Быйыл
күЇүн балаҕан ыйын 19 күнүгэр
Чурапчы оройуонун дьонун-сэргэтин күүс өттүнэн Кэбээйи, Эдьигээн,
Булуҥ сиригэр үүрүү-түрүйүү
65 сылын туолар. Тыыннаах хаалбыт оччотооҕу
уу ньаҕара тулаайах оҕолорго сүрэххэ оспот баас. Үүнүөх-сайдыах
үнүгэстэри – ыччаты инники дьылҕатын тэпсии. Аҕам ытык дьону төрүт
буортан үүрүү-үтүрүйүү, былаҕайга атаарыы.
Чурапчы
алдьархайа мин сүрэхпэр...
Чурапчы
көЇөрүүтүн 65 сылыгар
Чурапчыттан көЇүүгэ сылдьыбыт дьон. Дьокуускай, 1991 с.
Маны эдэр эрчимнээх, сырдык
санаалаах, өйбүн-төйбүн туппут кэммиттэн мэлдьи ырыта саныыр
буоларым. СааЇыран 70-н сааспын туолан олороммун, санаабын-онообун
ончу уларыппаппын. ТөЇө да сыллар, күннэр ааспыттарын иЇин,
ыараханнык, курустук ылынабын.
Аҕа дойду сэриитэ күүдэпчилэнэ
турдаҕына, сэрии иккис сылыгар партия Киин Комитетын уурааҕа тахсар
(Постановление СНК ССР и ЦК ВКП (б) от 6 января 1942 г.). Ас-үөл
фроҥҥа тиийбэтинэн, хоту улуустарга балыкка Саха сириттэн 5500 туруу
үлэЇит дьону үлэҕэ ыытарга диэн. Оччотооҕу партия обкомун бюрота 226
№-дээх боротокуолунан 1942 с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр быЇа-бааччы
уураах таЇаарар. Дьиҥинэн, ис санааны эттэххэ, Москваттан үчүгэй
ыйыы-кэрдии кэлбит. Туруу үлэЇит, ол аата үлэни кыайар-хотор эр дьон
бронь ылан, үс хоту улууска балык булдугар барыахтаахтар этэ. Ол
кэмнэргэ маҥнайгы, иккис хомуур ааЇан, сэрии уота бурҕайдар да, таб.
И.В. Сталин кыра ахсааннаах омуктары, олохтоох үөрэхтээх уолаттары
фроҥҥа ыыппатаҕа. Үрдүкү салалта эмиэ барбатаҕын билэбит. Оччотугар
Сахабыт сирин улуустарыттан талан хорсун-хоодуот убайдарбытын,
аҕаларбытын үлэҕэ Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа ыыппыт буоллуннар!
Үлэ бөҕөнү үлэлээн, кыайыыны түргэтэтиэх этилэр. Ону биЇиги обкоммут
салалтата, Москва салайааччыларын кытта кэпсэппэккэ, ырыта-ырыҥалыы
барбакка, сутаан олорор чурапчылары, бюро уурааҕынан 41 холкуоЇу,
архыып ыспыраапкатынан 4988 киЇини «үөрэ-көтө» ыарахан бэчээт
туруоран, көЇөрөргө уураах уураллар. Бу сыыппара олох чахчы
буолбатах, үс түүннээх күн ахсаан суоттаан, чуолкай сыыппараны
биэрбэтэх тойоттор буолуо. 4988 киЇи иЇигэр хараҕа суох кырдьаҕастар,
оҕонньоттор, эмээхситтэр, ыарахан, ыарыЇах дьахталлар, ийэлэр,
кыЇыл-кырбас кырачааннар, биЇиги курдук 3-10 саастаах «айах
адаҕалара». Биир да кыанар уолан уолаттар, эр дьон барбатахтара,
саастарынан сэриигэ аттаммыттара диэн кырдьаҕастарбыт кэпсииллэрин
истэрим. Саха сирин обкомун бюрота, бэйэлэрин харыстанан сорудаҕы
толорон, сылаас кириэЇилэҕэ олорбут хомуньуустар үөЇэттэн
ыйыыны-кэрдиини ылбаҕайдык толорон, уордьаннары иилинэн,
аакка-суолга тигистэхтэрэ эбээт.
Бачча элбэх хаарыаннаах дойдум
дьоно аҥаарыттан кыайбата төрөөбүт буордарыгар үктэнэр дьолу
билбиттэрэ. Оччотооҕу сутаакы олохтоох үгүспүт эрдэ орто дойдуттан
бараахтаабыта. БиЇиги, ол дьылларга муммут-тэммит кырачааннар,
хаалбыттар 70 сааспытын ааЇан, доруобуйа мөлтөөн сохсоЇон
сылдьаахтыыбыт. КөЇөрүү, үүрүллүү-түүрүллүү кэмин, ааспыт быыЇын
сэгэтэн көрдөхпүтүнэ, түмсэн кэпсэттэхпитинэ, атаҕастабылы, ийэни
сүтэрэн атах сыгынньах сүүрэн хаалыыны, тоҥууну-хатыыны хас
биирдиибит эппитинэн-хааммытынан билбиппит.
4988 киЇи бары хоту сиргэ
үлэлээн-хамсаан, дойдуларыгар кэлэн кэргэн ылан, дьиэлэнэн, оҕо
төрөтөн, 65 сыл тухары саха ахсаана таЇыччы үксээбит буолуох этэ.
Ону ааҕааччы бэйэҥ суоттаан көр.
Мин Чурапчым дьоно күүс өттүнэн
көЇөрүллүүтүн боппуруоЇунан дьарыктаммытым быданнаата. Ол үлэбинэн
да эбитэ буолуо. Пенсияҕа тахсыам иннинэ (пенсияҕа 1991 сыл кулун
тутарга барбытым) Саха сирин Правительствотын иЇинэн киирэр архивнай
комитекка 21 сыл устата кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитим. Онно
библиотекаҕа мэлдьи Георгий Башарин кэлэн дьарыктанар буолара,
эбиэккэ үгүстүк мин кабинеппар киирэн, чэйдээн, кэпсэтэн-сэЇэргэЇэн
тахсара, күүс өттүнэн көЇөрүүнү билэрэ, утарара. Оччотооҕу кэм
политиката буолан, эмиэ да туттунара.
Чурапчыттан киирэн көЇөрүүнү
үөрэппит, архыып дьыалатын хаЇыспыт дьону: Афанасий Данилович
Захаровы, Гавриил Дмитриевич Ефимовы, Прокопий Петрович Флегонтовы
о.д.а. ытык дьону кытта архыыпка алтыспытым. Архыып үлэЇиттэригэр
дьыаланы булан көмөлөЇөллөрүгэр кистии-саба көрдөЇөрүм. Фондаҕа ол
да кэмнэргэ, билигин да көҥүлэ суох дьыаланы көрдөрбөттөр. ҮлэЇиттэр
фондаҕа киирэллэрэ сокуонунан бобуллара.
Пенсияҕа тахсан сынньалаҥҥа
олорон эрдэхпинэ, били Правительство иЇинэн үлэлээбиппин билэр
буоланнар, комиссияҕа ыҥыран ылан үлэлэппиттэрэ. Үлэ олус түбүктээх
буолбута. Сахабыт сирин бары улуустарыттан, Магадантан, Иркутскайтан,
Воркутаттан о.д.а. сирдэртэн элбэх суруктар кэлэллэрэ. Дьиҥнээх
комиссия олохтоох сиргэ Чурапчыга этэ. Үҥсүү-хаҥсыы да баар буолара.
Чурапчынан, куоратынан комиссиялар сиэрдээхтик, чиэ-Їинэйдик,
доҕордуу дьоммутун үөрдэн-көтүтэн, хомоппокко үлэлэспиппит. Биллэр
дьыалаҕа, докумуоннарыгар итэҕэс-быЇаҕас аҕыйаҕа суоҕа, тустаахтан
ыспыраапкалар ирдэнэллэрэ. Чурапчы көЇөрүүтүн дьыалата тиллибитэ,
кырдьык өрөгөйдөөбүтэ. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат. Чурапчылары күүс
өттүнэн үүрүү-үтүрүйүү туоЇута буолар удостоверениены 1991 сыл
атырдьах ыйын 12 к. Михаил Ефимович Николаевтан ылар кыахтаммыппыт.
Верховнай Совет үтүөкэннээх сырдык саалатыгар көЇөрүү
кыттыылаахтарыгар туЇаайбыт этиитин тыыннаахпыт тухары умнубаппыт.
«Партия обкомугар, Правительствоҕа утарсыылар улахаттар. ҮөЇээҥилэр
Чурапчы иэдээнин өйдөө-бөттөр. Кырдьык кыайыахтаах, буруйа суохтара
арыллыахтаах, хара дьаралык мэҥэстиэ суохтаах. Чурапчылар
кырдьыктарын үрдэппиттэрэ, эЇиги көЇөрүү дьоно уурааҕы
көтүттэрбиккит – дьоЇун ситиЇиигит, атын оройуоннары кытта тэбис-тэҥҥэ
олоххо хардыылааҥ, үлэлээҥ, айыҥ», – диэн айхаллаабыта.
Чурапчы дьонун күүс өттүнэн
көЇөрүү туЇунан балайда элбэҕи суруйуом эбитэ буолуо. КөЇөрүү
музейыгар үгүс-элбэх ахтыыны туттарбытым, дьонум суруктарын. Онон
манна ытык кырдьаҕас эбээ, сээркээн сэЇэнньит, Тулагыга олорбут
Терютина Мария Михайловнаны кытта элбэхтик көрсөн кэпсэппиппиттэн
быЇа тардан суруйуум.
1942 с. атырдьах ыйын бүтүүтэ
сут-кураан, халлаантан кыырпах да ардах суох, аЇыҥа өрө туран, от,
бурдук үүммэккэ, нэЇилиэктэргэ куйаас сатыылаабыта. Туруу эр дьон
сэриигэ баран, өтөхтөргө, сайылыктарга бэрт ахсааннаах оҕо, дьахтар
олорбут кэмэ. КиэЇээ аЇылык саҕана икки ыҥыыр аттаах, биир Барашков
Николай Николаевич, иккиЇэ милиционер көтүтэн кэлбиттэр. УЇуну-киэҥи
кэпсэтэ барбакка, балаҕаҥҥа дьону мунньан, мунньах дуомун ыыппыттар.
Дьэ, доҕоор, күннээх күн этиҥ маска саалларыныы айдааны тоҕо
тардыбыттар. Тыллара барыта – сэрии кэмэ, сэрии балаЇыанньата,
партия уурааҕа. Сутаатыгыт, өрүттүбэт буоллугут, Кэбээйигэ көЇөҕүт,
онно омоллоон олоҕо, ас-үөл барыта бэлэм, эЇиги эр дьоҥҥут
турар-турбат сэриигэ барда. Ол дойдуга хоту сир буолан, олохтоох эр
дьон бронь диэн ылан быр-бааччы олороллор. ЭЇигини ытыс үрдүгэр
түЇэриэхтэрэ, – диэн ыЇа-тоҕо араатардаабыттар. Суостаах тойоттор
кэлбиттэриттэн, милиция киЇитэ бэстилиэтин таЇааран остуолга
тыастаахтык уурбутуттан бүк өтөххө олорор саха ыала уолуйбуттар,
бары тыла суох бараахтаабыттар.
Дария Михайловна кэргэнэ холкуос
председателэ эбит, сааскы ыҥырыыга ыам ыйыгар сэриигэ аттаммыт.
Дария Михайловна үс саастаах кыысчаанынаан, убайын 4 саастаах Вера
диэн оҕотунаан ыал буолан олороохтообуттар. Николай Барашков
кэргэнин кытта хам-хаадьаа мунньахтарга сылдьан чэйдээн,
хойутаатаҕына хонон ааЇар түбэлтэлэрдээх эбит. Өй ылан: «Ньукулай
Ньукулаайабыс, кэргэммин билэҕин, армияҕа барда, икки кыра оҕону
кытта хааллым, хоту билбэт сиргэ барар кыах да, санаа да суох,
кыккыраччы аккаастанабын, олохпуттан хамсаабаппын, атын кырдьаҕастар
барар кыахтара суох», – диэн утары тыл этээччи буолбут. Ыаллара
ытаЇан-соҥоЇон кэпсэтэ сатаабыттар, уопсай тыл булбатахтар. Милиция
киЇитэ чугас тас ыалларын үүрэн аҕалбыт. Ону көрөн Дария Михайловна
атаҕастыыгыт, баттыыгыт, барбаппын диэн ааны былдьаспыт. Милиционер
дьоҥҥо утары үлэни ыытаҕын диэн, мараҕаччыйан тиийэн, тутан ылбыт. 3
хонукка ампаарга хатаан кэбиспит. ЫтаЇыы бөҕө, дьону иэдээн ыга ылар,
үЇүс күн киэЇээ көЇүүнү биллэрэллэр. Дария Михайловна ампаар
быыЇынан көрдөҕүнэ, хомунуу түптэ-түрүлгэнэ, оҕолор ытаахтыыллар үЇү,
хайыыр да кыаҕа суох. Ампаар быыЇынан-хайаҕаЇынан ыала дьахтартан
иҥиир көрдөөн сап хаппыт, наада буолуо диэн. ҮЇүс киэЇээлэригэр
куораттан тахса сылдьар боломуочунай, милиция ампаар аанын аЇан
таЇаараллар, онон үүрүүгэ бараахтаабыт.
Оччотооҕу кэмҥэ тыа дьахтара
үлэтэ суох олорбот, ампаарга хаайыллан олорон улахан соҕус дорообо
чэй бааҥкатыгар иҥиир сап хаппытын ыга симэн илдьэ барар. Тиийбит
сирдэригэр, ол кыЇын иҥиир сабын сүөрэн, синньигэс гына хатан,
этэрбэс абырахтыылларыгар иискэ туттубуттар.
Айаннарыгар Бэстээххэ ынаҕы
көлүнэн, лөЇүгүр тэлиэгэнэн киирэн, аЇаҕас халлаан анныгар 20-чэ
хоноллор. Кэбээйигэ хаар түспүтүн кэннэ тиийэн, биэрэккэ сүөкэнэн,
туга да суох хотоҥҥо хоноллор. КуЇаҕан балаҕан дьиэ баарын тоҥ
буорунан сыбаан, икки сирэйдээх сахалыы көмүлүөк оЇох оҥостоллор.
Онно тутаах маастар кини эбит. Оҕо сылдьан көмүлүөк туталларын
көрөрө эбитэ үЇү. Олохтоох кэбээйилэр ол сайылыыр сирдэрэ эбит. Онно
киЇи тылынан кэпсээбэт эрэйин көрөн кыстаабыттар.
Барыта дьахталлар, кыараҕас
алааска үөскээбит дьон, хантан улуу эбэҕэ муҥхалаабыттара баарай,
сатаабаттар, таҥас-сап, ас суох. Тохсунньу иннигэр кыысчаана
сэбиргэхтэтэн өлөн хаалар. Ол балаҕаҥҥа өлбүт дьону таЇааран, кыайан
харайбакка хаарга көмөллөрө, тарыйаллара үЇү. Оҕотун балаҕан
үрдүгэр, көмүлүөк турбатын аттыгар уурбут, киэЇээ, сарсыарда тахсан
оҕотун өлүгүн сабар үЇү. Саас ириэрии буолбутугар балаҕан ойоҕоЇугар
күлүккэ кистиирин кэпсиир. Ол сайын үүт оҥкучаҕар, таҥаска суулаан,
улахан дьону кытта кистээбиттэр. Бу иэдээни көрүҥ?! Туох
аньыылаахтарыгар, өлбүт киЇи сиэр быЇыытынан ийэ сири булуохтаах
диэн буолар. Маны төрөппүт ийэ хайдах уйар?!
Дария Михайловна кэргэнэ сэриигэ
өлбүтүн истэр, оҕото, чыычааҕа ол дойдуга хараллыбакка хаалар. Илии
соттон, доруобуйатын сүтэрэн, бырда быстан, төрөөбүт Алаҕарыгар
Кэбээйиттэн сатыы, биир өлүүгэ түбэспит дойдун дьонун кытта
эргиллэр. Били убайын кыыЇын Вераны сиэтэн өтөҕөр тиийбитэ – өтөҕө
иччитэх, күрүө-хаЇаа алдьаммыт, сүллүгэс аанын нэЇиилэ икки
сиэрдийэтин аЇан атыллаат, охтон түспүт. Верата аттыгар тураахтыыр
үЇү. Төрөөбүт өтөҕүн буоругар умса түЇэн сытан, ый ытыытын ытаан,
хомолто-кутурҕан кудугун тоҕон, суорҕан-тэллэх киЇитэ буолан сыппыт.
Убайын оҕото баар буолан, Вератын аЇынан, оттон-мастан тардыЇан
турбут.
20-чэ сыл көЇөрүүнэн
дьарыктанарбар элбэх дьону кытта алтыстым. Хоту Тиксиигэ диэри
киирэн, онно хаалбыт дьону кытта көрсөн, кинилэр ахтыыларын хомуйан
Хатылы музейыгар таЇаарбытым. Аҕыйах да буоллар, илдьэ барбыт
малларын-салларын аҕалан Чечебутовка туттарбытым. 1991 сылтан
Дьокуускай куоракка көЇөрүү дьоно түмсүүлээхпит. Билигин ону
салайабын.
КөЇөрүүнү кырам бэрт буолан,
туман курдук өйдүүбүн. Оччолорго түөрт эрэ сааспын ааспыт бэдикпин.
Биирдэ бадарааннаах ууга сөтүөлүү сылдьар этибит. Кэлэн көЇөбүт диэн
эттилэр, оччоҕо Мугудайга сайылыкка олорор быЇыылаахпыт. Оҕолор
дьиэбитигэр бытырыыстаЇан тиийбиппит, ийэлэрбит ытаЇаллар. ХаЇан
айаннаабыппытын өйдөөбөппүн. Арай биири өйбөр туппуппун. КиэЇэ күн
киириитэ, сыыр үрдүгэр балаҕан бөҕө, уолаттар урут сүүрдүлэр.
Балаҕан иЇиттэн ойон таҕыстылар, биЇиги көрдөхпүтүнэ «абааЇылар».
Маҕан төбөлөөхтөр, улахан, төп-төгүрүк харахтаахтар, айахтарыттан
хабарҕа курдук субулла сылдьар. БиЇиги ытаа да ытаа. Дьахталлар
сүүрэн тиийэн охтордулар – бэйэбит оҕолорбут эбит. Кэлин улаатан
баран билбиппит, противогазтаах эбиттэр.
Аны үрдүк баҕайы кумах сыыр
анныгар, мин санаабар, олус өр үөт быыЇыгар олордубут. Мин үЇүс
балтым ыалдьан өлөн хаалла. Ону туох эрэ кумааҕы курдукка
суулаатылар, ынах быатынан баайдылар, эриэн быаны өйдүүбүн. Ийэм
сүктэ, аҕыйах дьахтар баар этэ бадаҕа. Миигин доҕор гына ылбыттарын
курдук өйдүүбүн. Ийэм оччоҕо 24-дэ эбит. Кумаҕынан тахсабыт, суулла
турабыт. Лаппаакынан тайахтаналлар, миигин соЇоллор. Кыайан
хаампаппын, ытыыбын да ытыыбын. «АбааЇыны батыЇыннараҕын, олох
ытаама», – дииллэр, онтон өссө куттанабын быЇыылаах. Онон 4 сааЇым
ааЇыытыттан көмүүнү көрбүппүн.
Эдьигээн Талахтааҕар икки сыл
олорбут үЇүбүт, онтон ийэбит ыалдьан Эдьигээҥҥэ көспүппүт.
Талахтаахха, оо, хаар халыҥаабытын кэннэ тиийбиппит быЇыылааҕа.
ТаЇырдьа «наадабытыгар» атах сыгынньах тахсарбыт. Куобах суорҕан
барыбытын абыраабыта. Онно тоҥус оҕонньордоох эмээхсин бааллара,
барыбытын олус аЇыналлара. Кинилэр улахан баҕайы ыттаах этилэр,
мэлдьи балтым, мин атахпытыгар түүн сытан абырыыр буолара. Оҕо аймах
ол ыты бары көрөрбүт, сөбүлүүрбүт. Кэлин Талахтааҕы хоту баран иЇэн
сөҕө көрбүтүм. Өлүөнэ эбэ саамай кэтит иэнэ, 12 км диэн олохтоохтор
кэпсииллэр. Хаххаланар мас-от суох дойдута. Илин эҥэр диэки сытар
иирэ талах олус намыЇах, үрүйэ киирэр, налыы аЇаҕас сир. 1992 с.
күЇүн тохтоон, Чурапчы дьонун айанын кэриэстээн сэргэ туруорбуппут.
Ол алдьархайдаах 1942 сыл
дьоннорбут барахсаттар алтынньы ортотун ааЇыыта тиийэн, хайдах дьиэ
туттан кыстаабыттара буолуой?! Бу эр, хорсун санааларын! Мин
саныырбынан, чыычаахтарын тустарыгар, сэриилэЇэ сылдьар кэргэттэрин
туЇугар, ахтар-саныыр Чурапчыларын туЇугар турууластахтара. Ийэм
хаа-дьаа көнньүөрдэҕинэ биирдэ эмэ: «Эдьигээн дьоно абыраабыттара,
тыыннаах хаалларбыттара», – диэн кэпсиир буолара.
Ыраас дууЇалаах, кэрэ майгылаах,
ханнык да үлэттэн толлон турбат дьонум чурапчылар, партияны, тойону,
хотуну да үөхпэтэх буолуохтаахтар. Оннук ыраас, оннук кэрэ, оннук
сэмэй этилэр биЇиги ийэлэрбит, эбэлэрбит, кырдьаҕастарбыт. Кинилэр
алаас ыала буолан айылҕаҕа, таҥараҕа, саха сиэригэр-туомугар, кэлэр
кэм кэскилигэр итэҕэйэллэрэ эбитэ буолуо. Мин тапталлаах Ийэбэр
Мария Николаевна Оконешниковаҕа, кини күүс өттүнэн көЇөрүллүбүт
дьүөгэлэригэр, үйэлэргэ кыламаннарын саппыт, оҕо туЇа диэн сыккырыыр
тыыннара быстыар диэри Өлүөнэ эбэм уҥа, хаҥас кытылыгар көмүс
уҥуохтара хаалбыт чурапчыларбар кэмигэр кэрэмэс кэрэ, махтал
тылларын эппэтэхпиттэн 70-н туолан бараммын курутуйабын,
хомойобун-хоргутабын. Өйдөөтөххө, санаатахха ыарахан!
Александра
МОЕДО.