэ.
Ефим Степанов:
– 1985 сыллаахха Тбилисигэ
Бүтүн Союзтааҕы II театральнай ыччат спектаклларын фестивалыгар
кытынныбыт. БиЇиги Марджанишвили театрыгар оонньуур буоллубут.
Дьиэтэ-уота былыргы, киЇи кута-сүрэ тута билэр. Биир күҥҥэ иккитэ
оонньоотубут. БиЇиги Домна Уйгуровалыын иккиэн ханна эмит тиийдибит
да, тугу эрэ гынааччыбыт. Онно Домнаҕа эттим: «Бачча Тбилисигэ кэлэн,
аатырбыт Марджанишвили театрыгар оонньуур буолан баран, Верико
Анджапаридзены ыҥырбаппыт дуо?» – диэтим. Тиийдибит да, вахтердартан
телефон ыйытааччы буоллубут. Дьиэтигэр эрийбиппэр, трубканы улахан
баҕайы саҥалаах киЇи ылла. «Сейчас подойдет», – диэн суон куолаЇынан
хоруйдаабытыгар, долгуйан суулла сыстым. Онтубут кэлин билбиппит,
күтүөтэ, аатырбыт комментатор Котэ Махарадзе, Верико кыыЇа Софико
Чиаурели кэргэнэ эбит. Верико: «КиэЇээҥҥэ диэри доруобуйам үчүгэй
буоллаҕына кэлиэм», – диэбитэ, тиийэн кэллэ. Эмээхсин букатын хаама
сылдьар таҥаралара эбит. Театрга киирбитигэр, вахтердар ойон
турдулар, ааспытын кэнниттэн кириэстэнэллэр, дьон кини ырбаахытын
аллараа өттүн сыллыыллар. Эмээхсин спектаклы көрөн наЇаа үөрбүт,
долгуйбут этэ.
Андрей Борисов:
– Биир түбэлтэттэн спектакль
бүтэЇик туруута буолуон сөп этэ. Оонньуу үгэнигэр оҥочо көтөн
тахсарыгар икки тростан биирдэстэрэ төлө барбыта. Арай көрдөхпүнэ,
биир грузин киЇитэ троЇу тутан турар. Машиниспыт Яша көмөҕө ыстанна.
Онтон кыргыз уола сүүрэн тиийдэ. Кыра, хачаайы бэйэтэ Мария
Спиридоновна Канаева эмиэ тутуЇан турар эбит. ТроЇу туппатахтара
буоллар, оҥочо дьон үрдүгэр түЇүө эбитэ. Ити курдук, саха, кыргыз,
грузин илиилэрин тэҥҥэ уунаннар өрүЇүйдүлэр. Оҥочобутун оргууй
муостаҕа олортулар. Итинэн сирдэтинэн биЇиги бары биир оҥочоҕо
устарбытын, биир дьылҕалаахпытын көрдөрбүтэ.
Василий Васильев-Харысхал:
– Спектакль Грузияҕа сөҕүмэр
ситиЇиилэммитэ. Грузиятааҕы СТД бэрэссэдээтэлэ, ССРС народнай
артыыЇа Гиго Лордкипанидзе, улахан аптарытыаттаах профессор,
сүрдээҕин хайҕаан баран: «БиЇиги быйылгы ССРС государственнай
бириэмийэҕэ түЇэрииттэн аккаастанаммыт, Саха театрын түЇэрэбит», –
диэбитэ.
Андрей Борисов:
– Марджанишвили театрын
кылаабынай режиссера, Ленинскэй бириэмийэ лауреата Тимур Чхеидзе
спектакла ССРС государственнай бириэмийэтигэр түЇүөхтээҕэ. Онно кини
өйөөн: «Хоть Ленинскую, хоть Сталинскую, любую премию», – диэбитэ.
БиЇиги спектаклбытын Саха сириттэн бастаан, дьиҥэр, Россия
бириэмийэтигэр түЇэрбиттэрэ да, комиссия кэлэн көрө да сатаабатаҕа.
Эмиэ түбэлтэттэн түбэлтэ диэбиккэ дылы, Москваҕа культура
министерствотыгар управление начальнигар Подгранильскайга киирэ
сырыппыппар, фестивальга хайдах кыттыбыппытын сураста. Гиго
бириэмийэҕэ түЇэриэх буолбутун кэпсээтим. СоЇуйан Гигоҕа эрийбитэ,
киЇибит баар буолан биэрдэ. Бириэмийэни эрэннэрбитин туЇунан
ыйыппытыгар, анарааҥҥыта эрэннэрбитим диэтэ. Оччотугар наҕараадаҕа
түЇэрэр кумааҕыны күн бүгүн суруй диэтэ. Докумуоннары биэрэргэ икки
эрэ күн хаалбыта. Кумааҕы тиийэн кэллэ, докумуоммут буоллаҕына –
суох. Онуоха В.А.Босиков били Россияҕа түспүт докумуоммутугар РСФСР
диэни сотон баран, ССРС диэн туруорарга сүбэлээбитэ. Оччолорго
постпредствоҕа А.Шубин үлэлиир. Онно аан бастаан штриҕинэн
туЇаналларын көрбүтүм. Сотон баран, ССРС диэн бэчээттээн биэрдэ. Ол
докумуоннары миигин илдьэн биэр диэтилэр. Хайдах эрэ бэйэм бэйэбинэн
илдьэбин дуо диэн өЇүргэнэ санаатым. Суох, син биир бэйэҥ илт
диэтилэр. Кумааҕыларбын сеткаҕа уган тута сырыттым. Аны Санги
телефонунан ыҥырда, киниэхэ тиийэн, уЇун баҕайытык олордубут.
Төннөрбөр Крымскай муостанан баран иЇэбин. Санаарҕаатым, оннооҕор
РСФСР бириэмийэтин биэрбэтэхтэрэ, эгэ ССРС киэнин аны кэлэн
биэриэхтэрэ дуо диэн. Ыллым да, сеткабын ууга быраҕаары гынным, арай
суумкам туохтан эрэ иҥиннэ. ХайыЇан көрбүтүм, сеткабын милиционер
тутан ылбыт. КиЇим: «Гражданин, документы?» – диэн көрдөөтө,
докумуона суох сылдьарым. Милиционерым: «Пройдемте», – диэтэ. Онтон
били кумааҕыга аатым-суолум, хаартыскам ыйылла сылдьарын көрдөрдүм.
«Такой солидный человек», – диэн хардарда. Сарсыныгар
государственнай комиссияҕа бүтэЇик күнү баттаЇа көрүүтүгэр
докумуоннары илдьэн туттардым.
Василий Васильев-Харысхал:
– Бириэмийэлэрин Москваҕа
ыллылар. Ол саҕана самолекка хаайтарыы бөҕөтө. Наҕараадаларын тутан
кэлэллэригэр – туман. Москва аэропордугар кэтэЇэргэ олорор миэстэ
суоҕунан, ССРС государственнай бириэмийэлэрин лауреаттара муостаҕа
хаЇыаты тэлгэтэн сыталлар, рейстэрин икки күн көЇүппүттэрэ. Эмиэ
Москваҕа «Сычуань үтүө киЇитэ» спектаклы көрдөрөн төннөллөрүгэр эмиэ
туман буолан үс күн хаайтарбыттара.
Ефим
Степанов:
– «Хаарыан хампа күөх
кытылым» спектаклы туруоруон иннинэ Андрей Саввич Москваттан
каникулугар кэлбитэ. Ол кэмҥэ Федот Потапов туруоруутугар Харысхал «Аммаҕа
саас этэ» спектаклыгар оонньуу сылдьар этибит. Мин Дьөгүөссэ диэн
аҕата өлбүт, огдообо дьахтар оҕотун оонньуубун. Эргэ театрга аллара
фойеҕа хабыс-хараҥа, спектакль бара турар. Бэтэрээ аанынан
киириэхтээхпин, ол иЇин фойеҕа олордум. Андрей Саввич саалаттан
тахсан кэллэ. Кини спектакллары баЇыттан атаҕар диэри көрөн
олорооччута суох, киирэ-тахса сылдьааччы. Аттыбар кэлэн олорон: «Бу
оруолга эйигин наЇаа күнүүлээтим», – диэн эппитэ. Кини кэлбитигэр,
17 кварталга уопсайга мустарбыт, иккис мэндиэмэнтэн кырыыЇаҕа
тахсарга үөЇэ кирилиэс баара. Ол аЇыллар этэ, онно түүн 2-3 диэри
кэпсэтэр этибит. Андрей Саввич онно олорон, Айтматовы туруоруон
баҕарарын туЇунан эппитэ. Олунньу ый бүтэЇигин диэки Александра
Дмитриевна Иванова гастролга бараары сылдьан миэхэ сурунаал аҕалбыт.
Тугу-тугу көөчүктүүр диэбитим, оруобуна Айтматовтаах «Роман-газетаны»
тута сылдьар. Эрдэтинэ булбут, онтукатын аах диэтэ, бэйэтэ
Верхоянскайга барда. Мин илдьэ сылдьан аахтым.
Андрей Борисов:
– Итиннэ «случайность –
судьба – традиция» өйдөбүлэ эмиэ сыЇыаннаах курдук. Федот Потапов
Айтматов «Ийэ сирин» туруорбута. Саха театрыгар бырааттыы норуоттар
драматургиялара көрдөрүллэн барбыта: Мустай Карим, кыргыз, калмык,
татар. «Ийэ сиргэ» Толгонай сүрүн оруолун Александра Иванова
оонньообута. Оттон «Хаарыан хампа күөх кытылга» кини кыттан аан
дойдуну кэрийбитэ. Үгэс салҕанар. Бу спектакль үгэскэ олоҕурар.
Нивхалар үгэстэрин кэспэтэх дьон. Сахалар курдуктар. БыыЇанар суолга
үгэскэ үктэнии саамай сүрүнэ эбит. Билиҥҥи театральнай эйгэҕэ атын
омук, цивилизация үгэстэрин киллэрэллэр. Аны наркоманнар,
проституткалар, бандьыыттар темаларын соҥнуу сатыыллар. Итиннэ
улахан охсуЇуу барар. БиЇиги спектаклбытыгар үйэ чиэппэрэ турбутун
тухары саала толору сылдьар. Спектаклы бу сыллар усталарыгар 200-тэн
тахсата туруордубут да, көрөөччүлэр аан маҥнай көрбүттэрин курдук
көрөллөр, ылыналлар, таЇыналлар. Үгэскэ олоҕуруу искусствоҕа уонна
литератураҕа улахан суол эбит дии саныыбын.
Бу спектакль биЇиги
культурабытыгар дьылҕа бэлиэтин кэриэтэ. Мин билигин бэйэм туруоруум
курдук буолбакка, туораттан көрөр курдукпун, айымньыҥ бэйэтэ баран
хаалар. 1985 сыллаахха били Бүтүн Сойуустааҕы партийнай конференция
буолбутугар, дойду хамнаан киирэн барбытыгар, ыЇыллыы тирээбит,
ааспыты умнуу кэмигэр спектакль норуот, киЇи үчүгэй өрүтүн, үйэлээх
сыаннастар тустарынан кэлэр көлүөнэҕэ ыҥырыы курдук таЇаарбыта. «Ханнаҕытый
эЇиги, убай Мылгун, Эмрайн, Арҕаан оҕонньор курдук, сулустар?»
Ааспыт историяны умнубат туЇугар хайдах эрэ программа курдук
оҥоЇуллубут эбит. Ол кэннэ утуу-субуу «Бырастыы», «Үс саха төрүөҕэр»,
«Алампа, Алампа...» сценаҕа турбуттара. Чаҕылхай дьон суох буолан
хаалаллар, кинилэри көрдөөЇүн барар. Аҥардас мелодраматическай
трагизм буолбакка, дириҥ сүтүктэри уЇугуннарар. Онно итэҕэл туЇунан,
православнай христианство, аҕыйах ахсааннаах омук дьылҕатын туЇунан
этиллибитэ. Хаарыан хампа күөх кытылгытын умнумаҥ диэбит курдук.
Умуннахха, мунан хаалаҕыҥ диэн. Ол күүЇэ Чингиз Айтматовка сылдьарын,
курдаттыы таайан, хостоон таЇаардахпыт. Ситим быстаары турар кэмигэр
үөскээбит айымньы эбит. Бу спектакль тахсыбатах буоллун? Ойуунускай
«Ньургун Боотуру» суруйбатах буоллун, биЇиги олоҥхобут дьылҕата
хайдах буолуой? «Улуу Кудаҥса», «КыЇыл ойуун», «Ойуун түүлэ»
айымньылартан биЇиги культурабыт, литературабыт хайдах буолара олус
тутулуктаах. Ол кэннэ кэлэн иЇэр биЇиги суруйааччыларбыт ситим
быстыбатын тэрийэн кэбиЇэллэр.
Василий
Васильев-Харысхал:
– Бу спектакль саха омугун
аатын барытын ааттаппыта. Хабаровскайтан, Москваттан, Грузияттан,
Украинаттан саҕалаан аан дойдуга, Америкаҕа тиийэ тахсыбыта.
Ефим Степанов:
– Мексикаҕа үс куоракка
сылдьыбыппыт. Мехикоҕа бэйэтигэр европейскай тутуулаах театрга
оонньообуппут. Гуано-Хуато диэн хайа быыЇыгар баар кыра куоракка
фестиваль буолбута. Манна биЇигини уулуссаҕа көрбүт дьон билэллэрэ.
Эмоциональнайдара диибин диэ, иннигэр тобуктаабыт, ыллаабыт диэн.
Улахан омуктар ытаабаттара буолуо дии санаабыппыт, кимнээҕэр уйан
эбиттэр.
Андрей Борисов:
– Онно инкалар, майялар
курдук улахан үгэстээх культураларын кытта биЇиги культурабыт алтыЇа
түспүтэ. Икки культура көрсүЇүүтэ буолбута. Оҥочобутунан аан дойду
культуратыгар устан киирбиппит.
Николай Лугинов:
– Саҥаны айыы диэн үгэЇи
кэҥэтии, онно тирэнэн саҥа тыын биэрэн искусствоны атын таЇымҥа
таЇаарыы буолар. Урукку театральнай культура сүрдээх элбэҕи оҥордоҕо,
бэлэмнээтэҕэ. Оттон бу спектакль саҥа тыыны биэрбитэ. ҮгэЇи саҥалыы
толкуйдааЇын, арыйыы, уруккуттан биллэр айымньылары саҥалыы ааҕыы
үөскээбитэ. Спектакль кэнниттэн классиктары хос саҥалыы харахпытынан
аахпыппыт, кинилэри дьиҥнээхтик туЇаммыппыт. Ити курдук кодтаммыт
информацияны арыйан таЇаарыы буолбута. Ол түмүгэр худуоЇунньуктарбыт,
музыкальнай култуурабыт ситиЇиилэрэ ситимнэммиттэрэ, айар ис көҕү
биэрбитэ. Саамай улахан суолтата онно сытар.
Василий Васильев-Харысхал:
– Николай Алексеевич саамай
сөпкө этэр. Оруобуна уларыта тутуу кэмигэр ити спектакль тахсар.
Андрей Саввич хас биирдии спектакла политическай акция курдук.
Бастаан «Үс саха төрүөҕэр» тахсыбыта, ааттаах улахан түгэн этэ. КиЇи
барыта «Їык» гынар. Ойуунускай хаайыллыбытын көрүү аан бастаан онно
саҕаламмыта.
Алампа «Бүдүрүйбүт көммөт»
айымньыта 1984 с. туран баран, бобулла сылдьыбыта, 1987 с. сценаҕа
тахсар. Ол кэмҥэ студеннар аймалҕаннарыгар айдаан бөҕөтө буолар,
партийнай номенклатура сахаларга национализм баар дии-дии, ордук
айар интеллигенцияҕа улаханнык күрүчүөктэЇэр, хааччахтааЇын барар.
Ол онно саамай утары цивилизованнайдык, дьиҥнээх өйдөөхтүк
эппиэттэЇэр культура, искусство, театр буолар. Ол түгэҥҥэ «Саха омук»
обществоны тилиннэриэххэ диэн санаа үөскүүр.
Николай Лугинов:
– Политическай суолтата диэн
биЇиги ытык дьоммутун атын таЇымҥа өрө таЇаарбыппыт, сибэтиэй
оҥорбуппут. Уларыта
тутуунан сибээстээн атын омуктар ытык
дьоннорун үнтү тэпсэн кэбиспиттэрэ. Ити долгуҥҥа туох баҕар буолуон
сөбө. «Хаарыан хампа күөх кытылым» кэнниттэн спектакллар цикллэрэ
барбыта.
Саха театра дьиҥ-чахчы саха,
нуучча, омук классическай литературатыгар тирэҕирбитэ. Аҥардас
драматургиятааҕар инсценировката, литературнай идеялара сценаҕа
туруулара күүстээхтик барбыта. Андрей Саввич саамай үтүөтэ диэн аан
дойду классикатын, саха литературатын биирдик тутан, иэл-тиэл курдук
тэҥ таЇымы биэрэн, саха киЇитин санаатын сүрдээҕин бөҕөргөттө, саха
интеллигенциятын саҥа таЇымҥа таЇаарда.
Наталья Харлампьева:
– Личность туЇунан этээри
гынабын. Искусство киЇитэ, айар киЇи хаЇан баҕарар бэйэтин эрэ
дьыалатынан кэпсэтиэн сөп. Роман суруйар, спектакль туруорар. Ол
гынан баран, концептуальнайдык, дириҥник дьайыан сөп. Андрей Саввич
чахчы үгэскэ олоҕурдаҕа. Олох хамсатан истэҕэ, ол онно кини
личность, айар киЇи быЇыытынан бэлэм эбит. Улахан романнары
суруйуохха сөп. Холобур, саха итэҕэлин туЇунан иҥэн-тоҥон үөрэтэн,
халыҥ кинигэ гынан таЇааран. Онтун болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалан
хааллаҕына, айар киЇи бэйэтин иЇигэр хаатыйаланан хаалар. Улахан
айымньы, личность айар үлэҕэ, норуотугар дьайыыта эмиэ күүстээх
буолуохтаах, бэйэни тула туох эрэ эйгэни тэрийиэхтээх эбит. Ол
өттүттэн Андрей Саввич бириэмэтэ да, личноЇа да сөп түбэспит.
Николай Лугинов:
– Кини төрдө иитиллиитигэр
сытар. Саха литературатыгар сүгүрүйэр. Бобуулаах кэмҥэ аҕата
оҕонньор кистэлэҥ саха классикатын ууран, харыстаан, ол иЇин итиннэ
кини иитиллэн тахсыбыт.
Андрей Борисов:
– Аҕам саха литературатын
тоҕо эрэ ыскаабыгар аллараа долбуурга уурара. Ол аата бүтэйдии
таайан кистээн туруорар эбит. Мин олох кыра оҕо сылдьан аллараа
долбуурга Пекарскай кинигэтин сытын бастаан ылбыппын өйдүүбүн. Аны
үгэс туЇунан аҕыннахха, бастакы булпун саныыбын. БэЇис кылааска
сылдьан куобахтыы таҕыстым, уЇун уостаах саалаахпын. Талах быыЇыгар
куобах кулгааҕа чороҥнуур, аҕам кыҥаа диэтэ. Ыттым, куобаҕым оҕунна.
Сүүрэн тиийэн тардаары гынным, куобаҕым сохсоҕо хабыллыбыт. Ону аҕам
бу атын киЇи булда буоларын, маны ылар быраабым суоҕун быЇаарда.
Ийэбэр хайдах кэпсиибин диэбиппэр, сиэбиттэн быЇах таЇааран, куобах
икки кулгааҕын быЇан, маны илдьэн көрдөр диэтэ. ҮгэЇи тутуЇуу
холобура буолар.
Наталия Ивановна бэлэм буолуу
туЇунан сөпкө эттэ. Мин 25 сыл буолан баран, туох туЇунан
туруорбуппун Чараҥҥа олорон өйдөөтүм. ЭЇэтэ оҕону бэлэмниир: тумаҥҥа
туох да көстүбэт буоллаҕына, оччоҕо агукук көтөр кынатын тыаЇын
иЇиллээр, хайа диэки көтөр да, кытыл ол диэки баар диэн. Уол бүтэЇик
уутун иЇэн, өлөр-өлбөт икки ардыгар оҥочотугар сытар, хараҥаҕа
көстүбэт, ону кынат тыаЇын истэр. Айтматов этэринии: «Мог и не
услышать, но он услышал, повернул лодку». Арай ол кэмҥэ өйүн
сүтэрдин? Истэргэ бэлэм. Литератураны истэргэ, киЇи дууЇатын истэргэ,
бириэмэ хамнааЇынын истэргэ...
Василий Васильев-Харысхал:
– Кырдьаҕастарга төнүннэххэ,
кырдьаҕас суруйааччыларбыт баран испит суолларын салгыахпытын
баҕарабыт. Биири этэбин, 1988 сыллаахха Софрон Петрович Данилов
Андрей СаввиЇы: «Бу мин оҕом курдук киЇи», – диэн этэн турар.
Суруйааччылар съезтэригэр Андрей Саввич драматургия туЇунан дакылаат
аахпытыгар наЇаа улаханнык махтаммыта. 1988 с. төнүннэххэ, Саха
Республикатын суверенитетын акылаата онно ууруллубут. Суруйааччылар
ол съезтэригэр Софрон Петрович таЇыгар Михаил Ефимович Николаев
баара. Оччолорго обком тыа хаЇаайыстыбатыгар секретара. Онно
үлэтигэр мөҕүллүбүтүгэр кини: «Саха улуу дьонун кытта кэккэлэЇэ биир
остуолга олорбуппун буруйум курдук санаммаппын», – диэбит. Ол курдук
кини саха суруйааччыларыттан, кынаттанан биЇиги республикабыт
сайдыытыгар ол салҕанан, сайдан бардаҕа.
Наталья Харлампьева:
– Оҕотун сахалыы иитэр,
тыынныыр киЇи хайаан да бу спектаклга сырытыннара сатыахтаах. Оҕо
омугун дьылҕатын кыратык удумаҕалатар, проблематын өйдүүр. Эн ыллыҥ
да, оҕоҕун кытта саха дьылҕатын туЇунан кэпсэппэт, киниэхэ ол
туЇунан өй укпат буоллаҕыҥ. Оттон оҕо ити спектаклга сырыттаҕына,
ылынар, олоххо тирэҕирэрин булар. Ол көрбүтүн кэннэ бу туЇунан төЇө
баҕарар кэҥэтэн кэпсэтиэххэ сөп. Ити өттүттэн спектакль олус улахан
суолталаах.
Андрей Борисов:
– Рублев «Троицаны»
уруЇуйдаабытыгар нуучча культуратыгар кыым саҕыллыбыта. Онтон Пушкин
үөскээбитэ. Ити курдук баран иЇэр. Саха литературатыгар,
искусствотыгар ситим быстаары гыммыт кэмигэр, ону холбуур айымньылар
үөскүүллэр.
Монголияҕа саха аҥардаах
Сарантуяҕа үйэ ырыаЇытын аатын биэрбиттэр. Тыл этэригэр кини: «Мы,
тюрко-монголы, сейчас всегда в меньшинстве. Я знаю, что на
монгольском языке олонхо – это есть множество, большинство. Когда мы
объединимся, мы будем олонхо», – диэтэ. Тоҕо этэбин диэтэххэ, биЇиги
культурабытыгар улахан айымньылар сурулланнар, Саха театра киэҥ
эйгэҕэ тахсан, түүр, монгол омуктар былыргы историяларын холбооммут
ситим быстыбата онно тиийдэ. Ону төгүрүччү сытар республикалар
өйдөөннөр, биЇиги диэки тардыЇаллар. Ол биЇиги кинилэрдээҕэр өйдөөх
дуу, кыахтаах дуу буолбатахпыт. БиЇиги аналбыт оннук быЇыылаах. Бэл,
олоҥхоҕо кытта сурулла сылдьар – 33 омугу холбоон диэн.
Ньургуйаана Илларионова:
– Диссертациябын суруйарбар,
темабын ылбыппар «Хаарыан хампа күөх кытылым» спектакль олук
буолбута. ГИТИС-кэ тиийбиппэр, Андрей Саввич спектаклларынан
режиссерскэй үлэтин түЇүмэхтэрин ырыт диэбиттэригэр сөбүлэЇэн,
научнай салайааччыбынаан Анна Степановалыын ырыппыппыт. Онон
театроведениеҕа киирэрбэр бу спектакль оруолламмыта.
Спектакль бастакы хартыыната
Кириск олоҕу хайдах ылынарынан барыта барар. Оҕо күнэ быдан уЇун,
оҕо саҥаны көрүүтэ быдан киэҥ. Иккис акта олох түргэнник барар,
тэтимэ уларыйар. Андрей Саввич итиннэ элбэх режиссерскай саҥа
хаамыылары киллэрэр. Кэнники туруорууларыгар онтун барытын илдьэ
сылдьар. Ол иЇин биЇиги театрбыт аан дойдуга этэр санаалаах,
идеялардаах театрынан билиннэ.
Наталья Харлампьева:
– «Хаарыан хампа күөх
кытылым» тула үчүгэй кэпсэтии таҕыста. Спектакль саха норуотун
бэйэтин ытыктаныытыгар, саҥаттан көрүүлэнэригэр көмөлөспүтэ,
инникитин да суолталаах буолуо. Бэрт интэриэЇинэй кэпсэтиигэ
кыттыбыккыт иЇин махтанабын.
Кэпсэтиини Зинаида АРХИПОВА,
Саргылаана ДАНИЛОВА суруйдулар.
Хаартыскалар – Саха театрын музейын фондатыттан.