Егор Афанасьевич Борисов, Саха Республикатын
Правительствотын Председателэ, Саха омук иккис КонгреЇын көрсө
биЇиги сурунаалбыт ыйытыыларыгар маннык эппиэттээтэ.
Егор
БОРИСОВ:
«Олох-дьаЇах уларыйыытыгар
саха
киЇитэ бэлэм буолуон наада»
– Егор Афанасьевич, Саха омук иккис КонгреЇа үлэтин бу күннэргэ
саҕалыыр. Эн манан сибээстээн республика иннигэр турар сүрүн
соруктары билиЇиннэриэҥ этэ дуо?
– Бастатан туран, биЇиги туох-ханнык иннинэ республика
экономикатын бары сүрүн салааларыгар туруктаах буолууну ситиЇэр
соруктаахпыт өйдөнөр суол. Маныаха билиҥҥи туругунан инники сайдыы
бара турарын бэлиэтиэхпитин наада. Экономиканы ылар буоллахха, бөдөҥ
предприятиелар финансовай-экономическай балаhыанньаларын
бөҕөргөтүүгэ балай эмэ таЇаарыылаах үлэ ыытылынна. Бас билии,
баай-дуол комплексын дьаhайыыга көстөр мөккүөрдээх түгэннэри
быhаарыыга, киин уонна субъектар сыhыаннаhыыларыгар таба суоллары
тобулууга Россия Правительствотын кытта быhаччы, айымньылаахтык
үлэлэhэн кэллибит.
Аны туран инники сайдыыны кэрэЇэлиир кэскиллээх программалары
ылыныыга Правительство күүскэ үлэлэстэ. Мин маныаха быйыл олунньу 8
күнүгэр Российскай Федерация Правительствота бигэргэппит Саха
Республикатын оҥорумтуолаах күүстэрин сайыннарыы схематын бастатан
туран этэбин. Бу бигэргэтиллибит схеманы олоххо киллэриигэ ааспыт
өттүгэр курдук моноструктурнай экономика – ол эбэтэр соҕотох алмаас
промышленноhа – «туппуппут эрэ торуоска» буолуо суохтаах, алмаас,
көмүс, чох промышленностарыгар охтуо суохтаахпыт. Буолаары буолан,
билигин алмааhы сир анныттан хостооhун ньыматыгар киирэрбитинэн,
ороскуота улаатта. Онон уруккулуу дьаhаныыбыт дьулурҕатык инники
хардыылыырга, нэhилиэнньэ олоҕун таhымын биллэрдик үрдэтэргэ,
экономикабытын өрө көтөҕөргө мэhэйинэн, таҥнары тардар адаҕанан эрэ
буолуо этэ. Ол иhин билигин саҥа соруктар тураллар. Республика
экономикатын диверсификациялааhын политиката күүскэ олохтонуохтаах.
Ол аата саҥа хайысхалары – нефть, газ салааларын, металлургия
салаатын күүскэ сайыннарыахтаахпыт. Онуоха, бастатан, тустаах
инфраструктураны тэрийиэхтээхпит: тимир суолу туттахпытына,
энергиянан хааччыйыы, тирэх буолар массыына суолларын оҥоруу
боппуруостарын быhаардахпытына эрэ экономикабыт кэскиллээх саҥа
салаалара сайдар кыахтаахтар.
Онон былааннаммыт дьаЇаллары, кэскиллээх, уустук даҕаны
буоллаллар, ол гынан республикабыт, норуоппут туЇугар бары түмсэммит
дьүккүөрдээхтик олоххо киллэрэргэ бары күүспүтүн, өйбүтүн-санаабытын
түмүөхпүт диэн эрэнэбин.
– Тыа сирин сайыннарыыга кэскиллээх программа ылыныллыбыта. Эн
санааҕар бу программа хайдах туолан иЇэр?
– Бу программа бастакы уонна иккис түЇүмэхтэрин ылыныыга,
бастатан туран, миэстэлэртэн, быhаччы табаары оҥорооччулар
этиилэригэр болҕомтобутун туhаайбыппыт. Тыа дьонун, үлэhит дьон
этиилэрэ учуоттаммыта. 2002-2006 сылларга тыа сирин
социальнай-экономическай сайыннарыы бастакы программата
сыалын-соругун ситистэ диэн ааҕабыт. Ол туохха көстөрүй? Бастатан,
оччолорго оҥорон таhаарар бородууксуйабытын хайдах гынан, ханна
батарар, атыылыыр туhунан иннэ-кэннэ биллибэт кэмҥэ соҕотуопкалыыр
системаны тэрийэн атаҕар туруордубут. Бүгүн, ордук чуолаан, сүөhү
иитиититтэн ылыллар сүрүн бородууксуйаны соҕотуопкалааhыҥҥа
ыарахаттар туоратылыннылар. Усулуобуйа баар.
Инфраструктура суоҕа биллэр ыарахаттары үөскэппитэ. Тыа
хаhаайыстыбатын техниката, технология тиийбэтэ. Билигин республикаҕа
15 МТС тэриллэн материальнай-техническэй хааччыллыы, сири оҥоруу,
оттооhун, сенаhы бэлэмнээhин, тиэйии-таhыы үлэлэрин толороллор. Бу
МТС-тар, кылаабынайа, үөhэттэн республика салалтатын, муниципальнай
органнар дьаhайыыларынан буолбакка, миэстэлэргэ корпоративнай,
акционернай төрүттэргэ олоҕуран, кыhалҕалаахтар бэйэлэрэ
баҕарыыларынан тэриллибиттэрэ. Бу түмүгэр табаары оҥорооччулар
бородууксуйаларын туттарар, астыыр-үөллүүр, добуоччу дохуоту аахсар
кыахтаннылар. Өскөтүн 2001 сыллаахха 1 кг үүккэ 8 солк. субсидия
көрүллэр буоллаҕына, 2006 сылга 20 солкуобайы төлүүр буоллубут.
Күн бүгүн тыа дьоно бытанан, биирдиилээн кыра кээмэйдээх
бородууксуйаны оҥорон таhаара олорор буоллахтарына, дохуоттара
улааппатын өйдөөтүлэр. Онон бу программа тыа дьонун өйдөрүн-санааларын
уhугуннарда. Урукку курдук субсидия ыла-ыла оҥорон таhаарбыт
бородууксуйаларын сиэн-аhаан кэбиспэккэ, ол аата натуральнай
хаhаайыстыба буолбакка, табаары оҥорон, атыылаан дохуот аахсар,
кыаҕырар суолу тутуhуохха диэн.
Программа Саха Республикатыгар кооперативнай хамсааhыны тэрийиигэ
төhүүнэн, тирэҕинэн буолла. Бородууксуйа кээмэйин үрдэтиигэ,
хаачыстыбатын тупсарыыга сайдыылаах технология туhаныллар буолла.
– Эн Саха КонгреЇын делегаттарыгар уонна кыттааччыларыгар баҕа
санааларыҥ?
– Конгресс быйыл Cаха сирэ Россия государствотын састаабыгар
киирбитэ 375 сыллаах үбүлүөйүн кэмигэр ыытыллар. БиЇиги Конгресстан
норуот олоҕор сыЇыаннаах чопчу этиилэри күүтэбит. Саха дьоно
правительство ыытар мега-бырайыактарыгар хайдах кыттарын, ити тыа
сиригэр дьайыытын туЇунан кэпсэтиэхтэрэ, бэйэлэрин этиилэрин
киллэриэхтэрэ дии саныыбын. Саха омук бастакы КонгреЇыгар саха
народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов дакылаата, онно
этиллибит санаалар дьон өйүгэр-санаатыгар билиҥҥэ диэри бааллар.
Билиҥҥи кэмҥэ саха дьоно түмсэн, саҥа үйэҕэ норуот иннигэр турар
соруктары дьүүллэЇэллэрэ олус наадалаах. Бу бириэмэ ирдэбилэ.
Элбэххэ үөрэниэххэ, үлэлиэххэ наада. Олох-дьаЇах олус түргэнник
уларыйар. Саха киЇитэ онуоха бэлэм буолуон наада. Мин саха
интеллигенцията бэйэтин чулуу, чаҕылхай дьонун – Өксөкүлээх Өлөксөй,
Күлүмнүүр, Былатыан Ойуунускай, Алампа, Георгий Башарин, Авксентий
Мординов, Семен уонна Софрон Даниловтар, Далан уоннна да атыттар
курдук норуоттара чэчирии сайдарыгар баҕа санааларын толорууга
түмсүүлээх уонна кимээЇиннээх буолалларыгар баҕарабын. Интеллигенция
норуоту инники сирдиир аналлаах.
Саха норуота ааспыт үйэҕэ араас да уустук кэмнэри туораан кэллэ.
Бу күннэргэ Чурапчы көЇүүтүн 65 сыла туолар. Оччолорго сэрии ыар
кэмигэр өссө ыарахан усулуобуйаҕа түбэЇэн дьон-сэргэ аччыктааЇынтан,
тоҥууттан-хатыыттан өлбүтэ-сүппүтэ. Бу саха дьоно барыбыт курутуйар
түгэммит буолар. Мин Чурапчы көЇүүтүгэр түбэспит дьоҥҥо, өлбүттэр
кэриэстэригэр, бэйэм уонна республика салалтатын аатыттан сиргэ
тиийэ сүгүрүйэбин. Бу хаЇан да хатыламматын.
Түмүкпэр, саха омук иккис КонгреЇа ситиЇиилээхтик үлэлээтин,
инники сайдыыга олук буолар боппуруостары дьүүллэстин диэн баҕа
санаабын тиэрдэбин.
Саха омук II-с КонгреЇа. Балаҕан
ыйын 25-28 күннэрэ.
Эрэнэбин-итэҕэйэбин
икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа
өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт
өйүн,
Өйүнэн өлбөт
бэйэтин.
Имэҥнээх-илбистээх
Иккичэй атахтаах!
Өрөгөй төлөннөөх
Өйгүнэн өлүмэ!
Дьоллоох олох
кэлэр,
ДьоЇун соргу
тупсар,
Сордоох-муҥнаах
дьоммут
Соргута улаатар,
Самныбат саргыбыт
СаЇарҕата тахсар,
Көрөр харах
сырдыыр
Көмүс көҥүл
кэллин!
Былатыан Ойуунускай,
«КыЇыл
Ойуун». |
Ийэ дойду диэн өйдөбүл норуот хантан, хаЇан
кэлбитинэн быЇаарыллыбат. Норуот ол сири этигэр-хааныгар
иҥэриниитэ, өйүнэн-сүрэҕинэн ылыныыта, төрүт культурата ол
сиртэн силис тардыныыта, үлэтинэн-хамнаЇынан ол сир
айылҕатын кытта силбэЇиитэ – итилэр буолаллар быЇаарар
чахчынан. Саха сирэ – сахалар төрүт Ийэ дойдубут. Бу сир
бүттүүммүт дьылҕатын биЇигэ, олоҕун уйата, дьолбут-соргубут
да, муҥмут-сорбут да төрүтэ. БыЇата, кини дьылҕата – биЇиги
дьылҕабыт, кини дьоло – биЇиги дьолбут, кини соро – биЇиги
сорбут. Уонна туох баар уйулҕабынан эрэнэн-итэҕэйэн туран
этиэхпин баҕарабын: бу күн сырдыгын көрөрбүт тухары кинини
биЇигиттэн былдьыыр күүс суох!
Софрон Данилов. Саха омук барҕарыы
суолунан (Саха омук маҥнайгы КонгреЇыгар 1992 сыл ахсынньы
15 күнүгэр оҥоЇуллубут дакылааттан). |